16.11.2024 | 14:00

Төрөппүттэн элбэх тутулуктаах

Төрөппүттэн элбэх тутулуктаах
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Национальнай библиотекаҕа “От ремесла к искусству” диэн илиинэн оҥоһук быыстапка-дьаарбаҥката буолбута. Дьон барахсан талаана элбэҕин, дьаныарын, тулуурун, кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыыта күүстээҕин көрөн, киһи эрэ сөҕөр-махтайар, астынар. Саамай сүрүнэ, баһыйар үгүстэрэ бу дьарыктарыттан “уһуннук олордубут”, “бириэмэбитин ыыттыбыт” диэн муҥатыйбаттар, төттөрүтүн, олус  дуоһуйалларын этэллэр. Устунан ыарыы да үмүрүйэрин, санаалара кынаттанарын бэлиэтииллэр. 
Ол аата киһи ис кутун иэйиитин сөпкө өйдүү үөрэнэн, дьиҥ баҕарар, тардыһар дьарыгын, айылҕаттан бэриллибит талаанын таба тайаныан, арыйыан наада эбит. Онон, доҕоттор, мантан инньэ талааммытын көрдөнөбүт.

Ону тэҥэ төрөппүт оҕото айымньылаах үлэҕэ сыстарын курдук, адьас кыра эрдэҕиттэн араас суол куруһуоктарга, сиэксийэлэргэ сырытыннарара, бэйэ тус холобурунан көрдөрөрө туһалыыр. Холобур, повар идэлээх Алёна Ганеева гальваника ньыматынан бэртээхэй киэргэллэри оҥорон аҕалбыт. Сорох оҥоһугар өҥүгэр оруобуна дьүөрэлээн, онно барсар оҕуруону, натуральнай тааһы кыбытара – бэйэтэ туһугар ускуустуба айымньыта буолар эбит. Итинник ньыма үчүгэйэ – сэбирдэх айыллыбытынан кэрэтэ моһуона, хас биирдии тымыра, сурааһына холбойбут, тэрэйбит быһыыта – оннунан хаалар. Онон ханна да хатыламмат ураты оҥоһук буолан тахсар.

Гальваника ньымата — электрическэй ток көмөтүнэн туох эмэ предмети – холобур, сэбирдэҕи, сибэккини, эриэхэни да – алтан, дьэс, боруонса солотуулаах оҥоруу.

Алёна кэпсиир:

– Сөбүлүү көрбүт сэбирдэхпин ылан эбэтэр быһыыларынан маарынныыллары талан, мунньар, хатарар идэлээхпин. Онтубун анал химиялаах суурадаһыҥҥа уган, ток көмөтүнэн дьэһин иҥэрэ уурабын. Онтуҥ сатанар-сатаммат түгэннээх буолара, сорох өттүгэр иҥмэккэ хаалара да баар суол. Ордук саҥа холонор кэмҥэр. Инньэ гынан ардыгар икки сууккаҕа тиийэ туруорааччыбын. Сэбирдэх бэйэтэ иһигэр симэлийэн хаалар, оттон туох баар быһыыта-таһаата дьэһинэн кытаатан үйэтийэр. Олус интэриэһинэй дьарык! Бэйэм куйаар ситимигэр көрөн сэргээн, дьарыктаммытым сыл курдук буолла. “Поисковикка” киирэн: “Гальваника”, “гальванопластика из листьев”, “украшения из листьев” диэбит курдук суруйдуҥ да, араас хартыына, биидьийэ бөҕө тахсан кэлиэ, көрөөр. Электролиты, суурадаһыны хайдах оҥороруҥ, приборун тугунан оҥосторуҥ барыта баар. Киин Арассыыйаҕа киэҥник тарҕаммыт ньыма. Миигин манна маастар-кылаас ыытаҕын дуо диэбиттэрэ да, усулуобуйа суох, бэлэмэ уһун кэми ылар уонна аналлаах оборудование сыаналаах буолан, батыммытым. Дьиҥинэн, баҕарар киһи бэйэтэ да оҥостор кыахтаах ээ.

