Тоһоҕоҕо туруу
— Татыйык, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кэпсии түһэриҥ буоллар...
— Бэйэ туһунан кэпсээбэтэх ырааппыт. Мин Мэҥэ Хаҥаласка Павловскай диэн сэлиэнньэҕэ төрөөбүтүм, улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим, ыал буолбутум – арахсыбытым, үөрэммит оскуолабар саха тылын, литературатын учууталынан түөрт сыл үлэлээбитим, хаартысканан үлүһүйэ сылдьыбытым, кылгас кэмҥэ иккис үөрэхпинэн бааҥҥа үлэлээн көрбүтүм... Чэ, ити курдук араастаан уһаарыллан, бүгүҥҥү күҥҥэ көрдөөбүт көҥүлбэр сылдьабын. Кыра эрдэхпиттэн уйан уонна чараас буоламмын, “оҕо-оҕо курдук үөрэ-көтө сылдьыбаккын” диэн ийэбиттэн элбэхтэ сэмэлэнэр буоларым. Аҕам мин биэс сааспыттан улаханнык доруобуйатыгар оҕустарбыт буолан, ыалдьар дьону билигин даҕаны наһаа ытырыктата көрөбүн. Аҕам хас ыарыйдаҕын, мөлтөөтөҕүн аайы аттыгар буоларга кыһалларым, ол сылдьан элбэххэ үөрэммитим. Айылҕа, эйгэ, кут, иччи, сэт, итэҕэл, киһи, дууһа, алгыс, кырыыс, айыыларга махтаныы туһунан өйдөбүллэри кырабыттан истэн улааппытым. Ол барыта мин билигин бу баарбын “оҥорбута”...
— Дьон инники дьылҕатын көрөҕүн дуо?
— Арыйан испитим, дьээбэҕэ диэбит курдук. Хаартысканан информация кэлэр этэ. Ол эрэн, онно бэлэмим суох буолан, оннук «көрбүт» күммэр түүнүн утуйбат буолар эбиппин диэн түмүккэ кэлбитим. Ол иһин тохтоппутум.
— Биһиги эйигин блогер быһыытынан билэбит. Хаһааҥҥыттан тоһоҕоҕо туруунан дьарыктанан саҕалаатыҥ?
— Блогербын дэммэппин. Көннөрү куйаар ситимигэр санааларбын, көрүүлэрбин үллэстээччи буолабын. Били, бэйэм сыыспыттарбын дьон сыыспатын диэн... Арыт мин бэйэм буолбакка, этиттэрии курдук эмиэ суруйааччым.
Тоһоҕоҕо туруунан дьарыктаныы, биллэн турар, бу суруйууларбын кытта быһаччы ситимнээх. Тоһоҕоҕо туруу биир күнүнэн, “мин итинэн оонньуохпун баҕарабын” диэбит курдук кэлбэтэҕэ...(өрө тыынар –Аапт.). Дьоҥҥо көмөлөһүөхтээхпин эрдэттэн билэр этим, ол эрэн тугунан уонна хайдах көмөлөһөрбүн кэлин билбитим. Мин испэр оҕонньор уонна биир эр киһи бааллар, бу балар миигин сирдииллэр. Биирдэ сайын, практика кэннэ, “айыкка, уйуммат эбиппин, бүтэбин” диэн наһаа илистибит, сөп буолбут киэһэбэр ити эр киһи “ол-бу буолума, салгыы бараҕын эрэ” диэн турбута. Онон тоһоҕоҕо туруу – мээнэҕэ арыллыбатах суол.
Саҕалыам иннинэ тоһоҕоҕо йогалар, духуобунай таһымнаах дьон эрэ турар диэн өйдөбүллээҕим. Аан маҥнай турарбар “туохха наадалааҕыҋ бу ыарыыны тулуйа-тулуйа турар?” дии саныырым. Ол сайын этэ. Оттон кыһын, “тоһоҕо нөҥүө уйулҕаны кытта үлэлэһээччи” көҥүлүн ылаары, үөрэхпин саҕалаабытым. Ол кэмтэн ыла биир төгүрүк сыл ааста, мин практикаларбынан 270 тахса киһи тоһоҕо ньыматын кытта билистэ, туһанна, эмтэннэ, кэҥээтэ, арылынна, сырдаата, күүһүрдэ, итэҕэйдэ.
