14.09.2021 | 13:30

Тамара Верховцева: «Куһаҕаны, үчүгэйи барытын кэпсиибин»

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Хаһыаппытыгар дөрүн-дөрүн ураты дьоҕурдаах, айдарыылаах дьону тиһигин быспакка сырдатабыт. Манна даҕатан эттэххэ, кинилэр бэйэлэрин талааннарын кэмэ кэллэҕинэ эрэ биирдэ кэпсииллэр. Бүгүҥҥү дьоруойбун кытта бу кыһын кэпсэтиэхтээх этибит да, кэмэ илик буолан, соннук хаалан хаалбыта. Тамара Прокопьевна Верхоцевалыын төлөпүөнүнэн сэһэргэстим.

- Дорообо! Саха дьонун сиэринэн кэпсэтиибитин бэйэҕин билиһиннэрииттэн саҕалыахха...

- Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгэр Айыыһыт ыйыгар сэттис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам Прокопий Алексеевич Егоров –  төрүкү Тамалакаан олохтооҕо, ийэм Өлөөн улууһуттан төрүттээх. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит. Ураты дьоҕурдаахпын 7-8 сааспар билбитим. Дьон иннибэр баран истэҕинэ, кыһыл өҥ көстөн кэлэрэ. Ыалдьар сирдэригэр хара күлүк батыһа сылдьара. Былыр бииргэ алтыһар, оонньуур оҕолорум дьиэлэригэр араас малы кистээн киһини бэрэбиэркэлээччилэр. Мин дьиэбэр олорон эрэ ханна кистээбиттэрин, уурбуттарын этэн биэрээччибин. Оонньуу курдук ылынар буоларым. Оҕо сылдьан маһы-оту кытта кэпсэтэр буоларым. Эрдэ ылымматахпын иһин буолуо, муҥурдааҕым тэстэн өлө сыспытым. “Мин тоҕо манныкпыный?” – диэн аҕабыттан ыйытар этим. Ону кини ийэҥ төрдүгэр аата ааттаммат улахан дьонноох, ол бэриллибит диирэ.

Былыр лааҕырга биир дьахтар сүппүтэ, көрдүөх айылаах барыта көрдөөбүтэ. Ол саҕана дьону буларбын, сүппүтү көрдүүрбүн билэбин эрээри, соччо-бачча ылына сатаабат этим. Ону оҕолор  «кини маннык таҥастаах, дьүһүнэ маннык...” дииллэр. Мин көрдөхпүнэ, ол дьахтар биһиги таспытыгар кэлэн олорор, хонор, утуйар. Арай, аһыы олордохпутуна, эдьиийим ньуоската сиргэ түһэн хаалла. Ону мин “Сүппүт дьахтар субу муостанан кэлэн ааһыа” диэн “лэп” гыннаран кэбистим. Тыал түстэ. Дьахтарбыт кэлэн ааста.

- Оту-маһы эрдэ ылымматахпын иһин диэтиҥ, ол аата отоһут буолуохтааҕыҥ буолуо дуу?

- Оннук быһыылаах. Оҕо сырыттахпына ханнык от-мас туохха көмөлөһөрүн, туох күүстээҕин айылҕа бэйэтэ кэпсиир буолара. Отоһут буолбатахпын иһин, муҥурдааҕым ыалдьан аҕыс күн куомаҕа сытан тахсыбытым, тохсус күммэр биирдэ киһи буолбутум.

- Эттэтиини хас сыл ааспыккыный? Олох уһун диэн кэпсииллэр...

- Мин үс сылы быһа эрэйдэммитим. Түүнүм да, күнүһүм да барыта биир буолбута. Утуйбакка, илэ сылдьар этим. Батыһыннара, эккирэтиннэрэ сылдьаннар туох-баар эппин барытын эттээбиттэрэ. “Үс сылынан туруоҥ, дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсыаҥ”, – диэн этэллэрэ. Эттэтиини 37 сааспар барбытым. Арай кулгаахпар «киһи өллө, киһи өллө” дииллэр. Бэйэм сааһыран баран оҕоломмутум, бастакы оҕобор 78 киилэ буолабын, онтон 37 буолан хаалбытым. Уҥуоҕум-тириим эрэ хаалбыта. Ол кэннэ дьону көрөр, эмтиир буолбутум. Чаччыгыныар батыһа сылдьан төбөбөр саахтаабыта. Ол түүн төбөм ыалдьан сатаан утуйбатаҕым. Сарсыарда турбутум, сүүһүм хаба ортотугар үс хатаал тахсан кэлбит этэ. Саҥа иһиллэн “үһүс хараҕыҥ аһылынна” диэбиттэрэ. Төрдүс күммэр кэргэнэ сүппүт дьахтар кэлбитэ. Онно бастакыбын турукка киирэн, дьиэтин таһын, аттыгар туох баарын, кэргэнэ хайдах буолбутун, ханна сытарын көрбүтүм. Ити кэннэ үс күнү быһа ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбутум. Салгыы бэйэм күүспүн сааһылаан, санаабынан толкуйдаан баран ууга түспүт, сүппүт дьону булаттыыр буолбутум.

