10.11.2022 | 13:30

«Түөлбэм олоҥхотун уран тыла ийэм үүтүнүү минньигэс»

Бүгүҥҥү балаһабытыгар Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, элбэх бэлиэ, мэтээл хаһаайката, олоҥхону толорооччу, Былатыан Ойуунускай аатынан Норуодунай тыйаатыр артыыһа, сыана бэтэрээнэ Валентина Петровна Харайданова-Эбээ Валя ыалдьыттыыр.
«Түөлбэм олоҥхотун уран тыла ийэм үүтүнүү минньигэс»
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Ыра санаам ыллыгынан

— Валентина Петровна, ааспыты ахтан ааһыах эрэ. Төрөөбүт дойдугуттан саҕалаан хаһан, ханна күн сирин көрбүккүн ааҕааччыларга сэһэргээ.

— Мин 1943 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр талыы-талба Тааттаҕа, сурукка суруллар, кэпсээҥҥэ кэпсэнэр Дьохсоҕон “Кыһыл Күүһүгэр” төрөөбүтүм. Ийэм Мария Хрисанфовна Итирикова, аҕам Петр Егорович эһэтигэр Мыйыкы Ууска иитиллэн Кривошапкин. Оччолорго олох хаачыстыбата мөлтөҕө, биир таҥаһынан сылдьарбыт. Этэргэ дылы, киэһэ утуйдахпытына таҥаспытын сууйаллара уонна ити биир таҥаспытын сылы сыллаан, илдьирийиэр диэри кэтэрбит. Олохпут кэлин, 70-с сылларга көммүтэ. Аҕа саастаах көлүөнэ өйдүүр буолуохтаах.

— Оччолорго холкуоска үлэлээтэҕиҥ?

Биһиги төрүөхпүтүттэн холкуос этэ. Олох лаппа көммүтүгэр, саҥа сайдыы кэрдиис кэмигэр, холкуостарбыт сопхуос диэн ааттаммыттара. Оскуола кэнниттэн, дьиҥинэн, культпроссвет училищетыгар үөрэнэ киирбитим ээ. Тугу ыйыппыттарын, оҥортороллорун барытын толорон испитим. Син барсыа диэбиттэрэ быһыылаах, тута үөрэххэ ылбыттара. Ол эрээри ийэм улаханнык ыарытыйан, дойдубар төннүбүтүм. Кэлээт, холкуоска торбос көрүүтүгэр үлэҕэ киирбитим. Икки хараҥаны тэҥниир үлэ саҕаламмыта. Оччолорго эдэр буолан улаханнык ыарырҕатыы суох. Нэһилиэк тэрээһиннэригэр барытыгар кыттаҕын. Киһи барыта үлэлээх, үөрэ-көтө олорорбут. Биэнсийэҕэ сопхуостан тахсыбытым.

— Оҕо сылдьан ким буолар ыра санаалаах этигиний?

— Алын кылаастарга Егор Иванович Васильев үөрэппитэ. Ырыа уруогар үксүн кэриэтэ байыаннай ырыалары үөрэтэрэ. Ыллыырбын олох сөбүлээбэт, ахсарбат этим. Төрдүс кылааска оскуолаттан чугас олорбуппут. Этэргэ дылы, быһыт эрэ нөҥүө. Аргыый аҕай хааман иһэн “уу, арай манна куораттар кэлэн артыыс үөрэҕэр таллыннар, драма артыыһын үөрэҕэр барыам этэ. Барыта 25 оҕолонуом” дии саныырым. Ыра санаам туолан, биир бэйэм биир алаас толору киһи буоллум. Драма артыыһа буолбатаҕым, ол эрээри олоҕум 62 сылын сыанаҕа анаатым.

Оччолорго куораттар биирдэ эмит кэлэн кулуупка  оонньууллара. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ киһи көрө олоруох курдук олус үчүгэйдик оонньууллара. Ол курдук, Мэхээлэ Мочкин, Михаил Петров, Михаил Сивцев-Ырыа Миисэ, Лидия Тихонова, Капитолина Борисова оонньууларын өйдүүбүн.

 

Ойуунускай хаан аймаҕабын

— Айылҕа эйигин туох идэлээн ыыппытый?

