16.06.2022 | 15:00

Түүнүн айдаарыаҥ — ыстараап төлүөҥ

Түүнүн айдаарыаҥ — ыстараап төлүөҥ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Нус-хас олорортон, утуйартан ордук үчүгэй туох баар үһүө? Киһи олорорун тухары тото-хана аһыахтаах, уутун хана утуйуохтаах, дуоһуйа сынньаныахтаах. Ити, биллэн турар, үлэлиирин, күүлэйдиирин таһынан. Оттон уопсай дьиэҕэ олорооччулар итини төһө тутуһалларый, ыалларын уйгуурдубат туһугар чуумпутук олороллоруй?
Аны туран сайын буолан кэлии-барыы элбээтэ, куортамнааһын, дьиэни уларсыы, биэрии саҕаланна. Маныаха барытыгар ыкса олорор ыалыҥ, ону таһынан куортамҥа дьиэҕин биэрэр дьонуҥ төһө бэрээдэктээхтэрий, түүҥҥү сырыы, айдаарыы тугунан иэҕиллэн тахсарый, суут-сокуон ону көмүскүүр дуо? Ол туһунан бүгүҥҥү кэпсэтии.

Бэйэбинэн билбитим

Толору хааччыллыыта суох икки хостоох мас дьиэбин уонча сыл куортамныы сылдьыбытым. Онно, этэргэ дылы, дьон майгытын-сигилитин курдаттыы билбитим, полицияны, ГИБДД үлэһиттэрин кытта билсэн, кинилэринэн куттаан куотан хаалбыт дьоммун булларан, олорор дьоммуттан элбэхтэ албыннатан, кэһэйэн турардаахпын. Онтон кылгастык ааҕааччыларбар билиһиннэриэм, сүбэлэри биэриэм.

Бастатан туран, дьоҥҥут пааспардарын, ханна үлэлииллэрин, тугунан дьарыктаналларын билиэххитин наада. Үгүс дьон мааны, баай-дуол маллаах дьиэлэрин куортамҥа биэрбэттэр. Этэргэ дылы, үксүн мас уопсай дьиэлэри, элбэх киһи олорор ыҥырыа уйатын курдук хостордоох кыараҕас кыбартыыралары биэрэллэр. Манна, биллэн турар, кыра дохуоттаах, ол эбэтэр тиийиммэт-түгэммэт соҕус дьон кэлэллэр. Аны туран сирэйдэригэр-харахтарыгар иһэллэрэ-аһыыллара сурулла сылдьыбатар даҕаны, киһи син сэрэйэр, мөлтөх соҕус дьон буолуохтарын сөп. Кураанах эрэ турбатын диэн дьиэни  биэрэ охсорго ыксаамаҥ, биллэриинэн уонунан киһи эрийиэҕэ. Куортамныыргар араспыыска суруйсаҕын, харчыгын ылан баран илии баттаһаҕын. Мин куруук туруорсар усулуобуйам  - ыраастык олоруҥ, дьиэҕэ табахтаамаҥ, чуумпуну тутуһуҥ.

Ону таһынан, эрдэ тахсан барар түбэлтэҕитигэр, биэрбит харчыгытын төннөрбөппүн диибин. Онон саатар биир ый олороллор.

