27.12.2021 | 19:49

Талаан биир киһиэхэ түмүллүүтэ

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн этиигэ толору сөбүлэһэн туран мин бүгүн ааҕааччыларбар кэпсиир киһим чахчы да эргиччи дэгиттэр киһи буоларын эһиэхэ суругунан тиэрдэн көрүөм.

Федот Павлович Максимов –  СӨ Доруобуйатын туйгуна, спорт бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, үрдүк категориялаах ЛФК бырааһа, “За вклад в развитии народного художественного творчества РС (Я)” бэлиэлээх, быйыл 75 сааһынан Арассыыйа педагогтарын уонна социальнай үлэһиттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэлэриттэн “За милосердие” бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадаламмыт.

 

Хаһыатым ааспыт нүөмэригэр Рихард Зорге аатынан уулуссаҕа турар реабилитационнай киин туһунан суруйбутум. Онтон элбэх билэр дьоннонон, доҕоттордонон, байан таҕыстым диэбитим.  Федот Павловиһы кытта эмиэ онно билсибитим.

Кини бу кииҥҥэ аҕыс сыл үлэлээбит, онон бэйэтэ хаһаайынныы сылдьара, барыбытын түмэрэ. Өрөбүл күннэргэ сарсыардаттан тыыныы гимнастикатын үөрэтэн, күнүс доруобуйаҕа аналлаах араас лиэксийэлэри ааҕан, сүбэ-ама биэрэн, киэһэтин кэргэнинээн Надежда Афанасьевналыын балалайкаҕа оонньоон, полька, краковьяк үҥкүүлэтэн, хоһоон ааҕан, олус интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыталлара. Маны таһынан саахыматтыыра, теннистиирэ, бильярдыыра барыта бастыҥ, чулуу этэ.

 

Кыайыы сылын оҕото

Федот Павлович 1945 сыллаахха Сунтаар Кутанатыгар күн сирин көрбүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан наар спорду өрө тутара. Барытыгар дэгиттэр, атах оонньууларыттан саҕалаан, саахымакка, хайыһарга тиийэ. 8-с кылааска сылдьан хайыһарга улахан дьон бастакы разрядтарын толорбута, оройуон икки ардыгар күрэхтэһэрэ, миэстэлэһэрэ.

– Кыра сылдьан быраас буола оонньуурум үһү. Улахан эдьиийдэрим кэпсииллэринэн, наар кинилэри эмтиир эбиппин, онон быраас буоларыҥ буолуо диэн этэллэрэ.

Сэттиһи бүтэрэн баран Үөһээ Бүлүүгэ тоҕус оҕолоох эдьиийбэр көмөлөһө таарыйа диэн барбытым, Михаил Андреевич Алексеевка үөрэммитим, математикаҕа, физикаҕа үчүгэй этим. 1963 сыллаахха Сунтаарга төннөн кэлэн Сиэйэҕэ онус кылааһы бүтэрбитим. Онтон тута Кытай кыраныыссатыгар Приморьеҕа ытык иэспин төлүү аармыйаҕа барбытым. “Ракетные войска ПВО” диэҥҥэ сулууспалаабытым. Аармыйаттан кэлэрбэр Малиновскай илии баттааһыннаах бырабыыталыстыбаннай наҕараада ылбытым. Ол туһунан кэпсээтэххэ, 1967 сыл сэтинньи 7 күнүгэр кытайдар Сэбиэскэй Сойууска саба түһэллэр диэн айдаан буолла. Онно биһигини, дембеллэри, сыл аҥаара хаалларбыттара. Окуопа хастардылар, аптамаат туттаран баран нэдиэлэ устата онно сытыардылар. Испитигэр син куттанар этибит, кытайдар хаһан кэлэн саба түһэллэр диэн. Онтон саҥа дьыл саҕана демобилизацияланан дойдубар кэлбитим.

