22.10.2022 | 16:00

Төрүттэрим — олох очуостарын дабайарбар күүс-уох биэрэллэр

Ия Меккюсяровалыын дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка Крымскай Вал уулуссатыгар баар аатырбыт Горькай аатынан пааркаҕа олорон кэпсэппиппит. Кыыс саха төрүт култууратын билим өттүнэн үөрэтээри Москубаҕа олорорун кэпсээбитэ. Мантан аллара кинини кытта сэһэргэһиибин ааҕыҥ.
Төрүттэрим — олох очуостарын дабайарбар күүс-уох биэрэллэр
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Үтүө күнүнэн, биир дойдулааҕым! Хаһыат ааҕааччыларыгар хантан төрүттээххин, кимнээх оҕолоро буоларгын сырдат эрэ.

– Талыы-талба Тааттаттан силистээхпин. Ол эрээри 1983 сыллаахха Айыыһыттарым ыйаахтарынан Сунтаар улууһун Хоро сэлиэнньэтигэр Татьяна Григорьевна Бытыкова, Александр Петрович Меккюсяров дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм.

– Бииргэ төрөөбүт хаһыаҕытый?

– Төрөппүттэрбэр соҕотох оҕобун. Кэлин эдьиий диэн ыҥырар балтыламмытым. Балтым эбэм аатынан Лидия диэн.

– Оскуоланы хаһан бүтэрбиккиний? Салгыы ханна үөрэммиккиний? Туох идэни баһылаабыккыный?

– Мин 2000 сыллаахха саха бастакы норуодунай суруйааччыта, “Сааскы кэм” сэһэнньитэ Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйын аатын сүгэр Харбалаах орто оскуолатын бүтэрбитим. Оскуолабын бүтэрээт, Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж (училище) Төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатыгар үөрэммитим. Үөрэх кыһатын бүтэрбит сылбыттан Саха сирин музыкатын уонна фольклорун музейыгар үлэлээн саҕалаабытым. Үлэлии сылдьан кэтэхтэн ХИФУ-га культуролог идэтигэр үөрэммитим.

– Омугуҥ төрүт култууратын үөрэтии эйигин хаһааҥҥыттан интэриэһиргэппитэй? Туох төрүөккэ олоҕурбуккунуй?

– Омук киһиттэн турар. Киһи удьуортан салҕанар. Удьуор көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаанынан бэриллэр. Эбэм Лидия Эртюковтар кыыстара. Буойун бэйиэт Иннокентий Эртюков, сэбиэскэй-партийнай үлэһит, Былатыан Ойуунускайы бастакынан сырдатааччы Семен Эртюков хаан балтылара. Онтон аҕабынан эһэм Петр Меккюсяров эмиэ саха тылын сүмэтин илдьэ сылдьар учуутал идэлээх. Ийэм Татьяна элбэх хоһоонноох, аҕам Александр муусукаҕа олус чугас этэ, ыллыыра, ырыа айара. Ол иһин тыл баайдаах, төрүт дорҕооҥҥо, төрүт үгэскэ чугас буола айылыннаҕым.

– Оччотугар дьоҕуруҥ өбүгэттэн удьуорданан уһугуннаҕа. Оҕо сылдьан күрэстэргэ кыттар этиҥ дуо?

– Бастакы кылааска тойук күрэһигэр кыттыбыппын өйдүүбүн. Ол аан бастаан кыайыы өрөгөйүн билэн, дьиэбэр талах олоппостоох кэлбитим. Харбалаахха муусука оскуолата баар. Төрүт култуура ньымаларын толоруу салаатыгар Любовь Михайловна Кулаковскаяҕа чабырҕах ааҕартан  саҕалаан хомуска оонньуурга тиийэ уһуйуллубутум. Өбүгэм дьоҕура миигин дойду киин куоратыгар сирдээн аҕалбыта. Бу ыйынан Н.Н. Миклухо-Маклай аатынан этнология уонна антропология институтун (ИЭА РАН) аспирантуратыгар үөрэҕим түмүктэнэр.

2019 с. оһуохай таһаарааччы

– Хаһан уонна туох сыаллаах Москубаҕа кэлбиккиний? Аспирантураҕа  үөрэммит сылларгын сырдат эрэ. Сахалар үөрэнэллэр дуо?