— Оттон бэйэҥ ханна үөрэнниҥ?
— “Школа мастеров гвоздестояния” диэн лицензированнай, идэлээх дьону таһаарар оскуолаҕа былырыын олунньу ыйтан үөрэнэн саҕалаабытым. Барыта 38 бөлөх миэхэ тоһоҕоҕо кэлэн турда, бөлөх 3-тэн 9-ка диэри киһилээх буолар.
— Ким баҕарар ылла даҕаны туран киирэн барар дуу? Биитэр маҥнай үөрэтии чаастара баар дуу?
— Үөрэхпин саҕалаан баран бастаан бэйэм проводникка туруохпун баҕарбытым, ол аата бу мин курдук тоһоҕоҕо турууга сирдээччигэ. Кинини бэйэм талан ылбытым, Москва уобалаһыгар баар Ивантеевка куоракка олорор этэ. Дьиҥэр, Дьокуускайга идэтийбит проводник суоҕа да буоллар, Саха сиригэр баар этилэрэ, бааллар. Ол сыл иннинэ мин улахан сүтүктэммитим, ол онтукпуттан кыайан тахсыбакка, куппун аймаан кэбиһэммин, улахан куттал таһымыгар төкүнүс гынан, улаханнык эрэйдэммитим. Сырдыгым хараҥаҕа эргийбитэ, түүнү абааһы көрөр буолбутум, санаабар, муннуктан абааһылар ойон тахсан, сиэхчэ сиэбэт этилэр. Ол кэмҥэ мин олус күүскэ көмөҕө наадыйбытым. Дьон сүбэтинэн психотерапевка барбытым. Биир сеанс, ол аата биир чаас кэпсэтии кэнниттэн «оооо, олус элбэҕи да үлэлэниэхпин наада” диэн өҋдөөбүтүм. Ол онно хаалларбыт түөрт тыһыынчам муораҕа хааппыла курдук буолбута, мин кыһалҕам оччо элбэх харчыны эрэйэрин билбитим уонна сып-сап тахсан барбат эбиппин диэн санаам наһаа түспүтэ.
Ол кыһын тоһоҕо нөҥүө дьоҥҥо хаҋдах көмөлөһүөххэ сөбүн көрбүтүм. Тутатына этим-сииним барыта дьырылаабыта, хайдах туттан-хаптан үлэлии турарбын харахпар ойуулаан көрбүтүм уонна дьон миигиттэн туһаныа диэн чопчу сүрэхпинэн билбитим.
Бастакы туруубар олус ыарырҕаппытым. Сирдээччибин кытта 3 чаас үлэлээбиппит. Ол үс чаас тухары 7 сыл илдьэ сылдьыбыт дууһам ыарыытыттан толору босхоломмутум. Оннук курдук күүстээх, түмүктээх үлэ этэ.
— Манан тугу этээри гынаҕын?
— Киһи ылла даҕаны тоһоҕоҕо кыайан турбат. Миэхэ бэйэлэрэ, былыыр үйэҕэ диэбит курдук, тоһоҕолоох маһы сыттыктарын анныгар укта сылдьан биирдэ даҕаны сатаан турбатах дьон кэлэллэр.
— Ол эбэтэр туруох иннинэ тоҕо турарбын билиэхтээхпин?
— Оннук! Ол кэннэ сөптөөх тыыныы, уоскуйуу, санааны-оноону тохтотуу, турукка киирии эҥин курдук үлэлэр бараллар. Дьэ ол эрэ кэннэ тоһоҕоҕо киирэбит.
— Туохха туһалааҕый?
