08.10.2022 | 11:00

Төрүт аһы — киэҥ эйгэҕэ, эдэр ыччакка

Төрүт аһы — киэҥ эйгэҕэ, эдэр ыччакка
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Аҕыйах да суол аһы сатаан саамылаан, илбээн-холбоон, буһаран-булкуйан, араас албаһы баһылаабыт талба астаах ийэлэр, үтүө-мааны хаһаайкалар  биһиги ортобутугар аҕыйаҕа суохтар. Кинилэри норуот кэрэ кэпсээн оҥостор. Ол курдук, бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Сэбиэскэй потребительскай кооперация туйгуна, Арассыыйа потребительскай кооперациятын бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээл хаһаайката Мария Егоровна Бондаревалыын сэһэргэһиибитин сэргээҥ.

– Мария Егоровна, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэриэххэ.

– Мин 1951 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта Баайаҕатыгар түөрт оҕолоох Варвара Романовна, Егор Алексеевич Андросовтарга бастакы оҕонон төрөөбүтүм. 1971 сыллаахха Николай Бондаревтыын ыал буолбуппут, биэс оҕону күн сирин көрдөрбүппүт. 33 сыл устата эргиэн тэрилтэтигэр үлэлээбитим.

– Уопсастыбаннай олоххо көхтөөххүн истибитим. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

– Дьонум-сэргэм талан, улууспар 5 төгүл дьокутаат буола сылдьыбытым.  2002 сылтан Бэтэрээннэр сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэбин.

Аҕам саастаах дьоннуун алтыһарбын сөбүлүүбүн. Өрөгөй, кыһалҕа күннэригэр күүс-көмө буоларбыт таһынан, күннээҕинэн билсиһэ, алтыһа сылдьар бу кырдьаҕас дьоҥҥо туохха да кэмнэммэт үтүө сыһыан буолар.

Урукку дьон үксэ, чахчы, үлэбит таһынан нэһилиэкпит сайдыытын туһугар хамнаһа суох уопсастыбаннай ноҕурууска быһыытынан үлэлээх буоларбыт. Маннык эйгэҕэ, дьон-сэргэ ортотугар ордук чугастыы истиҥ сыһыан олохсуйар. Киһи киһинэн олорор диэн өйдөбүл үөскүүр. Ону таһынан олоххо эрэл, тирэх баар буолар. Дьон үлэ таһынан бэйэлэрэ сөбүлүүр дьарыктарынан дьарыктанар, дьоҕурдара, талааннара сайдар дии саныыбын.

– Наһаа үчүгэй, чөллөркөй куоластааххын. Киһи эрэ истэ олоруох курдук. Бу  талааҥҥын  олоххор туһаннаҕыҥ буолуо?

– Тыый, эдэр сылдьан оччотооҕу кэм ыччата ырыа-тойук аргыстанар буолар этибит. Сэттэ уонус сылларга уус-уран  көрүүгэ бэстибээл ыытыллара.

Туох эмэ саҥа көстүүнү иилэ хабан ылан, үөрэ-көтө олохпутугар туттарбыт. Холобура, 1970 сыллаахха аан маҥнайгы ВИА төрүттэниитигэр солист  быһыытынан ылласпыттаахпын. Ол саҕана И. Тобунанов, М. Андросова, О. Захарова курдук ырыаһыттардаах этибит. А. Сергеевтиин дуэттыыр буоларбыт. Гитараҕа Н. Прудецкай, И. Петров, ударнайга П. Моттуев  оонньууллара.

Аан бастаан миигин 1970 сыллаахха бэстибээлгэ соҕотохтуу Иван Кононович Сысолятин байааҥҥа доҕуһуолунан сыанаҕа таһаарбыта. Чэ, онтон ыла олоҕум устата ырыаны доҕор оҥостон бу сааспар кэллэҕим. Хомойуох иһин, эдэр сааспар бииргэ ылласпыт дьонум сорохторо олохтон туораахтаабыттара.

