18.06.2021 | 19:46

Төлөн: «Кэрэни туойарбыттан дуоһуйабын»

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ балаһабар дьоруой көрдөөн биир дойдулаахпар, буолаары буолан ийэм төрөөбүт сириттэн төрүттээх, Өнөр Эбэтэ дуо дэппит Уус Алдан улууһун биир кэрэ-мааны айылҕалаах, дьэдьэн, хаптаҕас силигилии үүнэр, сардаана сибэккинэн симэммит алаастардаах, лэһигирэс көмүс хатырыктааҕынан аатырбыт Өнөртөн төрүттээх киһини дьүөгэм булан биэрдэ. Онон, билсиҥ, хоһоон хонуутугар хорутуулаахтык суруйар, оһохчут быһыытынан улууһугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар ыҥырыыга сылдьар Гаврил Гаврильевич Черноградскай-Төлөн.

Эрдэ тулаайах хаалбытым

Ийэкээм, эйиигин ахтабын

Минньигэс түүлбэр эн киирэҥҥин

Миигинниин сэлэһэн ааспаккын,

Мичээриҥ алыбын бэлэхтээн

Мин түүлбүн иччилээн ааспаккын?

 

Ийэкээм, эйигин ахтарбын.

Этиэҕим мин түүлбэр кэллэргин,

Иһирэх сүбэҕэр махталбын

Эйиэхэ эрэ мин сипсийиэм.

 

Ириҥэ сааспыттан биһиктээн

Ииппитиҥ эн миигин бүөбэйдээн,

Истибэт, мэниктиир да кэммэр

Имнэнэн алҕаспын  быһааран.

 

Күнтэн күн элэҥниир олохпор

Көрбүтүм араас түгэннэри

Күөнэхтээн да, күннээн да ылбытым,

Көп буорга умса да түһэрим.

 

Эн ыраас тапталгар уйдаран

Эҥэрбэр бигэтик эрэнэн,

Эрэйтэн-эрииртэн күүһүрэн

Эрчимнээх эппинэн бигэбин.

 

Мин 1972 сыллаахха Анна Николаевна, Гаврил Петрович Черноградскайдар диэн ыалга тохсус, оһоҕос түгэҕэ оҕонон күн сирин көрбүтүм.

Ийэм Анна Николаевна үйэтин тухары ыанньыксыт, аҕам Гаврил Петрович киһини билиэхпиттэн инбэлиит этэ. Алталаахпар күн сириттэн барбыта. Мин өйдүүрбүнэн орон-тэллэх киһитэ этэ. Ийэм ол курдук тоҕус оҕолоох огдообо хаалан баран, 1982 сыллаахха мин 10 саастаахпар бу күн сириттэн күрэммитэ.

Миигин аҕам ийэтэ, эбэм Анна Ананьевна кыыһынаан Мария Петровналыын ииппитэ. Мин үрдүнээҕи убайдаах эдьиийбин эмиэ Мария Петровналаах ииппиттэрэ. Миигин кыра киһини кинилэргэ ханыы гына ылбыттара. Эдьиийбит нуучча тылын учуутала этэ, биэнсийэҕэ тахсан баран кэлин продленнай группаҕа салайааччынан үлэлээбитэ.

Оттон улахаттар син оннуларын-тойдорун, олохторун булбуттар этэ.

Оҕо сааһым оччотооҕу оҕолор курдук улахан туох да уратыта суох ааспыта. Сайынын моой оттооһун, күһүҥҥүттэн үөрэх. Онтон 8-с кылааһы бүтэрэн баран Одьулууҥҥа СПТУ-га тырахтарыыс кууруһугар үс сыл үөрэммитим. Биир табаарыспын кытта барбытым, киһим ситэ үөрэммэккэ быраҕан төннүбүтэ. Быыкаа оҕо эрдэхпиттэн тырахтарыыс буолар улахан баҕа санаалаах этим. Тоҕо эбитэ буолла, массыынанан суоппардаах буолбакка, тыраахтардаах оонньуур этим. Тыраахтардарга ыйаастан кабина иһигэр олорсон айанныырбын, тыаһын-ууһун олус астынар этим.