— Тоһоҕолоох дуоска олус дьиктилээх, аптаах ньыма. Бастатан туран, киһи уйулҕатын уһугуннаран, урукку-хойукку мэһэйдэри, аллараа тарда сылдьар хом санааны кытта быһаччы үлэлэһэр. Киһи кыаҕын, талаанын, айылҕатынан айдарыытын, дьиҥнээҕин олус бэркэ уонна сатабыллаахтык арыйар кыахтаах. Биллэн турар, доруобуйаҕа олус туһалаах, тилэххэ баар 70 тахса тыһыынча ньиэрбэ түмүллүүтүн барытын таарыйан, эти-сиини иһиттэн уһугуннарар, эрчийэр, хаан эргиирин тупсарар, убатар, мэйии үлэтигэр үчүгэй, харах көрөрө кытары тупсар. Куруук тоһоҕоҕо турар киһи эдэр көрүҥнэнэр, уорганын барытын тилэххэ баар туочукаларынан массаастанар, ол аата чөл туруктанар. Тоһоҕоҕо турар кэмҥэр бөх санаалар элэҥнииллэрэ тохтуур, ис-искиттэн дьиҥ бэҋэҥ кырдьыгыҥ тахсар. Ол-бу сымыйа майгыҥ, мааска гынан кэтэ сылдьыбытыҥ уһуллан түһэр, суолтата сүтэр.
— Кэнники кэмҥэ дьон наһаа ыгылыйар курдук буолбут, быһыы-майгы да сабыдыаллыыра буолуо...
— Тоһоҕоҕо туруу биир улахан туһата күүрүүнү, ыгылыйыыны суох оҥорор. Араас тастан сабыдыаллыыр, киһини алдьатар, аралдьытар дьайыылаах түктэри быһыылары тоһоҕоҕо туруу өһүлэр.
— Дьон уйулҕатын кытта үлэ тоһоҕо нөҥүө хаҋдах ыытыллар?
— Миэхэ кэлбит дьону кытта “арай бу мин үһүбүн” диэн санаанан салайтаран үлэлэһэбин. Кимиэхэ туох наадатынан көрөн, оннук сыһыаны, оннук дьайыылары оҥоробун. Имэрийэн, кууһан, кыра оҕону ийэтэ түөһүгэр сытыарарын курдук уоскутан. Сороххо – дьиҥнээҕин сирэйинэн этэн, кистии сылдьыбытын – “көрдөрөн”... Туох наадалаах диэбиппин барытын оҥорон баран, тоһоҕоҕо туруорабын. Онтон бүттэ диэтэхпитинэ, киһибин олордобун, арыт сытыарабын, бу эмиэ киһититтэн көрөн, ол сытан утуйан да ылааччылар.
Чэ, итинник курдук. Биирдиилээн быраактыка ортотунан үс чаас буолар. Бириэмэ диэн суох, тутуспаппын, бу киһи сөп буолла диэтэхпинэ бүтэрэбин.
— Онтон бөлөҕүнэн туруу хайдах ыытыллар?
— Бөлөҕүнэн туруу мантан арыый атын. Онно эти-сиини бэлэмниир эрчиллиилэри оҥорторобун, хамсанабыт, хаһыытыыбыт, эккэ-сииҥҥэ мунньуллубут туһата суоҕу таһаарарга вибрация үөскэтэр араас хамсаныылары эмиэ туһанабын. Уопсай нэҥир бэркэ үлэлиир буолан, бөлөххө туруу соҕотох турардааҕар чэпчэки. Ол эрэн улахан кыһалҕалаах киһи бөлөххө турууга ситэри арыллыбат, илдьэ сылдьарын барытын сатаан сүөкэммэт.
— Тоһоҕо кээмэйинэн арахсар дуо?
— Тоһоҕо барыта биир тэҥ уһуннаах, биир тэҥник олоро сылдьар буолуохтаах. Турааччы, бастатан туран, куттанар буоллаҕына, бу манна болҕомтотун ууруохтаах.
