21.10.2022 | 13:00

Тимир көлөнү кыһыҥҥыга бэлэмниибит

Тимир көлөнү кыһыҥҥыга бэлэмниир кэм кэллэ. Хомойуох иһин, омук массыыната муҥутаан -25 кыраадыс тымныыга эрэ турар кыахтаах, ол кэнниттэн тиэхиньикэ тоҥор, тоҥноҕуна – хоромньу.
Тимир көлөнү кыһыҥҥыга бэлэмниибит
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Тыйыс тымныы тиэхиньикэҕэ дьайыыта

Уһук Илин регионугар омук көлөтө массыыналаах дьон биһирэбилин ылыан ылла. Ол эрээри собуот таҥан таһаарбыт көлөтө биһиги кыһыммытыгар анаан-минээн бэлэмнээх эрэ буоллаҕына сүүрэр.

Бастатан туран,  массыынаҥ «атаҕын” – көлүөһэтин кыһыҥҥыга уларытыаххын наада.

Иккиһинэн, туормас систиэмэтин эмиэ кыһыҥҥыга уларытаҕын.

Үсүһүнэн, мотуор арыытын уларытаҕын.

Төрдүһүнэн, сөрүүкэтэр убаҕаһы уларытаҕын. -40, -50 кыраадыс тымныыны тулуйары хааччыйыахтаах.

Бэсиһинэн,  мотуору, радиаторы бүрүйүөххэ наада.

 

Мотуору бүрүйүү

Мотуору бүрүйүүгэ ордук боолдьоҕу тутталлар. Боолдьох, бастатан туран, таҥас. Ол иһин сылааһы үчүгэйдик тутар уонна, халыҥ буолан, куһаҕан сыты-сымары таһаарбат. Ол эрээри билигин атыыга “автоодеяло” диэн баар буолла. Сыаната балайда соҕус да буоллар, экологическай матырыйаалтан оҥоһуллубут буолан, кутталы үөскэппэт. Оттон радиаторы пенофолунан сабаллар.

 

Көлүөһэ

Кыһыҥҥы көлүөһэ “липучка” уонна “шиповка” диэҥҥэ арахсар. Маннык көлүөһэ -40 тымныыны тулуйар. Саамай сүрүнэ – протектордара үчүгэй уонна хаачыстыбалаах буолуохтаахтар.

Кыһыннары-сайыннары эргиччи сүүрэр көлүөһэ диэн суох. Сорох дьон ону өйдөөбөккө, кыһын да, сайын да “всесезоннай” диэн биир көлүөһэнэн сылдьаллар. Аны туран, исписэлиистэр этэллэринэн, көлүөһэ эрэһиинэ буолан, сайыҥҥы уот куйааска күн сыралҕаныттан хаачыстыбатын сүтэрэр, уоттуйар даҕаны эбит. Онон кыһыҥҥы көлүөһэни хаххаҕа харайар, сайын даҕаны массыынаны күлүккэ туруорар наада эбит. Оннук гымматахха, сайыннары аспаалга хааҕыныы сылдьыахха сөп.

Кыһыҥҥы көлүөһэ сайыҥҥы көлүөһэтээҕэр быдан сымнаҕас буолар.

Билиҥҥи көлүөһэ барыта «безкамерка” буолар. Хаамырата суох көлүөһэ кыһын ордук тоҥор эбит. Ол иһин уопуттаах суоппардар хаамыралаах көлүөһэни ордороллор.

 

Сыана хайдаҕый?

Массыынаны ититии сыаната ортотунан 3 000-тан 5 000 солк. диэри массыына мааркатыттан уонна матырыйаал сыанатыттан көрөн быһыллар.

 

Арыы

Арыы хойуу уонна убаҕас, минеральнай, синтетическай уонна полусинтетическай диэҥҥэ арахсар. Холобура, массыынаҥ саҥа буоллаҕына, синтетическай арыы барсар. Орто сүүрүүлээх массыына полусинтетическай арыыга наадыйар. Оттон өр сулууспалаабыт мотуор хойуу уонна минеральнай арыыны ирдиир.

 

Антифриз туһата суох

Антифриз кутар соччото суох уонна намыһах температураҕа көмөлөспөт эбит. Ол оннугар туормас убаҕаһын кутар ордук дииллэр.

 

Хос таас

Дьон үксэ Кытай иккис лобовой өстүөкүлэтин туруорар. Ол төрүөтэ, биллэн турар, сыанатыгар сытар. Иккис хос түннүгү туруоруох иннинэ үчүгэйдик сууйар-сотор, ыраастыыр наада. Маннык тааһы -30 тымныы түһүөр диэри кэтэрдэр ордук.

