15.11.2024 | 10:00

Танда быһыйа

Танда быһыйа
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, “Саха – Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, Уус Алдан улууһун, Байаҕантай нэһилиэгин ытык олохтооҕо, чэпчэки атлетикаҕа ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат, сүүрүүгэ СӨ алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, элбэх төгүллээх призера, Саха сирин маҥнайгы марафонун кыайыылааҕа, экс-рекордсмена Анатолий Михайлович Заболоцкай баара буоллар сэтинньи ый 13 күнүгэр 75 сааһын томточчу туолуо этэ.

Марафон спорт олус ыарахан көрүҥэ. “Марафонец” аатын сүгүү, буолаары буолан кыайыыны ситиһии киһи аайы кыаллыбат. Икки чаастан ордук кэм устата тэтимҥин ыһыктыбакка, тэппит атаххын кубулуппакка сүүрүү – чахчы, тулуурдаахтар, кыахтаахтар көрүҥнэрэ.

Сырдык, кытархай хааннаах Анатолий Заболоцкай ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Сахатын сирин сүүрэр суолларын киэргэлэ буолара. 42 км 195 м классическай марафоҥҥа утарсааччыларын ырааҕынан хааллартаан биэтэккэ бастакынан кэлитэлиирэ, көрөөччүлэрин, “ыалдьааччыларын” сөҕүүлэрин-махтайыыларын ылара.

Толя Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Гражданскай сэрии дьоруойа Бартыһаан Дьөгүөрэп 1933 сыллаахха туттарбыт Танда оскуолатын 1968 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. Бэһис кылааска кыра уолаттарга “Бартыһаан Дьөгүөрэп” бирииһигэр оройуонун кроһугар 500 м сүүрүүгэ маҥнайгы кыайыы үөрүүтүн билбитэ. Ити сыл өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” кроһугар Федор Попов бирииһигэр уолаттарга 1000 м  иккис миэстэлэммитэ. Хамаандаҕа киллэриллэн, “Москва куорат Кубогар” Саха сирин “Урожайа” бастыырыгар улахан төһүү буолбута. Саха АССР профсоюзтарын кроһугар үһүс буолбута уонна өрөспүүбүлүкэ хамаандатын састаабыгар Барнаул куоракка Сибиир уонна Уһук Илин профсоюзтарын кроһугар сүүсчэкэ быһыйтан сүүрүүтүн уон ахсыһынан түмүктээн, чахчы, “тыыппалааҕын” биллэрбитэ. Итинтэн ыла олоҕо сүүрүүгэ анаммыта.

Красноярскайдааҕы физкултуура техникумугар үөрэнэр сылларыгар анал үөрэхтээх тренер илиитин иһигэр киирэн, 800, 1500, 3000 м күүстээх эрчиллиини ааспыта. Аармыйаҕа сулууспалыыр 1971-1973 сс. салгыы дьарыктаммыта. Чааһын, дивизиятын уолаттарын кыайталыыра. Атаҕар эчэйии ылан уокурук чемпионатыгар кыттыбатаҕа. 1974-1983 сс. Танда оскуолатыгар физкултуура учууталынан, тренеринэн үлэлээбитэ, инструктордаабыта. Иитиллээччилэриттэн оройуон, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ, призердара тахсыбыттара, кинилэр ортолоругар СӨ үтүөлээх тренердэрэ Иван Готовцев, Максим Аммосов бааллар. Байаҕантай спортивнай нэһилиэк буоларын ситиспитэ. Саха АССР VI-с сайыҥҥы спартакиадатыгар 5000 м – үһүс, 10 000 м төрдүс буолуталаабыта.

Анатолий Заболоцкай улахан марафоҥҥа 1979-1985 сс. кыттыбыта. Сүнньүнэн орто уһуннаах сиргэ сүүрүүлэргэ болҕомтотун уурбута.  Саха сирин биэс бастакы марафонугар кыттыбытыттан, икки бастакы 42 км 195 м сүүрүүгэ 1979 уонна 1980 сыллардаахха бастаталаабыта, 2 ч. 23 мүн. 38 сөк. кэлэн, рекорд олохтообута. 1981 с. үһүс миэстэлэммитэ, 1982 уонна 1983 сс. иккис буолуталаабыта. 34 сааһыгар 1984 с. 30 км Николай Матчитов кэнниттэн иккис миэстэлэммитэ.