– Үрүмэ оҥоруутун аан бастаан көрдүм. Сыта-сымара киһи сүрэҕин ортотунан киирэр, бэрт минньигэс ас буолсу.

– Дьэ, оттон бу өбүгэлэрбит төрүт астара этэ буоллаҕа. Бука, элбэх киһи оҕо сылдьан оргуйбут үүт үрүмэтин амтанын өйдүүрэ буолуо. Мин бу үгэс буолбут ырысыабынан оҥоро олоробун.

– Баһаалыста, ааҕааччыларбытыгар билиигиттэн, сатабылгыттан үллэстиэҥ дуо?

– Үөрүүнэн буоллаҕа дии. Елена Филимоновна Кузьмина 2006 сыллаахха «Саха төрүт аһа-үөлэ» диэн кинигэтин тирэх оҥостобун. Манна 5 көрүҥ үрүмэ оҥоруутун суруйар. Олортон мин дьоҥҥо, эдэр хаһаайкаларга үгэс буолбут көрүҥүн көрдөрөр идэлээхпин.

Ол курдук, хайдах оҥоһулларыгар тохтоон аастахпытына маннык. Үүт үрдүттэн үрүмэни таһаардым да, буспут ынах арыытынан сотобун. Маннык элбэҕи оҥорон бэлэмнээн баран, үрүт-үрдүгэр ууран, суулаан баран дьэ өбүгэбит мааны, минньигэс аһынан күндүлүүбүн.

– Үрүмэни хаһааҥҥыттан астыыгыный?

– Отуттан тахса сыл буолла. Аан бастаан уолум сыбаайбатын сандалы остуолугар бэйэм астаан бар дьоммун күндүлээбитим. Остолобуойга үлэлиирим саҕаттан утумнаахтык дьарыктанан, баҕалаахтарга көрдөрөр идэлэммитим. Билигин  бэйэлэрэ дьарыктаналлар, дьоҥҥо көрдөрөллөр, өбүгэ төрүт аһын эдэрдэргэ тириэрдэллэрин көрөн үөрэбин.

Мин кырдьаҕас дьүөгэлээх этим. Нина Ивановна Петрова үгэс буолбут ньыманан үрүмэни астыыр буолара. Кини оҥорбут үрүмэлэрэ логлоһон сыталлара бу баарга дылы. Нина Ивановна сэрии кэмин оҕото этэ. Бу маннык кырдьаҕастарбыт көрдөрөн астаан хаалларбыттара аныгы кэм дьонугар тиийэн кэллэҕэ эбээт.

Орто дойдуга билигин суох киһи оҥорон, тутан хаалбыта дьон хараҕар умнуллубата дьикти дии. Ол аата ис сүрэхтэриттэн иэйэн туран оҥорбуттара оннук хаалан эрдэҕэ дуу дии саныыбын.

– Ити биэс көрүҥ баар диэтиҥ, дьон сөбүлүүрүн өссө ханныгы ааттыаҥ этэй?

– Холобурдаан эттэхпинэ, баҕарах, хатарба сүөгэйгэ булкуллубут. Ону таһынан бурдуккун бэйэтинэн буһаран баран үрүмэҥ араҥатыгар куттахха эмиэ олус дьикти амтан биэрэрэ баар. Халва диэн баар дии, оннукка майгынныыр ураты амтаннанар.

Үрүмэни дьон өрөгөй күннэригэр, үбүлүөйдэригэр, уруу остуолларыгар анаан-минээн үлэһэллэр.

– Маастар-кылаастар буолаллар дуу?

– Тааттаҕа «Сарыал» култуура киинэ ыһыахтарга анал күрэх ыыппыттааҕа. Онно улуустартан кэлэн кыттааччылар.

Бу киин иһинэн  сахалартан бастакы учуонай Андросова-Ионова Мария Николаевна аатын сүгэр “Ионова” диэн түмсүүгэ эдэр ийэлэргэ, оскуола оҕолоругар, хаһаайкаларга  сүбэлэр, үөрэтэр, маастар-кылаастары ыытабыт.

