14.07.2022 | 10:00

Татьяна Потапова – Татыйык Мыла: «Аттыгар сылдьар дьолу өйдөөн көрүөххэ эрэ наада»

Татьяна Потапова – Татыйык Мыла:  «Аттыгар сылдьар дьолу өйдөөн көрүөххэ эрэ наада»
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Аҕам саастарыгар бэйэлэрин тустарыгар дьэ олорон саҕалыыр, оҕону-урууну улаатыннарар ытык иэстэрин толорон, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутан, олохторун оҥостон баран дууһа таптыыр дьарыгын булунар дьон үгүс. Дьокуускайга кинилэргэ аналлаах “Үһүс саас оскуолата” таһаарыылаахтык үлэлиир, ону таһынан куйаар ситиминэн араас интэриэстээх дьону түмэр уопсастыбаннай түмсүү элбэх. 
Маннык түмсүүлэр биир көхтөөх кыттааччылара – Татьяна Иннокентьевна Потапова – Татыйык Мыла олоххо сыһыанын, барыга дьоҕурун сөҕүөххэ уонна холобур оҥостуохха эрэ сөп.

Ийэлээх аҕам эрэллэринэн

– Мин 1952 сыллаахха от ыйын 25 күнүгэр, өҥүрүк куйаас кэмҥэ, Мэҥэ Хаҥалас 1-кы Хаптаҕай нэһилиэгэр, кэрэ айылҕалаах Мыла үрэх үрдүгэр турар Тыараһа сайылыкка холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Ийэм – ыанньыксыт, аҕам кадровай булчут, табаһыт, сылгыһыт этилэр.

Ийэм Чурапчы көһөрүүлээҕэ, Төлөйтөн төрүттээх. Аҕам Мэҥэ Хаҥалас Наахаратыттан силистээх. Иккиэн да төһүү үлэһит дьон этилэр. Ийэм тыараһалартан бастакынан Коммунистическай үлэ удаарынньыга буолбута. Аҕам Мэҥэ Хаҥаласка таба иитэр соҕотох хаһаайыстыбаҕа өр сылларга үлэлээбитэ, кэлин субан сүөһү, сылгы иитиитигэр сылдьыбыта.

Мин соҕотох оҕобун. 1947 сыллааҕы кураан дьыл аҕам Чурапчыга оттуу баран баран, ийэбин сүктэн кэлбит. Биэс сылынан эрэ оҕоломмуттар. Кэлин, мин тохсуска үөрэнэ сырыттахпына, уол оҕону иитэ ылбыттара, онон иккиэбит. Быраатым Мэҥэ Хаҥаласка Хараҕа дьонун тиэргэнигэр дьиэлэнэн-уоттанан олорор. Кэргэннээх, түөрт оҕолоох, түөрт сиэннээх, ОДьКХ бочуоттаах бэтэрээнэ.

1969 сыллаахха Майа орто оскуолатын бүтэрэн баран оччотооҕу “оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан икки сыл кэриҥэ Майатааҕы эт-үүт кэмбинээтигэр арыыһытынан үлэлээбитим, производство бастыҥа, хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ этим. Оччолорго Майатааҕы кэмбинээт өрөспүүбүлүкэҕэ дуорааннаахтык ааттанар бастыҥ үлэлээх тэрилтэ этэ. Ол сылларбын сүрдээх үчүгэйдик саныыбын. Үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыан, кэлэктиипкэ үлэ оскуолатын онно ааспытым.

1971 сыллаахха Астраханнааҕы пединститукка киирбитим. Уонна 1976 сыллаахха Уус Алдан Лөгөй орто оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан ананан үлэлээбитим. Кэлин Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатыгар, онтон гимназияҕа үлэлээбитим. Биэс оҕолоох буоламмын, идэбинэн өр үлэлээбэтэҕим, интэринээккэ иитээччи  үлэтигэр көспүтүм. Урут ону кэмсинэр курдук саныыр этим, кэлин сөптөөх быһаарыныы эбит диэн сыаналаатым. Үлэһит быһыытынан ханна даҕаны сирдэрбэтэҕим, үөрэппит, ииппит оҕолорбун кытта билигин да үөрэ-көтө көрсөбүт. 1986 сыллаахха “Методист-иитээччи” диэн бэлиэ туттарбыттара. Үөһээ Бүлүүгэ М.А. Алексеев оскуолатын иитиигэ уопутун үлэлээбит оскуолаларбар төһө кыалларынан тарҕатан, киллэрсэн кэллим.

