13.01.2023 | 15:00

Тас туризм бүгүҥҥү туруга хайдаҕый?

Тас туризм бүгүҥҥү туруга хайдаҕый?
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Аҕыйах сыллааҕыта аан дойду аана барыта аһаҕас этэ, талбыт сирбитигэр, сөбүлээбит судаарыстыбабытыгар сынньанан кэлэрбит. Байыаннай балаһыанньа, ыарыы-сүтүү, ону кытта ситимнээх хааччах, араас ирдэбил баар буолуоҕун түһээн да баттаппатахпыт. Туризм эйгэтин 2020 сылга өрө турбут пандемия 100% уларыппыта. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр тас дойдулар сабыллыбыттара, туризм эмискэ тохтоон, сорох сирдэргэ туристар хаайтарбыттара, оттон саҥа көтөөрү тэринэ сылдьар дьон кыайан барбакка хаалбыттара...

Ити кэми мин күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. Оруобуна 2020 сыл саҥатыгар, тохсунньу ыйга, Бахрейн диэн арабскай дойдуга сынньана көппүтүм. Ол саҕана баара-суоҕа икки эрэ ыйынан аан дойду барыта сабыллыа диэн сэрэйэн да көрбөтөҕүм... Бэрт кылгас кэм иһигэр олоххо араас түгэн, түбэлтэ буолар кыахтааҕын онно букатыннаахтык өйдөөбүтүм. Кулун тутар, муус устар, ыам ыйдарыгар тас дойдуларга сынньана көтүөхтээх билэр дьонум бары барбатахтара, хата, миигин кыл мүччү баран кэлбиккин диэн эппиттэрэ. Дьэ, кырдьыга да оннук буолбута.

Турция арыллыыта...

Пандемия, хаарыан дьоммут олоҕун илдьэ барбыт суостаах ыарыы, дьиэҕэ хаайтаран олоруу кэмнэрэ барыбыт да уйулҕатыгар охсубут буолуохтаах. Киһи сарсыҥҥытын да былааннанарын куттанар буолбута. Элбэх урбаанньыт бизнеһин саппыта, дьон бөҕө үлэтэ суох хаалбыта. Оттон туризм кыл түгэнигэр суох буолбута... Турфирма бөҕө сабыллыбыта, үлэһиттэрин уураппыттара, тас дойдуга сынньанар путевкалары атыылааһын тохтообута.

Сыыйа, сайыҥҥыттан, Арассыыйа курортарын үлэтэ кыралаан саҕаламмыта. Саха сирин олохтоохторо Сочига, Анапаҕа, Геленджиккэ, Крымҥа барар кыахтаммыттара. Күһүөрү омук сирдэриттэн аан бастакынан Турция арыллыбыта... Ол кэнниттэн эр-биир Дубай, Кипр, Куба, Доминикана, Мальдивы арыллыбыттара. Биллэн турар, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт сыстыганнаах хамсык ыарыы бүгүн даҕаны сүтэ-симэлийэ илик. Онон тас дойдуга көтөр туристартан хара маҥнайгыттан “ПЦР” анаалыһы уонна ковид утары анал быһыыны ылбыты туоһулуур сертификаты, кэлин эбии “кюар-коду” ирдээбиттэрэ. Бу ааттаммыт докумуоннара суох киһи ханна да көппөт буолбута. Санаторийга, отельга буолуохтааҕар, оннооҕор тыа кулуубугар, рестораҥҥа, киинэҕэ киирэргэ маннык докумуоннар ирдэнэр буолбуттара. Ол гынан баран бу барыта ааспыт кэмҥэ суруйдум.

2022 сыл кулун тутар ыйыттан Краснодарскай кыраай губернатора “кюар-коду”, “ПЦР” ыспыраапкатын ирдиир дьаһалы көтүрэн, туристар Сочига, Анапаҕа, Геленджикка, Крымҥа о.д.а. сирдэргэ хааччаҕа суох сынньанан эрэллэр. Тас туризм мөлтөөбүтэ Арассыыйа курортарыгар, этэргэ дылы, үчүгэйдик дьайбыта саарбаҕа суох. Арай, хомойуох иһин, ааспыт 2022 сыл олунньу ыйыгар Украина айдаанынан Краснодарскай кыраай аэропортара: Краснодар, Анапа, Геленджик, Крым өрөспүүбүлүкэтэ, Ростов-на-Дону о.д.а. бары сабыллыбыттара. Билигин Сочи эрэ аэропорда үлэлии турар. Онон атын курортарга Сочи нөҥүө эбэтэр Москваттан поеһынан барыахха сөп.

Билигин ханна сынньаныахха сөбүй?