Ол курдук 18 сааспын туоларбар саас үөрэхпин бүтэрбитим. Онтон 1991 сыллаахха дойдубар кэлэммин “Дүпсүн” сопхуоска үлэлии киирбитим. Онтон тута “Өнөр” туһунан арахсан сопхуос буолбута, онно үлэлии хаалбытым. Дьэ, ити кэмнэргэ ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаламмыта, бааһынай хаһаайыстыбаларынан тарҕаһыы буолбута. Мин бааһынайдарга быстах үлэлии сылдьыбытым. Ол быыһыгар ыанньыксыттаабытым, тырахтарыыстыырым, хачыгаардыы да сылдьыбытым, туох үлэ баарынан барытыгар ылсан иһэрим.

Истиэнэ араадьыйата хоһооҥҥо угуйбута

Өнөрбөр эргиллиэм

Көрөбүн харахпын симтэрбин,

Эйигин төрөөбүт алааспын.

Көтөбүн көп түүлбэр уйдаран,

Эн кэрэ иэннэргэр кэрийэ.

 

Көрсөбүн мин онно кэрэни,

Күн сырдык тырымын ырааһын,

Көрөбүн Эбэ күөл дьиримин,

Күөх сыһыым симэммит симэҕин.

 

Уһуктаат эйигин ахтабын,

Улааппыт Өнөрүм сыһыытын,

Уһун суол дыргыллар утаҕын

Атаара далбаатыыр хатыҥмын.

 

Ахтылҕан аартыгын арыйан

Эргиллиэм төрөөбүт алааспар,

Астына далбаатыы көрсүөҕэ,

Чэчирии тупсубут хатыҥым.

 

Бары да өйдүүрбүт буолуо, сэбиэскэй кэмҥэ ыал аайы истиэнэ араадьыйата баар буолар этэ. Аҕам инбэлиит, ийэм ииппит ийэтэ эмиэ инбэлиит кырдьаҕас эмээхсин биир дьиэҕэ сыталлара. Миигин кинилэргэ доҕор, сүүрэр атах, чэй кутар киһи диэн дьиэҕэ хааллараллара. Ол саҕана 5-6 саастаахпар буолуо, араадьыйа саҥардаҕына, хоһоону аахтахтарына тэбис-тэҥҥэ добдугураччы аахсар этим. Күн өрүү-өрүү хатылыыллар, ол сылдьан сорох хоһооннору нойосуус аахсабын. Ол курдук оскуолаҕа киириэм инниттэн рифманан бэйэм айар буолбутум. Үөрэнэ илик буолан сатаан суруйбаппын, испэр бэллигириибин, буукуба диэни билбэппин. Дьонум утуйа сыталлар, оонньуу сатыыбын, чуҥкуйабын, ол быыһыгар ааҕа сылдьабын. Биллэн турар, билигин онтон тугу да өйдөөбөппүн. Араадьыйаны хантайан туран бэллигириирбин өйдүүбүн. Онтон оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 4-с эҥин кылааска быһыылаах этэ, эмискэ киирбит иэйиибин суруйа үөрэммитим. Оҕо үөрэнэр тэтэрээтин бүтэһик страницатын марайдыыр, уруһуйдуур дии, мин эмиэ оннук кэнники илиискэ хоһооннорбун суруйар этим.

Кылааска тэтэрээт, учебник ырааһын көрүү буолара, онно саха тылын учуутала мин тэтэрээппин марайын кылаас чааска ырытаары сылдьан хоһоон суруйарбын бэлиэтии көрөн атын учууталларга эппит этэ. Онтон дьэ литературнай куруһуокка сылдьыбытым. “Бэлэм буолга” иккитэ хаста бэчээттэммитим, оскуолаҕа истиэнэ хаһыатыгар эмиэ хоһоонум бэчээттэнэр этэ.

Ол кэннэ СПТУ-га үөрэнэ тиийбиппэр арай “Бэлэм буол” хаһыаттан эҕэрдэ кэлбитэ, Одьулууҥҥа аадырыстаабыттар этэ. Өнөргө ыыппыттарын аадырыспын юнкордар биэрбиттэр эбит. Ол курдук поэт аатыран хаалбытым, бастаан утаа кыбыстар этим. Онтон кэлин үөрэнэн хоһооннорбун суруйан барбытым.

Кэлин үлэһит буолан баран тыраахтарбар тэтэрээт илдьэ сылдьар этим. Эмискэ иэйии көтөн түстэҕинэ үлэлии сылдьар буоллахпына өйбөр тута сатыыбын, үксүн ыһыллан хаалар, кэлин хаттаан ол иэйииҥ ис хоһооно биллэр буолан баран, тылы сааһылыырга эрэйи көрсөҕүн. Эмискэ киирэн хаалбыт иэйии ыһылыннаҕына хаттаан киирбэт эбит.