 

Оҕолор киһи үтүөтүн умнубаттар

Өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар уһулуччу педагог, тыыннаах номох буолбут физика учуутала Виктор Филиппович Потапов кэргэнэ эбиккин. Идэтигэр итинник бэриниилээҕэ, үлэтигэр ситиһиитэ сүрүннээн туохтан тахсар дии саныыгын? Эр киһиэхэ дьахтар өйөбүл буолара улахан суолталаах. Ыал аҕата ситиһиилээх буоларыгар туох нааданый, эн санааҕар?

– 1977 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан төрүттээх Виктор Филиппович Потаповка кэргэн тахсыбытым. Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн физтехпроблема институтугар үлэлии сылдьар Виктор Филипповиһы учуутала Михаил Андреевич Алексеев ыҥыран, иккиэн Үөһээ Бүлүүгэ барарга быһаарыммыппыт. Оччолорго куоракка олорор дьиэбит да суоҕа төһүү буолбут буолуон сөп. Үөһээ Бүлүүгэ 20 сыл үлэлээбиппит, Виктор – физика учууталынан, мин үксүн иитээччинэн.

Биир уол, түөрт кыыс оҕолоохпут. Бары үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэр, ыаллар, оҕолордоохтор. Оҕолорбут үөрэхтэригэр бары куһаҕана суох этилэр, икки кыыс кыһыл дипломунан бүтэрбиттэрэ. Улахан кыыс Катя – финансист, “Аргыскредит” хампаанньа толорооччу дириэктэрэ; уолбут Виктор Алросаҕа үлэлиир, геолог; үһүс кыыс Саргылаана – математика уонна информатика институтун научнай сотруднига, физико-математическай наука кандидата; Ульяна – “Туймаданефтьгаз” диэн кытайдар хампаанньаларыгар дириэктэр көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир, кытай тыла үөрэхтээх; кыра кыыспыт Чэлгийээнэ – “Инглишмейт” диэн Норуоттар икки ардыларынааҕы кииҥҥэ англия тылын үөрэтэр.

Сиэннэр оскуола, дьыссаат дьоно.

Виктор Филиппович учуутала Михаил Андреевич сүбэтинэн  физика учууталын идэтин талан, билигин да сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Учуутал идэтин талбытын кэмсиммэт. Үлэһит киһи ханна баҕарар үлэлиир. Үлэҕэ толкуйдаах сыһыан, эппиэтинэс баар буоллаҕына, киһи табыллар.

Хаһан даҕаны үлэбитигэр ээл-дээл сыһыаннаспатахпыт. Өйбүтүн-санаабытын, сүрэхпитин, билиибитин-көрүүбүтүн барытын үөрэтэр оҕолорбутун кытта тэҥҥэ үллэстэн, кинилэр ситиһиилэриттэн тэҥҥэ үөрсэн кэллибит. Оҕолор киһи үтүөтүн умнубаттар, сотору-сотору көрсүһүүлэригэр ыҥыран махтаналлар, онтон биһиги сүрдээҕин үөрэбит, ситиммитин быспаппыт. Кинилэр үтүө үлэһит дьон буолбуттарыттан астынабыт.

Ханнык баҕарар оҕоҕо киһилии сыһыаннастаххына, оҕо чугас буолар. Оҕоҕо аһаҕас уонна чиэһинэй буолуохха наада. Талаан, билии баара, биллэн турар, үчүгэй, ол гынан баран үтүө сыһыан суох буоллаҕына, ол барыта төттөрү дьайыан сөп.

