24.08.2021 | 12:30

Талааннары таба көрөн, өйөөн...

Ааптар: Ньургуйаана Скрябина-Сайдыына
Бөлөххө киир

Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо араас тэрээһиннэр үгүстүк ыытыллаллар, ол эрээри сороҕор тыаһа-ууһа суох, иһиллибэккэ хаалаллар. Онон бүгүҥҥү нүөмэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон тэрилтэтин культурнай  чааһын үлэһитэ Николай Николаевич Прокопьевтыын кэпсэттим.

–Николай Николаевич, үлэҥ туһунан сырдат.

– Бу  уопсастыбаҕа  үлэлээбитим сүүрбэттэн тахса сыл буолла, “Творческая реабилитация” диэн хайысханан үлэлиибин, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах бырагырааманан араас хабааннаах бэстибээллэри ыытабыт. Билиҥҥини аахпатахха, урукку көҥүл кэмҥэ тэрээһиннэрбит сүрдээх киэҥ далааһыннаахтык бараллар этэ. Улахан сыаналарга сүүмэрдээһин оҥорон, хас биирдии улуустан  талааннаах дьону талан ылар этибит.

– Бэйэҥ уруккуттан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит «Дуораан» бөлөх ырыаһыта буолаҕын, ол сыллары ахтан ааһыахха.

–Университекка үөрэммит кэммититтэн  Бүөккэ Бөтүрүөп, Геннадий Бечеряков  буолан аҕыс уон аҕыс сылтан саҕалаан, сүтэ-сүтэ, дуораан-дуораан курдук иһиллэ турабыт. Билигин даҕаны репетицияланарбытын тохтоппокко түмсэбит. Мин бастакы кууруска үөрэнэ сырыттахпына культурнай сектор этим, ол саҕана Геналаах Бүөккэ "Дуораан" бөлөҕү тэрийээри, КЦ-га сүүр да сүүр буолаллара, дьэ ол түмүгэр куонкурус ыыппыппыт. "Олох өрүһэ" уонна ол саҕана саҥа суруллубут “Туйаарыма Куо” диэн ырыаны ыллаан, хайдах эрэ кыбыстыылаах баҕайытык бастаан хаалбытым. Бэйэм тэрийэбин уонна бэйэм кыайабын. Дьиҥинэн, кыттааччылар ахсааннарын элбэтээри тахсыбытым. Ол кэнниттэн Геналаах Бүөккэ миигин тута репетицияҕа диэн илдьэ барбыттара, онно тиийэн ыллаан көрбүппүт, инньэ гынан ахсынньы ыйга кэнсиэр оҥорон,  "Дуораан" диэн ааты сүкпүппүт.

– Айар куттаах киһи, бу сүүрбэччэ сыл үлэлээбит сиргэр кэлэнҥин,  доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону кытары туох үлэни ыытаҕын?

–2000 сыллардаахха, ол саҕана  Екатерина Дмитриевна Емелина куораттааҕы инбэлииттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ этэ. Оччолорго мин истибэттэр кулууптарыгар үлэһитинэн киирбитим, култуураҕа сыһыаннаахпын диэн эрдэтээҥҥи үөрэхпин быраҕан, култуура кэллиэһин бүтэрбитим уонна кэлин үрдэтиммитим. Кэллиэскэ “Кулууп режиссурата” диэн идэни, онтон “Театр режиссуратын” баһылаабытым. Улугуруу кэмигэр ону-маны тэрийэ сатаабыппыт да, харчы көрүллүбэт буолан, ыарахаттары көрсүбүппүт. Кэлин бу өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаҕа көһөн кэлбитим.

– Бэстибээллэргитин хайдах быһыылаахтык ыытаҕытый?

– Үс сыл кэриҥэ субуруччу буолар уонна биир сыл тохтуур. Ырыа, ону таһынан үнкүү, хоһоон, оригинальнай жанр киирсэллэр. Бэйэм ырыаһыт буоламмын хайдах эрэ ырыабын чорботор курдукпун. Оригинальнай жанрга цирковой диэн буолбакка, үҥкүүттэн, ырыаттан ураты көрүҥнэри киллэрбиппит. Маны сэргэ, инструментальный диэн баар, ким хомуска, сорох фортепианоҕа оонньуур.

– Сценка баар дуу?

– Баар этэ эрээри, сценка наһаа уһаан-тэнийэн барар. Ол эрээри Кыайыы күнүгэр киллэрээччибит, туспа жанр быһыытынан оҥоруохпутун баҕарбыппыт да, кыаллыбата.

– Уруккуну кытта тэҥнээтэххэ, үлэҕитигэр туох сонун хайысханы киллэрдигит?

