27.11.2020 | 05:47

ТИМИР ГАРААСТАРГЫТЫН ДЬАҺАЙА ОХСУҤ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат ханнык баҕарар оройуонун өҥөс гыннахха араас быһыылаах-таһаалаах тимир гараастар кэчигэрэһэн, кутуйах да сүүрбэт  гына ыга симиллэн тураллар.

Үксүгэр олохтоох уокурук управатыттан биир даҕаны көҥүл ылбакка, харах таптаабыт сиригэр тимир гараастарын, контейнердарын, киоскаларын аҕалан туоруораллар.

Петр Алексеев 74, 76 аадырыһыгар 234 устуука тимир гараастар тураллар. Санатан эттэххэ, бу гараастар улахан аҥаардара туһаныллыбакка миэстэни эрэ ылаллар. Ол түмүгэр оҕо уһуйаана, оскуолата, сынньанар паарка да турар, тутуллар миэстэтэ суох буолла.  Куорат быһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев дьаһалынан, Строительнай уокурукка турар көҥүлэ суох тимир гараастары суох гынар үлэ саҕаланна.

АХСААННАРА АЧЧААТА

Савва Михайлов – Строительнай уокурук салайааччыта:

– Тимир гараас ахсаана сыллата аҕыйыыр. Тимир, дьэбиннирбит көрүҥнээх гараастар куораты киэргэппэттэр. Билигин нэһилиэнньэ “Наташа” диэн ааттах портативнай гараастары туттар буолла. Халлааммыт да сылыйан, тимир гарааска көлөлөрбүт аҕыйахта турар буоллулар.

Былырыын 2019 сыллаахха Строительнай уокурук территориятыттан 172 гараас тиэллибитэ. Ол онтон «Жилкомсервис” тэрилтэ нөҥүө 46 гараас, хаһаайыттар үксүн бэйэлэрэ босхолообуттара.

Быйылгы көрдөрүү хайдаҕый?

– Арыый бытаардыбыт. Тоҕо диэтэххэ, былырыын элбэх гараас таһаарыллыбыта.

Быйыл Петр Алексеев уулусса 74 уонна 76 аадырыстарыгар баар улахан стоянка дьаһайыллыахтаах. Эбийиэктэр сокуоннайа суохтар. Предприниматель  билигин эмиэ суут нөҥүө аахса сылдьар. Уопсайа 200-тэн тахса гараас турар, эргэрэн да эрэллэр. Хас биирдии арыандалааччы ити предпринимательгэ ый ахсын 800 солкуобайы төлүүр эбит, ол эрэн хааһынаҕа онтон туох да киирбэт. Бу сир ыраастаннаҕына сквер уонна 240 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутуллуохтаах. Петр Алексеев уулуссата куораппыт кииниттэн быдан чугас турар. Кэнэҕэскитин даҕаны инникилээх, балысханнык сайдыахтаах сир.

Оҕо уһуйаанын таһынан,өссө сквер тутуллар диэтиҥ...

– Бу эҥэрСахатранснефтегаз” уонна “ЯТЭК” хампаанньалар баалларынан сибээстээн, гаас үлэһиттэригэр аналлаах сквер былааннанар. Этиини норуот дьокутаата Павел Ксенофонтов киллэрбитэ, үбүлээһинин эмиэ бэйэлэрэ былаанныыллар.

Тыый! Тутуллара буоллар бэрт буолуо эбит.

– Оннук! Олохтоохтор сынньанар сквергэ олус наадыйаллар. Дьиҥинэн эттэххэ, бу эҥэр киһи сынньанар сирэ ахсаннаах, тарбаха баттанар аҕыйах.  

Кистэл буолбатах, дьон ханна табыгастааҕынан гараастарын туоруорар. Ол сүнньүгэр баһаарынайдар, гаас, уот тэрилтэлэрэ, оннооҕор быыһыыр сулууспа да сатаан киирбэт дьаабыта буолар.

– Гараассокуонунан ол эбэтэр дуогабарынан туруохтаах, ону хомойуох иһин дьон дьиэтин анныгар туруоран кэбиһэр.  Ол иһин бэрэбиэркэ кэннэ хаһаайынын көрдөөн баран босхолуурга ирдиибит, ол сатаммаҕына «Жилкомсервис” тэрилтэ бэйэтэ ылар уонна ыстараап стоянкатыгар илдьэр. Хаһаайын гарааһын ыларыгар бу тэрилтэҕэ тиэйбитин уонна көрөн-истэн туруорбутун иһин ороскуотун толуйар.

