02.12.2022 | 15:00

Төрөөбүт төрүт тылбыт — сайдар төлкөбүт

Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин сүрүн мунньаҕар араас сылларга үөрэх миниистиринэн үлэлээн ааспыт дьон кытыннылар – Б.Д. Слепцов, Е.И. Михайлова, Ф.В. Габышева, Е.П. Жирков, А.С. Владимиров, В.А. Егоров, М.П. Сивцев.
Төрөөбүт төрүт тылбыт — сайдар төлкөбүт
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Сүрүн мунньах президиумун састаабыгар СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.В. Местников, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тыллар тустарынан сокуон 30 сыллаах тэрээһиннэрин ыытар уонна бэлэмниир хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков, СӨ Үөрэххэ миниистирэ И.П. Любимова, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала, бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала” күрэс кыайыылааҕа, аан бастакынан ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Төрөөбүт тыл уонна литература бастыҥ учуутала” күрэс лауреата С.Н. Гоголева.

Сийиэс сүрүн мунньаҕын тэрийэр бөлөх бэрэссэдээтэлэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайан ыытта. Биһиги мунньах сүрүнүн кылгастык тиэрдэргэ кыһалынныбыт. 

 

Бу сийиэс төрөөбүт тылбыт, култуурабыт, историябыт  сайдыытыгар кэлиҥҥи кэмҥэ туох үлэ-хамнас ыытыллыбытын, салгыы сайыннарарга туох-ханнык дьаһалы ылынар, дьоһун хардыылары сүбэлэһэр сүрүн түһүлгэ буолла. Онон түмүгэ чахчы үтүө сабыдыаллаах буолара, улахан хамсааһыннары таһаарара саарбахтаммат диэн бэлиэтиэх тустаахпыт. Хас биирдии учуутал, төрөппүт, саха тылын туруулаһааччы санаатыгар тирэх буолар, киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, эрэл күүһүрэр тэрээһинэ буолан ааста.

 

Сийиэскэ бары улуустартан уопсайа 500 дэлэгээт кыттыыны ылла. Ол иһигэр саха тылын уонна литературатын учууталлара, олоҥхоҕо уһуйааччылар, оҕо уһуйааннарын иитээччилэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, үөрэх салалталара, улуус баһылыктара, төрөппүттэр уонна оскуола салайааччылара кытыннылар.

 

100 мөл. солк. көрүллэр

Ил Дархан А.С. Николаев эҕэрдэ тылыгар саха тылын кэскилин кэҥэтэр дьон учууталлар буолалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: “Төрөөбүт тылын үрдүктүк тутар норуот тирэхтээх, күүстээх буолар. Билиҥҥи уустук кэмҥэ бу ордук суолталаах. 1996 сыллаахха ылыммыт “СӨ тылларын туһунан сокуоммут” быйыл 30 сылын туолар. Бу сыллар тухары улахан үлэ барда, ол түмүгүнэн төрүт тыллары бэйэ-бэйэлэригэр дьүөрэлээн сайыннарыы ураты эйгэтин олохтоотубут. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50 тыһ. тахса оҕо сахалыы үөрэнэр, 30 тыһ. оҕо саха тылын үөрэтэр. Бу көрдөрүү кэнники алта сыл устата 11 тыһыынчанан улаатта. Ол эрээри уустук боппуруостар билигин да бааллар”, – диэтэ.

Саха тылын үөрэтэр каадырдары бэлэмнээһин таһыма таһыччы улаатыахтааҕын, оскуолаҕа эрэ буолбакка, уһуйааннарга кыра саастаах оҕолору төрөөбүт тылларынан иитэр-үөрэтэр исписэлиистэри бэлэмнииргэ орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар учууталлары бэлэмниир бырагыраамаларга уларыйыы киирэрэ ирдэнэрин, үөрэтэр босуобуйалары, учебниктары бэчээтинэн эрэ буолбакка, цифровой форматынан таһаарыахха, төрүт тыллары интэриниэт эйгэтигэр киллэриини салгыы ыытыахха диэн эттэ. Тылы сайыннарыыга анал бырагырааманан сыллата 56 мөл. солк. көрүллэр эбит буоллаҕына, эһиилги  үбүлээһин 100 мөл. солк. диэри улаатыаҕа диэтэ.