Саҥа 2023 сылга үктэннибит. Быйыл туризм балаһыанньата хайдах буолуой? Билигин ханнык тас дойдулар аһаҕастарый, туристар ханна айанныахтарын сөбүй? Бүгүҥҥү күҥҥэ аһаҕас дойдулар: Дубай, Бахрейн, Мальдивы, Турция, Египет, Доминикана, Таиланд, Куба, Мексика, Индия, Япония, Тунис, Азербайджан, Грузия, Армения, Израиль, Катар, Вьетнам, Кипр уонна бу ахсынньы ыйтан эбии Албания, Австрия, Австралия, Бразилия арылыннылар. Ол гынан баран сорох дойдуларга син биир дьаҥ баарынан, Арассыыйаттан киирэр туристартан анаалыс, быһыы ылбыты туоһулуур сертификат ирдэниллэр. Ону путевка ылар турфирматтан чуолкайдаһар наада. Саха сирин олохтоохторо чугастыы Кытайга уонна Кореяҕа эмиэ быһа рейстэринэн сөбүлээн сынньанар, эмтэнэ да барар этилэр. Оттон билигин Кореяҕа сынньана барар киһи суоҕун кэриэтэ, турфирмалар путевкалары атыылаабаттар. Арай эмкэ барааччылар эрэ бааллар. Саамай сылдьар дойдубут Кытай билигин да арылла илик. Онтон сылтаан элбэх урбаанньыт маҕаһыынын, бизнеһин тохтотто. Бу иннинэ Пекин, Гонконг, Далянь, Харбин, Бэйдайхэ, Санья курдук куораттарга элбэх киһи сынньанара. Сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр интэриниэт-тиһиктэр суруйалларынан, Кытай сотору арыллыах курдук быһыылаах. 2012 сылтан Дьокуускай уонна Таиланд икки ардыгар чартернай рейстэр арылланнар, саха дьоно абыраммыттара. Ол кэнниттэн 2013 сылтан Вьетнам дойдутугар эмиэ быһа рейс баар буолбута. Пандемия кэмигэр тохтуу сылдьан баран, бу ааспыт күһүн сөргүтүлүннэ. Ону кытта былырыын Монголия арыллан, элбэх киһи сынньанан эрэр.

 

Тус санаа

Бу күннэргэ Таилаҥҥа сынньана сылдьар Ульяна К. биһиэхэ Саха сириттэн хайдах быһыылаахтык көппүтүн уонна балаһыанньа хайдаҕын сэһэргиир:

– Уоппускам кэмигэр Таилаҥҥа кэлэн үөрэ-көтө сынньана сылдьабын. Бу иккис сырыым. Ахсынньы 26 күнүгэр Дьокуускайтан Владивостокка көтөн кэлбитим, ол кэнниттэн Таилаҥҥа барбытым. Мин барарбар туох да ирдэбил, хааччах суоҕа. Ол курдук, вакцинация сертификатын, ПЦР ыспыраапкатын эҥин көрдөөбөтөхтөрө. Туризм үлэлии аҕай турар. Өҥүрүк куйаас, сөтүө үгэнэ. Биир тылынан, туох да хааччаҕы көрсүбэтим. Сотору Кытай арыллыа диэн кэпсииллэр. Онно, арааһа, ПЦР, вакцинация сертификата ирдэнэрэ буолуо диэн сэрэйэбин. Билэн-көрөн иһиэхпит.

 

Дьокуускай турфирмалара тугу кэпсииллэрий?

Үөһээ этэн аһарбытым курдук, 2020 сыл туризм эйгэтигэр улахан охсууну оҥорбута. Ол содулугар аҥаардас Дьокуускайга элбэх турфирма сабыллыбыта.

Бу күннэргэ “Надежда” турфирма салайааччыта Мария Кимовна Саввинованы кытта кэпсэттибит:

– Пандемия иннинэ оргуйан олорбут буоллахпытына, бүгүҥҥү турукпут халбархай. Тоҕо диэтэххэ билигин аан дойдуга араас барыта тахсыан сөп. Бу сылларга элбэх уларыйыыны-тэлэрийиини, бобууну-хаайыыны, хааччаҕы көрүстүбүт. Холобура, урут Кытайы кытта үчүгэйдик үлэлээбит буоллахпытына, Кытайбыт билигин да арылла илик. Арай соторутааҕыта Таиланд арыллан балайда сэргэхсийии таҕыста. Туристар билигин Владивосток, Иркутскай, Красноярскай курдук куораттартан көтөллөр. Бэйэлэрэ талбыт курортарыгар сынньаналлар. Мин үлэм сүнньүнэн көрдөххө, дьон кэлиҥҥи кэмҥэ Арассыыйа курортарын талар буоллулар, биһиги да санаторийдарбытыгар сынньаныахха, доруобуйаны көрүнүөххэ сөп диэн санааны тутуһаллар. Холобур, Сочига, Алтайга Белокурихаҕа, Минеральные воды о.д.а. сирдэргэ сөбүлээн бараллар. Арассыыйа иһинэн билигин туох да хааччах суох, онон ким баҕарар барыан сөп. Уопсайынан, дьон кэлэрин-барарын, айанныырын ахтыбыта харахха быраҕыллар. Бастайааннай килийиэннэрбит биһиэхэ кэлбиттэрин курдук кэлэ тураллар, күннэтэ билиэт, ардыгар тас дойдулар путевкаларын ыйыталлар. Онон, оргууй аҕай тэтиммитигэр киирэн эрэбит.

 

Түмүккэ

Биллэрин курдук, билигин чуолаан Европа дойдуларыгар тахсар ыарахан. Европаны рекламалыыр, путевка атыылыыр турфирма ахсааннаах. Тоҕо диэтэххэ урукку курдук ыллыҥ да көппөккүн, ханан эрэ эргийэн тиийиэххин наада.

Мин көрөрбүнэн, дьон ордук Турцияҕа, Дубайга, Египеккэ, Таилаҥҥа сынньанар буолла. Бастатан туран, бу дойдулар визалара суох уонна сыаналара сөбүгэр.

Күндү ааҕааччылар, саҥа сылбыт үүннэ. Сотору сандал сааспыт тиийэн кэлиэ, күөх сайыммыт үүнүө... Уоппускаҕытын, сынньалаҥҥытын эрдэ былааннааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...