 

«Наташалар» абырыыллар

Ордук куорат дьоно «Наташаны» хото туһанар буолла. Кырдьык, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тэрилтэҕэ үлэлиир дьоҥҥо абыраллаах. Гарааһа суох дьон кыһалҕаттан «Наташаланар» буоллулар. Бэйэ гарааһа суох киһи куортамныан оннугар «Наташаҕа» турбута быдан барыстаах буолан тахсар. Гараас куортама бүгүҥҥү күҥҥэ ыйга 15 тыһ. солк. тиийэн турар.

«Портативнай” гараастар, кырдьык, итиини туталлар. Бытархан тымныыга дьиэҕиттэн таҕыстыҥ эрэ – массыынаҥ кэтэһэн турар. Уонна оттон билигин «автозапуск” диэн көмөтүнэн бырагыраамалаабытыҥ курдук кэмиттэн кэмигэр сылытылла турдаҕа. Мотуор, биллэн турар, сойор, ол инниттэн ходуопканы үчүгэйдик сабар наада.

Дьон санаата:

Николай: Кыһыҥҥыга номнуо бэлэммин, “утепли” гынным, хос таас олортум. Бэйэм чааһынай гараастаахпын.

Иван: Арыыбын уларыттым, барытын бүрүйдүм.

Айсен: Мин санаабар, билигин да эрдэ. Саатар -30-ка диэри тымныйа түстүн, көлүөһэбин да уларыппытым сөп курдук. Халлаантан ардах түһэ турдаҕына тоҕо ыксыахпыный?

Анастасия: Кыһыммыт кэлэ илик дии. Биллэн турар, көлүөһэ кэтэбин, утепляйдыыбын. Массыына диэн массыына буоллаҕа дии, син биир элбэх үбү, болҕомтону ирдиир «табаарыс».

 

Тимир көлө умайдаҕына сүбэлэр:

Буруо тахсар, умайбыт проводка, эрэһиинэ эбэтэр бензин сыта кэлэр буоллаҕына, тута көрүнэр ордук.

Паниканы тардар наадата суох. Суолга массыынаны, дьону тохтот. Массыынаҥ умайан эрэрин сэрэйдэххинэ, айан суолуттан тэйит. Мотуору араар, пассажирдары түһэр, илии туормаһын холбоо. Өйдүүр инигин, маннык түгэҥҥэ салон иһигэр 90-тан эрэ тахса сөкүүндэ бэриллэр. Айан кэмигэр массыынаҥ умайан эрэр буоллаҕына, ускуораһы улаатыннарар табыллыбат. Бу өссө улахан хоромньуну таһаарыан сөп.

Чугаһынан атын массыына баар буоллаҕына, ону сыҕарытар эбэтэр уоттан харыстаан уунан саба ыһар наада.

Суһаллык “01” эбэтэр “112” нүөмэрдэринэн биллэрэргэ тиэтэй.

Массыына бары көрүҥүн өрөмүөннүүр «СпектрАвто» автосервис хаһаайына Серафим Ксенофонтов:

— Массыынаны кыһыҥҥыга бэлэмнииргэ сүрүн болҕомтону муостаны, лобовойу бүрүйүүгэ, түннүгү ПЭТ-пленканан ититиигэ уурабыт.

 

Ханнык арыы ордугуй?

— Арыы үс көрүҥэ баар: «Минеральнай”, “Синтетическай” уонна “Полусинтетическай”. Ханныгы куттарыҥ массыынаҥ төһө килэмиэтири сүүрбүтүттэн тутулуктаах.

 

Туормаска туттуллар убаҕаска испиири куталлара сөп дуо?

— Мин санаабар, сөп. Саха сирин тымныытын испиир эрэ тулуйар. Омук антифризтара биһиги кыһыммытыгар тоҥон хаалаллар.

 

Радиаторы тугунан сабар ордугуй?

— Биһиги ис-тас өттүн барытын пенофоллуубут.

 

Боолдьох ордук дуу, “автоодеяло” дуу?

— Ким тугу таларыттан, иккиэн үчүгэй матырыйааллар. “Автоодеяло” быһа-холоон 1 200 солк. сыаналаах.

Массыынаны «утепляйдаабакка» эрэ сылдьыахха сөп дуо?

— Сылдьыахха сөп эрээри, бензин ороскуота улахан буолар.

 

Сорох дьон массыыналарын подьезд анныгар тоҥоро уураллар, онуоха тугу сүбэлиигин?

— Сүрэҕэлдьээбэккэ көлүөһэлэрин көтөхтөрүөхтэрин наада.  Буруһууна сынньанар, стойка да үйэтэ уһуур.

 

 “Наташаҕа” турар массыына туга кэбириирий?

 — Улахан туга даҕаны кэбирээбэт. Наһаа тоҥоору гыннаҕана, «автозапуск” холбонор уонна выхлопной глушителэ тоҥор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....