20.10.2022 | 07:00

Тимофей Барбасытов: Бэйэ холун, кыаҕын билэн сүөһүнү-сылгыны ииттэр сөп

Тимофей Барбасытов:  Бэйэ холун, кыаҕын билэн сүөһүнү-сылгыны ииттэр сөп
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Сыл аайы алтынньы иккис өрөбүлүгэр Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ сүөһүнү-сылгыны дэлэтиини аҕыйаҕа суох эдэр дьон ылыста. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин олохтооҕо Тимофей Барбасытов бааһынай хаһаайыстыба тэриммитин, үлэтэ-хамнаһа хайдах салаллан иһэрин кэпсиэҕэ.

Кыһыҥҥы күннэр саҕаламмыттарынан, Тимофей Афанасьевич! Кэпсэтиибитин “сылгы кистэһэн, сүөһү маҕыраһан, киһи кэпсэтэн билсэр” диэн бэргэн этиинэн саҕалыахха. Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билиһиннэр эрэ.

– Мин талыы-талба Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ 1988 сыллаахха ыам ыйын 14 күнүгэр удьуору тэнитэр ыйаахтаах уол оҕо буолан күн сирин көрбүтүм. Аҕам Афанасий Афанасьевич Барбасытов төрүт-уус Таатта Тыараһата, ийэм Мария Константиновна ыраах сытар буурҕалаах Булуҥҥа Күһүүр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Эдьиийим Татьяна медсиэстэрэ, убайым Афанасий урбаанньыт.

– Киһи удьуордаан үлэһит буолар, ону тэҥэ идэни ылыы эмиэ удьуордуур. Төрөппүттэриҥ тугу үлэлээбиттэрэй?

– Төрүөхпүттэн дьонум сүөһү-сылгы туталлара. Ийэм, аҕам холобурдарынан үлэҕэ сыстан улааппытым. Төрөппүттэрим иккиэн тыа сиригэр олус наадалаах, суолталаах идэлээх дьон. Аҕам Афанасий Афанасьевич Кыйы отделениетыгар – тырахтарыыһынан, ийэм Мария Константиновна “Холбос” тэрилтэ маҕаһыыныгар атыыһытынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбиттэрэ. Иккиэн үлэ бэтэрээннэрэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Кырдьык, идэ удьуордуур. Бу икки идэ мин бүгүҥҥү дьарыкпар тутаах буоллулар, суота-учуота, тыраахтара да суох үлэ барбат.

– Оттон бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ? Ийэҕит тугу үлэлиирий? Хас оҕолооххутуй?

– Бу Орто дойдуга киһи оҕо төрөтөр, удьуорун тэнитэр ыйаахтаах кэлэр. Биһиги сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан, 2015 сыллаахха ыал буолбуппут. Ыал тэҥинэн этэҥҥэ олоробут. Кэргэним Мария Васильевна Д.И. Менделеев аатынан Москубатааҕы химико-технологическай университеты бүтэрбитэ. Онон маҥнайгы идэтинэн инженер-эколог. Тыа сиригэр итинник үлэ миэстэтэ суоҕунан, ХИФУ-га педагог-психолог идэтин ылбыта. Тыараһа орто оскуолатыгар үлэлиир. Билигин оҕотун көрөн олорор. Улахан кыргыттар Сайаана, Маша уһуйааҥҥа сылдьаллар, биэс уонна үс саастаахтар. Кырабыт Таптал сэттэ ыйдаах. Ийэбит аһа минньигэс, оҥорбута тупсаҕай. “Мичийэ” эдэр ийэлэр үҥкүүлэрин бөлөҕөр дьарыктанар.

Бэйэм Тыараһа орто оскуолатын бүтэрбитим. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэн, 2013 сыллаахха юрист идэтин ылбытым. Аныгы үйэҕэ бу олус наадалаах идэ. Ханнык баҕарар үлэһиккэ кэмиттэн-кэмигэр юрист көмөтө ирдэнэр. Күннэтэ уларыйа, эбиллии киирэ турар сокуоннарга юриһа суох табыллыбаккын. Үлэҕэ уустук ыйытыктар куруук бааллар.

– Дьиэ кэргэнинэн үгэс буолбут тэрээһиннэрдээххит дуо?

Ньургуһун тахсыытын анаан көрөбүт, Даайа Амматыгар өрүскэ дуоһуйа сөтүөлүүрбүтүн, сир астыырбытын туохтааҕар да сөбүлүүбүт.