– Мин 15 сыл устата Саха сирин муусукатын уонна фольклорун мусуойугар үлэлээбитим. Ол үлэлии сырыттахпына, 2015 сыл бүтүүтэ, Москубатааҕы этнология уонна антропология институтуттан стажировкаҕа ыҥырыы кэлбитэ. Оччолорго мусуойу Аиза Петровна Решетникова салайара. Мусуойга эмчиттэри, чараас эйгэни кытта алтыһар айылҕалаахтары кытта бииргэ үлэлэһэрим. Икки нэдиэлэ хомуна охсоот, Москубаҕа үөрэнэ кэлбитим. Түөрт сыл устата стажировкаламмытым. “Семантика якутского шаманского костюма” диэн ХИФУ-ну бүтэрэрбэр суруйбут дипломнай үлэбин кэҥэтэн, диссертация оҥорор сыаллаах этим. Научнай салайааччым устуоруйа билимин дуоктара, мэдисиинискэй антропология киинин сэбиэдиссэйэ Валентина Ивановна Харитонова. Кини тиэмэбин кэҥэтэн  үчүгэйдик үөрэтэрбэр, аспирантураҕа киирэрбэр сүбэлээбитэ. Аспирантураҕа тиэмэм “Неконвенциальная медицина в Якутии” диэн уларыйда. “Проблема возрождения трансформации”. Ол аата ойууннааһынтан саҕалаан мэдисиинэҕэ киириини чинчийии диэн өйдүөххэ наада. Хас биирдии билим эйгэтигэр үлэлиир, үөрэнэр киһи бэйэтэ чинчийэр тиэмэлээх. Ол эрээри бу кэм устата биир да саха үөрэммэтэ. Сылыктаан эттэххэ, тиэмэтэ сөп түбэһиитэ сүрүн буолар дии саныыбын. Бу институкка дойду араас муннугуттан үөрэнэллэр, ону таһынан тас дойдуттан эмиэ киириэхтэрин сөп. Кытай кыыһа үөрэнэрин билэбин. Институт бэйэтэ библиотекалаах, научнай архыыптаах. Үлэбинэн алтыспыт айылҕалаахтары кытта сибээспин быспаппын. Онно аныгы технология көмөлөһөр. Дьокуускайга баар “Канти” китайскай комплементарнай мэдисиинэ киинин үлэтин үөрэтиим, чинчийиим 2019 с. тувиннар сурунаалларыгар тахсыбыта. Бу ВАК ыстатыйам буолар.

Тереза Дурова аатынан Театриумҥа режиссер Ольга Сидоркевичтыын

– Ойууннааһыны омуктар туох дииллэрий?

– Былыр-былыргыттан саха ойууттарын олус күүстээхтэр диэн билинэллэр. Саха ойууннарын, отоһуттарын диссертациям историографиятыгар  киллэрбитим. Билим үлэһиттэрин өйүүр бырагыраама баара буоллар, чинчийии барбатах хоту улууһугар тиийиэхпин баҕарабын. Билим үлэтэ элбэх сылы, дьаныары эрэйэр. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр, чинчийэр. Төһөнөн ырытаҕын да, билбэтиҥ элбээн иһэр. Мин саха төрүт култууратынан муҥурдаммакка, төрөөбүт дойдубар олорор бары кыра омуктар култуураларын иһин неконвенциальнай мэдисиинэ нөҥүө үөрэтэр санаалаахпын. Тэҥнэбил быһыытынан.

– Дойду киин куоратыгар олорор хайдаҕый? Үөрэхтэн ордон култуурунай тэрээһиннэргэ кыттаргын көрөбүт, ааҕабыт. Хантан быыс булаҕын?

– Москубаҕа олорор үчүгэй. Киһи кыаҕын толору туһанар. Манна үөрэниэхпиттэн Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэрийэр, ыытар тэрээһиннэригэр кыттан кэллим. Сахам хаана тардан, ыллыыбын-туойабын, хомуска оонньуубун. Чукотскай, корякскай үҥкүүлэри үҥкүүлүүбүн, испэктээктэргэ кыттабын. Институппар чинчийээччи-стажер быһыытынан үлэлиибин. Быыспар архыыпка көмөлөһөбүн. Матырыйааллары компьютерга киллэрэбин.  Онно Гурвич Сибииргэ чинчийиилэрин рукопиһын булан аахтым, бэлиэтэнним. Метроҕа куруук кинигэлээх айанныыбын, матырыйаалбын үөрэтээри. Бириэмэни сөпкө туһаныы олус көмөлөһөр. Тыл институтуттан кэлэн английскай куурустарын ыыталлар, онно тылбаастыырга үөрэнэбин. Кэпсэтэр дьонноох буоллаххына, тылы түргэнник билэҕин. Онтон учуонай быһыытынан сайдарбар грамматиканы билии ирдэнэр. Омук тылынан суруйар учуонайдар үлэлэрин сөпкө тылбаастаан, үлэбэр туһаныахпын баҕарабын. Грамматиканы билбэтэххинэ, матырыйаалы сыыһа өйдүөххэ сөп. Оччотугар улахан алҕас тахсар.

ЕТТИ-шоу. Ия Меккюсярова солистка-вокалистка

– Хомус тыаһа, тойук эйиэхэ тугу биэрэрий?

– Хас биирдии омук бэйэтин норуотун ырыата-тойуга, төрүт дорҕооно, тыаһа-ууһа киниэхэ чугас буолар. Сахалар ырыабыт-тойукпут уникальнай, аан дойду таһымыгар үрдүктүк сыаналанар. Тус бэйэм ыллыыр-туойар, хомуска оонньуур кэмнэрбэр, төрүттэрим бэттэх хайыһан, олох очуостарын дабайарбар күүс-уох биэрэллэр, өйбүн-санаабын сааһыланарбар көмөлөһөллөр дии саныыбын.

– Киһи бу олоххо ыра, баҕа санаалаах буолар. Инники баҕа санааҕын ааҕааччыларга сырдат эрэ.

– Сырдык ыралаах буолуҥ!!! Сайдыылаах үйэ киһиэхэ охсуута элбэх, сырдыкка тардыстахха, үчүгэйи түстээтэххэ, тулабыт сырдык буоларын умнумуоҕуҥ.

– Билим хонуутугар үлэни ыыта сылдьар биир дойдулаахпар Ия Александровнаҕа кэпсээниҥ иһин махтанабын. Диссертацияҕын ситиһиилээхтик көмүскээн, иккис тыыҥҥын киллэрэн, билим дуоктара буола үүнэҥҥин, саха билимэ сайдыытыгар бэйэҥ кылааккын киллэриэҥ диэн эрэнэбит, күүтэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...