Эр киһи ситиһиилээх буолара, мин саныахпар, иккис аҥаара киниэхэ бэриниилээх буоларыгар, кини кыаҕар эрэнэригэр сытар; наада буоллаҕына, сүбэлээн-амалаан биэрэрэ, санаатын үллэстэрэ улахан оруоллаах. Эр киһи бэйэтин баҕатынан билиитин-көрүүтүн үрдэтинэн, наар сайдара үчүгэй. Виктор Филиппович, учуутал киһи быһыытынан, өрүүтүн «оҕолорбор тугу эбии этиэхпин, хайдах тиэрдиэхпин сөбүй” диэн саныы сылдьар киһи. Оҕолору олимпиадаларга бэлэмниир буолан, саҥаттан саҥа садаачалары көрдөрөр, ол садаачаны хайдах интэриэһинэйдик суоттуурга үөрэтэр. Хас биирдии оҕо таһымын учуоттаан биэрэр.

Эр киһини ыал аҕа баһылыгын курдук өрө тутуу, кини этэрин өйөөһүн, сүбэнэн сылдьыы – бу барыта ыал олоҕун сүрүннүүр, эр киһини кыайыыларга кынаттыыр.

 

Ырыа, хоһоон аргыстаах

Ырыа, хоһоон айар дьарыгыҥ туһунан кэпсээ.

– Ырыа, хоһоон айыыта аҕабыттан бэриллибитэ буолуо дии саныыбын. Аҕам булчут, табаһыт буолан, айылҕаны кытта ыкса ситимнээх этэ. Айылҕаҕа таптала сүрдээх күүстээх буолан, кэрэни кэрэхсииргэ үөрэппит эбит. Бэйэтин кэмигэр Хаптаҕайга, оройуоҥҥа даҕаны биллэр оһуокайдьыт этэ, тойуктуура. Хоһоон, ырыа даҕаны айара. Ийэбэр айбыт ырыатын ыллыырын өйдүүбүн, сэрии кэмин туһунан хоһооннордооҕо. Киниэнэ үксэ тута хоһуйуу буолара, сурукка түспүтэ аҕыйах. Кыра блокноттаах этэ, кэлин ону булбатахпыт, икки кэнники хоһооно бааллар.

Балалайкаҕа, мандолинаҕа бэркэ оонньуура. Оччотооҕу ырыаһыттар пластинкаларын мунньар идэлээҕэ. “Рекорд” диэн улахан араадьыйалаах этибит, үөһээ өттүгэр пластинка эргитэрдээх. Онно Анна Егорова, Нохсоороп, Ольга Иванова ырыаларын, кэлин Гаврил Колесов “Ньургун Боотурун” истэрин өйдүүбүн.

Араадьыйаҕа кэлэр испэктээктэри олорон эрэ истэрбит. “Хотугу сулус” сурунаалы сөбүлээн ааҕарбыт. Н. Якутскай “Төлкө”, С. Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” арамааннара сурунаалга тахсарын кэтэһэн да биэрэрбит. Ардыгар мустан олорон миигин аахтараллара. Кинигэ буолан тахсыахтарын иннинэ барытын сурунаалга аахпыппыт. Ол барыта мээнэҕэ буолбатах буолуохтаах.

 

Хоһоон суруйуутугар оскуола саҕаттан холонобун. Бастакы таптал кэмигэр эҥин буоллаҕа. Саха тылын учуутала М.Д. Лебедева миигин сүрдээҕин хайгыыр буолар этэ. Дьиҥэ, саха тылын өттүнэн барыахтааҕым хаалбыт быһыылаах. 9-10 кылааска саха тылын уонна литературатын уруоктара олох да суохтара, аттестакка 8-с кылаас түмүгүн туруорбуттара.

Иэйии хаһан баҕарар, ханнык баҕарар түгэҥҥэ киириэн сөп. Үөрүүттэн, хомойууттан, сөҥүүттэн. Айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн.

Хоһооннор үксүн төрүүллэр

Хонууга, сыһыыга, ойуурга.

Хомуйан кэлэбин сүрэхпэр,

Холбуйан тиһэбин сурукка.

Хонууттан хомуллар хоһооннор,

Сыһыыттан сыыйыллар ырыалар – 

Сайҕанан сырдаабыт санаалар,

Сыдьаайар, ыраастыыр айыылар.