 

Төрөөбүт тыллары чинчийэр киин арыллыаҕа

СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эппит тылыгар 2017 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы сийиэс сүрүн докумуоннарыгар олоҕуран, 2019 сыллаахха СӨ Конституционнай суута СӨ Төрүт сокуонун 22-с ыст. өрөспүүбүлүкэбит национальнай этнокултуурунай уонна да атын уратылары учуоттуур туһунан сиһилии быһаарыылары биэрбитин, 2021 сылтан СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарыы уонна харыстааһын бырагырааматыгар сыл аайы 56 мөл. солк. харчы көрүллэрин кэпсээтэ. 2023 сылтан сокуоннар барылларын икки судаарыстыбаннай тылынан – нууччалыы, сахалыы киирэллэрэ ситиһилиннэ диэтэ. Болҕомто сир-дойду ааттарын сөпкө суруйууга, тиэрминнэри сөпкө тылбаастыырга уонна туттууга ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Быйылгы 2 улахан бырайыак туһунан кэпсээтэ: 1) М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах “СӨ кэскилин оҥоһуута” диэн ааттаах бүтүн Саха сирин сэбиэттэрин 5-с сийиэһигэр Бырабыыталыстыба оҥорбут отчуота хайдах баарынан икки тылынан бэчээттэнэн сотору тахсыахтаах. 1927 сыллаахха бу отчуоту Суорун Омоллоон тылбаастаабыта; 2) СӨ 5-с Ыҥырыылаах Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков иилээн-саҕалаан, ЮНЕСКО өйөбүлүнэн ыытыллар “Аан дойду эпическэй айымньылара” бырайыак чэрчитинэн “Кунан Хара” тыва омук героическай эпоһа сахалыы тылбаастанна. Эпическэй айымньы кэлэр көлүөнэни патриоттуу өйгө-санааҕа иитэр суолтата өссө күүһүрдэ диэн бэлиэтээтэ.

“Төрөөбүт тылларбытын үөрэтиигэ, сайыннарыыга 60 сыл мунньуллубут научнай баазабытын сүтэрбэппит туһугар үлэ барар. Урукку сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ тирэх буолар 3 институттаах этибит. П.А. Ойуунускай тэрийбит Гуманитарнай чинчийэр уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларынан дьарыктанар институт, Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт 2000 сыллар ортолоругар федеральнай бас билиигэ бэриллибиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна уопсастыбаннас туруорсан, СӨ Наукаларын академиятын иһинэн Төрөөбүт тыллары чинчийэр киин арыллыаҕа. Кэлэр 2023 сыл Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрилиннэ. Бу Сийиэс үлэтэ таһаарыылаах уонна элбэх түмүктээх буолуоҕа”, – диэтэ Алексей Ильич.

 

Киин куоракка балаһыанньа хайдаҕый?

Дьокуускай куораппытыгар үөрэнээччи ахсаана 52634 оҕоҕо тэҥнэһэр. Оҕо уһуйаанын иитиллээччитин ахсаана 24000 куоһарар. Бу сыыппаралар куоракка көһөн киириинэн сыллата балысханнык эбиллэ тураллар.

Сийиэскэ Дьокуускай куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Романовна Степанова дакылааттаата, сахалыы кылаастары, уһуйааннары элбэтэр туһугар утумнаах үлэ барарын бэлиэтээтэ. Холобур, 2012-2013 сыл үөрэх дьылыгар 7 эрэ оскуолаҕа саха кылаастара бааллара. Билиҥҥи көрдөрүүнэн 37 оскуолаҕа саха кылаастара баар буоллулар.

2017 сыллаахха саха кылаастарын, бөлөхтөрүн ситимин 2017-2025 сс. биир кэлим сайдыытын былаана ылыллыбытын, Дьокуускай куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев быйыл буолбут “Дьокуускай-400” форумҥа куорат 2032 сылга диэри алта хайысханан сайдыытын суолун бигэргэппитэ. Хайысхалартан биирдэстэригэр социальнай эйгэни сайыннарыы, олох тутулун тупсарыы буолбута. Ол курдук, бу дьыл сэтинньи 21 күнүгэр бигэргэммит уурааҕынан киин куоракка төрөөбүт тыл бастыҥ учууталыгар 100 тыһ. солк. бириэмийэ олохтоммутун иһитиннэрдэ.