— Хааччахтаах дуо, ордук туохха?
— Хааччахтар бааллар, холобура, хат дьахтарга маҥнаҋгы 3 ый, искэн ыарыыларыгар, үрдүк температураҕа, эпилепсияҕа, үрдүк дабылыанньаҕа, тилэххэр баастаах буоллаххына, инсульт, инфаркт кэннэ, арыгы испит буоллаххына о.д.а.
— Тоһоҕоҕо туран киһи туох дуоһуйууну ыларый?
— Тоһоҕо киһиэхэ айылҕаҕа баар өҥнөрүнэн туох баар эмоцияны барытын оонньотон ылар! Дуоһуйуу, буор куттан таҕыстахха, ол аата тилэххэ биллэр абытайдаах ыарыыны төлө көттөххүнэ дьэ кэлэр. Оҕо оҥоһулларыгар эр киһи дуоһуйуу ыллаҕына сиэмэтэ тахсар дии? Ол курдук, тоһоҕоҕо турдахха, эн этиҥ-сииниҥ барыта дьырылаан, дууһаҥ эмиэ ыллаһар. Ону билбит киһи тоһоҕоҕо хат-хат турар. Ол дуоһуйуу кэллэҕинэ, эн ис кыаҕыҥ арыллар, бэйэҥ улахан, наһаа күүстээх энергия буоларгын өйдүүгүн.
— Оччотугар тоһоҕоҕо туруу уйулҕа хайысхата дуу, спорт көрүҥэ дуу?
— Тоһоҕоҕо турууга спорт курдук сыһыаннаһыы төрдүттэн сыыһа. Төһө өр турары бириэмэнэн кэтиири эмиэ сэҥээрбэппин. Бу – дириҥ үлэ. Дууһаны, куту кытта үлэ. Ийэ кут таһымыгар таҕыстахха, киһиэхэ туох баар информация барыта кэлэр. Тугунан дьарыктаныахтааххын билэҕин, өбүгэлэргиттэн кэлэр кистэлэҥи арыҋыаххын, иҋэҥ, аҕаҥ эн кэлиэн иннинээҕи олохторун кытары көрүөххүн сөп. Ол быһаарыыта биир – бириэмэ, урукку, кэлэр кэм диэн суох, барыта билигин буола турар. Ол да иһин былыр бу ньыманы төрүттээбит йогалар тоһоҕолоох ороҥҥо утуйаллар эбит. Ол аата бу киһи эт-сиин таһымыттан үөһэнэн көтө сылдьар, барытын билэр, сөптөөх быһаарыныылары ылынар олус муударай, дьиҥи тута сылдьар диэн буолар.
Онон, тоһоҕоҕо туруу психология эмиэ буолбатах. Наука айбатах ньымата.
— Атахпын тэһэ анньыам, батары киириэ уо.д.а. диэн киһи сэрэхэдьийэр курдук дии...
— Оннук. Куттал баар буолан, атаххын тоһоҕоҕо уурдуҥ даҕаны, өйүҥ эйигин харыстаабытынан барар. “Ииктээри гынным», “мэйиим эргийдэ”, “хайдах эрэ буоллум”... – барыта мэйии, өй албастара.
Дьиҥэр, атаҕы эчэтэр кыах бэрт кыра. Соруйан гыннахха, ол аата ыйааһыҥҥынан тилэҕиҥ хайа эрэ өттүн баттаатахха, сыыһа-халты, ыксаабыта буолан тирэннэххэ, биллэн турар, эчэтиэххэ сөп.
Тымныы ууну куттар, йоганан дьарыктанар, скандинавскай хаамыыны күннээҕи дьарык оҥостор дьон, чахчы, чэгиэн туруктаах сылдьаллар. Бу хайысхалартан биирдэстэринэн тоһоҕоҕо туруу буолуон сөп эрээри, дакаастабыл суох эбит.
Татыйык, ураты кэпсээниҥ иһин махтанабын!