02.04.2020 | 10:21

Таҥнары турар сэргэ болҕомтоҕо ылыллыа дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Кыайыы болуоссата)

Аны биир ыйынан Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылын өрөгөйдөөхтүк бэлиэтиэхпит.

Кыайыы болуоссатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук ууран, өстөөхтөрү кытта хорсуннук охсуспут биир дойдулаахтарбыт сырдык кэриэстэригэр анаан тутуллубут “Кыайыы” мемориальнай комплекс, Кыайыы 30 сылын көрсө, 1975 сыллаахха тутуллубут. 1995 сыллаахха саҥаттан реконструкцияламмыт. Аттаах буойун стелата 1985 сыллаахха оҥоһуллубут (архитектордар И. Слепцов, В. Петербуржцев). Бу комплекс урут мас оҥоһуулаах эбит, кэлин реставрацияланан металлическай көрүҥнэммит.

Мин бу комплекс үөһээ өттүгэр таҥнары турар сэргэни эбэтэр мэҥэ бэлиэни диэххэ эбитэ дуу, куруук дьиксинэ, соһуйа көрөбүн. Уонна тоҕо маннык тутуллубут баҕайыный диэн өй-сүрэх мөккүөрүгэр сылдьабын.

Саха итэҕэлин быһыытынан, таҥнары турбут сэргэ куһаҕан тыыны таһаара турар, кэскили биэрбэт диэн өйдөбүллээх. Харахтаах эрэ барыта бу тиит мастан оҥоһуллубуту таҥнары турарын болҕойон көрбүт буолуохтаах. Маны туох дии саныыгыт диэн ыйытыктаах, мин кэккэ дьонтон санааларын ыллым.

Сиэр-туом тутуһуллуохтаах

Айхал Габышев, Саха сирин тутааччыларын түмсүүтүн салайааччыта, Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта:Кыайыы болуоссатыгар баар аттаах киһи 1985 сыллаахха туруоруллубута. Архитектордар И. Слепцов уонна В. Петербуржцев. Бу аттаах киһи саха норуотун олоҥхотун биллиилээх дьоруойа Ньургун Боотур буолар. Биллэрин курдук, кини туох баар куһаҕаны кыайар. Бу пааматынньыкка кини уобараһа фашистскай куһаҕан тыыны кытта охсуһа сылдьар саха буойунун көрдөрөр. Кэлин Кыайыы 60 сылыгар анаан 2005 сыллаахха пааматынньык реставрацияланан, скульптурнай компелкс буолар уонна меч быһыытын ылар. Бу пааматынньык сэриигэ охтубут салааттарга ананар. Онон ити икки таҥнары мас өйдөбүлэ оҥорбут архитектор көрүүлэринэн сэриигэ охтубут буойуттар буолуон сөп. Ол эрэн Сахабыт сирин киин куоратыгар Аҕа дойду сэриитигэр Улуу кыайыы өрөгөйүн үйэтитэн оҥоһуллубут оҥоһук сиэр-туом өттүнэн сыыһалаах. Ол курдук, маһы таҥнары тутан иилбиттэрэ сахалыы куттаах киһи хараҕар тута быраҕыллар. Сиэр-туом быһыытынан, баҕананы, сэргэни даҕаны сахалар хаһан да сиргэ таҥнары түһэрбэттэр.

Василий Николаев, Чурапчы улууһа: Кырдьык маһы хаһан да таҥнары тутар улахан аньыы. Буолан баран ытык сиргэ. Арай өлөрсүү, өһөрсүү кыргыһыы сэтин итинник биллэрии баара дэһэллэр. Сөбүлэспэт кыргыстарын, ол дьон олорор сирин кырааныыссатыгар маһы таҥнары анньаллар. Дьэ, ити көстөр таҥнары анньыллан турар бэлиэлэр баалларын тухары, саха норуотугар кырыы харахтанар, өйдөспөт норуот элбиэ дии. Сахабыт ытык сиригэр алларааттан тардыылаах Кыргыс кыыһын айматымаҥ. Күн ууһун удьуорун убаастыаҕыҥ. Мин санаабар, итини норуоттан сыыһа оҥоһуллубут дэтэн, илии баттатан баран, үрдүкү салалтаҕа сурук түһэрэн, көҥүллэтэн дьаһайтарыахха сөп буоллаҕа.

