23.06.2022 | 12:00

Тимир ууһа Марат Лопатин: «Киһиэхэ баҕа санаа эрэ наада»

Тимир ууһа Марат Лопатин:  «Киһиэхэ баҕа санаа эрэ наада»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Саха норуотун тумус туттар киһитэ Ксенофонт Дмитриевич Уткин: “Саха төрүт олоҕо үс кэрэ киэргэллээҕинэн киэн туттар: тимир култууралааҕынан, улуу олоҥхолооҕунан, ытык ыһыахтааҕынан”, – диэн этэн турардаах. Чахчы даҕаны, маһы үҥкүүлэтэр, тимири ыллатар уран тарбахтаах уустарбыт оччоттон баччааҥҥа диэри ытыс үрдүгэр сылдьаллар. Кинилэр үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанар, үйэлэри уҥуордуур, ааттара-суоллара суон сураҕырар, уос номоҕо буолар.
Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта Марат Васильевич Лопатин – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тимир уустарын сойууһун чилиэнэ, Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгин олохтооҕо. Хас биирдии киһи дьоҕура оҕо эрдэҕиттэн биллэр уонна удьуорунан бэриллэр дииллэрин сэһэргэһээччим үтүө холобура туоһулуур.

Аан тыл оннугар

Суруналыыс дьоруойун кытта илэ көрсөн, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэрин туохтааҕар да ордорор. Ол эрээри биһиги үлэбит уратыта диэн, ханнык да хааччахтарга бэриммэккэ, сибээс араас көрүҥүн таба туһанан, ханна баҕарар тиийэр кыахтаахпыт. Онон Марат Васильевичтыын аныгы олох сиэринэн төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.

Саха киһитэ айылҕаттан сэмэй. Сорох сэһэргэһээччи оннооҕор илэ көрсүһүүгэ даҕаны ситэ арыллыбат. Чахчы даҕаны, харахтаан көрбөтөх, илии тутуһан дорооболоспотох киһитигэр олоҕун, үлэтин ыһа-тоҕо кэпсиирэ уустук. Аны туран, илиилэригэр дьоҕурдаах, айар куттаах дьон үксүн элбэх саҥата суох буолаллар. Биир худуоһунньук дьоруойум “санаабын киистэбинэн тиэрдэбин” диэбитин умнубаппын. Онон маннык онлайн кэпсэтии ночооттоох диэххэ сөп. Ол да буоллар, туох тахсыбытын ааҕыҥ. 

 Оҕо эрдэхпиттэн уһанабын

– Марат Васильевич, үгэс быһыытынан, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Мин Дэбдиргэттэн төрүттээхпин. Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын бүтэрбитим, онтон СГУ физико-техническэй институтугар туттарсан киирбитим, физика уонна информатика учуутала идэтин ылбытым. Билигин А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицейгэ физика учууталынан үлэлиибин.

–  Туох барыта оҕо саастан саҕаланар дииллэр. Эн хаһааҥҥыттан уһанаҕыный?

– Оҕо эрдэхпиттэн иллэҥ кэммэр уһанабын. Оскуолаҕа Прокопий Никитич Багынановка дьарыктаммытым, кини билигин даҕаны учууталлыыр. Оччолорго быыстапкаларга кыттан, кэккэ ситиһиилэрдэммиппит. Саха быһаҕын уонна хомус набордарын оҥорбуппун өйдүүбүн. Ол үлэлэрим билигин Оскуола үөрэнээччилэрин ситиһиилэрин музейыгар хараллан сыталлар.

Итини сэргэ, оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар информатиканы сэргээбитим, көмпүүтэр куруһуогар сылдьыбытым. Онон билиҥҥэ диэри программированиенан дьарыктанабын. Өрөспүүбүлүкэ учууталларын икки ардыларыгар ыытыллар спортивнай программирование чемпионаттарыгар сыл аайы кыттабын. Биирдэ бастаабытым уонна наар иккис, үһүс миэстэҕэ тиксэбин. Үөрэтэр оҕолорбун эмиэ араас таһымнаах күрэхтэргэ кытыннарабын. Бу иннинэ “JuniorSkills” чемпионатыгар үһүс миэстэ буолбуппут. Быйыл Покровскай куоракка ыытыллыбыт чемпионакка “Мобильная разработка” компетенцияҕа үөрэнээччим Диана Федорова бастаабыта.

Илиибин араарбакка, утумнаахтык уһаммытым түөрт сыл буолла. Ол иннинэ быыс-арыт буллахпына эрэ дьарыктанарым. Билигин быһах, батыйа, анньыы, хомус оҥоробун.