1968 сыллаахха СГУ бэлэмнэнии кууруһугар киирбитим. Медицинскэй факультекка туттарсаары. Оччолорго эксээмэҥҥэ физиканы, биологияны, нуучча тылын уонна химияны туттараҕын. Физикаҕа физико-математическай наука кандидата Ким Слепцов диэн преподаватель бэлэмнээбитэ, мин, ахсааҥҥа чаҕылхай буолан, барытын билэ олоробун, суоттуубун. Онтон эксээмэммэр кэлэн эстэн түстүм, наһаа түргэнник барытын оҥорон баран атыттарга көмөлөһө олордум. Эппиэттии тахсыбыппар, садаачаҕын сыыһа суоттаабыккын диэн “үһү” туруордулар, мин олох ытыы сыстым. Үөрэххэ киирэр баал 17 этэ. Миэнэ 16, онон киэһээҥҥи үөрэххэ ылыллыбытым.

Эдьиийим ый аайы 100 солкуобайы ыытар этэ. Онон кини көмөтүнэн үөрэммитим, онно эбии бастакы куурустан дворнигынан үлэлээбитим. Маяковскай уулуссаҕа ыалга олорбутум, онтон Петр Алексеев, Ленин уулуссаларга диэри сүүрүүнэн сылдьабын, дьон тура илигинэ туалеты ыраастыыбын эҥин. Ол кэннэ дьэ үөрэнэ барабын. Кэлин тубдиспансерга харабылынан көспүтүм, оччолорго Каландиришвили уулуссаҕа баара. Түүнүн арааһы барытын истэрим, ол курдук киһи хаамара, суот даҕаны тыаһыыра. Биирдэ уу чуумпуга урукумуонньук тап-талыгырас буола түстэ, өҥөйөн көрбүтүм – туох да суох. Ол курдук үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри үлэлээбитим. Онон үлэҕэ киирэрбэр надбавкам толору буолбута.

 

Медицинаҕа – 46 сыл!

1975 сылга үөрэхпин бүтэрэн, Аммаҕа Уорайга 50 куойкалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи сэллик балыыһатыгар кылаабынай бырааһынан үлэлии барбытым. Ол кэннэ Тополинайга, Харбалаахха, саамай уһуннук Хаандыгаҕа 14 сыл үлэлээбитим. 2000 сылтан куоракка кэлбиппит. Биир дойдулааҕым, бииргэ үөрэммит доҕорум Юрий Павлович Степанов Инбэлииттэри реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Кииҥҥэ ыҥыран, аҕыс сыл устата ЛФК бырааһынан, ону сэргэ профком, спортинструктор быһыытынан үлэлээбитим.

Билигин медколледжка сиэстэрэлэргэ куурус ыытабын. Дьиэ кэргэҥҥэ массаас оҥорор дьону үөрэтэбин, кинилэр сыаллара-соруктара диэн чугас, билэр дьоммутугар массаас оҥоруута диэн матыыптаан үөрэнэллэр. Икки нэдиэлэ кэннэ “Классическай массаас кууруһун бүтэрдэ” диэн дастабырыанньа, туоһу сурук ылаллар.  Маны таһынан Кулаковскай аатынан Култуура дьиэтигэр биэнсийэлээхтэргэ күнүс 12.00-13.00 анал дьарыктары ыытабын.

Сааһыран эрэр дьоҥҥо хамсаныы эрчиллиилэрин оҥорон, брошюра таһааран, Арассыыйаҕа бастакы миэстэлээх дипломунан наҕараадаламмытым. Санкт-Петербург куоракка аан дойдутааҕы форум буолар, онно икки сыл субуруччу эмиэ хамсаныыларга маастар-кылаас биэрбитим. Онон мин хамсаныыларбын Арассыыйа үрдүнэн дьон туһана, оҥоро сылдьарыттан үөрэбин. “Питерская грация” диэн күрэххэ кэргэмминээн бальнай үҥкүүгэ бастакы миэстэ буолбуппут, 2019 сылга Сочи уонна Москва куораттарга муусука уонна бальнай үҥкүү бэстибээллэригэр иккис истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэммиппит.

