18.08.2023 | 10:00

Таба түүтэ сылааһы тутар

Таба түүтэ сылааһы тутар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха сиригэр томороон тымныылар алтынньы ыйтан саҕаламмытынан бараллар. Чуолаан, тохсунньу уонна олунньу ыйдарбытыгар халлааммыт -55, -60 кыраадыһы куоһарар. Биллэн турар, маннык тыйыс усулуобуйаҕа олорор норуоту ичигэс таҥас эрэ абырыыр. Атын омуктар оҥорор бэргэһэлэрэ, сонноро биһиэхэ сөп түбэспэттэрэ чахчы. 
Дизайнер, этнограф, искусствовед, технолог Людмила Расторгуева 40 сыл тухары, ол иһигэр 1991 сыллаахха «Хотугу таҥас» хампаанньаны олохтоон, Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр сылаас, табыгастаах таҥаһы айан, оҥорон кэллэ. 

Ыспыраапка:
1991 сыллаахха Дьокуускай куоракка «Хотугу таҥас» научнай-производственнай тэрилтэни төрүттээбитэ, 2008 сылга диэри тэрилтэ генеральнай дириэктэринэн үлэлээбитэ.
2015 сылтан Москва куоракка «МилаМакс Плюс» научнай-производственнай тэрилтэни үлэлэппитэ.
2022 сыллаахха «МилаМакс Плюс» тэрилтэ Дьокуускай куоракка регистрацияламмыта.

Үйэм-сааһым тухары бу орто дойдуга киһи барахсан тоҥмотун туһугар сыралаһан кэллим. Иискэ өссө алта сааспыттан эдьиийим Шура такайыытынан сыстан, куукулаларга таҥас тигэн саҕалаабытым. Ол кэмтэн иис абылаҥа умсугутан, кэлин бииргэ төрөөбүттэрбэр, бэйэбэр иистэнэр буолбутум.

Оскуола кэнниттэн модельер идэтигэр туттарсарга быһаарыммытым. Оччолорго Саха сиригэр бу идэҕэ үөрэппэт буоланнар, Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи технологическай институкка киирбитим. Устудьуоннуур сылларбар хотугу норуот олоҕун-дьаһаҕын, таҥаһын-сабын үөрэтэн саҕалаабытым.

Биһиги институппутугар көстүүм историятын үөрэтэллэр этэ гынан баран, саха норуотун олоҕо-дьаһаҕа, историята онно суох этэ. Онон сайыҥҥы сынньалаҥмар Дьокуускайга кэлэн, В. Г. Белинскай аатынан библиотекаҕа олорон, биһиги учуонайдарбыт үлэлэрин кэниспиэктиирим – историктар, этнографтар, археологтар, худуоһунньуктар. Холобура, саха норуодунай худуоһунньуга Михаил Носов элбэх көстүүмү уруһуйдаабытын, ону таһынан өбүгэлэрбит малларын-салларын, ол иһигэр археологическай матырыйааллары эмиэ киллэрбитин билбитим. Оччолорго хомуйбут матырыйаалбын аан бастаан институкка курсовой үлэбэр туһаммытым.

1985 сыллаахха аспирантураҕа киирэн, таба түүтүттэн сирийиилээх тымныыттан харыстыыр таҥас тигэммин, научнай үлэбин көмүскээбитим. Ону таһынан, атах таҥаһын иhигэр угуллар улунньа оннугар аныгы нанокомпозит-таҥаhы таһаарбытым. Кэлин бу таҥаһы өссө тупсаран, бактерициднай оҥорбутум.

Омук дойдуларыгар патент

40-ча сыл устата үлэлиирим тухары уопсайа сүүрбэччэ таҥаһы Арассыыйаҕа, Америкаҕа, Канадаҕа, Швецияҕа, Норвегияҕа уонна Финляндия курдук дойдуларга патеннарынан көмүскээтим. Хас биирдии оҥоһукпар төрүт олохтоох норуоттар үгэс буолбут олохторун-дьаһахтарын ураты малларыгар уонна тэриллэригэр олоҕурдум.

 

«Хотугу таҥас» хампаанньаны тэрийии

1991 сыллаахха Дьокуускай куоракка тэрийбит «Одежда Севера” (Хотугу таҥас) хампаанньам сүрүн соругунан өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоох норуоттарын национальнай таҥастарын сөргүтүү уонна сылаас таҥас хайысхатын кэҥэтии буолар. Онтон ыла төрүт олохтоох омуктар  таҥастарын аныгы технологиялары кытта дьүөрэлээн оҥоруу саҕаламмыта.

Арассыыйа эрэ түмэллэригэр буолбакка, хотугу норуоттар таҥастарын-саптарын, култуураларын, олохторун-дьаһахтарын аан дойду бары муннугунан сылдьан үөрэппитим.

1995 сыллаахха ураты экспонаттары үөрэтээри, Америкаҕа тиийэн турардаахпын. Оччолорго Дьокуускайга үлэлиир “Саха-Америка” научнай киин күрэҕэр «Хотугу таҥас» тэрилтэбит бырайыага кыайыылаах буолбута. Биир ый устата Аляскаҕа олорон суот-учуот, маркетинг, менеджмент үөрэхтэригэр босхо үөрэммиппит. Бу кэмҥэ Америка түмэллэригэр харалла сытар Саха сирин төрүт олохтоохторун таҥаһын-сабын дьаныардаахтык ылсан үөрэппиппит. Ити сырыы кэнниттэн өссө саха XIX-с үйэтээҕи мөһүөн-көстүүмүн Дьокуускайдааҕы Комдрагмет музейыгар анаан оҥорон турардаахпыт.