— Ырыаны-тойугу хамаҕатык толорорго анаан ыыппыт дии саныыбын. Хоһоон суруйабын, оһуокайы бу үҥкүүгэ киирээт, тута өйбүттэн эппитинэн барабын. Биир хоһооммор Дьохсоҕонум оҕото Роман Иванов ырыа айан бэлэх уунна. Олоҥхоҕо олох чугаһаабакка сылдьыбытым. Баҕар, кэмэ кэлэ илик эбитэ буолуо. Куурусса чоппуускатыттан үөрэнэр диэбиккэ дылы, биир үтүө күн биэс саастаах сиэним олоҥхо үөрэтэн тэрээһиҥҥэ кыттыбыта. Саалаҕа көрө олорон, хайдах эрэ мин эмиэ толоруохпун сөп эбит диэн санаа көтөн түспүтэ. Онтон ыла уһуктан, суолум арыллан, олоҥхо араас күрэстэригэр, дьоро киэһэлэргэ, ыһыахтарга кыттыбытынан барбытым. Баҕар, утуйа сыппыт өбүгэм хаана уһуктан, кэмэ кэлэн, олоҥхону сөбүлээн толорор буолбутум буолуо.

— Бу дьоҕуруҥ кимтэн бэриллибитин сиһилии кэпсээ эрэ.

— Мин Былатыан Ойуунускай хаан аймаҕабын. Хос эһэм Евграф Афанасьевич уонна Былатыан Ойуунускай аҕата бииргэ төрөөбүттэр. Улуу дьон сыдьааннара буоларбынан эмиэ да киэн тутта, эмиэ да сэрэнэ-сэрбэнэ туттабын. Ол эрээри олоҕу туох баарынан, айылҕам анаабыт дьоҕурунан нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ тэрээһиннэригэр сэмэйдик кыттан кэллим. Кэнэҕэскитин ыччаттарым эбэлэрин туһунан кэпсии, көлүөнэлэригэр сэһэргии сылдьыахтара. Эһэм туһунан “Чолбон” сурунаалга, “Таатта” хаһыакка сырдатан турабын. Өбүгэм дьоҕура кэнчээри ыччаппар бэлэх буолан удьуордуу туруоҕа диэн эрэнэбин.

— Эйигин дьон-сэргэ таптаан Эбээ Валя диэн ааттыыр. Ити ааты ким иҥэрбитэй?

— Дьохсоҕонум олохтооҕо Мария Баснаева “Биһиги Эбээ Валябыт” диэн хаһыакка суруйуоҕуттан саҕаламмыта.Олоҥхону толоруохпуттан элбэх тэрээһиҥҥэ сырыттым. Кыттааччылар, ыалдьыттар, көрөөччүлэр Эбээ Валя диэн ыҥырар буолбуттара, сыыйа иҥэн, аны итинтэн атыннык ааттаабаттар. Кырдьыга да, эбээ буоллаҕым, өссө аһара баран хос эбээ үрдүк аатын сүгэбин. Ытыһым тарбахтарын хас да төгүл ааҕа сиэннэрдээхпин,  хос сиэннэрдээхпин. Кинилэри олоҥхону толорорго үөрэтэбин. Биир олоҥхону ылан наардаан, куолаһынан арааран, куолаан толоробут. Сиэннэр да сөбүлээн толороллор. “Удьуор утума” диэн бөлөхтөөхпүт.

— Ханнык олоҥхону  толороргун сөбүлүүгүнүй? Ким кынаттаан сүбэ-ама буолбутай?

Таатта – олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит сирдэрэ, онон түөлбэм олоҥхотун уран тыла, оһуордаах ойуута ийэм үүтүнүү минньигэс уонна чугас буоллаҕа. Билиҥҥи кэмҥэ Акулина Егасова-Дьохсоҕон кыыһын олоҥхолорун толорон кэллим. Өйбөр дэбигэстик киирэр, салгыбакка үөрэтэбин.

Атын турукка киирэбин

— Дьохсоҕон сиригэр-уотугар былыр-былыргыттан ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттар, айылҕаттан айдарыылаахтар үөскээбиттэрэ. Күн бүгүн нэһилиэккитигэр олоҥхо тула туох үлэ барарый?

— Нэһилиэкпитигэр Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ Изабелла Жараева, Анна Константинова, оскуола салалтата биир санаанан ситимнээхтик үлэлииллэр. Ол курдук “Дьохсоҕон олоҥхоһуттара” олоҥхо бөлөҕө үлэлиир. Онно нэһилиэкпит баһылыга, аатырбыт олоҥхоһут Уот Хойостоон сиэнэ Петр Захаров бэйэтинэн олоҥхолуур. Көрүөххэ, истиэххэ олус үчүгэй.

