«Танцор диско»
Алтыска үөрэнэ сылдьабыт. Ыкса күһүн, физкультура уруога бүтэһигинэн буолар. Уруок бүтэһигэр стройдуугун, "рассчитайся" буолаҕын, ол кэннэ тарҕаһаҕын.
Виктор Михайлович стройдатан баран: "Бүгүн индийскэй киинэ буолар, "Танцор Диско" – сүрдээх үчүгэй киинэ, көрөөрүҥ»,- диэн тарҕаталаата. Кылааска тиийэн таҥна турдахпытына Киэһэппий: "Мин былырыын маамабын кытары улахан дьон киинэтигэр сылдьан көрбүтүм. Мощнай киинэ, Джимми диэн алдьархай охсуһуук, ырыаһыт уол туһунан", - диэн кэпсээн бөҕөтө.
Киинэбит 4 чаастан буолар. Алик миигинэн таарыйаар диэбитин иһин киниэхэ таарыйан, лааппыга сылдьан кисель ылан, кулууппутугар кэллибит. Бары да бастаан сылдьабыт быһыылаах, индийскэй киинэҕэ.
Дьэ, киинэбит туох да ааттаах бэрт эбит. Ырыа да ырыа, светомузыка дьиримнээн олорор, охсуһуу да охсуһуу. Соҕотоҕун "толпаны" сынньан кэбиһэр, киһини үөрдэр да, ытатар да түгэннэрдээх.
Сарсыныгар оҕо бары "Танцор Диско" эрэ туһунан кэпсэтэр, впечатление бөҕө. Кыргыттар уруогу быһа саппыыска суруйсан, бэйэ-бэйэлэригэр бырахсаллар. Биир сурук көтөн истэҕинэ саамай уһуммут Киэһэппий перехваттаан ылла, кыргыттар "Биэр!" дэһэллэр. Биһиги киһибит туох да иһин биэрбэт. Ордук Саргы көрдүүр, учуутал замечание биэрэн тохтотто.
Дьэ, перемена буолла, саппыыска былдьаһыыта буолла. Киэһэппий доргуччу ааҕа-ааҕа куотар, кэнниттэн үөр кыыс сырсар. Хайа эрэ муннукка хаайаллар, ону атын уолга быраҕан биэрэр, онто салгыы доргуччу ааҕа-ааҕа куотар. Хас перемена аайы хатыланар, бүтэһигэр саппыыска ис хоһоонун оскуола бары биллэ. Саргы суруйбут: "Я люблю петь и танцевать индийские песни и танцы, когда стану взрослой – выйду замуж за индийца". Дьэ, биһиги маны ааҕа-ааҕа алларастаһыы бөҕө, Индия киһитигэр кэргэн тахсар буолбут диэн.
Ол курдук, бастакы көрбүт индийскэй киинэбит үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыта.