18.02.2023 | 12:00

Төрүт кыһаҕа үөрэннилэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна төрүт омуктарын (официальнай) тылларын харыстааһын, сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн Ил Дархан Гыраанын үбүн өйөбүлүнэн үлэлээбит бырайыак иитинэн «Ийэ тылбынан айабын» хомуурунньук таҕыста.
Төрүт кыһаҕа үөрэннилэр
Ааптар: Вера Гаврильева, Дьокуускай к. 23 №-дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала
Бөлөххө киир

Ийэ тылын билбэт киһи –

Уйатыттан мунан хаалбыт

Улар оҕотун кэриэтэ.

Күннүк Уурастыырап

 

Кинигэҕэ СӨ Суруйааччыларын сойууһа, Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин» кэмиэрсийэтэ суох автономнай тэрилтэ ыыппыт «Өбүгэ үөрэҕэ — омук баайа» күрэскэ киирбит айымньылар уонна ыстатыйалар сүүмэрдэнэн киирдилэр.

Күрэс сүрүн сыала — төрүт олохтоох омуктар: долган, эбээн, эбэҥки, чукча, дьүкээгир, саха — ийэ тылларынан айар, суруйар дьоҕурдаах оҕолорун айымньылаах үлэлэрин көҕүлээһин. Хас биирдии тылга туспа эспиэр үлэлээн, методическай ыйыы, сүбэ-ама оҥоһулунна. Маны тэҥэ, бырайыак чэрчитинэн, төрүт култуураны, устуоруйаны, тылы, литератураны үөрэтэр биэриилэр уонна http://sakhaetigentyla.ru/ саайпытыгар ыстатыйалар таҕыстылар. Төрөөбүт тылынан ааҕарга, тыл этэргэ, сахалыы дебаты ыытарга уонна кыттарга, айымньыны айарга үөрэтэр анал үөрэхтэр буоллулар, аман өс уонна сахалыы дебат күрэстэрэ ыытылыннылар. Маастар-кылаастары суруйааччылар, суруналыыстар, учууталлар бырайыак устата ыыттылар. Араатардар күрэстэрэ эбээн, эбэҥки, чукча оҕолоругар өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнай ыытылынна. Бырайыакка аҕыйах ахсааннаах омуктар түөлбэлээн олорор сирдэрэ уонна Саха сирин 20 улууһа хабылынна, учууталлар, ыччат, оҕолор уонна суруйааччылар, чинчийээччилэр кытыннылар. Бу – тыл билимин хандьыдаата, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ангелина Кузьмина салалтатынан үлэлээбит хамаанда күүстээх үлэтин түмүгэ.

             

Оҕолор айар тылларын ырытыы

Оҕолор сахалыы үлэлэрин кылгастык сыаналаатахха маннык. Айымньыны айар – уустук үлэ. Онуоха суруйар оҕо тылын таһыма хайдаҕа ырылхайдык көстөр. Ол эрээри бу мөлтөх, ити уһулуччу үлэ диир сыыһа. Оҕолор айар дьоҕурдара салгыы сайдар кыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, кинигэни элбэхтик ааҕар, тылынан уус-уран айымньыны сэҥээрэр оҕо тыла-өһө, толкуйа ураты. Бырайыак кыттыылаахтара уус-уран ньыма арааһын туттубуттара үөрдэр. Холобур, үс төгүрүк сыл, сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах,  үрүҥ күн, көмүс балыктаах (кубулуйбат эпиитэт), курустаал таас курдук, хараҕыҥ харатын курдук харыстаа, киһи тыына үрүҥ бырастыына курдук, алаадьы курдук төгүрүк (тэҥнээһин), айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох; киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай; өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх; сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ (өс хоһоонноро), ытыс үрдүгэр түһэрэн, сүөм түспүтэ, күнэ хараарбыт, оҕо сааһыттан маппыт, ас да киирбэт, сирэйэ суох, туйах хатарар киһим, уу тэстибэт доҕордуулар, хахай тириитин кэппит, муҥура суох (сомоҕо домох), хамсыыр харамайы киһилии быһыылаан-майгылаан тыыннааҕымсытан суруйбуттар.

