07.10.2022 | 16:00

Тиэлиги бастыҥа

Бүгүн “Килбиэн” рубрикабытыгар Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн төрүттээх-уустаах, эт-сиин өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, уҥмат тыҥалаах быһый сүүрүк, ааспыт үйэ 50-60-70 сылларыгар күннээн-күөнэхтээн күрэхтэһэ сылдьыбыт Иван Николаевич Иванов туһунан билиһиннэриэхпит.
Тиэлиги бастыҥа
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Кыһалҕаны билэн улааппыта

РСФСР “Урожай” уопсастыбатын хас да төгүллээх призера, орто уһуннаах сирдэргэ сүүрүүлэргэ Саха АССР 1970 с. чөмпүйүөнэ, Уһук Илин уонна Сибиир призера, 1963 с. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун спорт хас да көрүҥэр элбэх төгүллээх кыайыылааҕа Иван Николаевич Иванов–Сүүрүк Уйбааны төрөөбүт улууһугар уонна нэһилиэгэр холобур тутталлар, киэн тутта ааттыыллар.

Иван Николаевич Иванов 1936 сыллаахха олунньу 17 күнүгэр  1-кы Наахара нэһилиэгэр Улахан Кэҥэримэҕэ холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата 1939 с. “Кыһыл сардаҥа” холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сырыттаҕына, 1941 с. хоп-сип хобото, сип-сап силимэ силбээһининэн буруйа суох балыллан, хаайыллан хара дойдоон репрессия сиэртибэтэ буолбута. Ол курдук эргиллибэтэҕэ. Онон чэпчэкитэ суох оҕо сааһы, үлэни-хамнаһы эт саннынан сүгэн ааспыта. Кыайан үөрэммэтэҕэ. Эбэтигэр иитиллибитэ.

Эбэтэ сиэнигэр: “Үөрэнимэ, үөрэхтээх киһи буоллаххына аҕаҥ курдук хаайыы киһитэ буолуоҥ”, – диэн үөрэтэрэ-такайара. “Билэр да буоллаххына билбэппин диир буол”, – диэн сүбэлиир эбит. Онон уончалаах уолчаан үөрэммэккэ, үлэҕэ умса түспүт. Сүрдээх үлэһит буолан дьон хайҕалыгар, былдьаһыкка сылдьыбыт. Кэлин, үлэҕэ-хамнаска, булка-алка эриллибит буолан, тулуурдаах, кыайыгас-хотугас, сылайбат сындааһыннаах, эстибэт эрчимнээх эр бэрдэ буола  улааппыт.

Ыһыахтарга сүүрэн тибигирэйэн, тустан бачыгыратыһан, мас тардыһан чыычыгыратан, мүһэнэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэрэ үксээбитэ.

Кыайыы көтөллөммүтэ

Мэҥэ Хаҥалас өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр, спорка инники күөҥҥэ сылдьар оройуонунан биллэр. Иван Николаевич Иванов оройуонун күрэхтэһиитигэр аан бастаан 1957 сыллаахха хайыһарынан сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Николай Федотов-Торбаза көҕүлээһининэн 22 саастааҕар кыттан ситиһиилэммитэ. Ити сайын 400 м, 800 м, 1500 м сиргэ сүүрүүлэргэ, мас тардыһыытыгар элбэхтик кыайыы көтөллөнөн, өрүү миэстэҕэ тиксэн, ааттаахтар аахсар буолан барбыттара. Бастакы улахан кыайыытын 1962 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустарын спартакиадатыгар 3000 м биэтэккэ бастакынан кэлэн ситиспитэ. 1963 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус Геройа Ф.К. Попов аатынан күһүҥҥү кросска Василий Попов курдук өрөспүүбүлүкэ аатырбыт сүүрүгүн кэннигэр хаалларан чаҕылхайдык кыайбыта. Ити күһүн Саха АССР хамаандатыгар киллэриллэн, Нальчик куоракка буолбут РСФСР чемпионатыгар 3000 м сиргэ сүүрэн 60-ча хамаандаттан 15-с миэстэҕэ тиксибитэ. 1964 сыллаахха Красноярскай куоракка 800 м – 2 миэстэ, 1500 м – 3 миэстэ буолуталаабыта. Бу кини сүүрүк быһыытынан үрдүк көрдөрүүлэрэ этэ.