Петр Иванович Корякин, Национальнай архыып докумуоннары туһаныыга отделын начаалынньыга:Мин саныахпар, итинник өйдөбүнньүктэргэ силистэринэн таҥнары туруорар сатаммат. Былыргыта, ойууттар уус дьонун имири эспит буоллахтарына, улахан харыйаны таҥнары тутан сиргэ анньаллара диэччилэр. Ол курдук, кинилэр бу кэннэ манна туох да үөскээбэт, төрөөбөт сирэ-дойдута буоллун диэн кырыыллара. Сахаҕа, көлөҕө ыйаныллар сатанах көхөнү оҥорорго эрэ маһы таҥнары анньан оҥороллоро. Оннооҕор сатанах сэргэни оҥороллоругар мас лабаалаах үөһээ өттүн турбутун курдук туталлара. Манна буоллаҕына икки кырыыс мас, сэргэ тула тураллар. Биллэн турар, бу мастар үөр уораҕайа, ойуун кыыла-көтөрө тохтуур, Кыраман үргүөрүн аһардар аан эйгэни үөскэтэллэр. Дьаҥ-дьаһах, ыарыы-сүтүү үксүүр төрүөтэ буолаллар. Өбүгэ үгэһинэн, сиэри-туому тутуһан, ити икки маһы туура тардан ылан, ыраах киһи-сүөһү сылдьыбат сиригэр дириҥ оҥкучахха сытыары көмүллүөхтээх. Ол оннугар икки ыраахтан көстөр күлүмүрдэс үүт-үрүҥ Ымыы Үрүмэччилэри чөкчөҥөлүү олороллорун ууруллуохтаах. Үрүмэччи былыргы саха сэһэнигэр үчүгэй түстээҕинэн аатырар. Үрүмэччи үксээтэҕинэ, ыал дэлэйэр, ыччат үөскүүр, төрүөх элбиир диэн төлкөлүүллэрэ. Дьэ ол буолуо этэ өлүүнү тыын кыайыытын өрөгөйө, олох салҕаныытын түстэспит буойуттарбытыгар кэриэс-хомуруос, кэнэҕэски кэмҥэ кэнчээри ыччаппытыгар ыра санаабытын тиэрдии.

Бигэ Өрөкүй Бааһынай уола, Ньурба куората:Мин санаабар, мэҥэ сэргэни оҥорбут киһи кириэскэ маарыннаппыт. Кириэс туорайыгар икки тиити таҥнары олордуута – сэрии диэн өлүү-сүтүү, кэхтии диэн көрдөрүү. Силиһиттэн түөрүллүбүт тиит өлөрө биллэр. Сир ийэ олох түөрэ эргийиитин көрдөрүү дии саныыбын. Аҕа дойду сэриитэ ордук охсуулаах этэ. Омук ахсааныгар сыһыардахха, элбэх эр киһи сэриигэ баран өлбүтэ. Тыаҕа дьиэлэригэр хаалбыт дьон оннооҕор баламаттык баттанан, атаҕастанан, өлүү-сүтүү буолбута. Онон бу кириэс сэргэ саха, нуучча олоҕор быһаччы ситимнээх. Ол курдук, уоттаах сэриигэ баран үтүмэн үтүө дьоммут өлбүтэ. Дэриэбинэҕэ тыылга хаалбыттар оннооҕор улаханнык оҕустаран, саха олоҕо түҥнэстибитэ. Онон бу иккис аан дойду сэриитэ буолбатын диэн суолтаҕа туруоруллубут сэргэ кириэс буолар дии саныыбын.