Анатолий Заболоцкай Саха сирин күүстээх марафонецтара, чөмпүйүөннэрэ, призердара Владимир Слепцову, Леонид Сакварцы,  Афанасий Илларионовы, Гаврил Нохтуунускайы, Николай Матчитовы, Михаил Владимировы кытта “Ураа!” хаһыынан тэҥҥэ стартаан, илин-кэлин түсүһэн, инники күөҥҥэ сылдьара.

Утумнаахтык дьарыктанар быһыйы атын дистанцияларга ситиһиилэр эмиэ тумнубатахтара. “Молодежь Якутии” хаһыат бирииһигэр Саха АССР чемпионатыгар 30 км түөрт төгүл бастаабыта, иккитэ иккис буолбута. “Урожай” үгэс буолбут Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов кроһун 1974 с. кыайбыта уонна түөрт төгүл миэстэлэспитэ. Саха сирин норуоттарын сайыҥҥы спартакиадаларыгар уонна Саха сирин чемпионаттарыгар 5000, 10 000 м сүүрүүлэргэ алта төгүл миэстэлэспитэ. Профсоюзтар уобаластааҕы сэбиэттэрин кросстарыгар үс төгүл иккис үчүгэй көрдөрүүлэммитэ. ССРС-ка тэриллэн ыытыллар XXII-с сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулары көрсө 1980 с. Москваҕа буолан ааспыт “Олимпийская миля” диэн 1980 миэтэрэ сири 6 мүн. 10 сөк. түмүктээн бастаабыта уонна рекорд олохтообута. Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ – үс төгүл, 30 км сүүрүүгэ РСФСР-га бастыыр иһин күрэхтэһиигэ үс төгүл ситиһиилээхтик сүүрбүтэ.

Сааһыран да баран сүүрэрин тохтоппотоҕо. 1991 с. “Дьулуур” сүүрүүнү таптааччылар кулууптарын күрэхтэһиитигэр бэтэрээннэргэ 20 км бастаабыта.

Чугас доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, биир дойдулаахтара бэлиэтииллэринэн, мин тус бэйэм да алтыһан билэрбинэн, Анатолий Заболоцкай бэйэтин хаһан даҕаны дьонтон чорбоччу туттубатах, “улуутуйбатах”, ураты сэмэй уонна олоххо көхтөөх, сатаабатаҕа диэн суох, киһини кытта өйдөһөр, судургу, киһи кэрэмэһэ этэ.

Норуот тапталлаах ырыаһыта, бэйэтин кэмин биллиилээх дэгиттэр спортсмена Аркадий Алексеев бэрэссэдээтэллээх “Урожай” уопсастыба аппараатыгар Константин Сидоров, Юрий Баишев, Михаил Друзьянов, Александр Попов, Дария Попова, Василий Дьячковскай уо.д.а. өрөспүүбүлүкэ спордун үүннүүр-тэһиинниир биллиилээх тэрийээччилэри, салайааччылары кытта Анатолий Заболоцкай эмиэ үлэлэспитэ. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ ытык олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэ “Урожайыгар” 1980-1987 сс. бэрэссэдээтэллээбит Аркадий Михайлович Алексеев маннык ахтар: “Анатолий Заболоцкай биһиэхэ 1983-1987 сс. чэбдигирии отделын салайбыта. Элэккэй, кэпсэтинньэҥ майгылаах этэ. Толоругас, үлэттэн толлубат, сүрдээх суруксут. Кэлэктиипкэ түргэнник киирбитэ. Спорду пропагандалыырбыт. Хамаандаҕа хайаан да баар буолара. Сатабыллаах, кыайбата-хоппото диэн суоҕа. Миэхэ сүбэлэтэ киирэр буолара, итэҕэстэри-быһаҕастары этэрэ. Хас да грамотанан наҕараадаламмыта. Сааскы-күһүҥҥү кросстарга кыттара. “Дьоруой Попов” бирииһигэр элбэхтик кыттыбыта. Аппараат үлэһиттэрин кытта волейболлаһара, кэлэрэ-барара. Массыыналаах буоламмыт үгүстүк айанныырбыт. Күүстээх куоластаах ырыаһыт, уруһуйдьут бэрдэ. Ырыа тылын өйдүүрүн, билэрин, араас ырыалары ыллыырын сөҕөрүм. “Спартактары” кытта мероприятие бөҕөтүн ыытабыт, олорго көҕүлээччибит Анатолийбыт. Үчүгэйдик, түмсүүлээхтик үлэлии олордохпутуна, спортивнай обществолары – “Спартагы”, “Воднигы”, “Урожайы” – тохтотон, ыһан кэбиспиттэрэ. Бүттэхпит ол”.