Миэхэ араас киһи бары олорбута. Полиция, ГИБДД үлэһиттэрин нөҥүө булларан, биир түннүкпүн алдьаппыт уолу улууһун баһылыгынан куттаан түннүк олорторон, ол быыһыгар атын сиртэн уола хаайыыга түбэспитигэр кэлбит аҕа, онто наркотик курдук ыар буруйга тутуллан СИЗО-ҕа сытарын билэн таһаара сатаабыппын, аҕата, кырдьаҕас киһи, ытыар диэри көрдөһөн олордубут түгэним баара. Туора сиртэн кэлбит утуйар таҥаһа-саба суох, туттар мала эмиэ мэлигир этэ. Аһынан суорҕаҥҥа, сыттыкка тиийэ биэрбитим, барарыгар оннооҕор эргэ тэлэбиисэрбин ылбыт этэ. Киһи да күлэр, ханна баарын булан туура тутан ылан кэлбитим. Атын дьон эмиэ көрүө турдаҕа дии. Дьэ ити курдук, куортамныыр дьон кулгаах-харах буола сылдьыаххытын наада, дьиэбитин туттардыбыт да бүтэр диэн олох сыыһа эбит. Ыалларгытын кытта эбэһээт билсиҥ, төлөпүөҥҥүтүн хайаан да биэрэн, айдаан, охсуһуу тахсар түгэнигэр тута эрийэн биллэриҥ диэн көрдөһүҥ, табыллан олорбот буоллахтарына, үүрэн таһаараҕыт. Уонна кэлэ-бара бэрэбиэркэлии сылдьыҥ.

 

Суут 20 тыһыынчаны уураахтаата

Дьокуускай куораттааҕы суут бэс ыйын 7 күнүгэр эмсэҕэлэнээччи туһугар 20 000 солкуобайы, ону тэҥэ 5 тыһыынча ыстараабы дьиэ хаһаайыныттан, кини кыбартыыратын сэргэстэһэ олорор киһиттэн туура тутан ылла. Хаһаайын дьиэтин суукканан дьоҥҥо уларсар эбит. Суукка түһэриллибит ирдэбил төрүөтүнэн гражданнар түүҥҥү кэмҥэ чуумпуну кэһиилэрэ буолбут. Дьокуускай куорат административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов иһитиннэрбитинэн, кыбартыыра бас билээччитигэр боротокуолу Губин уокуругун быраабатын юриһа Туяра Николаева оҥорбут, куорат Административнай хамыыһыйата бу уурааҕы өйөөбүт.

 

“Бастаан дьиэ бас билээччитин 5 000 солкуобайынан ыстарааптаабыппыт, оттон суут эбии моральнай хоромньу быһыытынан 20 000 солкуобайы эптэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн гражданнар чуумпу олохторун кэһии иһин бу бастакы уураах”, — диэн бэлиэтээтэ Феликс Антонов.

 

Дьиэ куортамнааччылар, маны тутуһуҥ!

Гражданнар сынньалаҥнарын уонна чуумпу кэми кэһии иһин эппиэтинэс СӨ 3.5 КоАП ыстатыйанан көрүллэр. Гражданин бу ыстатыйанан 1 000 – 5 000 солкуобайга диэри ыстарааптаныан сөп, дуоһунастаах сирэйдэр уонна предпринимателлэр 10 000 – 50 000 солкуобайга диэри, тэрилтэлэр уонна тэриллиилэр 50 000 – 250 000 солкуобайга диэри.

Гражданин сынньалаҥын уонна чуумпу кэмин кэһиигэ киирэллэр:

1) улахан тыаһы-ууһу таһаарар тэриллэр;

2) музыкальнай инструменнарга оонньооһун, ыһыы-хаһыы, иһиирии, ырыа-тойук, ону таһынан тыаһы-ууһу таһаарар атын да хамсаныылар;

3) пиротехническай тэриллэри туһаныы;

4) түүҥҥү өттүгэр дьон сынньалаҥын уонна чуумпу олоҕун аймыыр тутуу уонна өрөмүөн үлэлэрэ;

5) түүҥҥү өттүгэр дьон сынньалаҥын уонна чуумпутун кэһэр атын да хамсаныылар.

Манна олоҕуран, ааҕааччыларга, ордук дьиэ куортамнааччыларга анаан хас чаастан айдаарар, айманар тохтуохтааҕын туһунан билиһиннэрдэххэ:

1) Үлэ күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 21 чаастан 8 чааска диэри (бэнидиэнньиктэн бээтинсэни киллэрэн туран);

2) сынньалаҥ күннэргэ (субуота, өрөбүл) 22 чаастан 10 чааска диэри олохтоох бириэмэнэн уонна РФ сокуонунан олохтоммут өрөбүл уона бырааһынньык күннэргэ;

3) олохтоох бириэмэнэн 13 чаастан 15 чааска диэри.