Быйыл Чөркөөххө «Уустар, иистэр, асчыттар» диэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бэстибээл буолбута. Онно баран кыттыбыппыт, дьоҥҥо астаан көрдөрбүппүт.

Биирдиилээн интэриэһиргиир да далбар хотуттар баар буолаллар. Холобур, миэхэ дьиэбэр быйыл бэйэлэрэ кэлэн илиилэринэн тутан-хабан, оҥорорго үөрэнэн бардылар.

– Чахчы, билиҥҥи кэмҥэ үгүс киһи маастар-кылаастарга сөбүлээн сылдьар. Маннык тэрээһиннэр сорохторго идэ да булуналларыгар көмөлөһөллөрө буолуо.

– Оннук. Быйыл сайын Баайаҕанан, Харбалааҕынан, Ытык Күөлүнэн үрүмэҕэ, саламаакка, сылгы  иҥиириттэн кымыс астыырга элбэх киһилээх маастар-кылаастары ыыттыбыт. Ийэлэр, эбэлэр ортолоругар интэриэс үрдүк диэн көрөбүн.

– Аны өбүгэлэрбит биир ытык астарын саламаат туһунан кэпсэтэ түһүөххэ.

– Саламаат бурдуктан оҥоһуллар, судургутук өйдөөтөххө, хааһы. Ол гынан баран өбүгэлэрбит алгыска туттар, чахчы да, төрүт ытык аспыт.

Ынах арыытыгар буспут саламаат үчүгэйдик буһан, арыыта будулуйан таҕыстаҕына, бу дьиҥнээх алгыс саламаата. Арыыта аал уот иччитин уһуннук үөрдэ-көтүтэ аһатар. Биһиэхэ Иван Иванович Унаров диэн кырдьаҕас алгысчыттаах этибит. Элбэх арыылаах саламаат оҥорон илтэхпинэ олус үөрэр буолара.

Билигин дьиэ хаһаайкалара үгүстэрэ саламаат хайдах астанарын билэллэр.

Биһиги улууспутугар Туора Күөл оскуолата уолаттарга эрэ аналлаах куонкуруһа үгэскэ кубулуйбутун киһи эрэ сэргии истэр. Манна «Тарбаахаптыын астыахха»  бырайыактарыгар өбүгэлэрбититтэн кэлбит үрүҥ аска болҕомто уураллар. Бу үүнэр көлүөнэҕэ олус туһалаах дии саныыбын.

Аны туран, эдэр хаһаайкаларга анаан тиһигин быспакка ас астыырга маастар-кылаастары ыыппыппыт уонча сыл буолла. Онон эдэрдэрбитигэр  төрүт дьарыкпытын кыахпыт иһинэн көрдөрө, үөрэтэ сатыыбыт.

– Түмүккэ дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу тиэрдиэҥ этэй?

– Саха дьоно бэйэбит төрүт аспытыгар саамай элбэх битэмиин баар. Төрөөбүт Аар айылҕабыт мааны аһын – булдун, отонун, отун күннээҕи олохпутугар астаан аһыыр буоллахпытына чэгиэн, чэбдик буолуохпут. Уһуйаан, оскуола саастарыттан үрүҥ аһы кэнэҕэски кэнчээри оҕолорбутугар эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэммит, минньигэстик астааммыт аһата үөрэтэрбит үчүгэй суол дии саныыбын. Ордук күннээҕи аһылыкпытыгар үрүҥ аспытын элбэттэрбит бэрт буолуо этэ диэн баҕалаахпын.

 

Мария Егоровна Бондарева курдук олох үөһүгэр сылдьар аҕам саастаах Далбар Хотуттарбыт бэйэлэрин сатабылларын эдэрдэргэ утары ууналлар, өбүгэ төрүт аһын үйэтитэллэр. Көлүөнэ ситимин салҕааччы, таһаарааччы, уһуйааччы дьоммутугар дириҥ махталбытын тириэрдэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...