Арассыыйа физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, СӨ  үтүөлээх тренерэ, Уус Алдан улууһун уонна Баатаҕай нэһилиэгин ытык олохтооҕо  Прокопий Прокопьевич Готовцев үрдүктүк сыаналыыр: “Анатолий Михайлович үтүө майгылаах, дьиҥ айылҕа оҕото. Тандаҕа физкултуура учууталынан үлэтин саҕалыырыгар кыһамньылааҕын көрдөрбүтэ, ону ааһан нэһилиэк олоҕор, ол иһигэр уус-уран самодеятельноска  көхтөөхтүк кыттара. Дьокутааттаабыта. Физрук, тренер быһыытынан оҕолору кыахтарынан көрөн, спорка чугаһатан, доруобуйаларыгар туһулаан дьарыктыыр сөп диэн, сүүрдэрэ, хайыһардатара. Танда дьоно-сэргэтэ, кырдьаҕастара киэн тутталлар, кэпсииллэр. Култуураны уонна спорду тэҥҥэ тутара. “Дьиэрэй” ырыа-үҥкүү  ансаамбылын тэрийбитэ өрөспүүбүлүкэҕэ лауреат буолбута. Кылбаҥнатан кыахтаахтык сүүрэрин көрдөрбүтэ. 1979 с. Дьокуускайга Саха АССР спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Б.Б. Кон тэрийбит бастакы классическай марафона Орджоникидзе болуоссатыттан саҕаламмыта уонна “Сэргэлээх” трассатынан – “Объезднойунан” – Хатыҥ-Үрэҕинэн өҕүллэн, төттөрү кэлэннэр, 42 км 195 м сири түмүктээбиттэрэ. Марафон бастакы чемпионун уонна рекордсменын үрдүк аатын Анатолий Заболоцкай ылбыта.  “2003-2012 сыллардаахха сөргүтүллүбүт “Урожайга” мин – бэрэссэдээтэлинэн, кини 2005-2008 сс. исписэлииһинэн, бэһиэ буолан үлэлээбиппит. Доҕотторугар хаһан да төттөрү түспэт, аккаастаабат. 1956 сылтан хабан, “Урожай” туһунан кинигэ таһаараары үлэлээн испитэ. Түргэн, ырыҥалыыр өйдөөх, бүтэһигэр диэри ылсар, түмүктүүр үтүө өрүттэрдээҕэ. Архыыбы хасыһан наадалаах докумуоннары дэбигис булара. Хомойуох иһин, кини барыаҕыттан ол олоххо киирбэтэ, тохтоон хаалла.  Үөрэрим диэн – дойдутугар Тандаҕа спорт саалатын тутуу саҕаланан эрэр”.

Анатолий Михайлович Заболоцкай баара-суоҕа 59 сааһыгар ыарахан ыарыыттан орто дойду олоҕуттан туораабыта. 60 сылын көрсө, 2010 сыллаахха, чугас доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ, аймахтара, дьиэ кэргэнэ “Спортка анаммыт олох” диэн дьоһун кинигэни таһаартараннар, сырдык аатын үйэтиттилэр. Кини олоҕун тапталлаах кэргэнэ Калисфена Андреевна, уола Михаил, сиэннэрэ, үөрэнээччилэрэ салгыыллар. Үтүө аат салҕанар, умнуллубат!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....