Билигин бассаап үөдүйэн хоһоонньуттар туһунан бөлөхтөөхпүт. Онно үксүн бэйэбит тута хоһуйбуппутун ыытабыт, бастаан ырытыһар этибит, билигин бэйэ-бэйэбитин кытта билсэбит, эҕэрдэлэһэбит, ким кинигэ таһаарда, туох тэрээһиҥҥэ сырытта диэн сонуммутун үллэстэбит. Арыпыана, Сыралыма Кыракый, Хоһуунай о.д.а. биир кэмҥэ айа-тута сылдьарбытыттан бэйэм дьоллоох курдук сананабын.

Хоһооннорум тиэмэлэрэ үксүн айылҕаны хоһуйуу, дойдуга таптал уонна оҕолорго анаан суруйааччыбын. Эдэр сылдьан сакааһынан анабыл хоһооннору суруйар этим. Билигин оннукка киһи иэйиитэ ыһыллар диэн суруйбат буолбутум.

Олохпор төрүкүттэн оптимиспын, куһаҕан санааны хам баттаан, лирическэй өрө көтөҕүллүүлээх буоларбын бэйэм бэйэбиттэн ирдиибин. Санааны сайҕыыр, киһи санаатын чэпчэтэн кэбиһэр хоһооннору айабын, ол иһин айылҕаны, кыылы-сүөлү хоһуйабын, олоххо тапталы ыччакка тиэрдэ сатыыбын. Кэрэни туойарбын астынабын, санаам онтон көтөҕүллэр.

 

Уон биир сааспар оһоҕу өрөмүөннэспитим

 

Таһаам кыратын көрүмэҥ...

Киппэ эҥин буолары

Кимтэн билиэх эбиппин,

Хороллон да уһуоҕу

Хоруйун хантан булуомуй.

 

Кута-мата таһааланан

Куталдьыһа устуоҕу,

Хаарыан харыс үрдүөҕү,

Хантан эбиниэх эбиппин.

 

Ийэ бэрсэн ииппитинэн,

Эчи бэйэм иҥэрдэҕим,

Аҕам айан таһаарбытын

Адьас антах аспатарбыан.

 

Хата кыра уҥуохтаахпар,

Хайа уонна дьарамайбар,

Ханна баҕар батарбар,

Хайаан сириэҥ эбитэй.

 

Оччо кыра да буоламмын,

Ону-маны сатыыбын.

Туохтан толло барбаккабын,

Толоро ылсан иһээхтиибин.

 

Таһаам чарааһын мыынымааҥ,

Талар-сирэр буолумааҥ,

Хата бэйэм көрүөҕүм,

Харахтатан ырытыам...

 

Урут эбэм аахха кырдьаҕас оһохчут оһохпутун көтүрэн баран оҥороругар эбэм онно көмөлөс диэн сыһыарбыта. Ити 11 саастаахпар этэ. Ол кэннэ 12 сааспар эбэбин кытта, кини ыйан-кэрдэн биэриитинэн, оһохпун бэйэм өрөмүөннээбитим, оттуллар сирин саккыраабыт кирпииччэлэрин уларытан.

Онтон СПТУ-га Чурапчыга үөрэнэ тиийбиппэр, тулаайахтары ыалга олордор, дьиэтээҕи усулуобуйаны биллиннэр диэн бырагыраама баар эбит этэ. Онон СПТУ-га кастеляншанан үлэлиир Евдокия Ивановнаҕа олохтообуттара. Ийэтэ Мааппа диэн этэ. Наһаа боростуой дьон этилэр, миэхэ истиҥник сыһыаннаспыттара. Эр киһилэрэ суох этэ. Евдокия Ивановна убайа кадровай булчут, Уус Майанан сылдьар этэ, онон мууска-маска көмө буолбутум. Онно тиийэн балаҕан ыйыгар оһохторун өрөмүөннээбитим. Онтубут буруолаабакка-тараалаабакка этэҥҥэ кыстаппыта. Ол кэннэ, бука дьиэлээх дьонум үөрэн, астынан кэпсээтэхтэрэ буолуо, кырдьаҕастар көрдөһөн, соруйсан аҕыйах ыалга оһох өрөмүөннээбитим. 1993-1994 сылларга Тулагыга сайын харчылаһа диэн оһох оҥоруутугар үлэлээбитим. Онтон ыла оһоххо күүскэ ылсан киирэн барбытым. Оҥорбут оһоҕум ахсаана буолунай. Аҥаардас каминнарым, мааны оһохторум, көмүлүөктэр, мангаллар, киэргэл оһохтор 200–тэн таҕыста. Күһүөрү сезоммун сабарым саҕана кирпииччэни көрө-көрө сүрэҕим ытырбахтыыр буолар. Оччо салҕабын, сылайабын.