Эрдэ, хас да сыл бэйэм ырысыаппынан араас моһуоннаах бирээнньик астаан атыылыы сылдьыбытым. Билиҥҥи дьиэбэр буһарар оһоҕум суоҕуттан тохтообутум. Оттон уонна киһи саҥаттан саҥаны баһылаан, сонун ньымаҕа үөрэнэн иһиэхтээх. Стимпанк истиилигэр чугаһатан, ураты блокноттары эмиэ оҥоробун. Ийэм бэлэм мас шкатулкалары ылан, ыраастаан, сотон, декупаж ньыматынан дьэрэкээн ойуулаах холбукалары оҥорор. Иһэ атлас, парча эбэтэр бархат буолар. Быһа холуйан биир холбуканы нэдиэлэ курдук оҥорор. Аҥаардас бэлэмнииригэр икки-хас күн барар. Эдьиийим баайар. 7 саастаах кыыһым оҕуруоттан илиигэ кэтэр киэргэллэри оҥорор. Мин кини сыыһатын-халтытын көннөрөн, түмүүтүн оҥорон биэрэбин. Кырачаан буолан, билиҥҥитэ кыайа тута илик. Үөрэниэ. Биирдэ иккиэн хастыы да лабаалаах оҥоһугу оҥорон баран бүтэһигэр ханныга киниэнэ, миэнэ буоларын быһаарбатахпыт (Эдэр ийэ дьоллоохтук күлэн мичийэр).

– Чээн, маладьыаһы көр! Бүтүн дьиэ кэргэнинэн дьарыктанаргытын көрөн үтүктэр буоллаҕа. Бэйэҥ хас сааскар бастакы оҥоһуккун оҥорбуккун өйдүүгүн дуу?

– Оо, суох буоллаҕа. Санаабар, киһини өйдүүр, илиибэр тугу эрэ тутар буолуохпуттан оҥорор курдукпун (күлэр). Ийэбит адьас кырабытыттан араас куруһуоктарга, холобур, уруһуй киэнигэр, үҥкүүгэ, циркэ устуудьуйатыгар тиийэ сырытыннарара. Наар тугунан эрэ дьарыктанар буоларбыт. Ийэм Дьокуускайга педучилищеҕа үөрэнээри диэн кэлбит этэ. Ол эрээри идэтинэн үлэлээбэтэҕэ. Кэргэн тахсан, Саха сирин төрөөбүт дойду оҥостон, кимнээҕэр сөбүлээн олорор.

Гальваника ньыматынан оҥоһуллубут киэргэлинэн интерьери тупсарыахха сөп. Холобур, люстраҕа, светильникка ыйаан, олох атын көстүүнү ситиһэллэр. Гальваниканы туһанан, сэбирдэхтэн, сибэккиттэн, ракушкаттан, куорсунтан киэргэли оҥоруу хатыламматы, ханна да суоҕу айан-тутан таһаарыы буолар. Сорохтор оҥоһукка дьэс иҥмитин кэннэ үрдүнэн уһуурар уотунан сиэтэн, тупсаран биэрэллэр.

Үүнээйини таһынан маһы, гиипсэни, фруктаны, араас үөнү-көйүүрү, быһата, туох кытаанаҕы барытын электрическэй ток көмөтүнэн дьэһинэн, алтанынан, боруонсанан бүрүйүөххэ сөп. Туттуллар ток күүһэ 0.1 -0.3 Ампер буолар.