Идэм көмөлөһөр

– Уһанаргар ханнык ньыманы туһанаҕыный? Мастарыскыайдааххын дуо?

– Сорох дьон, үксүн саҥа саҕалааччылар, быһаҕы чочуга аалларан оҥороллор. Эбэтэр тимиргэ анал механическай эрбиинэн туһаналлар. Мин өтүйэнэн тимири тардан охсорбун ордоробун, чочуга бэрт кыратык аалларабын.

Туспа мастарыскыайым суох. Кыһын гарааспар, сайын чарапчы оҥостон үлэлиибин.

Тимир-тимир араастаах буолар. Ону үөрэтэ, көрө-билэ сылдьыахха наада. Былырыын Хомус музейа уонна Идэни урутаан бэлэмниир киин “Основы металловедения для кузнечных дел мастеров” диэн анал куурустарыгар үөрэммитим, билиибин хаҥаппытым. Кырдьыга даҕаны, тимири ыллыҥ да, охсон барбаккын.  Хас биирдии тимир тус-туспа температураҕа хатарыллар. Онно быһаарсыаххын наада.

– Идэҥ, физика учуутала буоларыҥ төһө туһалыырый? Билигин сорох дьон ютубу көрөн, араас маастар-кылаастарга сылдьан, үгүс сатабылга үөрэнэллэр. Ол эбэтэр анал үөрэҕэ да суох маастар буолуоххун сөп курдук. Ити туһунан санааҥ.

– Идэм туһалаан буоллаҕа. Материаловедение, термообработка син биир барыта наукаҕа тирэҕирэр. Саха сатаабата суох диэн мээнэҕэ эппэттэр. Киһиэхэ баҕа санаа эрэ наада, баҕа санааттан салаллан барыта саҕаланар, саҕыллар, сатанар. Бэйэм эмиэ ютубунан көрөн, ону-маны туһанабын, саарбахтыыр ыйытыыларбар дьон тугу кэпсиирин истэбин, сөптөөх хоруйу булабын, саҥа идиэйэлэри ылабын.

Тимир уустарын сойууһа бассаапка бөлөхтөөхпүт, онно бэйэ-бэйэбитигэр сүбэлэри биэрэбит. Итиэннэ “Быһах, батыйа охсуута” диэн бөлөххө баарбын. Онно эмиэ уустар уопуттарын үллэстэллэр. 

– Сакааска үлэлиир – туспа эппиэтинэс.  Бастаан туохтан саҕалаабыккыный? Дьон тугу ордук үлэһэн оҥортороруй?

  Ити эрдэ эппитим курдук, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн уһаммытым. Бастаан оҥорбут быһахтарбын чугас дьоммор бэлэхтиир этим. Бэйэбэр оҥостубуппун ымсыыран, илдьэ баран хаалааччылар (күлэр). Онтон түөрт сыллааҕыта эбии дохуот оҥостуохха сөп эбит дии санаан, ИП тэриммитим, “самозанятай” буолбутум.

Дьон ордук төрөөбүт күннээхтэргэ, үбүлүөйдээхтэргэ бэлэххэ-туһахха диэн кыраһыабай көстүүлээх быһаҕы сакаастыыллар. Сороҕор сиэдэрэй көстүүлээх оннугар күннээҕи олоххо-дьаһахха туттарга диэн үлэһэллэр. Күһүн анньыы оҥортороллор. Батыйа үксүн бэлэххэ диэн, оһуордаах-мандардаах буолар. 

– Сорох уустар, маастардар үлэбитин кыайан сыаналаабаппыт дииллэр. “Баччаны төлөөҥ”, – диэн көрдөөбөппүт, тылбыт тахсыбат, төһөнү биэрэллэринэн төлүүллэр диэн билинэллэр. Эн үлэҕин хайдах сыаналыыгыный?

Мин эмиэ сороҕор итинник диэччибин (күлэр). Ол эрээри үлэтиттэн көрөн сыаналыыбын, сакаас төһө уустугун учуоттуубун. Атын маастардар сыаналарын көрөбүн, онтон наһаа үрдэппэппин уонна түһэрбэппин. Ортотунан ылан быһабын диэххэ сөп.

Боотоҕой Уус сыдьаана

– Талаан, дьоҕур удьуорунан бэриллэр. Өбүгэлэргэр уустар бааллар дуо?

– Аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ 11-дэр. Үксүлэрэ учууталлар, предпринимателлэр. Эбэм эһэтэ, хос-хос эһэм Боотоҕой Уус Дэбдиргэ, Баайаҕа икки ардыгар Саҥа олох диэн сиргэ олорбут. Холкуоска ууһунан үлэлээбит. Аҕам ийэтэ, эбэм Анастасия Николаевна Лопатина бэйэтэ тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥ этэ. 11 оҕотугар барыларыгар таҥас-сап, этэрбэс тигэрэ. Ийэм аҕата Марат Егорович Юнчанов айар, суруйар дьоҕурдаах, билигин Уолбаҕа олорор. Аҕыйах хонуктааҕыта эһэм “Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк ааты ылла.

– Дьиэ кэргэҥҥитигэр өссө ким уһанарый?

– Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Мин улаханнарабын, икки бырааттаахпын уонна биир балтылаахпын. Быраатым Василий – мас ууһа, чорооннору, кытыйалары уо.д.а. оҥорор. Билигин Дьокуускайдааҕы художественнай колледжка преподавателинэн үлэлиир.

– Быраатыҥ курдук тоҕо мас ууһа буолбатаххыный, тимири талбыккыный? 

Оҕо сылдьан мас тыраахтар, аптамаат, саа арааһын оҥостон оонньуур этибит. Тимиргэ илиим барбыта диэххэ сөп.

Кыайыы кынаттанан

Соторутааҕыта Марат Васильевич өрөспүүбүлүкэтээҕи “IIS-UUS, AS FEST” этнографическай бэстибээл “Күкүр Уус утума” диэн тимир уустарын күрэҕэр Григорий Вырдылинныын кыттан, кыайыылаах аатын сүктүлэр.  Ол туһунан бу курдук сэһэргээтэ:

– Күрэх балаһыанньатынан хамаанда тэриниэхтээх этибит. Биир оҕо уонна биир улахан киһи буолан. Оскуола оҕолоро күөртүүллэр уонна илии-атах буолан көмөлөһөллөр диэн ирдэбиллээҕэ. Мин үөрэнээччим Григорий Вырдылинныын кыттыбыппыт. Кини – Бырдыка Уус уола.

Чөркөөх музейыгар былыргы уус оҥорбут кыптыыйа баар. Ону үтүктэн, үүт-үкчү оҥоруохтаах этибит, 1-2 миллиметр эрэ уратылаһыан сөбө. Манна даҕатан эттэххэ, кыттааччылар бары даҕаны кыптыыйы аан бастакыбытын оҥорон холоннубут.

Кыптыый уга токуруйуулаах буолан, оҥорорго уустук этэ. Аны туран, сирэйдэрин ыпсарыыта эмиэ элбэх сатабылы, булугас өйү эрэйэрэ. Ону таһынан, аныгы электрическэй үнүстүрүмүөнэ суох, барытын илиибитинэн, холобур, игиинэн аалан, өтүйэнэн охсон оҥорбуппут. Аны туран, оһуора эмиэ дьикти соҕус этэ.

– Үлэлэргитин кимнээх сыаналаабыттарай? Туохха ордук болҕомтону уурбуттарай?

– Дьэ, кытаанах тургутууну ааспыппыт (күлэр). Дьүүллүүр сүбэҕэ норуот билиниитин ылбыт ааттаах-суоллаах уустар Эдуард Вырдылин-Бырдыка Уус, Сарыал Билюкин, Роман Готовцев, иистэнньэҥ, норуот маастара Изабелла Элякова бааллара.

Иистэнньэҥ биэс көрүҥ тириини, солкону уонна да атын матырыйааллары аҕалбыт этэ. Биһиги кыптыыйдарбытын биирдии-биирдии ылан бэрэбиэркэлээбитэ, тургутан көрбүтэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ баар уустар үлэлиир кэммитигэр хайдах туттарбытын-хаптарбытын, технологиябытын көрө-истэ сылдьыбыттара. 

Манна даҕатан эттэххэ, итинник күрэххэ саҥа кытынным. Ону таһынан, аҕыйах хонуктааҕыта Саха АССР 100 сылыгар, Таатта улууһа тэриллибитэ 110, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 145 сылларыгар аналлаах “Ытык Таатта ыһыаҕар” бастакыбын быыстапкаҕа кытынным. Дьону-сэргэни, маастардары кытта алтыһан, күрэхтэргэ, быыстапкаларга кыттан, киһи элбэххэ үөрэнэр эбит дии санаатым. Инникитин да маннык тэрээһиннэргэ кыттыам, сайдыам.

Сатабылы сайыннарыахха наада

– Учуутал үлэтэ үөрэнээччилэрин ситиһиилэринэн сыаналанар.  Лицейгит туһунан сэһэргии түһүөҥ дуо?