В рамку

ЫСТАРААП АЛЫН КЭЭМЭЙЭ

Дьокуускай куорат ыам ыйын 15 күнүгэр тахсыбыт дьаһал иһигэр суруллубут тарыып кээмэйэ:

Улахан кээмэйдээх эбийиэктэри хаһааныы/ууруу төлөбүрэ Төлөбүр кээмэйэ (биир чаас иһигэр сыаната)
15 кв.м диэри 30, 0 солк.
15 кв.м – 30 кв.м тиийэ 60, 0 солк.
30 кв.м тахса 120,0 солк.

Тиэйии сыаната:

Улахан кээмэйдээх эбийиэги тиэйии, көһөрүү төлөбүрэ Төлөбүр кээмэйэ (биир чаас иһигэр сыаната)
Көһөрүү өҥөтө 2000,0

Сыана хармааҥҥа охсубатын туһугар, эрдэттэн дьаһанар наада.

Сокуонунан ылан көрдөххө, гараас турар сыаната  төһө буоларый?

– Сокуону тутуһар киһи аан-бастаан олорор сиринэн Управаҕа кэлэн сайабылыанньа биэриэхтээх, туһааннаах тэрилтэлэр (уот, гаас, уу буоллун) сөбүлэҥнэрин кэннэ биир сылга дуогабар баттанар. Сылга төлөбүрэ 6000 солкуобай. Бу уонунан сыл тухары уларыйбакка турар сыыппара буолар. Сорох дьон биир сыл дуогабардаһан баран умнан кэбиһэллэр уонна дуогабардарын уһаппаттар, оччоҕуна гараас сокуона суох диэн буолар. Чэпчэтиилээх категория эмиэ чэпчэтиини туһанар.

Дьон гарааһыгар тугу уурарый, хаһаанарый, үксүлэрэ кураанах турар буолуохтарын сөп дуо?

– Араастан тутталлар. Үксэ тимир көлөлөрүн уурар, туттубат малы-салы таһааран кыстыыллар. Уурар сир кыбартыыраҕа хаһан баҕарар тиийбэт.

Тимир гарааһы суох гынар сыаллаах үлэ барбат, сорохтор итинник дии саныыллар. Боппуруос быраабыланы тутуһууга сытар. Хас биирдии ааҕааччы Управаҕа кэлэн дуогабарын уһатыахтарын сөп. Билигин пандемия буолан сайабылыанньаны электроннай почтанан ыла олоробут.

САЙДЫЫ СТРОИТЕЛЬНАЙТАН САҔАЛАНАР

“Билигин куорат Строительнай уокурук өттүттэн саҕалаан сайдан эрэр. Бары көрө сылдьарбыт курдук, бу эҥэр үтүмэннээх улахан сиргэ тимир гараастар кыстанан тураллар. Дьаһал өссө 2018 с. тахсан турар. Ол эрээри, хаһаайыттар сокуоннайа суох турар гараастарын ыларга соччо-бачча кыһаллыбаттар. Урут, баҕар дуогабар түһэрсэн ылбыт дьон баара буолуо. Ол да буоллар, сыл ахсын сокуон чэрчитинэн уһатыллыбатах гараас элбэх”,  - диир Евгений Григорьев.

***

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Жилкомсервис” исписэлиистэрэ кыттыылаах гараастар турар сирдэрин  көрөн кэлбиттэрэ. Сэрэйдэххэ, кооператив салалтатынан буолуо, киирэр аартыкка шлагбаумнары уурталаабыттар.  Инньэ гынан, тустаах техника сатаан киирбэтэ.

Туох да бэрээдэгэ суох кэккэлэспит тимир гараастар куорат сайдыытын атахтыыллар. Саҥа тутуу барарыгар, инфраструктура тарҕанарыгар көҥүлэ суох гараастар мэһэйдииллэрэ үгүс. Онон көҥүлэ суох эбийиэктэртэн сири-уоту ыраастыыр үлэ күүһүрэн иһэр.

Эн, гарааскар көҥүллээххин дуо?!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...