Киһи киһиттэн үөрэнэр

Биир тэрээһиҥҥэ оҕуруонан саҥа дьыллааҕы киэргэллэри оҥорорго маастар-кылааска түбэстим. Ыытааччыта олох да биир идэлээҕим эбит. Татьяна Яковлева бэчээт эйгэтигэр 35 сыл үлэлээбит. Эрдэ “Полярная звезда” сурунаалга машинисткалаабыт. Сүүрбэ сыл, хара тэриллиэҕиттэн кэриэтэ, “Она +” хаһыакка үлэлээбит. Билигин – биэнсийэлээх. Татьяна Афанасьевна араас талааннаах кэрэ куолары, маастардары сырдата сылдьан, бэйэтэ элбэххэ үөрэммитин этэр:

– “Хозяюшка” диэн сурунааллаах этибит. Онно маастар-кылаастары тэрийэрбит. Сылгы сиэлиттэн дэйбиир оҥоруутугар эҥин. Ол аайы кыралаан киһи үөрэнэн иһэрэ. Онтум бу биэнсийэҕэ тахсыбытым кэннэ туһалаата. Билиҥҥи кэмҥэ дьиҥ баҕарар киһи куйаар ситимиттэн да элбэххэ үөрэниэн сөп. Холобур, оҕуруонан трансформер хаалтыс оҥортообутум бу баар (көрдөрөр). Оҕуруонан тиһэргэ үөрэтэр дьарыкка сылдьабын. Онно Саҥа дьылга бэйэ илиитинэн суумка оҥостон, үөрүү бөҕө буолбуппут. Сыыйа кыралаан дьаарбаҥкаларга кыттар буолбутум. Дьон наадыйарын иһин, аны туохха үөрэммиппин бэйэм үллэстэр буоллум. Анаан ыҥыраллар.

Татьяна оонньуурдарын матырыйаала бэйэтиттэн эбит. Сорохтор, бэл, ыраахтан олорон үөрэтэллэригэр сиэрэ суох сыаналыыр кэмнэригэр төлөбүрэ сөбүгэр дии санаатым. Дьоҥҥо дьиҥ көмөлөһөр баҕалаах киһи маннык буолуохтаах. 

Бэйэҥ дьарыккын буллаххына, кыайан тохтообоккун

Раиса Егорова гиипсэттэн арааһы бары оҥорор эбит. Бөҕө-таҕа буоларын туһугар анал састаабынан сотон баран, лааҕынан бүрүйэр. Кырааскалыыр. Сыл биир ый эрэ дьарыктаммыт диэтэххэ, оҥоһугун көрүҥэ, ахсаана да элбэх. “Маастар-кылаастары сэргээн көрө сылдьан, манныгынан “ыалдьан хаалбытым”, аны билигин хайдах да тохтуур аат диэн суох”, – диэн күллэрдэ. Бастаан бэйэтигэр фоамирантан сибэкки оҥостубут, онтон – дьүөгэлэригэр. Ити курдук дьон сэргээтэҕин аайы оҥорон испит. Эрдэ эр-биир бэлэм вазочкалары хомуйар, сакаастаһан ылар эбит. Онтон: “Тоҕо бэйэм оҥоруо суохтаахпыный?” – диэн толкуй киирбит:

– Бу сыл иһигэр, аҕыйаабыта, 500 кг гиипсэни тутуннум быһыылаах. Дьиэм барыта – гиипсэ, онно оҥоһук, манна оҥоһук. Магнитиктар, сувенирдар... Сырыы аайы туох эрэ саҥаны, уратыны оҥоруоххун баҕараҕын. Бүгүн саҥа оҥоһуктарбын аҕалбыппын, ону эрэ күүтэ сылдьыбыт курдук, бүтэрдилэр. Холобур, оҕолорго анаан, ылан кырааскалыылларын, киэргэтэллэрин, устунан айар үлэҕэ сысталларын курдук, харыйаҕа ыйыырга сөптөөх маҥан, туох да ойуута суох оҥоһуктары оҥорон, үүттээн, көмүс быалаан, нобуор оҥорбутум. Кэлэр сыл бэлиэтэ Дракону. Өссө да көрүҥүн элбэтэр буолуохтаахпын. Соцситимнэргэ баарбын, сэргээтэххинэ, булаар.

Раиса бу иннинэ күрүчүөгүнэн, испииссэнэн да баайарын, быысапкалыырын, макраменан дьарыктаммытын этэр. Уопсайынан, быыстапкаларга кыттар буолбута уонтан тахса сыл буолбут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....