16.04.2022 | 10:00

Тапталыҥ туһугар охсус

Тапталыҥ туһугар охсус
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Сарсыардааҥы күн уота уол сирэйин кыһыл көмүс сардаҥаларынан оонньоон сүгүн утуппата. Хайыаҕай, уһуктан хаалан, Петя турарыгар тиийдэ.

Саас буолан, уол дэриэбинэҕэ сыбыытыыра уурайбыта. Санаатыгар Маринаттан сурук кэтэһэрэ да, почта дьааһыга куруук кураанах буолара. Сырыы-айан, суол алдьанан, учаастакка почта ый баһыгар-атаҕар тиийэрэ буолуо диэн бэйэтин уоскутунара. Эппиэти эрэйбэккэ да, бэйэтэ харса суох суруйара. Ол сылдьан биир үтүө күн хоһун ааныгар кэмбиэрдээх сурук турарын көрөн олус үөрбүтэ, мэктиэтигэр, Марината аттыгар баар буолбутун курдук санаабыта. Арай арыйан ааҕаары гыммыта, олох аҕыйах бэрт курус тыллардаах сурук буолан биэрбитэ. Марината кэргэн тахсан эрэрин Митя хайдах да итэҕэйиэн баҕарбатаҕа, хараҕа хараҥаран, кулгааҕа чуҥкунаан барбыта...

Ыам ыйын кэрэ бырааһынньыктара чугаһаан кэлбиттэрэ. Митя кууруһун оҕолоро уолу айылҕаҕа дьаарбайа, сэргэхсийэ барыахха диэн үүйэ-хаайа туппуттара. Уоллара кэлиҥҥи бириэмэҕэ үүтүн тохпут оҕо курдук сылдьарын бары да бэлиэтии көрөллөрө. Саша диэн однокурснига, этэргэ дылы, “эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр” сытыы-хотуу уол Митяны араастаан ынньаҕалатан, иннин ылан, кууруһунан Маайы көрсө тахсар буолбуттара.

Болуоссакка бүтүн куорат дьоно бары тахсыбыт курдук этилэр. Митя бастакы параада буолан, олус диэн сэргэхсийэн, өрө көтөҕүллэн, “ураа” хаһыы бөҕөнү түhэрэн сылдьыбыта. Күнүс үс чааска бары хомуллан мырааҥҥа тахсыбыттара. Кыттыспыт харчыларынан шашлыкка диэн сибиинньэ этэ, оҕуруот аһа, пиибэ ылбыттара. Күө-дьаа буолан уот оттон, аһаан-сиэн барбыттара. Бары да үөрэхтэн, уһун кыһынтан сылайбыт эдэр дьон сибиэһэй салгыҥҥа тахсан тыыннарын таһаараары өрүсүһэ-өрүсүһэ кэпсэтиһэн, ыллаан-туойан, үнкүүлээн киирэн барбыттара. Арай Митя Маринатын санаан кэри-куру туттан олорбута. Хайдах аҕыйах хонук иһигэр кэргэн тахса охсорун төбөтүгэр ончу батарбат этэ. Дьонтон истибитэ буоллар, олох да итэҕэйиэ суох этэ, ону баара бэйэтинэн суруйбут этэ дии. Бу олорон кини Марината хайа бөһүөлэктэн дуу, улуустан дуу сылдьарын олох да ыйыппатах эбиппин диэн, хата, бэйэтэ соһуйбута.

Ол курдук олох атын “дойдуга” тиийэн олордоҕуна, Агаша диэн бииргэ үөрэнэр кыыhа аттыгар кэлэн олорунан кэбистэ. Агаша хайа баҕарар киһини аралдьытар, тылыгар киллэрэр, сэргэхситэр дьоҕурдааҕа. Кини олус элбэх саҥалаах, барыны бары билбит-көрбүт, туохтан да иҥнэн-толлон турбат, ханнык да боппуруоска сүбэ-ама биэрэн кэбиһэрэ. Этэргэ дылы, хаама сылдьар “энциклопедия”, эбэтэр оҕолор этэллэринэн, сир түннүгэ киһилэрэ этэ. “Агашаттан ыйытыахха”, “Агаша туох диирэ буолла” диэн тыллаахтара. Бу да сырыыга кыыс Митяны аралдьытарга, туох-ханнык буолбутун быһаарсарга сананан кэлбитэ. Оҕолортон тэйиччи соҕус баран сэргэстэһэ олорунан кэбиспиттэрэ.

— Дьэ, Миитэрэй, кэпсээ, санааҕын үллэһин, баҕар, тугунан эмит көмөлөһүөхпүт, сүбэлиэхпит, - диэт, боччумнаах баҕайытык Митя диэки көрөн олорбута. Митя кууруhун оҕолоруттан аҕыйах сыл аҕа буолан уонна армияҕа сылдьан олоҕу билбит, “буутун этэ буспут, сиһин этэ сиппит” диэннэр сороҕор Миитэрэй диэн ыҥыраллара. Уол онтон өһүргэммэт этэ.