Иккис эттэтиибэр арыылаах уокка эппин-сииммин 40 хонугу быһа сордообуттара, солообуттара. Оччолорго сааһым 46 этэ. Иккис эттэтиим кэннэ арчылыыр талааным арыллыбыта. Инньэ гынан, оҕо үөскээбэт дьонугар оҕо бэлэхтиир куту туппутум.

Эттэтиини киһи ылла да, аҕыйах тылынан этэр кыаҕа суох. Эккин барытын арыйаннар, хайыта охсоннор кып-кыра гына кырбыыллар, быһаллар.

- Эйигин өссө хаартынан сэрэбиэйдиир дииллэрэ...

- Ити эттэтэ сырыттахпына сэрэбиэйдиир этим. Бэйэм хаартылаах буолааччыбын. Таһаарбыта туолара. Биирдэ, балыыһаҕа сыттахпына, биир дьахтар олоҕун оҥостоору сураспытыгар, мин киниэхэ икки хонугунан аналгын көрсүөҥ диэн турардаахпын. Киһитэ бэйэтэ хааман кэлбитэ. Дьиҥэ, сэрэбиэйдиир буоламмын төбөбүнэн ыалдьыбатахпар баһыыба буоллаҕа. Мин дьону билигин кинигэ, киинэ  курдук ааҕабын. Хаһан даҕаны кинини утары көрбөппүн. Кэлбит киһи олоҕо барыта көстөр. Куһаҕанын-үчүгэйин барытын этэбин. Дьон билиэхтээх буоллаҕа дии, саатар ырааҕынан тумна сылдьарын курдук.

Уопсайынан, айдарыылаах киһи хас даҕаны түһүмэҕи ааһар. Мин билигин хоту улууска тиийэн таҥаспын кэтиэхпин наада. Дьоҥҥо араастык дьайар буолар. Икки атахтаах, инчэҕэй эттээх тулуйбат тургутууларын оҥортороллор... Арай биирдэ оҕонньор киирэн кэллэ уонна: “Арыгыны эмтээ, икки күнүнэн эйиэхэ кэлиэхтэрэ”, – диэн эттэ. Икки хонон баран Ньурбаттан кэллилэр. Кыһыҥҥы тэпилииссэбэр уот отуннулар, уоттара наһаа улахан. Биир-биир дьон кэлэн барда. Бу тухары мин төбөм ыалдьар, ыарыым улам ааста. 10-ча киһи кэллэ уонна төбөлөрүгэр суруктаахтар. Холобура, 1-4 дылы, 1-7 дылы оннук барар турар. Бу аата сылларынан үллэрии эбит. Бу кэмнэргэ кинилэр арыгы иһиэ суохтаахтарын туоһута. Ити кэннэ аны дьахталлар кэллилэр. Иккиэлэр. Миигин алта чааһы быһа тургутан көрдүлэр. Биир ыйытыыны хаста да биэрэллэр. Икки нэдиэлэ буолбата. Аны үс буолан кэллилэр, эмиэ ону-маны ыйыт да ыйыт, киһини тургут да тургут буоллулар. 30-40 м уот отуннулар, онтон: «Эһэм оҕом сылайда диэбитэ, бүтүөххэйиҥ», – диибин. Дьахталлар: «Ону билэбит», – диэтилэр уонна арыылаах хочуолга уган кэбистилэр…

- Сүрүннээн тугу көрөҕүн, эмтиигин?