Бастакы каминнарбын саҥа үйэҕэ үктэнэн баран 2000 сыллаахтан саҕалаабытым. Оччолорго оройуоммар камиҥҥа муода арыйбытым. Мүрү Эбэ иһигэр Бороҕоҥҥо эрэ буолбакка, Мындаабанан, Чараҥынан сылдьыбытым. Барыта эриэ-дэхси буолбат, хаһаайын хайдаҕыттан, сорохтор санаалара-оноолоро чэпчэки буоллаҕына күнүҥ-дьылыҥ барбыта биллибэккэ оһоҕун бүтэн хаалар. Киһи бэйэтэ санаата чэпчиир курдук табыллар. Биир эмэ ыарахан, сүр баттыыр киһи баар буолар. Тугу оҥорбуккун астыммат, бириинчик, олор киэнэ төрүт табыллааччыта суох. Кистэл буолбатах, ууска, оһохчукка, иистэнньэҥҥэ да барыларыгар итинник баар.

Дьиэ кэргэним

Кэргэним

Эйиэхэ тапталга омуннук күөдьүйэн,

Уохтаах алыпка ылларан,

Этиэхтээх тылларбын мин кыайан эппэккэ,

Талбаара таалан турабын.

 

Талбаарай тапталым,

Анаммыт аанньалым

Эн эрэ миэнэ буолаҕын,

Эйигинэн мин дьоллоохпун.

 

Күөх түүлүм туллуга – күөх күнүм аргыһа,

Күнүм да күөрэйэр эйигиттэн.

Харахпын сымнатар аналлаах атаһым,

Ханна да тиийдэрбин ахтабын.

 

Кэрэчээн биэбэйбэр анааммын ырыабын,

Күннүүн да түүннүүн да ыллыаҕым.

Кэтэһэн дьиэбэр куруутун угуйар,

Күн тэҥэ киһим – кэргэним...

 

Кэргэним Ия диэн Уус Алдан Тумул нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьиибэтэ диэн эмиэ Черноградскайдар диэн ыалга мин курдук тохсус оҕонон күн сирин көрбүт. Аҕата эмиэ тырахтарыыс эбит. Биһиги Бороҕоҥҥо билсибиппит. Ыйтан эрэ ордук билсэн баран таптал кутаа уотугар умайан холбоһуохха диэн ыал буолбуппут.

Үс оҕолоохпут, икки улаханым ыал буоллулар, улахан кыыс Соня Бэрдьигэстээххэ, музейга үлэлиир. Бэс Күөлүгэр кийиит, былырыын баччаҕа сиэн көрдөрбүттэрэ, иккис кыыс Сааскылаана былырыын эргэ тахсыбыта. Бэйэбин кытта сылдьан оһох тутарбар көмөлөһөр этэ. Билигин Дьокуускайга олороллор. Кырабыт, туйах хатарааччым Сергей, армияттан саҥардыы кэлбитэ.

Кэргэним инбэлиит, билигин уолбунаан хаалбыта. Наар ыҥырыынан айан үрдүгэр сылдьабын. Ийэлэрин кыргыттара көрөөччүлэр, оччоҕо быдан эрэх-турах сылдьаҕын. Быйыл наһаа хаайтардым, билигин да сакаастарбар кыайан барбакка сылдьабын. Хаҥалаһынан, куоратынан сакаастаахпын, Эдьигээҥҥэ кытта ыҥырбыттара.

Билигин бу да сылдьан дьоммун кытта билсибэтэхпинэ санаам буолбат. Онон кыһалҕам, санаам-оноом барыта кинилэргэ, дьоммор, дьиэбэр.

 

Ити курдук Гаврил миигин кытта быыс булан кэпсэтэригэр бэйэтэ эмиэ атын кыһалҕалаах сылдьара. Онон кытаанах санааны, тулууру баҕарабын, дьиэ кэргэниҥ этэҥҥэ буолуохтун, айар талааҥҥын дьон биһирээтин, төһө да олоххор ыарахаттары көрүстэргин, айар бөрүөҥ сыппаабатын, хоһоонноруҥ үрүҥ холууп буолан көттүннэр, дьону-сэргэни үөрдэ турдуннар, айыыларыҥ харыстыы, араҥаччылыы сырыттыннар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...