Түгэнинэн туһанан, дьоҕурбун уһугуннарбыт, олоҥхоҕо сирдээбит нэһилиэк библиотекара Галина Другинаҕа, тыл сүмэтин таба саҥарарга, ыллыырга үөрэппит Светлана Архиповаҕа, “Удьурхай” олоҥхо   бөлөҕүн салайааччыта Раиса Марковаҕа, олоҥхону суруйар Акулина Егасова-Дьохсоҕон кыыһыгар махталбын тиэрдэбин. Нэһилиэкпит бөлөҕө кэккэ сылларга улахан ситиһиилэри, кыайыылары аҕалла. Ол курдук, 2015 сыллаахха Афанасий Попов салайыытынан тэриллибит олоҥхо бөлөҕө 2016 с. Дьокуускай куоракка “Арчы дьиэтигэр” лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. 2017 с. Бүлүү улууһугар бөлөҕүнэн иккис истиэпэннээх лауреат, “Арчы дьиэтигэр”  1-кы истиэпэннээх лауреат, 2018 с.  Алдан куоракка бөлөххө анал аат, 2019 с. Уус Алдан  улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр бөлөҕүнэн  1-кы истиэпэннээх лауреат, 2019 с. Чурапчы улууһун Мырыла нэһилиэгэр бөлөҕүнэн  1-кы истиэпэннээх лауреат, Афанасий Николаевич  соҕотохтуу толорууга 1-кы миэстэ, “Арчы дьиэтигэр” “Кылаан бириис”, мин анал аат буолбуппут. Эмиэ ити сыл Чөркөөххө П.Е. Решетников-Көһөҥө Бүөтүргэ аналлаах ыһыахха “Кылаан чыпчаалы” ылбыппыт, 2022 с. Үөһээ Бүлүүгэ бөлөҕүнэн бастаабыппыт. Салайааччыбыт Афанасий Попов удьуордаан ырыаһыт, айылҕаттан үчүгэй куоластаах оһуохайдьыт, олоҥхону толорооччу. “Олоҥхо ыһыаҕын” олоҥхону толорууга  “Кылаан чыпчаал”  хаһаайына.

— Олоҥхо суолтата туохха сытарый?

— Бу олоҕу кэпсиир айымньы. Киһи орто дойдуга айыллан кэлиититтэн саҕалаан, күннэтэ олох туһугар охсуһар, айар-тутар. Олоҥхону толорорбор, олоҥхону истэрбэр атын турукка киирэбин, бу олохтон тэйэн, олоҥхо дойдутугар баар буола түһэбин. Оннук күүстээх алыптаах, аптаах айымньы. Ол иһин уран тыл уустара тыл баайын туһанан, түгэҕэ биллибэт тыл куйаарыгар умсан, хас эмит күннээх түүн устата тохтоло суох ааҕан, туойан эрдэхтэрэ. Олоҥхом суолунан Чурапчынан, Уус Алданынан, Өймөкөөнүнэн, Үөһээ Бүлүүнэн сырыттым. Өссө да айанныыр санаалаахпын.

— Өссө тугунан дьарыктанаҕын?

— Этэҥҥэ олордоххо, сыл-хонук түргэнник ааһар. Кэргэним Иван Григорьевич Харайдановтыын үчүгэй олоҕу олорбутум. Кэпсээҥҥэ кэпсэнэр “дружбист” этэ. Аҕабыт миигинэн олорбута, сүрдээх көнө, үчүгэй майгылааҕа. Оҕолорбутун сүтэрии курдук ыар сүтүгү өйөһөн-өйдөһөн туораабыппыт. Кэргэним олохтон туораабытын кэннэ кыргыттарым, кийииттэрим, күтүөттэрим далбардарыгар сымнаҕастык олоробун. Улуус киинигэр кыра кыыһым аахха баарбын. Күннээҕи аһы астыы, сиэннэрбин олоҥхоҕо уһуйа, үөрэхтэн-үлэттэн кэлэллэрин кэтэһэ, күннэтэ саҥа күнү үөрүүнэн көрсө олоробун. Кырдьаҕас киһиэхэ, ама, онтон ордук дьол баар үһү?

— Эбээ Валя, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Олоҥхоҕо кэпсэнэр Орто дойду олоҕун кэрэтэ өссө да уһун сылларга аргыс буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...