2023 сылга Дьокуускай үөрэххэ сайдыытын бырагырааматын иһинэн саха тылын сайдыытыгар туһуланар араас тэрээһиннэргэ үп көрүлүннэ. Ол үп учууталлар, иитээччилэр үлэлэрин тарҕатыыга, методическай босуобуйалары таһаарарга туһуланыаҕа.

Бу үөрэх дьылыгар уопсайа 20828 оҕо саха тылын эйгэтигэр иитиллэригэр, үөрэнэригэр усулуобуйа тэриллэн турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 184 сахалыы бөлөххө 4599 (оҕо ахсаанын 31 %) иитиллээччи баар. Дьокуускай куорат хас биирдии уокуругар сахалыы бөлөхтөр үлэлииллэр.

Куорат оскуолаларыгар саха тылын предмет быһыытынан үөрэтиллэр, саха тылын, литературатын уонна култууратын сайдыытын эйгэтэ тэриллэр, ол курдук, 16229 оҕо саха тылын араас таһымҥа үөрэтэр. Сахалыы үөрэнэр кылаастарга – 10752 оҕо, саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр – 4630 оҕо, эбии дьарык быһыытынан үөрэтэр – 844 оҕо.

Дьокуускайга эбии үөрэхтээһин дьарыктарыгар 3000 тахса оҕо хабыллар. Ол иһигэр норуот тылынан уус-уран айымньытыгар, ырыа-үҥкүү дьарыктарыгар уһуйар куруһуоктар үгүстэр.

Дьокуускай иитээччилэрэ, учууталлара утумнаах үлэлэрэ элбэх ситиһиилэргэ тиэрдэр. Ол курдук, 2013 сыллаахха Дьокуускай куорат сахалыы иитэр, үөрэтэр уһуйааннарын ассоциацията тэриллибитэ. Бу ассоциация сахалыы тыллаах бары уһуйааннары, бөлөхтөрү хабан үлэлиир. Ассоциация үлэтин түмүгэ – үөрэх босуобуйалара, хомуурунньуктар, “Ааҕар кинигэ” 1-кы уонна 2-с чаастара бэчээттэммиттэрэ, 3-с кинигэ тахсаары турар. И.И. Каратаев оҕону чуолкайдык саҥарарга үөрэтэр уонна сурукка бэлэмниир босуобуйата үһүс төгүлүн таҕыста. “Эркээйи эргиирэ” региональнай комплекснай бырагырааманан “Кэрэчээнэ” уһуйаан, Хатас орто оскуолата, “Ситим” эбии үөрэхтээһин дьиэтэ, “Айыы кыһата” үлэлиир, сахалыы эйгэни сайыннарар балаһаакка буоллулар.

Саха тылын учууталлара, библиотекардар уонна музей үлэһиттэрэ кыттыгастаах “Алгыстаах сахам тыла” уопсастыбаннай тэрилтэ регистрацияны ааста. Үгэс буолбут тэрээһиннэри ыытыы тиһигэ олохтонно.

“Сийиэс этиилэрин куорат дьаһалтата барытын ылынар, салгыы үлэлииргэ бэлэм”, – диэтэ Наталья Романовна.

 

Саха санаата

Профессор Гаврил Гаврильевич Филиппов:

– Мин бу сийиэһи төрөөбүт тылынан үөрэтиини сайыннарыы сийиэһин курдук сыаналыыбын. Нууччатыйыыттан биһиги өрүтүннэриинэн эрэ көмүскэнэр кыахтаахпыт. Үс суолга тохтуубун: саха тылын култуурунай эйгэтин өрүтүннэриигэ, саха тылын этин-сиинин өрүтүннэриигэ уонна төрөөбүт тылынан үөрэтиини, иитиини өрүтүннэрии диэҥҥэ. Тыллар туттуллар эйгэлэрин былдьаһаллар. Холобур, биһиги тылбыт биэс истиилинэн, биэс эйгэнэн туттуллар: кэпсэтии тыла, уус-уран истиил, суруналыыстыка тыла, дьыала тыла уонна билим тыла. Балартан ордук туттуллара – кэпсэтии тыла. Ол гынан баран бу кэпсэтии тыла оҕоҕо кэллэҕинэ уустугурар эбит – оҕобут кэлин нууччалыы саҥарар буолла. Ийэ-аҕа икки ардыгар оҕо сахалыы саҥарарын хараанныах тустаахпыт. Ийэ тылбыт лиэксикэтэ, синтаксиһа, морфологията, дорҕоонун систиэмэтэ алдьанарын туһунан Дапсы элбэхтик кэпсээн, суруйан турар. Ол иһин биһиги өрүтүннэрэр туһугар кыһаллыах тустаахпыт.