Митя Маринатын туһунан Сашаттан атын ким да билбэтэ. Ол да буоллар Агашаҕа хайдах эрэ аһыллан, ис-иһиттэн хайдах билсибиттэриттэн саҕалаан кэпсээн, санаатын тоҕо тэбээн кэбиспитэ.

Агаша балачча саҥата суох, хайдах эрэ атын сиргэ тиийэн хаалбыт, эмиэ да уол кэпсээнин ырытар, толкуйдуур курдук туттан чочумча соҕус олорбута.

— Марина дойдутугар кэлэн балыыһаҕа сытар. Эйиэхэ этиэхчэ эппэт этим, кыһыары оҕолонуохтаах, эйигиттэн, - диэт, умса көрөн кэбиспитэ.

Митя оройго оҕустарбыттыы, бу кыыс туту-тугу лахсыйан барда диэбиттии, Агашаны тургутардыы көрөн олорбута. Эмиэ да өйдөөх курдук, арыгыны да, пиибэни да амсайааччыта суох, уонна хантан билэн мин Маринам туһунан кэпсээн барда диэн истибитин билигин да итэҕэйбэккэ кэлэҕэйдии сыһа-сыһа:

- Ол х-ханна, дой-дойдутугар? Агаша, киһилии кэпсиэххин, атын Маринаны этэриҥ буолаарай, ону барытын эн хантан билэҕин ээ, сир түннүгэ-э? – диэн хаһыытыы былаастаан ыгылыйбыт куолаһынан ыйыппыта.

— Митя, ыксаама уонна киһини куттаама, тоҕо хаһыытыыгын, мин дьүлэйбин дуо? Барытын саас-сааһынан кэпсиэм, тулуйан иhит.

Марина Покровскайтан сылдьар. Биһиги бииргэ үөрэммиппит. Оскуоланы бүтэрээт, бэйэтиттэн саастаах киһиэхэ эргэ барбыта. Ол сыл сатахха үөрэххэ киирбэккэ дойдутугар тахсан балыыһаҕа санитаркалаабыта. Байбал киниттэн сэттэ сыл аҕа этэ. Ол да буоллар Марина кинини олуһун сөбүлүүрэ, таптыыра. Байбал да киһи сирбэт киһитэ этэ. Сыл буолаат, кыыс оҕоломмута. Байбал Маринатын үөрэххэ киллэрбитэ, куоракка көһөн киирбиттэрэ. Бу олордохторуна биир үтүө күн, Марина колледжка лекция истэ олордоҕуна, биир дьахтар ыҥыттаран ылан, кэргэммин иирдибиккин, икки оҕотун быраҕан эйиэхэ барбыт, миигиттэн арахса да илик диэн дэлби үөхпүт-симпит. Кэргэммин төннөрбөтөххүнэ, олоххун кырыам, оҕоҕун былдьыам диэн дэлби куттаабыт. Марина Байбалын туһунан итинниги эрэ истиэм диэбэтэх киһи наһаа аймаммыт, үөрэммэккэ да дьиэтигэр тиийэн дэлби айдаарбыт. Ол иһин да сыбаайба, саахса туһунан тугу да быктарбатах эбит диэн кэлин миэхэ кэпсээбитэ. Байбалын үүрэн кэбиспит. Дьоно да сөбүлэспиттэрэ, оҕону эрэ тыыппатыннар диэн санаалаахтара.

Марина үөрэҕин бүтэрэн атын сиргэ анатан, эн бөһүөлэгин аттыгар учаастакка үлэлии тиийбитэ. Биир да уолга чугаһаабаппын, кими да кытта доҕордоспоппун диэн суруйара. Онтон былырыын сайын эйигинниин билсибитин туһунан күһүн уоппускатыгар кэлэ сылдьан эппитэ, олох дьиҥнээхтик таптаатым, ыллардым диэбитэ. Митя да миигин таптыырыгар итэҕэйдим, холбоһуох диэн тыл көтөхпүтүгэр толкуйданыах буоллум диэн үөрэн-көтөн туран кэпсээбитэ. Мин эйигин, үөрэнэ кэлээт, Марина илдьэ сылдьар хаартыскатыгар көрөн билбитим уонна онтон хантан сылдьаргын эҥин биллэҕим дии. Ол да буоллар хайдах эрэ ыйыталаспакка сылдьыбытым. Онтон бу соторутааҕыта дойдубар тахса сылдьан Марина төннөн кэлбитин, өссө ыарахан буолан балыыһаҕа сохранениеҕа сытарын истэн, бара сылдьыбытым. Миитэрэй, эр киһи буоллаҕыҥ дин, тулуйан иһит, баалаама. Эн туох ис хоһоонноох суругу туппуккун мин эмиэ билэбин. Ол кэмнэргэ аат эрэ харата сылдьаргын көрөн төһө да аһыннарбын, Маринаҕа биэрбит тылбын кэһимээри, билбэтэх-көрбөтөх курдук сылдьыбытым. Билигин тулуйарбыттан аастым. Ол суругу эн ийэҥ Маринаҕа кэлэн күүһүнэн, бэйэтэ қөрөн туран суруйтарбыт этэ уонна кэмбиэрдээн баран ыытан кэбиспит. Бүттэҕэ ол.