 

Ырыа айыытын туһунан эттэххэ, маннык. 2000 сыллаахха, улаханнык ыалдьан баран, К.И. Максимова-Сайыына “Бэйэни салайыныы” диэн 10 күннээх уһуйааныгар сылдьыбытым. Ол кэнниттэн иэйии тохтообокко кутуллар буолбута. Дьиктитэ диэн, хоһооннорум ырыа буолан кутуллар этилэр. Онтон ыла ырыа айар буолбутум.

Ырыам элбэх, ол эрэн фонограммаҕа ситэ түһэ иликтэр, 10-20 эрэ ырыа фонограммаламмыта буолуо.

 

– Олимпийскай эрэл училищетын гимнэ хайдах айыллыбытай?

Үйэм тухары физиканы, математиканы дириҥэтэн үөрэтэр оскуолаларга, Физико-техническэй лицейгэ, Саха-турецкай колледжка, Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатыгар үлэлээбитим. Онтон 2006 сыллаахха, Саха-турецкай колледж эстибитигэр, Олимпийскай эрэл училищетыгар миэстэ көстөн, иитээччинэн киирбитим. Урут фундаментальнай наукалары үөрэтэр оҕолору эрэ кытта үлэлээбит киһи отой атын эйгэҕэ кэлбитим. Методист-иитээччи буоларым быһыытынан, спортсмен оҕолору кэтээн көрөн, күрэхтэһиилэргэ, эрчиллиилэргэ барытыгар тэҥҥэ сылдьан, спорт диэн эти-хааны тургутар, кыайыыга дьулууру иитэр эйгэ баарын туһунан хоһоон айыахпын баҕарбытым. Оҕолору кытта алтыһыы оннук дьайбыта.

2009 сыллаахха уолаттарбар бүтэһик чуораан күнүгэр “Эрэл кыһата” диэн хоһоон суруйбутум, баянынан мелодиялаан толорбуппут. Ол онон хаалбыта.

Онтон 2011 сыллаахха үлэлээн бүтэн, “Сибирское здоровье” диэн хампаанньаҕа консультанныы сылдьан бииргэ үлэлээбит дьүөгэм Маргарита Ноговицына төлөпүөннээн, эн хоһооҥҥун гимн гынаары гынабыт, матыып суруйар киһи көһүннэ диэн ыҥыран кэпсэппитэ, сөбүлэҥмин ылбыта. Култуура колледжын преподавателэ Инга Еремеева мелодия суруйбута. Онтон сүрдээҕин үөрэбин, 2015 сыллаахха Оҕо искусствотын дьиэтигэр “Туймаада” ансаамбыл толоруутугар гимн сүрэхтэммитэ.

 

Олимпиецтыын көрсүһүүттэн төрөөбүт ырыа

– Роман Дмитриев олимпиадаҕа кыайбыта 50 сылыгар айыллыбыт ырыалаах эбиккин.

Роман Дмитриевка анаммыт хоһоонум 2019 сыллаахха суруллубута. Төрдүс “Сырдыгы ыстарбын” диэн кинигэбэр бэчээттэммитэ. Былырыын Р. Дмитриев Олимпиадаҕа кыайбыта 50 сылыгар анаан ырыа айбытым. Ол ырыабын училищеҕа бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбэр ыллаан ыыппытым, биһирээбиттэрэ. Эрдийэн Р. Дмитриев аатынан музей дириэктэрэ Н.Н. Константиновка ыыппытым, тэрээһиннэригэр туһаныахтара диэн. Кини чочуйдахха үчүгэй ырыа буолсу диэн, иккиэн ылсан, өссө чочуйан, Д. Готовцев аранжировкатыгар, А. Ушницкай толоруутугар ырыа буолан тахсыбыта. Онтон быйыл Р. Дмитриев 1972 сыллаахха Мюнхеҥҥа буолбут олимпиадаҕа чемпионнаабыта 50 сылын туолар бэлиэ түгэнигэр эмиэ Н.Н. Константинов сыратынан клип буолан таҕыста.