Төрөөбүт тылынан иитиини, үөрэтиини өрүтүннэрии диэҥҥэ билигин полилингвальнай үөрэхтээһин баһыйан, нууччалыы үөрэтиигэ көһөн эрэллэр. Мордваҕа, Марий-Элгэ уонна да атын өрөспүүбүлүкэлэргэ төрөөбүт тылларын үөрэтииттэн төрөппүттэр аккаастаналлар, оҕолор буолумматтар диэн этэллэр. Биһиэхэ эмиэ ол кэлэр туруктаах. Тоҕо диэтэххэ бу полилингвальнай үөрэтии диэн национальнай оскуола сайдыбыт, олоҕурбут сиригэр эрэ ыытыллар кыахтаах. Холобур, М.А. Алексеев оскуолата 70-с сылларга тэриллэригэр, кини өйдөөх киһи буолан, нууччалыы үөрэтиигэ киириини күөйэн, оҕолоругар математиканы, физиканы сахалыы үөрэтэн, билигин И.И. Шамаев салайар лицейэ буолан сайдан кэллэ – биһиэхэ холобур буолар кыахтаах.

Уруккуттан туруорсабын – биһиги оскуолаларбытыгар сахалыы үөрэтэр учууталлары бэлэмниэххэ наада диэн. Университеппытыгар бу хайдах баҕарар тэриллэр кыахтаах. Тоҕо диэтэххэ нууччалыы үөрэтии нуучча толкуйунан барар, оттон сахалыы үөрэтии саха толкуйунан салаллар.

 

Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгин “Кыымчаан” уһуйаанын иитээччитэ А.М. Олесова:

– Дьокуускай куораттан чугас буоламмыт, Хаҥаласка нууччалыы да, сахалыы да тыллаах нэһилиэктэр бааллар. Кэнники кэмҥэ уһуйаан оҕото нууччалыы саҥарара үксээтэ. Оҕо 3-5 сааһыгар ордук тылы ылынар кэмэ, омук да, нуучча да тылын чэпчэкитик ылынар. Бу түгэни мүччү туппакка, оҕону төрөөбүт тылыгар сыһыарар соруктаахпыт. “Олоҥхо педагогиката” систиэмэнэн үлэлиибит. Күннээҕи олохпутугар сахалыы эрэ кэпсэтэргэ дьулуһабыт, оҕолор сахалыы саҥаралларын тэрийэбит.  Бэйэм фольклору үөрэтэр бырагырааманы хомуйан таһаарбытым.

 

Бэйэ ис кыаҕар эрэниэххэ!

СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Николаевич Жирков этиитин сийиэс дэлэгээттэрэ ытыс хабыллар тыаһынан өйөөтүлэр:

– Федеральнай стандартары утары бу саалаҕа олорон эрэ киирсэр балай да уустуктардаах. Ону биһиги тутуһуохтаахпыт, ол эбэтэр тутуһуохтаах буоллахпытына, бу федеральнай стандартары биһиги төрөөбүт тылбытын сүтэрбэппитигэр көмөлөһүннэриэхтээхпит. Ону учууталлар буолбатах, салалта бэйэтигэр ылыныахтаах. Ити өттүгэр биһиги улахан ситиһиитэ суох иһэбит, маны ситистибит, ону оҥордубут диэн төһө баҕарар этиэхпитин сөп. Бастаан ол федеральнай сокуоҥҥа көрүллүбүтүнэээҕэр быдан тупсардыбыт, ол эрээри билигин даҕаны төрөөбүт тылбытын үөрэтэр чааспытын сүтэрэ турабыт, ону билиниэхтээхпит.

Оччотугар биһиэхэ бэйэ кыаҕар эрэ эрэнии хаалар. Национальнай өрөспүүбүлүкэ салалтата, учууталлар, төрөппүттэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, наука үлэһиттэрэ бары көмөлүөхтээхпит.