1970 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чөмпүйүөннээбитэ, өрөспүүбүлүкэ “Урожайыгар” 1963, 1965 уонна 1967 сыллардаахха бастаталаабыта, Уһук Илин уонна Сибиир тыатын сирин спартакиадатын 1963 с. призера, Москва куорат Кубогын эстафетатыгар 1965 с. призера, 1967 с. чөмпүйүөнэ. Баһылай Манчаары аатынан саха национальнай көрүҥнэригэр спартакиадатын хас да төгүллээх кыттыылааҕа, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера.

Бу барыта биир киһи ситиһиитэ диэтэххэ, киһи мыыммат көрдөрүүлэрэ. “Байкалов”, “Наахара” сопхуостар туруортаабыт бириистэрин элбэх төгүллээх кыайыылааҕынан буолуталаабыта. Мас тардыһыытыгар хара күүс эрэ быһаарбатын, төбөнөн үлэлиири уонна тиэхиньикэни туһаныыны таба таайан сөптөөх суолу үөрэтэрэ, билэрэ. 1995 сыллаахха “Байкалов” бирииһигэр 59 саастааҕар 40-рын саҥа туолбут эрдьигэннэри кыайталаабыта, чахчы кыахтааҕын итэҕэппитэ.

Үлэһит үтүөтэ

Иван Николаевич Иванов үйэтин тухары тыраахтар тэһиинин туппута. Бу ыарахан үлэҕэ сылдьан туох да эрчиллиитэ суох баран күрэхтэһэн кэлэрэ. Тапталлаах кэргэнэ Заболоцкая Татьяна Степановналыын тоҕус оҕону төрөтөн, улаатыннаран атахтарыгар туруорбуттара. Өссө сэбиэскэй кэм саҕана ДНД (добровольная народная дружина) диэн баара, Иван Николаевич онно солбуллубат бэрээдэк көрөөччү этэ. Ардыгар ыалга баран, итирик боруоктаах дьону кэтээн, хонор да түгэннэрэ баара.  Үгүс эдэр ыччаты үлэҕэ ииппитэ, үөрэппитэ. Тиэлигини Тиэлиги гыммыта. Элбэх оттуур сирдэр суолларын, айан суолларын эт илиитинэн солоон, кэлин тыраахтарынан астаран оҥорбута. От-мас тиэйиитигэр эмиэ бастыҥ этэ. Лауреат тырахтарыыс, коммунистическай үлэ ударнига. Бастыҥ үлэһит буоларын үгүс грамоталара, үбүлүөйүнэй мэтээллэрэ, наҕараадалара туоһулууллар.

 

Аата үйэтитиллэр

1995 сылтан дойдутугар – Тиэлигигэ Сүүрүк Уйбаан бирииһигэр күрэхтэһии ыытыллар. 2021 сыллаахха спортивнай саалаҕа кини үтүө аатын иҥэрдилэр. Иван Николаевич Иванов билигин баара буоллар 86 сааһа буолуо этэ. Дьиэ кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ ахталларынан, аҕалара, эһэлэрэ киһи быһыытынан сүрдээх сэмэй, кыраһыабай, үгүс саҥата суох, дьээбэлээх, хаһан да кыыһырбат, киэҥ-холку, үөрүнньэҥ, толоругас буолара. Өрүү дьон батыһа сылдьар киһилэрэ этэ. Элбэх доҕоттордоох-атастардаах, дьиҥ дьыала киһитэ, киһи киһитэ этэ. Билигин хос сиэнэ Павлик эмиэ эһэтин курдук спордунан дьарыктанар. Алдаҥҥа  хайыһардьыттары бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэ киинигэр ахсыс кылааска үөрэнэр, сэмэй ситиһиилэрдээх.

Ити буоллаҕа – ыччаттарын махталлара, кэрэ кэриэстэбиллэрэ.

Үтүө ааттар умнуллубаттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...