Василий Васильевич Илларионов, профессор, Дьокуускай куорат:Сэргэни таҥнары туруорууну кырыыс дииллэрэ. Былыр өһөөбүт ыалларыгар үүнэн турар титириги балаҕан күлүгэр, төрүөхтэрэ төнүннүн диэн, таҥнары анньаллара. Холобурдаан эттэххэ, Гуманитарнай институт дьиэтэ тутуллан киирэригэр сэргэни синньигэс өттүнэн таҥнары туруорбуттарын, Владимир Данилов хас мунньах аайы кириитикэлээн ыллаттарбыта. Сорох сиргэ сиэри-туому билбэттэриттэн, көстүүтэ үчүгэй буоллун диэн, сэргэни таҥнары олорпут түбэлтэлэрэ баар. Сэргэни сиэри-туому тутуһан туруоруллуохтаах. Саха өйдөбүлүнэн, сэргэ үөһээҥҥи айыылары кытта сибээстэһэргэ туттуллар. Онон сэргэ ытык өйдөбүл. Алтан сэргэ диэн үрдэтэн ааттыыллар. Кыайыы болуоссатын комплексыгар үөһээ өттүгэр оҥоһуллубут сэргэни кырыыс бэлиэтин курдук көрүөххэ сөп.

Семен Сивцев – Өймөкөөн Сэмэнэ, Өймөкөөн улууһа:Орто дойду дьоно олохпут үүнэн чэлгийэр Аал Луук Мас курдук Ийэ сиргэ силиһин тэнитэн, күөх кырыстан тирэнэн, үрүҥ күҥҥэ үүнэн талаһар, сайдан сааһыланар аналлаах. Бу олох сайдар символа, гимнэ. Онтон ханнык даҕаны буоллун, үүнэн үрдүүр өрөгөйдөөҕү, өһүөлээҕи айылҕатын аналыттан атарахсытан, таҥнары төлкөлөөн умса анньар аньыы эбээт. Бу төттөрү төлкөлөөн, саргытын самнарыы, кэхтии, төннүү бэлиэтэ буолар. Ол курдук, Улуу Кыайыы мэҥэ бэлиэтигэр маһы таҥнары ыйаабыттара, айылҕатынан таҥнары үлэлии турар күүс буолар диэн сыаналыыбын. Мин тус санаам итинник.

Татьяна Петровна Иванова, психолог, арчыһыт, Дьокуускай куорат:Кыайыы болуоссатын пааматынньыгар турар сэргэни мин испэр соччо киллэрбэппин. “Таҥнарыта” элбэх. Аны икки өттүгэр таҥнары оройдорунан симэ-симэ, кыбытан туттарбыт мастарын туох өйдөөх-санаалаах дьон оҥорбуттара буолла... Маны мин “кырыыска” тэҥниибин. Туох барыта үүнүү-сайдыы бэлиэтинэн, халлааҥҥа, үрдүккэ тарбачыһыахтаах буоллаҕа. Бу мастар эргэрдилэр да ини. Онон, реставрациялыыр кэм кэлбитинэн, тууруохха уонна атын бэлиэлэри оҥоруохха сөп диибин.

Алексей Афанасьев, мас ууһа, Дьокуускай куорат: Бу оҥоһугу бастаан көрөн баран киһи өйүгэр баппат быһыы, кырыыс кэриэтэ санаабытым. Сэргэ курдук оҥоһуулаах, киһи санаата самнар гына оҥоһуллубут диэххэ сөп. Биһиги, сахалар, биир уратыбыт диэн – “кэбис, саҥарбатах ордук. Үөһэттэн билэн оҥордохторо” диэн. Онон ким да болҕомтоҕо ылан, өйдөөн көрбөт быһыылаах. Арай сахалыы сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах дьон көрөн, туох дии саныыллара эбитэ буолла? Тутуллубута ырааппыт быһыылаах. Хайдах тииттэн оҥоһуллубут маһы силистэрин үөһээ адаарытан, тумсун аллараа туруоран маннык ууруохха сөбүй? Саха киһитин санаатыгар да ыарахан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....