Бэйэ кыаҕын сатаан туһанан, тылбытын чөл хаалларар туһугар үлэлэһиэххэ. Сокуон өттүттэн биһиги тугу көмөлөһөр кыахтаахпытый? Үс суолу этиэхпин баҕарабын:

1)Үөрэх сокуона. Арассыыйа үөрэҕин сокуонун иккитэ уларыппытын бары билэҕит. 1992 сыллаах сокуону 2012 с. хаттаан ылбыта. Саха сирэ эмиэ икки төгүл уларыттыбыт, ол түмүгэр судаарыстыбаннай тыл диэн баар, бу судаарыстыбаннай тылы үөрэтэр, көмүскүүр, харыстыыр бырагыраама ылыллар диэн сурулла сылдьар. Онон тыллар сокуоннарыгар Арассыыйа да, Саха сирин да өттүттэн мэһэйдэр суохтар. Мэһэй Үөрэх сокуонугар баар. 1992 с. ылыллыбыт Арассыыйа Үөрэҕин сокуонугар атына, дойду бары гражданнара төрөөбүт тылларын үөрэтэллэрэ мэктиэлэнэр этэ. 2012 с. ылыллыбыт Арассыыйа сокуонугар бу нуорма сотуллубута, судаарыстыбаннай тыл эрэ сокуонунан мэктиэлэнэр буолбута. Оттон өрөспүүбүлүкэлэргэ баар тыллар “үөрэтиллиэхтэрин сөптөөх” диэн суруллар. Ол “сөптөөх” диэн тылга биһиги сокуоммутун үлэлэтэ сатыыбыт.

Национальнай концепция ылыллыбытын бары билэбит. Билигин тылы үөрэтии концепцията бэлэмнэнэр диэтилэр, ылылла илик. Махтанар эрдэ, үлэлээн бардаҕына эрэ махтаныах тустаахпыт. Урукку концепция тохтуур, саҥа ылыллар диэн өйдөөмөҥ. Национальнай оскуола концепциятын ким даҕаны, ханнык даҕаны дьаһалынан тохтото илик! Тылы үөрэтии концепцията национальнай оскуола концепциятыгар тирэҕирэр буоллаҕына ордук кэскиллээх буолуоҕа. Уруккуну туора сотон баран саҥаны ылыныы буолар буоллаҕына сатаммат.

2) Бырабыыталыстыба ылынар төрүт тыллары үөрэтии бырагырааматын былаас бэйэтэ дьаһайар. Ити бырагыраама биһиэхэ үс төгүл ылылла сылдьыбыта. Быйыл элбэх үп көрүллэр буолла. Бэйэбит кыахпытыгар тирэнэр үлэбитин ыытар буоллахпытына, ону өйүүр харчы курдук өйдүөхтээхпит. Түмсүүлэр буоллун, култуура, үөрэх, наука буоллун – бары төрөөбүт тылга туһалаах хамсаныылары оҥороллоругар бу бырагырааматтан өйөбүл ылыахтаахтар. Инникитин өйөбүл өссө улаатыахтаах. Тыл мөлтөөн эрэрин дьон көрөр, бэйэтин кыаҕынан туруорсар.

3)Литературнай тыл, судаарыстыбаннай тыл туттулларыгар мэктиэлиир докумуоннары, ыйынньыктары, тылдьыттары, грамматиканы о.д.а. Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтэ бигэргэтэр этэ. Билигин ону барытын Бырабыыталыстыба бэйэтигэр ылла, Нуучча тылыгар Бырабыыталыстыба хамыыһыйата диэни тэрийдэ – оннук улахан суолтаны биэрдилэр. Бэйэбит сахабыт тылыгар уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларыгар барытын Бырабыыталыстыбанан бигэргэтэр оҥорон баран, кытаанахтык ирдэһэри ким да боппот. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах. Сокуоммутугар киллэрбиппит, механизма оҥоһулла илик буолан үлэлээбэт.

Ити былаас өттүттэн оҥорор кыаҕын эттим. Оттон төрөппүттэр, түмсүүлэр оҥорор кыахтара муҥура суох. Холобур, Анатолий Бурнашов куоракка 400-тэн тахса оҕону сахалыы үөрэтэр. ФГОС диэн дьыссаакка киирэ илик, төрөппүттэргэ ФГОС киирэ илик, онон оҕо 6-7 сааһыгар диэри ФГОС-тан босхо сылдьар, ол кэми туһаныахха баар этэ. 3 сааһыгар диэри оҕо тылын булунар дииллэр – ол бэйэбит илиибитигэр сылдьар, доҕоттор! Уһуйааҥҥа олоҥхону үөрэппит оҕо хаһан да умнуо суоҕа.