 

Ытык киһи сүбэтэ

Киһи доруобуйатыгар саамай буортулааҕынан уйулҕатын хамсатар арааһынай куһаҕан сонуннар, кыыһырыы, ньиэрбинэйдээһин, соһуччу, ыарахан түгэннэр буолаллар. Тоҕо диэтэххэ киһи организма чаһы, оркестр курдук үлэлиир, ол барыта кэһиллэн, ыһыллан хаалар. Оннук ыһылынныҥ да, кэбириигин, аураҥ чарааһыыр, ол баар саамай буортулааҕа. Онон холку майгылаах, араас куһаҕаны кулгаахтарын таһынан аһарар дьон уһун үйэлэнэллэр.

Сыыһа тыынарбытын билэр киһи аҕыйах, чуолкай хайдах аһыахтаахпытын, хамсаныыны ким да улахаҥҥа уурбат. Дэриэбинэҕэ олорооччулар үлэбит, хамсанарбыт элбэх, сэрээккэ наадата суох дииллэрэ сыыһа өйдөөһүнтэн тахсар. Кинилэргэ наар биир хамсаныы, биир былчыҥ үлэлиир. 660 былчыҥнаахтарын билбэттэр. Саамай үчүгэй хамсаныы – үҥкүү, онно хамсаныыҥ арааһынайа элбэх, төбөҥ, мэйииҥ барыта үлэлиир. Киһи ис уорганнара бүтүннүү төбөнү кытта сибээстээхтэр. Онон төһөнөн актыыбынайгын, төбөҕүн үлэлэтэҕин да, соччонон организмыҥ актыыбынай буолар. Билигин дьон төбөтүн үлэлэтээри, эрдэ түөһэйбэт инниттэн, кроссворд, ребус таайаллар, саахымат, дуобат оонньууллар. Ол да буоллар актыыбынай хамсаныы булгуччу наада. Дьиэҕэ олорор киһи мөлтөөбүтүнэн, кырдьыбытынан, бокоорбутунан барар.

Киһи уһуктаат да былчыҥнарын ууннарыахтаах. Былчыҥ эдэригэр түһэр буоллаҕына, уопсай турук эмиэ эдэригэр түһэр.

Ыарыһахтарга араас кыһалҕа элбэх, чуолаан дабылыанньалара үрдүк, сүрэх ыарыһахтарга. Быраастар наһаа хамсанымаҥ, бэргээн хаалыаххыт дииллэр, дьиэ, олбуор иһигэр эрэ сырыт диэн хааччахтаан кэбиһэллэр. Төһөнөн хааччахтанар да, сүрэҕэ ыалдьар киһи хамсаабатаҕына былчыҥнара мөлтөөн, тирээпкэ курдук буолан, хаанын ситэ хачайдаабат. Оттон, дьэ, кыратык да хамсаатахтарына, аҕылыыр аатыгар бараллар. Ол сүрэхтэрэ ыалдьар буолбакка, сүрэхтэрин былчыҥнара мөлтөөн аҕылатар. Дабылыанньалаах киһи эмиэ сытыахтаах диэн буолар. Кыралаан хаамыы (дозированнай) наада. Аҕылаабакка ыраас салгыҥҥа аа-дьуо хаамтаххына, этиҥ-сииниҥ тэнийэр, сылыйар, былчыҥнара үлэлээн, тымырдара кэҥииллэр. Хаанын эргиирэ түргэтиир. Дабылыанньата түһэр. Бастаан хаамыахтарын иннинэ хайаан да пульстарын кээмэйдиэхтээхтэр. Холобур, 80 буоллун, онтон хааман кэлэн баран олорон 5-10 мүн сынньаналлар, онно чөлүгэр түһүөхтээх, эмиэ 80 көрдөрүөхтээх, оттон аһара барбыт буоллаҕына, холобур 90 эҥин, ол аата аһара хамсаммыппын диэн көрүнүөхтээх, ханнык баҕарар ыарыылаах киһи пульсун хонтуруолланыахтаах.