– Иллэҥ кэмҥэр сөбүлүүр дьарыгыҥ?

– Сөбүлүүр дьарык күннээҕи олоҕу киэргэтэр, тупсарар аналлаах. Хас биирдии эр киһи курдук бултуурбун сөбүлүүбүн. Ол сиэринэн сааһы уонна күһүҥҥү кэми кэтэһэбин. Итини сэргэ теннискэ оонньооччубун. Сотору идэһэ өлөрүүтэ саҕаланыа. Биир эмиэ туспа ирдэбиллээх үгэс. Эт-ас дэлэйэр кэмэ.

– Тыа сирин ыччата куоракка талаһар кэмэ. Эн туох санааттан бааһынай хаһаайыстыба тэриммиккиний?

– Киһиэхэ төрөөбүт дойду тардыытын күүһэ диэн баар. Төрөөбүт сиргэр олоруу, дойдуҥ мүөттээх салгынынан тыыныы, чугас дьоҥҥун кытта бииргэ буолуу, доруобуйаҕа туһалаах аһылык, чөл буолуу саҕа дьол суоҕа буолуо. Ол иһин мин төрөөбүт дойдубар олохсуйан, бааһынай хаһаайыстыба тэриммитим. Онуоха, биллэн турар, тирэх, өйөбүл наада. Ыллыҥ эрэ тэрийбэккин. Иннигэр элбэх үлэ, бэйэ кыаҕар күүстээх эрэл курдук улахан эппиэтинэс турар. Дьонум сааһыран сүөһүлэрин, сылгыларын көрөллөрүн ыарырҕатар буолбуттарын кэннэ, кинилэр өйөбүллэринэн, бааһынай хаһаайыстыба тэринэргэ санаммытым. Абаҕам Тимофей Афанасьевич Барбасытов көмөтө-тирэҕэ эмиэ кынаттаабыта. Кини сааһын тухары сылгыһыт, тыа хаһаайыстыбатын туруу үлэһитэ, туйгуна, пятилетка кыайыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ этэ. Сылгыны көрүүгэ, бултка миигин кини уһуйбута. Ол курдук, күүстээх санааны ылынан, төрөппүттэрим алгыс тылларынан 2012 сыллаахха фермер буолбутум.

– Төһө сүөһүлээххин-сылгылааххын? Хантан, кимнээхтэн эбии атыыласпыккыный?

– Төрөппүттэрим сүөһүлэригэр эбии кэккэ сылларга “Кэскил” ХЭУо (Чөркөөх), “Победа” СХПК, Петров Гаврил (КФХ, Дьохсоҕон), Маркова Ариада (КФХ, Харбалаах), Винокурова Екатерина (КФХ, Даккы), “Тумул” СХПК, Таисия Десяткина (Мэҥэ Хаҥалас), Петров Виктор (КФХ, Чурапчы), “Байаҕантай” СХПК (Баайаҕа), Заболоцкай Павел (КФХ, Даайа Аммата) курдук хаһаайыстыбалартан атыыласпытым. Тохсунньу ый  көрдөрүүтүнэн 74 сүөһүлээхпит, онтон 25 – ыанар ынах. Сылгым ахсаана 137, манна, кэтэх ыаллар сылгыларын көрөрбүнэн, кинилэр киэннэрэ эмиэ киирэн турар.

– Дойду үрдүнэн эдэр фермердэргэ анал бырагыраамалар үлэлииллэр. Эн ханныкка кыттан кэллиҥ? Туох өйөбүл баарый?

– Оннук, фермердэргэ көмө быһыытынан үлэлиир бырагыраама элбэх. Ол эрээри бары даҕаны үлэ-хамнас, сүөһү-сылгы тэнийиитин, бөдөҥсүйүүтүн көрөллөр. 2016 сыллаахха "Устойчивое развитие сельских территорий на 2014-2017 годы и на период 2020 года" бырагырааманан улуус баһылыга М.М. Соров, оччотооҕу улуус УСХ-тын салайааччыта В.М. Алексеев өйөбүллэринэн эдэр исписэлиис быһыытынан субсидия ыламмын, икки этээстээх толору хааччыллыылаах дьиэ туттубутум. Оттуурга мобильнай биригээдэҕэ көмө баар. Кэнники сылларга 25 төбөттөн үөһээ ыанньыкка “финансовай оздоровление” диэн анал бырагырааманан туһанабын. Сылгы төбөтүгэр эмиэ субсидия баар.