Бу хоһоон айыллыбыта бэйэтэ туспа суоллаах. 1972 сыллаахха Р. Дмитриев Олимпиадаҕа кыайан-хотон баран Ленинградка кэлэ сылдьыбыта. Ол кэмҥэ мин Астраханьтан Ленинградка аспирантураҕа үөрэнэр дьүөгэбэр кэлэ сылдьар этим. Роман Дмитриев спортивнай институт устудьуоннарын кытта көрсүһүү биэчэригэр кэлбитигэр тахсыбыппыт. Онно аан бастаан илэ көрбүтүм. Сүрдээх чаҕылхай, умнуллубат, долгутуулаах түгэн этэ. Кып-кыра, дьап-дьарамай саха уолун бары сөҕө-махтайа, бухатыыры курдук көрсүбүттэрэ. Өрүтэ быраҕаттааһын, уруйдааһын-айхаллааһын барыта баара. Ол өйдөбүл төбөбөр хатанан хаалбыт. Ол иһин ити хоһоон, ырыа тахсыбыта. Сергей, Айысхан Сыроватскайдар таҥан таһаардылар.

Ырыа тылын сакааска суруйуу диэн сүрдээх уустук. Иэйии киирдэҕинэ эрэ хоһоон тыла кутуллар, матыып киирэр. Олимпийскай эрэл училищетын гимнэ, Роман Дмитриев туһунан ырыа – сакаас буолбатахтар, бэйэм иэйиим.

– Хас да түмсүүгэ дьарыктанар эбиккин дии.

“Дьүрүскэн оһуор” диэн ырыа ансаамбыла аҕам саастаах дьон тэриммит бөлөҕө. Бастаан “Саха таҥаһа” ассоциация иһинэн Алексей Калининскай салайааччылаах тэриллибит эбит, онтон Алексей Потапов салайа сылдьыбыт. Билигин Альбина Афанасьевна Пилецкая диэн Култуура колледжын преподавателэ, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна салайар. Бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх самодеятельнай ансаамбыл буолла. Арассыыйа таһымнаах “Калейдоскоп талантов” күрэххэ кэтэхтэн кыттан Гран-При ылбыппыт. Быйылгы үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэригэр барытыгар көхтөөхтүк кыттабыт.

2002 сыллаахха 50 сааспар Сайыына уһуйааныгар сылдьан арыллан, урукку саһа сыппыт дьоҕурбун тилиннэрэн, “Иэйии кыыма” диэн кинигэбин таһаарбытым. 50-60 сааспар сүрдээҕин ыарытыйбытым, санаа түһүүтэ, муунтуйуу да баара. 60 сааспар “Олох умсулҕана” диэн иккис кинигэм тахсыбыта – манна араас түмсүүлэргэ кыттыһан, олоххо тапталым күүһүрэн, санаам бөҕөргөөбүт кэмэ этэ. Үһүс кинигэм хоһоон айар түмсүүлэргэ сылдьыбытым кэнниттэн, ырыа-хоһоон суруллара элбээн, 2019 сыллаахха “Кэрэни кэрэхсээҥ” диэн тахсыбыта. Киирии тылын “Дорҕоон тойуга”, “Сайар сарыал” хоһоонньуттар түмсүүлэрин салайар В.П. Стручков – Дуулаҕа Дьуһаал суруйбута. “Сырдыгы ыстарбын” диэн төрдүс кинигэбэр 200-чэкэ хоһоон киирбитэ.

Хоһоон айааччылар түмсүүлэрин 2019 сыллаахха эрэ булбутум. Суруналыыс дьүөгэм М.Н. Сергеева саҥа дьыл кэмигэр Арчы дьиэтигэр хоһоонньуттар мусталлар, онно барыахха диэн ыҥырбыта. Г.И. Захарова-Уордьаннаах кыыһа салайааччылаах “Айар кут” түмсүүгэ тиийбитим. Ол кэнниттэн М.Е. Степанова салайааччылаах “Литературнай көстүүнэй”, И. Афанасьев салайааччылаах “Иэйии”, С. Стручкова салайааччылаах “Сахалыы тыынынан”, В.П. Стручков салайар “Дорҕоон тойуга”, “Сайар сарыал”, И. Феофанова салайар “Тыл сүмэтэ” о.д.а. кытта алтыһабын.

