06.04.2024 | 10:00

Тэпилииссэ буорун бэлэмнээһин

Тэпилииссэ буорун бэлэмнээһин
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги буорбут үксүгэр тураҥнаах (туустаах) буолан, үчүгэй буору дэбигис булар күчүмэҕэй. Үчүгэй буору хатыҥ эбэтэр долохоно (боярышник) үүнэр сириттэн хоруйан ылыахха сөп. Быйаҥнаах бааһына буора эмиэ барар.

Буору кырыстан бэлэмниир өссө ордук. Ону маннык оҥоһуллар: кырыһы саралаан ылан, оттоох өттүнэн умса ууран саһааннаан таһаарыллар. Түгэҕин төгүрүк гына уонна ууну тутар курдук хоруудалыы ууран таһаарыллар. Манна сайын ынах иигин уонна ууну кутан илитиллэр. Оччоҕо кырыс түргэнник сытыйар уонна хаачыстыбата тупсар. Перегнойу (кунуһу) пиэрмэ эбэтэр былыргы өтөхтөр тастарыттан төһөнү баҕарар булуохха сөп. Кырыһы уонна кунуһу эрдэттэн сиидэлээн, булкадаһык оҥорон бэлэмниир үчүгэй. Ол наадатыттан, кыра харахтаах тимир сиэккэни булан, араамалаан, сиидэ оҥоһуллар. Тэпилииссэ эбэтэр парник  тураҥнаах сиргэ тутуллар буоллаҕына, сир үрдүнэн полиэтилен пленканы тэлгэтиллэр уонна 20-25 см халыҥнаахтык мас хатырыгын, сүгэ олугун (мас сыыһын), бытархай тааһы, кумаҕы тэлгэтиллэр. Ол кэнниттэн кырыс буорун (50-60 быраһыан)  уонна күҥкүйбүт ноһуому (40-50 быраһыан) булкуйан, 25 см халыҥнаахтык кутуллар.

Тэпилииссэ буорун долбуур (стеллаж) оҥорон, онно кутар өссө ордук. Тэпилииссэ буора минеральнай уоҕурдуулары элбэхтик киллэрииттэн уонна кутар уу туустах буоллаҕына (биһиги күөллэрбит уулара туустаахтар), түргэнник тууһурар. Ону уунан сайгыыр үчүгэй. Нуормата 1 кв м. иэҥҥэ 150-400 л уу. Бу үлэни күһүн үүнээйини хомуйан баран оҥоһуллар. Үүнээйи үүнэн турдаҕына буору сайҕыахха эмиэ сөп. Ону кутуу нуорматын улаатыннаран (1 кв м 30-40 л) ситиһиллэр. Оччоҕо туус ууну кытта суураллан тохтор. Туустаах уу сүүрэр ханаабатын уонна түһэр дьааматын эрдэттэн бэлэмнэнэр. Буору маннык сайҕааһын кэнниттэн үүнээйини эбии аһатыллар.

 

Н.С. Федорова «Тиэргэммит быйаҥа» кинигэтиттэн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...