– Пандемия мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, саҥа сүүрээннэр элбии тураллар, ону мин кэрэхсиибин, үөрэбин эрэ. Билиҥҥи курдук араас граннары үйэбитигэр сүүйэ илик этибит. Арассыыйа бэрэсидьиэнин гранын ылан,  дьоҕурдаах дьоммутугар «Жемчужина творчества” диэн күрэҕи саҕалаабыппыт. Ону пандемия мэһэйдээн кэбистэ. Инньэ гынан “удаленнайга” ырыаһыттарбытын киллэрбэтибит. Онлайн ыытар сүрдээх ыарахан, оннооҕор хоһооннору аҥаардас хомуйарга ыарахан, ким интэриниэтэ суох, сорохторго туох эрэ тиийбэт.

Бу хайысхабыт айар дьоҕурдаах доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону өйүүр сыаллаах-соруктаах. Кинилэр ортолоругар бэйэлэригэр бүгэн хаалбыт элбэх. Дьиэттэн тахсыбакка, түөрт истиэнэҕэ хаайтаран олорор талба талааннары таба көрөн, өйөөн, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, ону таһынан ийэ тылбыт сүмэһинин илдьэ сылдьар дьоммутун сайыннарар санаалаах үлэлиибит. Ол курдук, Аммаҕа маастар-кылаастары ыыппыппыт: строка хантан саҕаланыахтааҕын уонна бүтүөхтээҕин, аллитерация туһунан, о.д.а.

– Инники былааҥҥытын сэгэтэ түһүөҥ дуо?

– “Чөмчүүкпүтүн” салгыы сайыннарыахпыт. Пандемия бүтэрин сэмээр кэтэһэбит.  Талааннаах дьоммутун түмэн, улахан бэстибээл оҥорон, тыас таһаарыахпыт диэн эрэнэбит. Илэ көрбүт, тыыннаахтыы истибит быдан ордук. Грант суруйан, ылан баран, киһи кирилиэһинэн тахса турарыныы, өссө кынаттанан, бастакы сылбытыгар кинигэ таһаартардыбыт. Онно “Жемчужина творчества” сүлүөккэ кыттыбыт дьон хоһоонноро киирбиттэрэ. Хас сыл аайы кинигэ таһаарар, бастатан туран, сылаалаах. Иккиһинэн, дьон үөрэнэн хаалар, “эмиэ кинигэ” диэн интэриэстэрэ сүтэр, ол иһин арыычча атыннык оҥоруохха диэн сүбэлэһэн, бу сырыыга компакт-диискэ сакаастаатыбыт. Онно туох баар кыттааччыларбыт хоһооннорун биллэр-көстөр артыыстарынан аахтаран, “Жемчужина творчества” компакт-диискэ таһаартарыахпыт. Урукку өттүгэр хайа да инбэлииккэ компакт-диискэлээхпин диэн уунара суоҕа, кинигэ да суоҕа, баҕар, аҕыйах киһиэхэ баара буолуо.

– Николай Николаевич, үлэ бөҕөтүн ыытар эбиккин, биллэн турар, соҕотох киһиэхэ кыайтарбат суол. Билигин хас улуус, нэһилиэк аайы маннык уопсастыбалар бааллар, төһө көхтөөхтүк кытталларый?

Улуустарбыт өйүүллэр, биир-биир мустан кэлэллэр. Билинҥи кэмҥэ өйдүүр- өйдөөбөт элбэх. Биллэн турар, утары барааччылар эмиэ бааллар.

Олох кыттыбат улуус диэн баар дуу?

– Суох, оннук диэн суох. Сороҕор кыттыбакка хаалаллар, ону өйдүөххэ сөп. Холобур, Горнай умайа турдаҕына, хоһоон суруйтара барбат буоллахпыт дии. Ыраах улуустар сибээстэрэ мөлтөх, кэлэллэрэ-бараллара, айанныыллара уустук.

– Николай Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҥ.

– Кыттааччылар элбии турдуннар, саҥаттан саҥа талааннар арыллан истиннэр. Кыттааччы тута кыайыылаах буолбат, хоттордоххутуна да хомойумаҥ. Бэрэссэдээтэллэргэ дьоҥҥутун таһаара туруҥ, төһөнөн элбэх киһи кыттар да, оччонон барыбытыгар үчүгэй диэн этиэхпин баҕарабын. Биир эйгэҕэ үлэлиир дьон, бука бары бэйэ-бэйэбитин өйөһүөхпүтүн наада.

 

Бу күннэргэ Николай Николаевич Прокопьев СӨ Ил Дархана илии баттааһыннаах үһүс истиэпэннээх «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаланна. Түгэнинэн туһанан, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Айымньылаах үлэҕэр ситиһиини баҕарабыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...