27.05.2022 | 16:00

Табахтан хайдах аккаастаныахха сөбүй?

Табахтан хайдах аккаастаныахха сөбүй?
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 31 күнэ – Аан дойдутааҕы табахтан аккаастанар күн. Бу күнү 1988 сыллаахха Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ олохтообута. Сыл ахсын табахтан аккаастанар күҥҥэ үгэс быһыытынан куһаҕан дьаллыгы кытта охсуһар араас аахсыйалар, табах буортутун туһанан өйдөтөр бэсиэдэлэр буолаллар. 

Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин дааннайдарынан, табах тардыы мөлтөх доруобуйа уонна кылгас үйэлэнии сүрүн төрүөтүнэн буолар эбит. Ол курдук, статистика көрдөрөрүнэн, табах киһи олоҕун 20 сылынан кылгатар үһү.

Сыл аайы табаҕы тардыы 7 мөлүйүөн киһини өлүүгэ тиэрдэр. Итинтэн 890 тыһыынчаттан тахса киһи – бэйэтэ тардыбат эрээри, табах буруотун эҕирийээччилэр (пассивные курильщики). Медиктэр этэллэринэн, 2030 сылга диэри суһал миэрэ ылыллыбатаҕына, табах дьаатыттан өлүү ахсаана 8 мөлүйүөнтэн тахсар чинчилээх.

Табах сэбирдэхтэригэр баар никотин сабыдыалынан, киһи түргэнник ылларар. Итини таһынан, табах буруотугар араас кутталлаах химическэй эттиктэр бааллар – сымала, радиоактивнай полоний, мышьяк, свинец, висмут, аммиак, органическай кислоталар. Ити эттиктэр киһини бытааннык сүһүрдэллэр, доруобуйатын кыралаан мөлтөтөллөр.

Үгүс табахсыттар фильтрдээх уонна «чэпчэки» (легкие) сигаретаны тардар буортута суох дии саныыллар. Хомойуох иһин, оннук буолбатах. Фильтр буортулаах эттиктэри барытын сиидэлиир кыаҕа суох. Ханнык баҕарар табаҕы тардыы буортута улахан, доруобуйаҕа охсуулаах. Табахтыыр кэмҥэ аттыларыгар баар, буруону эҕирийэр дьон улахан охсууну ылалларын эмиэ өйдүөхтээхтэр. 

Медицинэ статистиката көрдөрөрүнэн, табахсыт киһи саастыылаахтарынааҕар 10-20 сылынан урутаан кырдьар, тириитэ эрдэ мыччыстар. Итини сэргэ, табах уҥуоҕу кэбирэтэр, остеопороһы үөскэтэр. Инсультаабыт дьон 50%-на – табахсыт. 

Дьиҥэр, табах дьаллыгыттан босхолонуон баҕарар киһи элбэх. Бэйэлэрэ, бырааһы кытта сүбэлэспэккэ, туох даҕаны эми-тому испэккэ быраҕа сатыыр дьон маннык туруктаналлар:

* кыыһырымтаҕай буолаллар;

* болҕомтолоро ыһыллар;

* утуйар уулара алдьанар;

* олус аһас буолаллар;

* табахтыахтарын баҕараллар.

Табахсыттар хас бырыһыан, ханнык ыарахан ыарыыттан өлөллөрүн дириҥэтэн анаалыстаабакка, дьону куттаабакка, куһаҕан дьаллыктан босхолонуон баҕарар дьон туохтан саҕалыахтаахтарын көрүөҕүҥ:

- бастатан туран, табах буортутун өйдүөхтээххин, ким эрэ этэн буолбакка, бэйэҥ баҕа өттүгүнэн быраҕар санаалаах буолуохтааххын;

- иккиһинэн, туох баар күүстээх санааҕын түмэн, табаҕы кытта охсуһарга бэлэм, сорунуулаах буолуохтааххын;

- хараххын «аалбаттарын», табах туһунан санаппаттарын курдук, зажигалкаҕын, пепельницаҕын бырах;

- табахтыах санааҥ киирдэ даҕаны, дьаабылаката сиэ, ыаста ыстаа;

- урут уһуннук табахтыы сылдьан баран бырахпыт киһини кытта кэпсэт, сүбэлэт эбэтэр интэриниэккэ киирэн табахтарын бырахпыт дьон сүбэлэрин аах;

- табаҕы утары охсуһар сириэстибэни талаҥҥын, бэйэҕэр «көмөлөһөөччүтэ» оҥоһун.

Табах дьаллыгыттан босхолуур диэн рекламаланар сириэстибэлэр төһө туһалаахтарый?

 

Никотиновай пластырь

Чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, саамай туһата суох сириэстибэнэн ааттаммыт. Табах дьаллыгыттан отой даҕаны босхолообот, төттөрүтүн, сигарета курдук никотины киһи иһигэр киллэрэр, атына диэн – тириини курдаттыы бытааннык киллэрэр. Ол иһин, табахтан мөлтөх дьайыылаах буолан, хастыы даҕаны устууканы тириигэ сыһыараллар. Пластырь көмөтүнэн туһаммаккытыгар сүбэлииллэр, эбиитин олус сыаналаах.

 

Спрей

Суруйалларынан, дьайыыта эмиэ үөһэ этиллибит пластырь курдук, арай айахха ыстарар ордук судургу, ол эрэн «освежитель дыхания» эрэ курдук туттуохха сөп диэн бэлиэтииллэр. Биир тылынан, туһата суох ньыма.