– Информатикаҕа эмиэ чаастаахпын, программированиеҕа оҕолору эбии дьарыктыыбын. Аныгы оҕолор программированиены олус сэргииллэр.   Араас таһымнаах хакатоннарга, олимпиадаларга тиһигин быспакка кыттабыт, кэккэ ситиһиилэрдээхпит. Итиэннэ билиҥҥи үөрэхтээһин ирдэбилинэн БКЭ, ОГЭ бэлэмнэниитигэр улахан болҕомтобутун уурабыт.

Мин санаабар, эбии дьарыктар оҕоҕо хайаан да наадалар. Үөрэнээччи сатабылын сайыннардаҕына, дьоҕурун таба тайаннаҕына, инники олоҕор туһалаах буолар. Билиҥҥи кэмҥэ  “WorldSkills Russia” чемпионат элбэх оҕо кэскилин түстүүр диэн көрөбүн. Холобур, биир выпускникпыт онно кыайыытынан кынаттанан, маляр идэтигэр ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар.

Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр көмпүүтэр саҥа кэлбитэ. Учууталлар аттестацияларын бэчээттээн көмөлөһөрбүт. Оскуолабытыгар хаһыаттаах этибит, ону эмиэ оҕолор бэйэбит таҥарбыт.    

Лицей үөрэнээччилэрэ онус кылаастан профильнай хайысхаларынан арахсаллар. Политехническай, гуманитарнай уонна биолого-химическэй кылаастар бааллар. Холобур, политехническай хайысхалаах кылааска физиканы, математиканы, информатиканы дириҥэтэн үөрэтэллэр, кылаас таһынааҕы дьарыктарга сылдьаллар. Онон инники идэлэрин талалларыгар көмөлөһөр.            

Иллэрээ сыл лицейбитигэр “PROрыв” диэн айар эйгэни арыйбыппыт. Оскуола биир өттүгэр оҕолор робототехниканан дьарыктаналлар, компьютернай графикаҕа үөрэнэллэр, аныгы тупсаҕай тэрилинэн, тээбирининэн хааччыллыбыт мастарыскыайга столярнай дьыалаҕа уһуйуллаллар, уһаналлар.

Мин санаабар, билиҥҥи үөрэнээччилэр үүнэллэригэр-сайдалларыгар кыах барыта баар. Тугунан баҕарар дьарыктаныахтарын сөп.

Үлэнэн уонна тус холобурунан

Марат Васильевич – элбэх оҕолоох эдэр ыал аҕа баһылыга. Кэргэнэ Вероника Николаевна Чурапчыттан төрүттээх. Үс уол оҕолоохтор. Улахаттара оскуола үөрэнээччилэрэ, мурун бүөтэ уоллара – уһуйаан иитиллээччитэ. Кыралара Дьулустаан эмиэ илиитигэр дьоҕурдаах, пластилинынан ютуб персонажтарын оҥорор. Быйыл “В мире космоса” өрөспүүбүлүкэтээҕи дистанционнай күрэххэ пластилинынан ракета оҥорон, бастакы миэстэни ылбыт.

– Элбэх оҕолоох аҕа, оҕо иитиитигэр туох көрүүлээххиний?

– Бэрээдэги ирдиибин. Киһи буолан кииллийэн тахсалларыгар хайаан да наада дии саныыбын. Туохха барытыгар батыһыннара сылдьан үөрэтэбин. Үлэҕэ сыһыара сатыыбын. Сайын аайы оттуу барсаллар. Билигин окко тахсаары бэлэмнэнэбит. Тыраахтырдарбыт эргэрдилэр, өрөмүөнү эрэйэллэр. Абааһы мунньаҕын кэнниттэн ходуһабытыгар киирээри, ох курдук оҥостобут. Күһүн идэһэ өлөрүүтүгэр уолаттарым эмиэ тэҥҥэ сылдьыһаллар. Тыа сирин дьоно үлэбит, түбүкпүт элбэх. Онно барытыгар оҕолорбут илии-атах буолаллар.

Былырыын уот кураан сайын ааспыта. Бэс ыйыгар таммах да ардах түспэтэҕэ. Хата, быйыл син кыралаан кэлэ-кэлэ түһэр. Онон өҥ дьыл буолуо диэн эрэнэбит.

Самаан сайын салаллыбытынан, Үрүҥ Тунах ыһыах кэлбитинэн аймахтарбын, “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Сайыммыт өлгөм үүнүүлээх буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.   

– Марат Васильевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Өбүгэлэриҥ алгыстарынан үйэлээҕи үксэтэр дьоһун дьарыккынан бар дьон билиниитин ыларгар баҕарабын! 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...