– Эйигин Граннар, күрэстэр кыайыылаахтара диэн билэбит. Ханнык Граннар, күрэстэр кыайыылаахтара буолбуккун кэпсээ эрэ.

– 2013 сыллаахха "Начинающий фермер", 2017 сыллаахха "Семейный", 2022 сылга "На развитие табунного коневодства" диэн Граннары ылбытым. Кыйыга "Улахан Эбэҕэ" 2015 сыллаахха 50 төбө субан сүөһү көрөр хотону улуус баһылыга М.М. Соров, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйөбүллэринэн уонна бэйэм кыахпынан, онтон 2017 сыллаахха ынах сүөһү иитэр сыалтан 75 төбө турар хотонун Дулҕа Бүтэйгэ “Семейный” Граммынан туттубутум. 2013 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин сылын чэрчитинэн  күрэххэ "Лучшее начинающее КФХ" анал ааты ылбытым. 2014 сыллаахха 2-с "Молодой фермер" өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньууга кыттан, "Лучший капитан" анал ааты ылбытым. 2018 сыллаахха Х-с өрөспүүбүлүкэтээҕи "Молодежь – инновационно-стратегический ресурс развития РС (Я)" дьыалабыай оонньууга кыттыбытым. Бу уонна атын ситиһиилэрим 2021 сыллаахха "За вклад в развитие сельского хозяйства Таттинского улуса" бэлиэнэн наҕараадаланар чиэһи биэрбиттэрэ. Аны 2013-2016 сылларга хоту улуустарга от атыылааммын, Өймөкөөн, Дьааҥы улуустар тыа хаһаайыстыбаларын салалталарыттан Махтал суруктары туппутум.

Үп уонна өй, сатабыл күрэстэрэ барыта хаһаайыстыбаҥ сайдыытыгар көмөлөөхтөр. Үптэннэххэ эрэ сүөһүҥ элбиир, үлэ миэстэтэ тупсарыллар, тутуллар.

– Хаһаайыстыбаҕар хас киһи үлэлии сылдьарый?

– Икки анал идэлээх үлэһиттээхпин. Чурапчыттан Дмитрий Дмитриевич Барбасытов – фуражир уонна Намтан Семен Николаевич Кондаков – ветврач. Иккиэн эт саастыылар. Соцпакетынан толору туһаналлар. 2018 сыллаахха Дулҕа Бүтэйгэ 6х6 анал олорор дьиэ туппутум.

– Төһө үүтү туттараҕыт? Үүттэн-эттэн киирбит үп туохха туһаныллар?

– Быйыл үүккэ 20 туонна былааннаахпытын толорон, астынан олоробут. Киирбит үптэн үлэһиттэри хамнастыыбын, тиэхиньикэбин саҥардабын, бэйэм дьиэ кэргэммин иитэбин. Быйыл Таатта улууһугар бастакынан автономнай газовай отопление киллэттэрдибит, "Сахаавтономгаз" ХЭУо тэрилтэ өҥөтүнэн туһанныбыт. Нэһилиэкпит ититии ситимигэр холбоно илик, аҕыйах эрэ ыалга киирэн турар. Ыал барыта холбоннор, тыа сирин тутаах кыһалҕата быһаарыллыа турдаҕа.

– Оттон оттооһуҥҥа улуус көрдөрүүтэ хайдаҕый?

– Кэнники сылларга Таатта улууһун үүккэ да, окко да көрдөрүүтэ үчүгэй. Ол курдук, быйылгы былаан окко 96,8%, үүккэ 92,81% туолла. Улуус баһылыга М.М. Соров уурааҕынан быраҕыллыбыт сирдэри оттооһун киирбитэ. Бэйэ сирин-уотун иҥэмтэлээх ото тас уобаластартан аҕалыллар оттооҕор хас эмэ бүк туһалаах, көмүскэ тэҥнээх буоллаҕа. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Михаил Ильич Хаптагаев, салаа исписэлиистэрин сүбэлэрэ үлэлииргэ тирэх буолар. Ону таһынан нэһилиэкпит исписэлииһэ Күннэй Викторовна Турнина кэмигэр сүбэтэ-амата, ыйыыта-кэрдиитэ абырыыр.