Ол кэнниттэн Марина төһө да эйигиттэн сурук туттар, аахпакка да эрэ ууран иhэр эбит. Аны туран ийэҥ, бу дойдуттан барбатаххына, сүгүн олордуом суоҕа, уолбун эрэ биэриэм суоҕа диэн, Марина дойдутугар кэлэргэ күһэллибит. Аны оҕо үөскээбитин билэн, ийэҥ түһэттэрэ сатаабыт этэ. Ол да иһин дьүөгэм, төһө да олохтоохтор ыытымаары туруорсубуттарын үрдүнэн, айаннаан, суол эрэ сабыллыан иннинэ кэлбитэ. Дьэ итинник, Митя, онон сүбэлиирим диэн, тапталыҥ туһугар охсус. Ол эрэн ийэҥ дуу, тапталыҥ дуу? Маннык боппуруоска улаханнык орооһуохпун баҕарбатарбын да, Маринаны уонна эйигин көрөн аһынарым бэрдиттэн туох баарынан кэпсээтим, дьүөгэм син биир миигин өйдүө, кэлин, хата, махтана сылдьыа диэн санааҕа кэллим. Ол да буоллар ийэҕин эмиэ санаа, соҕотох уола кэргэниттэн арахсыбыт, оҕолоох дьахтары ыларын туорайдаһарын эмиэ өйдүөххэ сөп гынан баран, - диэн Агаша өссө тугу эрэ этээри дуу, сүбэлээрн дуу бэрт дуоспуруннаахтык болточчу туттубутугар, Митя быһа түһэн:

-Агаша, сип-сибилигин Покровскайга бардыбыт, мин харчылаахпын, чаас өссө да эрдэ, таксилары баттаһыахпыт, -диэт, кыыһы эй-ээх дэппэккэ соспутунан барда.

Остуолга кэлбиттэрэ оҕолор ырыалара-тойуктара ырааппыт, кэпсээн-ипсээн үгэнэ эбит. Сиэттиспит Митялаах Агашаны көрөн имнэнэн эрэ кэбистилэр, дьээбэлээх өртүлэрэ тугу эрэ саҥаран истэхтэринэ, Саша тохтотон кэбистэ. Ханна баран эрэллэрин туоһулаһаат, тута өйдөөбүт киһи курдук, сапсыйан кэбистэ уонна оҕолорго чуумпуруҥ диэбиттии сөмүйэтин уоһугар даҕайда.

***

Биир да кыырпах былыта суох ып-ыраас халлаан. Күн үөһэттэн соҕотох мин эрэ баарбын диэбиттин чаҕылыйа тыгар. Бастакы хаар күн уотугар араас өҥүнэн кылабачыйа ооньуур. Бүгүн Митя саҕа дьоллоох киһи суох. Кини таптыыр Марината уол оҕону бэлэхтээн, роддомтан тахсар күннэрэ. Бары-барыта этэҥҥэ түмүктэнэн, Марина чэпчэкитик быыһанан, Митя көтүөн кыната эрэ суох сылдьар. Бүгүн таайын кытта ийэтэ кэлэн кэтэһэн олороллор. Митя дьонун роддомтан таһаараат, ийэтигэр, таайыгар, аймахтарыгар илдьиэхтээх, онно саламаат, алаадьы буhаран, ас-үөл астаан, кийиити кытары билсиһии оҥороору түбүк бөҕөтүгэр сылдьаллар. Маны Митя Маринатыттан кистиир, өссө дьоно кыттыһан икки хостоох дьиэ куортамнаан, онно тахсалларын Марината эмиэ билбэт. Митя атаһа Саша сүүрэн-көтөн, кырачаан киһини “Джип” массыынанан таһаараары сылдьаллар. Манна, биллэн турар, саамай сүрүн оруолу Агаша ыла сылдьар. Агаша суоҕа буоллар, Митялаах бүгүҥҥү дьоллоох күннэрин бэлиэтиэхтэрэ эбитэ дуу...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...