Сорох оҕолор суруйааччы айымньытыгар чугаһатан, майгыннатан, истиилин тутуһан суруйарга кыһаммыттар. Номох, үһүйээн, олоҥхо сюжетын уонна тылын-өһүн көмөлөһүннэрбит айымньылар сэргэхтэр. Ол курдук, олук этии элбэх: аана суох алдьархай ааҥнаабыт, иинэ суох иэдээн иинигийбит; эмтээтэххинэ эн эрэ эмтиэҥ, абыраатаххына эн эрэ абырыаҥ; илии тутуурдаах, өттүк харалаах; сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх, алаас муҥунан адаар муостаах; көрдөр хараҕым дьүккэтэ, көтүрдэр тииһим миилэтэ; сутуругар сокуоннаах, ытыһыгар ыйаахтаах уо.д.а.

Кэм уонна эйгэ сабыдыалынан ордук куорат оҕолоро тыл ситимигэр, этии бэрээдэгэр, тутулугар, сурук бэлиэтигэр (уустук этиигэ, сирэй саҥаҕа, кыбытык тылга, араарыллыбыт сиһилиигэ) алҕастары таһаарбыттар. Оттон таба суруйууга ордук нуучча тылыттан киирии тылларга ыарырҕаппыттар: бэйиэт, пиэрмэ, холкуос, дьоруой, устуоруйа, дириэктэр, ниэмэстэр, чөмпүйүөн уо.д.а. Ол эрээри оҕолор маннык тэрээһиннэргэ кытталлара уонна баҕалаахтара кэрэхсэбиллээх. Ийэ тылын үөрэтэ сатыыр оҕо быраабыланы үөрэтэн көннөрүнүөн, кэлин суруйуутун тупсарыан сөп.

Төрөппүттэргэ уонна оҕолорго туһаайан манныгы сүбэлиэ этибит: хайа баҕарар тыл этэр да, айымньыны, ыстатыйаны суруйар да киһи тиэмэни, сүрүн санааны ыраҥалаан көрүөхтээх, онуоха сөптөөх матырыйааллары үөрэтэн, ону сатаан туһана, үлэтин тутулук былаанын толкуйдаан санааны сааһылыы үөрэниэхтээх, этэр санаатын таба тиэрдэргэ бэргэн тылы-өһү, араас уус-уран ньыманы, этии көрүҥүн тоҕоостоохтук туттуохтаах. Бу үөрүйэхтэр ситимнээхтик сайдыахтаахтар.

Эбээн тылынан айымньылары бэлиэтиир буоллахха, оҕолор айымньы сюжетын айыыга ыарырҕаппыттар эрээри, төрөөбүт омуктарын олоҕун-дьаһаҕын, итэҕэлин, сиэрин-туомун, үгэһин уратытын көрдөрүүгэ кыһамньыларын уурбуттар. Айымньыларга дорҕооннору (фонетическай) «мунтэлhэ» — «мѳнтэлсэ», «хэрдэй» –  «хѳрдэй» уонна тылы-өһү туттууга диалектар «кѳтлэн», «ибга», «эдегэй», «ирили», «налимачан» бааллар. Эргэрбит тыллары туттубуттара үөрдэр: «мадича», «бута», «апкача», «тиларидюр» уо.д.а. Ону тэҥэ синонимнар киирбиттэр: «ах барда» «хипкунчэ», «аич, ибгач», «ай, нод, эдегэй», «ибдири, мямси». Кылгас этиилэринэн уонна аҕыйах тылынан киэҥи, элбэҕи арыйан этии бу тыл уратыта, кэрэтэ буоларын бэлиэтиир эспиэр эбээн тылын учуутала Надежда Очирова.