Куорат салалтата отчуоттууругар эрэ үчүгэй, оччо-бачча саха кылаастаахпыт диир... 1000 оҕолоох оскуолаҕа 3 саха кылааһын арыйдахтарына, көрүдүөргэ таҕыстаҕына оҕо нууччалыы саҥарар – эйгэтэ оннук тэриллэр. Бу улаханнык туһалаабат. “Айыы кыһатын” курдук тэрилтэлэри арыйыахха наада. Уһуйааннарга бөлөхтөр туспа сылдьар буоланнар биирдиилээн сахалыылары арыйыы туһалыыр, оскуолаларга үлэлээбэт. Сахалыы оскуолалары тутуохха диэн улахан кэпсэтиилэр буолбуттарыгар толкуйдаммыт куотар албастара ити, ол билигин да олохсуйа сылдьар.

Бука бары ис кыаххытыгар эрэниҥ! Төһө кыалларынан туох баар ньыманы, албаһы барытын туттуохха наада. Оннук гынан күүскэ этинэр буоллаххытына национальнай өрөспүүбүлүкэ салалтата хайаан да өйүөҕэ, былаас оннук санаалаах даҕаны.

Биһиги Үөрэхпит министиэристибэтэ – национальнай өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ министиэристибэтэ, онон аҥаардас ФГОС эрэ толорооччу буолуо суохтаах. Биһиги министиэристибэбит тутулун көрүөххэ наада. Билигин национальнай өрөспүүбүлүкэ министиэристибэтигэр төрөөбүт тылы үөрэтиини иилиир-саҕалыыр биир да ыстаат суох – хайдах оннук сатаныаҕай? Урут баара, ханна баран хаалла?

ФГОС-ка сөп түбэһиннэрэн тугу гыныахпытын сөбүй диэнинэн үлэлиэххэ. Бэйэ кыаҕын туһанар дьоҥҥо көмөлөһөр гына үлэлиэххэ.  Резолюция туолуутун Ил Түмэҥҥэ Ф.В. Габышева салайар кэмитиэтэ быһаччы үлэлэһэр кыахтаах.

 

Төрөппүтү кытта үлэ сүҥкэн суолталаах

“Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүү-бүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта, ХИФУ “Арктика тылларын экологията” норуоттар икки  ардыларынааҕы билим-чинчийэр лабораториятын чинчийээччитэ Вилюяна Никитина төрөппүтү кытта үлэҕэ болҕомто уурарга ыҥырда, сахалыы эйгэлээх үөрэх тэрилтэлэригэр оҕолор тылларын таһымын үөрэтэ сылдьалларын кэпсээтэ. Холобур, кинилэр чинчийиилэринэн, оҕолорбут сахалыы өҥнөр ааттарын хайа охсор аҥаардара эрэ билэр, кыыллар ааттарын 34%, киһи этин-сиинин чаастарын 20%, ойуунан толору кэпсээни оҕо 27% эрэ кэпсиир кыахтаах.

– Оҕолорбут нууччалыы да, сахалыы да сатаан саҥарбат буоллулар. Онон уһуйаан саастаах оҕолор тылларын байытыы соругун туруоран саха тылын үөрэтээччи ыстаатын уһуйааннарга киллэрэргэ; алын сүһүөх кылаастарыгар саха да оҕолоругар тылы үөрэтиини чэпчэкиттэн саҕалыырга; учебник оҥорорго төрөппүттэргэ анаан көмө босуобуйаны көрөргө диэн этиилэри киллэрэбин.

Үс араас төрөппүт баар: 1) Сахалыы үөрэнэр суолтатын толору өйдүүр, кыһаллар, онно анаан үлэлиир. 2) Сахалыы үөрэнэр суолтатын өйдүүр эрээри, ол туһугар турууласпат. 3) Сахалыы үөрэнэри, саҥарары суолталаабат. Бу үһүс бөлөхтөн дьон бастакыга көһөрүн ситиһиэхтээхпит.

Төрөпүттэр сахалыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа оҕолорун биэрбэт төрүөттэрэ: 1) Саха тылын ыарахан диэн өйдөбүл баһыйара. 2)Саха тылыгар сыһыан мөлтөҕө. 3) Үөрэххэ саха тылын суолтата кыччаабыта. Маны бары сомоҕолостохпутуна эрэ кыайар кыахтаахпыт.