Өскөтүн ыалларыҥ бу ыйыллыбыт кэмнэргэ айдаарар, утуппат буоллахтарына, бастатан туран, полицияҕа үҥсэҕит. Маныаха кыаллар буоллаҕына кинилэр айдааралларын дакаастыыр видео уста сатааҥ. Устууну бэйэҕит кыбартыыраҕытыгар оҥоруҥ, оттон, табыллар буоллаҕына, тыас-уус кэлэр сиригэр, о.э. ааннарыгар тиийэн устаргыт ордук. Бэйэҕитинэн айдаарар ыалларгытыгар киирэн биэримэҥ, уоскута, тохтото сатаамаҥ, полицияны кэтэһэргит ордук. Маны таһынан атын ыалларгытыттан көрдөһүөххүтүн сөп, кинилэр эһиги үҥсүүгүтүгэр туоһу буолалларын курдук. Полиция кэлбитин кэннэ сайабылыанньа суруйаҕыт, быһаараҕыт уонна видеоҕытын биэрэҕит. Устууну мобильнай төлөпүөҥҥэ оҥороргут үчүгэй, тоҕо диэтэххэ күнүн-дьылын, чааһын көрдөрөр, бу эһиги түбэлтэҕитигэр сүрүн төрүөт буолар.

Ол кэннэ матырыйаал управаҕа боротокуол оҥоруутугар бэриллэр. РФ Олох-дьаһах Кодексатын 30 ыстатыйатын 4 чааһыгар олоҕуран дьиэ бас билээччитэ ыалларын сокуоннай интэриэстэрин уонна дьиэҕэ олоруу, туһаныы быраабылаларын тутуһуохтаах, билиэхтээх. Онон, боротокуол дьиэни куортамнаан олорооччулары таһынан дьиэни бас билээччи хаһаайыҥҥа эмиэ оҥоһуллуон сөп.

Боротокуол оҥоһуллубутун кэннэ матырыйаал административнай хамыыһыйаҕа көрүүгэ киирэр. Уураах административнай хамыыһыйаҕа киирэн сокуон күүһүн ылыммытын кэннэ, эмсэҕэлээччи дьэ суукка компенсация ылар инниттэн үҥсүү (иск) түһэрэр. Компенсацияҕа юрист оҥорбут өҥөлөрүн буруйдаах эмиэ төлүүр эбээһинэстээх.

Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 20 000 солкуобай сууманы түүннэри айдаарбыт кыбартыыра хаһаайына төлөөбүтэ бастакы түбэлтэтэ буолла. Манан сиэттэрэн атын да дьон, эмсэҕэлээччи быһыытынан суукка ыалларын үҥсүөхтэрин  сөп эбит диэн түмүккэ кэллибит.

Бу ыстатыйанан ордук тыаттан киирээри сылдьар абитуриеннары, төрөппүттэри, көрдөрө, олоро кэлээччилэри сэрэтиэхпитин баҕарабыт. Куорат киэҥ да буоллар, ыҥырыа уйатын курдук кыбартыыралардаах, элбэх киһи олорор дьиэлэрдээх. Эн манна чааһынай дьиэҥ курдук айдаарыа, ыллыа-туойуо, дьону мунньуо суохтааххын. Туох үчүгэйэ кэлиэй, үөрэххэ киирээри сылдьан полицияҕа түбэһэр, саат-суут буолан ыстараап төлүүр, ону да төрөппүттэр төлүүллэрэ биллэр. Онон бу сүбэлэрбитин, суруйуубутун ааҕан, бэйэҕит эрэ буолбакка, киэҥ эйгэҕэ ыыталаан, билэр дьоҥҥутугар тарҕаттаххытына, элбэх киһини өйдөтөр суолга киллэриэххит диэн эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...