– Инникитин хаһаайыстыбаҕытыгар тугу тэнитэр былааннааххытый?

– Быйыл Хаарымтаҕа 100 төбө үөр сылгы иитиитигэр база тутуутугар Грант ылбытым, онно үлэлии сылдьабын. “КамАЗ” массыыналары атыылаһан, Чукоткаҕа таһаҕас тиэйиитигэр үлэлэһиини былырыыҥҥыттан саҕалаатым. Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар, тыаҕа үлэ миэстэтин таһаарыыга, Тааттам улууһун үүтүнэн, этинэн хааччыйыыга күүскэ үлэлэһэр санаалаахпын.

– Күннэтэ айылҕаны кэтии, дьылы ааҕа-суоттуу сылдьар буолуохтааххын. Хайдах кыстык буолуо дии саныыгын?

– Сабаҕалыырбынан, орто кыстык буолуо. Былырыын саас Дьиэбэгэнэҕэ 120 га дулҕалаах сири астарбытым. Арыылаахха 100 га сири оттуубун. Мобильнай биригээдэнэн 100 туоннаны Даайа Амматыттан ыллыбыт. Эбии кыра от атыыластым. Онон кыстыкка бэлэм олоробун.

– Бааһынай хаһаайыстыбаны салайыыга туох харгыстар, мэһэйдэр баалларый?

– Сүөһү үлэтигэр сыһыаннаах үлэһиттэри булуу уустуктардаах. Тыа сиригэр олордуҥ да, сүөһү үлэтин кыайаҕын-хотоҕун диэн өйдөбүл эргэрэн турар. Кэм уларыйан, үлэҕэ сыһыан атын. Урукку курдук ыал аайы сүөһү баар буолбатах. Кыра, кытыы нэһилиэктэргэ заправка суоҕа мэһэйи үөскэтэр. Улахан харгыһынан оттуур ходуһа, мэччирэҥ сир суоҕа буолар. Этэргэ дылы, оттуур ходуһата суох бааһынай хаһаайыстыбалар баарбыт. Былырыын улахан баһаардар тураннар, ходуһалар ууга бардылар, суол суох. Ону ол диэбэккэ, сүөһү-сылгы иитэр дьон сир уларсан, түгэх сирдэри оттоон, кыстык тахсар отторун булуна сатаатылар.

– Саҥа хаһаайыстыбаны тэрийээччилэргэ тугу сүбэлиэҥ уонна чугас дьоҥҥор тугу баҕарыаҥ этэй?

– Быйыл бааһынайдаабытым онус сыла. Бу сыллар усталарыгар элбэҕи биллим, онон саҥа саҕалааччыларга сүбэ биэрэргэ уопутурдум да диэххэ сөп. Киһи бэйэтин холун, кыаҕын билэн сүөһүнү-сылгыны ииттиэн наада. Толлон турбакка, баар Бырагыраамаларга, Граннарга аҥаар кырыытыттан кыттан, киирсэн иһиҥ диэн баҕа санаабын этэбин, сүбэлиибин. Айылҕа улахан хоромньуну оҥорботор эрэ, үлэни кыайыахха сөп. Сүөһү киһи көрүүтүттэн тутулуктаах. Түгэнинэн туһанан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, улуус баһылыга Михаил Михайлович Соровка, улуус тыатын хаһаайыстыбатын салайааччыта Михаил Ильич Хаптагаевка, салаа бары үлэһиттэригэр, Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Прокопий Прокопьевич Турниҥҥа, ийэбэр Мария Константиновнаҕа, аҕабар Афанасий Афанасьевичка, эдьиийбитигэр Полина Васильевна Луковцеваҕа, хаһаайыстыбам үлэһиттэригэр,  олоҕум аргыһыгар Мария Васильевнаҕа уонна бу орто дойду олоҕуттан туораабыт абаҕабар Тимофей Афанасьевич Барбасытовка хаһаайыстыбам үлэһиттэригэр сүбэ-ама, көмө, тирэх буолалларыгар махтанабын. Сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үтүөнү баҕарабын.

– Тимофей Афанасьевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Хороҕор муостааҕыҥ, сыспай сиэллээҕиҥ төрүөҕү аҕала турдуҥ,  хаһаайыстыбаҥ чэчирии сайыннын, дьиэ кэргэҥҥэр, чугас дьоҥҥор нус-хас олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...