01.02.2021 | 18:21

ТҮРГЭН САЛААТТАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Венеция” салаат

Састааба: Ыыһаммыт халбаһы – 100 г, кытаанах сыыр – 150 г, оҕурсу – 1 уст, моркуоп – 1 уст, кукуруза – 1 бааҥка, майонез – 100 г.

Аспытын барытын уһун синньигэс гына кырбастыыбыт. Остуолга уурарга салаат сэбирдэҕин үрдүгэр өрөһөлүү кутабыт.

“Иэйии” салаат

Састааба: хаппыыста – 300-400 г, ыыһаммыт халбаһы – 200 г, чеснок – 3 өлүүскэ, петрушка – 3 салаа, майонез – 100 г, туус.

Барытын тэҥ гына кырбаан, майонеһынан тумалаан баран бытархай гына кырбаммыт петрушканан киэргэтэбит. 

1 мүнүүтэлээх салаат

Састааба: крабовай палочка – 1 пачка, сухарик – 40 г, кукуруза – 1 бааҥка, пекинскэй хаппыыста – 200-300 г, кытаанах сыыр – 200 г.

Крабовай палочканы, хаппыыстаны, сыыры түөрт муннуктуу бытархай гына кырбыыбыт. Остуолга ууруохпут иннинэ эрэ майонезтыыбыт.

Кукурузалаах салаат

Састааба: кукуруза – 300 г, кытаанах сыыр – 200 г, майонез – 3 ост. нь.

Бу салаакка сымыыты эрэ буһарабыт, кыра гына кырбыыбыт. Сыыры теркалыыбыт. Барытын холбоон майонеһынан тумалыыбыт.

Краб салаата

Састааба: крабовай палочка – 200 г, сыыр – 200 г, помидор – 2 устуука, майонез – 100 мл.

Помидору чараас өлүүскэлэргэ бысталыыбыт. Сыыры уонна крабовай палочканы кубиктыы кырбыыбыт, чесногу бытархай гынабыт. Майонезтыыбыт. Бу салааты ордук эр дьон астыналлар.

“Түргэн” салаат

Састааба: ыыһаммыт халбаһы – 150 г, кытаанах сыыр – 100 г, сымыыт – 2 устуука, бөдөҥ моркуоп – 1 устуука, майонез – 2 ост. нь., чеснок – 1-2 өлүүскэ, хара биэрэс, күөх от – ким хайдах сөбүлүүрүнэн.

 Моркуобу уонна сыыры теркалыыбыт. Сымыыппытын иһиккэ ытыйан баран хобордооххо икки устуука блины курдук ыһаарылаан ылабыт. Халбаһыны, сымыыттан оҥорбут блиныларбытын уһун синньигэс гына бысталыыбыт. Майонезтаан, чесноктаан, араас оттоон биэрэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...