1985-2000 сылларга, кандидатскай уонна докторскай диссертацияларбын суруйар кэмнэрбэр, Саха тылын, литературатын уонна история институттарыгар тирэҕирэн, ону тэҥэ СССР Наукаларын академиятын этнология уонна антропология институтугар саха таҥаһын этнограф курдук үөрэппиттээхпин. Онтон итииттэн харыстыыр өттүлэрин Москватааҕы Чэпчики промышленнас технологическай институтугар Саха сирин омуктарын былыргы таҥастарын уус-уран уонна сиик-үөс технологиятын өттүнэн  ырытан-үөрэтэн, диссертациябын суруйбутум. Ити үлэлэрим биһиги норуоттарбыт национальнай таҥастарын  үөрэтиигэ олук уурбуттара.

Саха сирин тымныытын тулуйар таҥастар

Биһиги таҥаспыт уратыта диэн, былыргы таҥаска тирэнэн, киhини ханнык да тымныыга куруутун харыстыыра. Биhиги соннорбут, комбинезоннарбыт, сэлиэччиктэрбит  дойду иhигэр  уонна тас дойдуларга тигиллэр таҥастартан алта төгүл сылааһы тутар уратылаахтар. Танас иhигэр таба түүтүн араас ититэр компоненнары кытта дьүөрэлээн туhанабыт. Холобура, баһаарынай сулууспа үлэһиттэригэр умайбат компоненнары туһаныахха сөп. Бу маны ураты ньыманан синтепон курдук бэлэмниибит.

Таба түүтүн “Сахабулт” тэрилтэттэн уонна Салехард куораттан ылабыт.

Томскай альпинистара 2017 сыллаахха биһиги комбинезоммутун кэтэн, -43 кыраадыс тымныыга уонна 30 м/с тыалга Эльбрус хайатын дабайбыттара. Ол эбэтэр, стандартнай испиэс таҥас муҥутаан  -41 кыраадыс тымныыны тулуйсар, оннук таҥастаах киһи өссө үс чаас буола-буола иттиэхтээх буоллаҕына, биһиги таҥаспытынан -67 кыраадыска тиийэ иттибэккэ эрэ  сылдьыахха сөп. Ыйааһына да балачча чэпчэки буолан, уурбут-туппут курдук көстүүлээх. 

Холобур, капюшоннаах кылгас куурка түөhүн мээрэйэ 48-50 см уонна 170-176 см уҥуохтаах киһиэхэ сөптөөх буоллаҕына, быһа холоон ыйааһына биир киилэ буолар. Оттон итиитин үчүгэйдик тутарын туһугар тымныы салгыны уонна сииги киллэрбэт, көлөhүнү таhаарар мембраналаах матырыйаалы туттабыт. Ити куурканы бу кыhын Дьокуускайга -54 кыраадыска диэри тоҥмокко эрэ кэтэн тураллар.

Маны таһынан утуйар мөһөөччүктэри, үтүлүктэри, кыһыҥҥы томороон кэмҥэ сирэйи харыстыыр инновационнай фильтрдаах мааскалары таһаарабыт. Инникитин сылааһы тутар балааккалары, ярангалары (үгэс буолбут чукчалар олорор дьиэлэрэ) тигэр былааннаахпыт.

Таҥаспытын Арассыыйа ЫБММ тургутар

Быйыл саас Арассыыйа ЫБММ үлэһиттэрэ “Куттала суох Арктика-2023» норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-чинчийэр үлэҕэ таҥастарбытыгар анал тургутууну ыыппыттара. Ол түмүгүнэн ЫБММ идэлээх аварийнай-быыһыыр тэрилтэлэригэр үлэҕэ кэтэргэ мэктиэлээһин бэриллибитэ.

Маны сэргэ быйыл АЛРОСА хампаанньа үлэһиттэрэ бэрэбиэркэлиэхтэрэ.

Былааҥҥа эр киһи, дьахтар уонна оҕо күн аайы кэтэр таҥастарын оҥорон таhаарыы баар. Булчуттарга, балыксыттарга, сылгыһыттарга сылааһы тутар таҥас хайаан да наада. Ону тэҥэ сыл устата сибиэһэй салгыҥҥа дьарыктаныан баҕалаах спортсменнарга анал кэмпилиэктэри оҥорор санаалаахпыт. Манна аныгы мембраналаах таҥаһы туттуохпут.

 

Өбүгэлэрбит үгэстэрин салҕаан

Билигин сүнньүнэн улахан тэрилтэлэр анал таҥаһы сакаастыыр буоллулар. Инникитин Сахабыт сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр сон, куурка, истээх ыстаан оҥорор баҕа баар. Дьокуускай куоракка технологическай базаны тэрийэр былааннаахпыт уонна ордук ханнык салаалар наадыйалларын үөрэтэн, чопчу ол тэрилтэлэри кытта үлэлэһиэхпит.

25 сыллаах научнай-производственнай үлэ кэнниттэн Людмила Николаевна Дьокуускайга технологическай базаны тэрийэр, билиини-көрүүнү, дьоҕуру, уопуту үллэстэр уонна өбүгэлэрбит үгэстэрин салгыы сайыннарар туһугар эдэр көлүөнэҕэ үйэлээҕи уһугуннарар улахан соруктаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...