- Билигин оҕо кутун биэрэбин. Кинилэр ис эйгэлэрин, туруктарын ыраастыыбын.  Тирии баастарыттан, чуолаан псориаһы, дьахтар ыарыыларын  эмтиибин уонна аһыы утаҕы кытта охсуһабын. Олоххо мунан хаалбыт дьоҥҥо сүбэ-ама биэрэбин, сөптөөх суолга үктэнэллэригэр көмөлөһөбүн. Миэхэ эмтэммит дьоммун арчылыы сылдьабын. Сүүрэр-көтөр буоламмын, ким тугу хамсанарын билэбин-көрөбүн.

Дьон үксэ арыгы содулуттан эмтэнэ кэлэр. Сахалар сатаан арыгыны испэппит да буоллар, сорох-сорохтор аһара иһэллэр. Бу саха норуотун эһэ кэлбит утах буоларын баччааҥҥа диэри ким да өйдүү илик. Хомойуох иһин, эдэр дьон иһэрэ элбээтэ, аҕам саастаахтар да хаалсыбаттар.

Мин эмтиирбэр дьону отой таарыйбаппын. Кэпсии, саҥара олорон курдаттыы киирэн эмтиибин. Кэлбит киһини курдаттыы көрөбүн. Кини олоҕо-дьаһаҕа, иннигэр туох күүтэрэ көстө турар.

Куһаҕан тыыны, салгыны батыһыннара сылдьар дьон баар буолааччылар. Ордук куһаҕан дьаллыкка сыстыбыт дьон. Кинилэри кыйдааһын, үүрүү бу уһун, эрэйдээх дьыала. Сорох киһи санныттан түһэр. Сорох букатын иилистэр.

- Арыалдьыт кыыллардааххын дуо?

- Бааллар. Миигин куруук үс үрүҥ сылгы эккирэтэр уонна тыҥырахтаах көтөрдөр бааллар. Эрдэ сылгы буолан төрүү сылдьыбыппын быһыылаах.

Уһун айаҥҥа турунаары гыннахпына суолбун үс күн инниттэн хайаатар да ыраастатабын. Суол былаһын тухары кинилэр арыаллыыллар.

- Төрүккэр улахан дьон бааллар эбит. Эбэҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

- Эбэм аҥаар эрэ кыламаннаах этэ уонна хаана мап-маҥан. Миигин куруук хоту ыҥырар, дьэ барыах буолбутум да, хааччахха олорон хааллым. Кэм да аастар, сибээстэһэ олоробун.

- Олох туһунан тугу этиэҥ этэй?

- Билиҥҥи олохпут барыта хамсык уонна хааччах буолла. Олох олоруу, киһи буолуу күнтэн күн ыараан иһэр. Дьон барыта кирэдьииттээх, биэнсийэбит кыра, хас иккис дьиэ кэргэҥҥэ кыһалҕа наһаа элбэх, арыгы содула ханна да куоппат, арахсыы наһаа элбээтэ. Миэхэ кэлбит дьоҥҥо инники суолларын арчылаан, арыйан, сырдык сүүрээни киллэрэ сатыыбын. Олоххо тардыһыыларыгар күүс-сэниэ биэрэбин. Билигин наһаа элбэх киһи туппутун ыһыктара, илиитин түһэрэрэ үксээтэ. Бу олох укулаатын, оҕону иитиини кытта сибээстээх. Дьон олоҕун отуората ыһыллар буолла, ону көннөрөн биэрэбин. Эрдэттэн ким кэлиэхтээҕин бэйэм кэрийэн көрөбүн, киһини үөрэтэбин, кини олоҕун, хайдах, туох дьонун сыаналыыбын. 

- Ааҕааччыларга баҕа санааҥ.

- Бар дьоммор сиэри-туому тутуһуҥ, дьону куһаҕаннык санаамаҥ, ордугурҕаамаҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Куһаҕаны оҥорор син биир бэйэҕитигэр төннөн кэлэр дьылҕалаах. Дьиэ кэргэҥҥитин, оҕолоргутун харыстааҥ. Билиҥҥи олоххо доруобуйа ордук сыаналанар. Хаһан даҕаны санааҕытын түһэримэҥ, иннигит хоту туораабакка айаннаан иһиҥ. Суолгут аартыга арыллан, бииртэн биир табыллан, ситиһии кынаттаныҥ. Дьол-соргу тосхойдун, үөрүү-көтүү аргыстаныҥ, дьоллоох, чөл туруктаах буолуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...