 

Никотиновай ыас

Никотиновай ыас 2-4 мг никотиннаах, ол иһин табахтыахтарын баҕардахтарына күҥҥэ хаста даҕаны (20-чэ пластинка көҥүллэнэр) ыстыахтаахтар. Онтон, кэнники, пластинка ахсаанын аҕыйатан иһиллиэхтээх.

Кыралаан пластинка ахсаанын аҕыйатан баран, табахтыыр санаа аччаатаҕына, кэмигэр ыстаан бүттэххэ, ордук туһалыыра бэлиэтэнэр. Мэнээх кур ыстыы сырыттахха, туһалаабата биллэр.

 

Электроннай сигарета

Өр сылларга табахтаабыт дьон этэринэн, электроннай сигарета 99% түбэлтэҕэ куһаҕан дьаллыктан арахсарга көмөлөспөт. Буоларын курдук, электроннай сигаретаны биир ый курдук туттан баран табахсыт төттөрү никотиннаах табаҕар көһөр эбит. Дьиҥэр, электроннай сигарета туспа буортулаах, ол курдук иһигэр баар састааба итийдэҕинэ, ньиэрбэ систиэмэтигэр уонна тыынар уоргаҥҥа кутталлаах формальдегид уонна аклероин курдук токсичнай эттиктэр тахсаллар; паара киһи тыҥатыгар сөҥөн, уорганнарга улахан буортуну оҥорор.

 

Табаҕа суох сигареталар

Састааптарыгар ньиэрбэ систиэмэтигэр туһалаах, уоскутар аналлаах араас оттор киирэллэр – пустырник, валериана, мята. Ол эрэн, быраактыка көрдөрөрүнэн, дьайыыта арыый да мөлтөх, күүстээх санаалаах киһиэхэ туһалыыр.

 

Никотины солбуйар эмптэр

Саамай көмөлөһөр, үчүгэй ньымалар. Састааптарыгар баар химическэй эттиктэр никотин курдук «үлэлииллэр». Үгүстүк буоларын курдук, итинник таблеткалары истэххэ, дьон сүрэхтэрэ өлөхсүйэр, хотуолуохтарын сөп. Графигы тутуһан истэххэ, өссө эбиитин күүстээх санааны киллэрдэххэ, табаҕы быраҕарга никотины солбуйар эмптэр олус туһалаахтара бэлиэтэнэр. Биллэн турар, ханнык баҕарар химия курдук, киһи доруобуйатыгар буортулаах дьайыыны эмиэ оҥоруохтарын сөп. Онон бырааһы кытта сүбэлэһэн баран эмтэнэр ордук.

 

Табаҕы утары – норуот ньымалара

Аны химията суох, норуот ньымаларын көрүөххэ. Ол курдук, табах дьаллыгыттан босхолонорго айылҕа бэлэҕэ – эмтээх оттор туһалыыллар эбит.

Дьон үксэ табах тартахпытына уоскуйабыт дии санаан, кыыһырдахтарына, долгуйдахтарына табаахтыыллар. Табах оннугар зверобой от уутун оҥостон иһиэххэ сөп. Ити от ньиэрбэ систиэмэтин уоскутар антидепрессант курдук дьайыылаах. Састаабыгар киһини уоскутар гиперицин баар. Аптекаттан бакыаттаммыт зверобойу ылан биир бакыаты итии уунан кутан чэй курдук күҥҥэ хаста даҕаны иһиэххэ сөп. Бакыаттамматах буоллаҕына, 40 г оту 200 мл итии уунан кутан баран, күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Эбиэс отун уонна сиэмэлэрин эти-хааны ырааһырдарга уонна табах дьаллыгыттан босхолонорго тутталлар. Киэһэ 20 г эбиэс сиэмэлэрин уонна отун 200 мл оргуйбутунан итии уунан кутан 1 чаас хаппахтаан туруорабыт, онтон сиидэлиибит. Сарсыарда 1 ыстакааны барытын иһэбит.  

Киэһэ 200 г нэчимиэни (ячмень) уонна эбиэһи  1 л уунан кутан хонноробут. Сарсыарда 5-8 мүнүүтэ бытаан уокка оргутабыт, сойутабыт, сиидэлиибит. Онтон күҥҥэ үстэ аһыах 1 чаас иннинэ 100 мл иһэбит. Хас да күн истэххэ, киһи табаҕы ылыммат буолар диэн суруйаллар.

Сорох бронханы ыраастыыр оттору табах курдук оҥостон тардыахха сөп. Холобур, розмарины илдьиритэн баран табах иһигэр уган (иһинээҕитин тоҕон баран) тартахха, бронха ыраастанар дииллэр.

Табахтан аккаастанарга 20 г суоданы 200 мл ууга суурайан күҥҥэ хас да төгүл айаҕы сайҕана сылдьар эмиэ туһалыыр үһү.

Норуот ньымаларыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник, боруобалааҥ, туһаныҥ.

Табахтан босхолонноххо, биир сыл буолан баран, сүрэх-тымыр ыарыылара икки бүк аччыыллар, 15 сылынан киһи этэ-сиинэ чөлүгэр түһэн, табахтаабатах киһи курдук буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...