Үһүс көлүөнэ оскуолатын мелодистарын бөлөҕөр баарбын.

 

“Айар кут” бөлөҕүнэн, салайааччыбыт баарына, араас тэрээһин бөҕөтүгэр кыттарбыт, билигин ол бөлөхтөн “Чэ, чэйдиэҕиҥ” диэн 8 киһилээх кыра бөлөх үөскээн, тутуспутунан сылдьабыт. Оттон Мария Егоровна Степанова салайааччылаах “Литературнай көстүүнэйгэ” кинигэлэри ырытабыт, суруйааччылары кытта көрсүһүүлэр буолаллар, музейдарынан, театрдарынан сылдьабыт – уопсай сайдыыга үлэлэһэбит. “Сайдам саас” диэн ааттанан, төһө да сааһырдарбыт, бары бэйэ-бэйэбитин билсэбит, алтыһабыт, сайдабыт.

Оттон хоһоон тутулун үөрэтиигэ, рифма, сүһүөх, уобарастааһын эҥин тиэмэлэригэр “Дорҕоон тойуга” уонна “Сайар сарыал” түмсүүлэрбитигэр практическай дьарыктаах үөрэхтэри ааһарбыт олус көмөлөөх.

 

– Иискэ эмиэ дьоҕурдаах диэбиттэрэ...

Улахан иистэнньэҥ буолбатахпын. Түүлээхтэн бэргэһэ, үтүлүк тигэбин. Биир саҥа дьылга биэс сиэммэр араас түүлээхтэн бэргэһэ тигэн бэлэхтээбиттээхпин. Иискэ эмиэ иэйии киирдэҕинэ эрэ киһи ылсар. Куоракка көһөн кэлэн баран бастаан, үлэ булбаккабын, бэргэһэ тигэр куурустарга үөрэммитим. Уонна сувенир оҥорорго биэнсийэлээхтэри үөрэтэр дьарык баарыгар сылдьыбытым. Кэлин “Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар” оҕуруонан киэргэллэри оҥорорго “Кабашон” диэн куруһуокка үөрэммитим. Брошкалары, араас киэргэли билигин баҕардахпына оҥоробун.

Урут, оҕолор кыра эрдэхтэринэ, баайар, быысыбайдыыр да этим.  90-ус сылларга таҥас кырыымчык кэмигэр оҕолорбун эргэ таҥастан тигэн таҥыннартыыр этим – оччотооҕуга үгүс ыал ийэтэ оннук гынара. Кыһалҕа оскуолата диэн баар – туохха барытыгар үөрэтэр.

Мин төрдүбэр улахан уус, иистэнньэҥ эҥин баарын билбэппин. Хоһоон, ырыа аҕабыттан буолуон сөп диэтим. Уоннааҕыта бэйэм баҕабыттан. Оҕолор кыраларыгар киһи иллэҥэ суох буолар. Сааһыран баран баҕаҥ баһаам буолар эбит. Тугу барытын үөрэниэххин, сатыаххын баҕараҕын. Ыллыахпын, үҥкүүлүөхпүн, йогалыахпын да баҕарабын. Сири дойдуну кэрийэрбин астынабын – биир киһи күлэйдиирин син күүлэйдээтим, аан дойдуну кэрийдим.

Бэйэбин улахан талааннаах киһинэн ааҕыммаппын. Улахан поэт да буолбатахпын. Мин баҕам хоту олоробун, тугу баҕарбыппын оҥоробун. Иэйии хаһан баҕарар киириэн сөп, холобур, “Иэйии кыыма” диэн ырыа хоһооно уонна матыыба Фатина Иванова диэн ырыа айааччы кэнсиэрин кэнниттэн оптуобуска олордохпуна кэлбитэ. Оннук хаһан баҕарар киирэн кэлиэн сөп дии саныыбын.