Бырайыакка кыттыбыт дьон санаатын  маннык үллэһиннэ: 

Туйаара Васильевна Самсонова, Хаҥалас улууһун Үөдэй орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала:

– Тылы тыыннаах хаалларыыга бары ньыманы туттуохтаахпыт. Төрөөбүт төрүт тылбыт туттуллар эйгэтин кэҥэтэн, интэриниэккэ сахалыы контены киллэриигэ ийэ тылынан ааҕыыны көҕүлүүр «Саха этигэн тыла»  сырдатар-чинчийэр бырайыак ситимнээх үлэни ыытар.             Хаҥалас Үөдэйин оҕолоро бырайыак чэрчитинэн хас да тэрээһиҥҥэ кытыннылар: ыстатыйаны уонна кэпсээни суруйууга күрэскэ остуоруйа айдылар, ыстатыйа суруйдулар, аман өс күрэҕэр ситиһиилээхтик кытыннылар. Тус бэйэм сахалыы сөпкө саҥарарга-иҥэрэргэ туһуламмыт үөрэҕи уонна сахалыы дебакка үөрэтэр маастар-кылааһы уонна күрэһи кэрэхсээтим. Бу өттүнэн сааһыланыахпыт. Ордук үөрүүлээҕэ, оҕолор бастыҥ айымньылара «Ийэ тылбынан айабын» кинигэҕэ киирдилэр. Маннык сайыннарар, саҥа билиини арыйар тэрээһиннэр салҕана турдуннар.

«Саха этигэн тыла» саайка фольклор ураты, кэрэхсэбиллээх матырыйааллара, олус туһалаах видео дьарыктар тахсаллар. Саайт уруокка, кылаас таһынааҕы үлэҕэ тирэх буолар таһаарыыларын элбэх учуутал үлэтигэр туһанар буолуохтаах. Бырайыак хамаандатыгар дириҥ суолталаах, хорутуулаах үлэҕит көдьүүһэ тылы тыыннаатын диэн баҕа санаабын этиэхпин баҕарабын!

 

Изабелла Ноговицына, Орто Халыма:

– Хас биирдии киһи төрөөбүт тылын билиэхтээх. Сахалыы саҥарбат, кэпсэппэт, өйдөөбөт көлүөнэ улаатан эрэрэ дьиксиннэрэр. Бу кыһалҕаны туоратарга аҥаардас оскуола, саха тылын учуутала эрэ буолбакка, хас биирдии киһи, ыал, төрөппүт кыһаллыахтаах дии саныыбын.

Онон бу бырайыак наһаа суолталаах, туһалаах. Мин уруокпар, кылаас таһынан үлэбэр элбэҕи туттабын. Кыттыбыт оҕолорум үлэлэрин ырытан көрдөхпүнэ, бу бырайыактан туһаммытым олус көдьүүстээх эбит дии санаатым.

Төрөөбүт тылын билэр киһи, улуу убайбыт Сэмэн Данилов эппитинии, «тыыннаах, сырдык дууһаланан..., эрдээх, хоһуун санааланар».

           

Рада Алиева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.З. Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Күрэхтэһиилэртэн уонна маастар-кылаастартан олус элбэҕи биллим. Суруйааччылар сүбэлэрэ элбэххэ үөрэттэ. Кыһаллан үөрэ-көтө  кытынныбыт. Маннык бырайыак баарыгар махтанабын!

 

Таисия Елисеева, Амма улууһун Е.А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын  6-с кылааһын үүөрэнээччитэ:

– «Сочиняю на родном языке» кинигэҕэ бэйэм саастыылаахтарым төрөөбүт тылларынан (долган, чукча, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, саха) айымньыларын астына ааҕыам. Маннык элбэх тылынан тахсыбыт ураты кинигэни өссө көрө иликпин. Онон олус интэриэһинэй буолуо дии саныыбын. Кэпсээним тылыгар-өһүгэр болҕомтобун уурбутум. Холобур, чыычаахпын өйбөр оҥорон көрөн баран, атын оҕолор эмиэ мин курдук кинини дьиктиргии, таптыы ааҕыахтарын баҕарбытым.

           

София Туприна, Үрүҥ Хайа орто оскуолата:

– Мин аҕам бостуук, ийэм чуум үлэһитэ. Онон дьоммун кытта айылҕаҕа, ыстаадаҕа сылдьан, туундарам кыһынын, көтөрүн-сүүрэрин, үүнээйитин билэр буолан, суруйарбар чэпчэки этэ. Долган тыла сүтэн, симэлийэн хаалбатын, төрөөбүт тылым өссө сайда турдун! Маннык, тылы сайыннарар бырайыактар ыытылла турдуннар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...