Холобур, чинчийии түмүгүнэн, Дьокуускай куоракка “Прометей” түөлбэтигэр 86,4 % олохтоох саха буоларын быһыытынан, манна киирэр оскуоланы сахалыы иитиилээх, эйгэлээх, сахалыы да, нууччалыы да үөрэтэр кылаастардаах оҥорорго туруорсабыт.

Тыл туһугар тиһиктээх үлэни тэрийэр биир көдьүүстээх тэрийээччинэн Төрөппүт кэмитиэттэрэ буолуохтарын сөп. Кинилэр үлэлэригэр сахалыы иитии, үөрэтии хайысхатын киллэриэххэ. Үөрэх министиэристибэтин кэтэһэн олорбокко, бары тэрилтэлэр салайааччылара, учууталлар үлэлээн киирэн барыахха.

Оскуолаларга быйыл киирбит дойдунаат (патриотизм) санааны иитиигэ дириэктэр сүбэһитин үлэтин ис хоһоонугар бу хайысханы эбии киллэриэххэ.

“Ийэ тыл – төрөппүт уонна оҕо” оскуола, уһуйаан төрөппүттэрин түмсүүлэрин оҕо сахалыы саҥатын сайыннарар үлэлэрин  өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэһи тэрийэргэ ылсыбыппыт, балаһыанньата оҥоһуллубута, кытыннарарга көҕүлүүргүтүгэр ыҥырабыт.

 

Тэйиччиттэн үөрэҕи киллэриэххэ

Саха тылын, литературатын учууталларын күрэҕин кыайыылааҕа, Төрөөбүт тыл учууталларын Арассыыйатааҕы күрэҕин лауреата Сардаана Гоголева:

– Ставрополь кыраайыгар балаҕан ыйыгар барыта 69 кыттааччы күрэхтэстибит. Куонкурус түһүмэхтэрин таһынан, ЮНЕСКО мөлтөх туруктаах тылларынан биллэрбит чуваш, калмык, алтай, тыва, хакас, башкир, бүрээт тылын учууталлара буолан төбүрүөннээн кэпсэттибит, сүбэлэстибит. Биһиги бары биир кыһалҕалаах эбиппит – төрөөбүт тыл предметэ үтүрүйүллүүтэ уонна төрүт тыл дорҕооно симэлийиитэ. Холобур, чуваштар 5 сыл анараа өттүгэр тылларын уонна литератураларын үөрэтиини нэдиэлэҕэ биир чааһы  киллэрбиттэр эбит, онуоха 3 сылынан көрбүттэрэ, ийэ тылынан саҥарбат оҕо 2,3 төгүл элбээбит. Биһиэхэ быйылгы үөрэх дьылыгар 5-с кылаастарбытыгар литература чааһа икки чаастан биирэ хаалла.

Татарстан аҕа баһылыга Рустам Минниханов 2023 сылы Төрүт тыл, култуура уонна төрүт үгэс сылынан биллэрэр буолбут.

Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020 с. чечен тылын института тэриллибит, ону таһынан чечен тылын, литературатын учууталларын идэлэрин таһымын үрдэтэр кииннээхтэр уонна аныгы информационнай технологиянан үлэлиир киин иһинэн төрөөбүт тылларын сайыннарыыга улахан бырайыактары үлэлэтэр салаа баар эбит. Бу үс улахан тэрилтэлээхтэр.

Мин Саха сирин аатыттан кыттан, араас омугу кытта билсэн, биһиги, саха норуота, Сэмэн Ноҕоруодап, улуу Ойуунускай, Георгий Башарин, Далан, М.Е. Николаев, Е.П. Жирков курдук дьонноох буоламмыт саха тылын туруга тулааһыннаах, сахалыы эйгэ киэҥ киэлилээх тиийэн кэлбит эбит диэн, төрөөбүт тылбыт бигэ, санаабыт бөҕө буоларын өйдөөтүм. Биһиэхэ Төрөөбүт тылы сайыннарар, үөрэтэр институт баар буолуохтаах эбит дии санаатым. Билигин Тыл порталыгар ханнык баҕарар дойдуттан төрөппүт, оҕо, ыччат киирдэ даҕаны үөрэтэргэ бэлэмнээх буолуохха, тэйиччиттэн үөрэҕи тэрийиэххэ диэн этиилээхпин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....