Саамай судургу уонна кыаллар хамсаныы – хаамыы. Биир сааспытыттан хаамыы диэни билэбит, сатыыбыт, бэйэбитигэр саамай чугас спорт көрүҥэ да диэххэ сөп. Билигин скандинавскай хаамыы үйэтэ кэллэ, манна илииҥ актыыбынайдык үлэлиир, оттон паалката суох буоллаххына, атаҕыҥ үлэлиир. Онон сканди хаамыы олус муодунай буолла, түөрт лабааҥ барыта хамсыыр, үлэлиир, ити олох үчүгэй, итинэн ыалдьар да, ыалдьыбат да киһи бүтүннүү дьарыктаныахтаах. Ол эрэн эмиэ кыралаан саҕалыахха наада, бэйэни хонтуруолланан, бэрэбиэркэлэнэн. Дьэ ол кэннэ араас хамсаныы секцияларыгар сылдьыахтарын сөп. Оннук кыраттан саҕалыахха наада.

 

Ковид – үөрэтиллэ илик ыарыы

Ковид диэн саҥа ыарыы, искусственнайдык айыллыбыт диэбит курдук, кини чуолаан хааммытын хойуннаран, тромбалары үөскэтэр, саамай кутталлааҕа ити. Онон ыалдьан бүтэн да баран ханнык баҕарар уорганнарга дьайыан сөп. Тоҕо диэтэххэ капиллярдарбыт, тымырдарбыт барытыгар бааллар. Онон эбэһээт реабилитация барыахха, хааны убатар, чөлүгэр түһэрэр эмтэри иһиэххэ наада буолар эбит. Сүһүөххэ эмиэ охсор. Ырытан көрдөххө, хас уоргаммыт барыта сосудтаах, капиллярдаах. Хааныҥ ханна үчүгэйдик тиийбэт буолла да, барытыгар дьайар. “Коварнай” ыарыы диибит. Ханнык уоргаҥҥа охсорун ким да билбэт. Онон иннэ-кэннэ биллибэт, үөрэтиллэ илик ыарыы.

Тыыныыга улахан болҕомто наада. Дьон хайдах тыыныахтааҕын билбэт, дьахтар өттө түөстэринэн эрэ тыыналлар, ол аата үөһэ өттүнэн үчүгэйдик тыыналлар. Тыҥаны үс чааска араарабыт. Үөһэ, ортоку отдел уонна тыҥа аллараа өттүнээҕи отдела. Ол аата, медицина тылынан эттэххэ, үөһэ отдел түөскүнэн толору тыыныы, орто отдел ойоҕоскунан тыыныы (ребернай дыхание), аллараа өттө диафрагма (өрөһө). Эр дьон испитинэн тыынабыт. Сөптөөхтүк кыра оҕо биир сааһыгар эрэ диэри сатаан тыынар. Дьиҥэр, тыҥабыт бүттүүн тыыныахтаах. Уҥа илиигитин түөскүтүгэр, хаҥас илиигитин искитигэр, тоҥолоххутун ойоҕосторгутугар сыһыары тутуҥ уонна бэйэҕитин бэрэбиэркэлээн үөһэ тыынан көрүҥ. Ол тыыннахпытына барыта үллэн тахсыахтаах, ону сатаабаттар. Онно болҕомтоҕун барытын ууран тыына үөрэниэхтээххит. Уоскун чорботон турба курдук тыыҥҥын (выдох) таһаараҕын. Итиннэ мелкай вибрация барар, ис туруккун босхо ыытаҕын.

Ити курдук сүбэлээн туран барыгытыгар чөл, доруобай олоҕу баҕарабын, хамсана, дьарыктана сылдьыҥ, уһун үйэлэниҥ диэн баҕара хаалабын. Хамсаныы – олохпут сүрүнэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...