Дьиэ кэргэн иһигэр сахалыы эрэ кэпсэтиэххэ

– Оҕону иитиигэ туох көрүүлээххиний? Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

Биэс оҕолоохпун, элбэх сиэннээхпин. Бэйэм соҕотох оҕо этим, ол эрэн атаахтык иитиллибэтэҕим. Ийэлээх аҕам миэхэ эрэнэллэр этэ. Ол иһин оҕоҕо эрэниэххэ наада, хааччахтаабакка, көҥүл соҕустук иитиэххэ дии саныыбын. Барытын оҕо оннугар гынан испэккэ, бэйэтигэр оҥорор кыах биэриэххэ наада.

Мин сэттэ сааспын туолааппын кытта оскуолаҕа Майаҕа үөрэттэрбиттэрэ. Бастакы кылаастан онуска диэри ыалга олорон үөрэммитим. Кырабыттан бэйэбин дьаһанар буолбутум. Аҕам наар “Таанньа булан сылдьыаҕа, Таанньа бэйэтэ билиэҕэ” диирэ.

Бэйэбит биэс оҕобутун туораттан көмөтө суох улаатыннарбыппыт. Оччолорго оҕону көрөн өр олорбоккун даҕаны. Уопсай дьиэҕэ олорор буолаҥҥын, ыалларгын “өҥөйөн көрөөр эрэ” дии-дии үлэҕэр сүүрэҕин. 

Оҕо хаамта, тирээпкэ тутар буолла даҕаны, дьиэ үлэтигэр кыттыһыннаран, улахаттары үтүгүннэрэн иһиэххэ наада. Боппокко, бэйэтин кыаҕынан тугу баҕарарын оҥорторон.

Оҕолорум чуумпуран олорон уруһуйдуур идэлээхтэрэ – бу оҕо мэйиитин сайыннарар суолталаах дьарык.

 

Оҕолорбут бары сахалыы иитиилээхтэр. Сиэннэрбитин кытта эмиэ сахалыы кэпсэтэбит – өйдүүллэр, саҥараллар. Арай бу кэнники икки кыра сиэммит нууччалыы барыах курдуктар – аҕалара нууччалыы иитиилээҕэ уонна уһуйааннара дьайар быһыылаах. Ол эрэн биһиги сахалыы кэпсэтэбит, өйдөтөбүт. Дьиэ кэргэн иһигэр наар сахалыы кэпсэтэр тыл тыыннаах хааларыгар сүрдээх улахан оруоллаах дии саныыбын. Оннук олук уурулуннаҕына, оҕо ийэ тылын умнубат, хаһан баҕарар саҥарар буолан кэлиэҕэ.

 

Дьолу киһи бэйэтэ оҥорор

Дьокуускайга 1997 сыллаахха көспүппүт. Аҕабыт Иван Иванович Шамаев оскуолатыгар физика учууталынан ыҥырыллан, биһигиттэн биир сыл эрдэ кэлбитэ. Жатай саҥа микрооройуонугар олорбуппут уонча сыл буолла, онон тыа ыалын курдук дьаһанан, тиэргэннээх дьиэҕэ олоробут.

Куорат күн-түүн тупсан иһэр. Ол эрэн суолбут-ииспит олус мөлтөх. Куорат ыраас буоларыгар биир-икки тэрилтэ буолбакка, дьон-сэргэ бары кыһаллара буоллар, чыҥха атын хартыына буолуо этэ. 

Айылҕа оҕото буоларым быһыытынан айылҕаны ордоробун. Дьокуускай Пааркатыгар сылдьарбын сөбүлүүбүн.

***

– Дьоллоох буолуу диэн бэйэҕиттэн эрэ тулуктаах. Ис туругуҥ хайдаҕыттан. Ийэ киһиэхэ оҕолоруҥ, сиэннэриҥ этэҥҥэ буоллахтарына – дьол. Олоххо оннуларын буллахтарына –дьол. Аттыгар сылдьар дьолу өйдөөн көрүөххэ эрэ наада. Мээнэ суламмакка, ынчыктаабакка, онно-манна тарапачыспакка, бэйэҥ кыаххынан, олоххо сырдык эрэ өттүн көрөн олоруохха. Көнө, чиэһинэй, сырдык сыдьаайдаах, үөрэ-көтө сылдьар дьону кытта алтыһыы – эмиэ дьол.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...