23.12.2022 | 17:00

Үтүө киһи туһунан ахтан-санаан аастахха...

Быйыл, ахсынньы 10 күнүгэр, Дьокуускай куоракка сэбиэскэй партийнай салайааччы, 1951-1965 сылларга Саха сиринээҕи партия обкомун бастакы сэкирэтээрэ Семен Захарович Борисов пааматынньыгын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы буолла. Пааматынньык ааптара – скульптор Афанасий Романов.
Үтүө киһи туһунан ахтан-санаан аастахха...
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ыллылар. Ил Дархан бэйэтин эҕэрдэ тылыгар Саха АССР 100 сылыгар, Саха сиригэр уонна Сэбиэскэй Сойууска алмаас промышленнаһа сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит Семен Борисовка пааматынньык туруоруллубута бэлиэ түгэн буолла диэтэ.

Пааматынньык парламентарийдар, Олохтоох дьаһалта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уопсастыбаннаһын өйөбүллэринэн туруорулунна. Куорат баһылыга Евгений Григорьев онно көхтөөх кыттыыны ылбыт уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэригэр махталын биллэрдэ. «Алмаас промышленнаһа өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа инники кирбиигэ сылдьар регионнарыттан биирдэстэрэ буоларыгар олук уурбута. Итини төрүттээбит чулуу дьон ортотугар Семен Захарович Борисов баар», — диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

 

Үөрэҕи, үлэни өрө тутан

Саха сиригэр алмаас промышленнаһа олохтоноругар, сайдарыгар, Мииринэй куорат, байытар фабрикалар уонна карьердар тутууларыгар улахан кылаатын киллэрбит Семен Захарович Борисов 1911 сыллаахха атырдьах 24 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тыыллыма нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. 1918 сыллаахха I-кы Тыыллыма 4 кылаастаах оскуолатыгар киирбитэ уонна 1922 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. 1923-1925 сылларга Ороссолуода 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, 1926-1929 сылларга Дьокуускайдааҕы II-с сүһүөх оскуолатыгар үөрэммитэ.

Кини Москва куоракка ЦИК иһинэн Сэбиэскэй тутуу үрдүкү куурустарыгар үөрэммитэ. 1951 сылга диэри Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, 1965 сылга диэри –ССКП обкомун бастакы сэкирэтээрэ, онтон 1969 сылга диэри – РСФСР Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин хотугу оройуоннарынан сүбэһитэ. Семен Захарович Ленин икки уордьанынан, үс Үлэ Кыһыл Знамятын уонна «Бочуот знага» уордьаннарынан уонна ССРС элбэх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

 

Өрөспүүбүлүкэ бары салааларын сайыннарыыга

 Семен Борисов төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин экономикатын, үөрэҕириитин, доруобуйатын харыстабылын уонна култууратын сайдыытыгар улахан оруоллаах. Ол курдук, кини Өлүөнэ өрүс пароходствотын итиэннэ Осетровоҕа, Киренскэйгэ, Пеледуйга, Жатайга баар базаларын материальнай-техническэй салааларын бөҕөргөтүүгэ сыралаахтык үлэлээбитэ. Кини үлэлиир кэмигэр Тиксиигэ уонна Черскэйгэ муора пуортарын тутуута, энергетика сайдыыта, Депутатскайдааҕы ГОК тутуута саҕаламмыта, Алдаҥҥа уонна Индигиркаҕа кыһыл көмүс хостооһуна кэҥээбитэ. 1947 сыллаахха ССРС Наукаларын академиятын Дьокуускайдааҕы базата төрүттэммитэ, 1956 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университета арыллыбыта, кэккэ научнай-чинчийэр институттар төрүттэммиттэрэ. Семен Захарович сэллик уонна трахома курдук уустук ыарыылары кытта охсуһууну тэтимирдибитэ.

Сырдык өйдөбүл – дьон сүрэҕэр

Семен Захарович туруоруммут сыалын булгуччу ситиһэр дьулуурдаах, күүстээх, хорсун майгылаах киһи этэ. Кини туһунан СӨ бочуоттаах олохтооҕо, олоҕун үгүс сылын алмаас промышленнаһын сайдыытыгар анаабыт Иван Демьянов маннык ахтар: «Үлэбинэн Мииринэйгэ кэлэр салайааччылары көрсүүнү, арыаллааһыны тэрийэр этим. Семен Захарович Борисовы уонна кини кэргэнэ Марияны ураты ытыктабылынан саныыбын. 2016 сыллаахха Мииринэйгэ Семен Борисовка өйдөбүнньүк дуоската туруоруллубута. Кини, күндү таас Саха АССР социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан суолтатын өйдүүр буолан, Саха сиригэр алмаас промышленнаһа атаҕар турарыгар, сайдарыгар сүдү кылаатын киллэрбитэ. Алмааһы көрдөөһүн саҕаламмытыгар геологтары наһаа өйөөбүтэ.

Семен Борисов «Якуталмаз» трест тэриллиитин түргэтэппитэ. Өҥнөөх металлургия министиэристибэтэ ол кэмҥэ дойдуга алмааһы хостуур промышленнаһы тэрийэр санаата суоҕа, кэнники болдьоххо сыҕарытан иһэрэ. 1956 сыллаахха Семен Захарович аан бастаан саха алмаастарын Москваҕа илдьэ баран, партия Киин кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Никита Сергеевич Хрущевка көрдөрбүтэ, онтон партия Киин кэмитиэтин пленумугар тыл эппитэ. Пленум быһаарыытынан, икки ый буолан баран Өҥнөөх металлургия министиэристибэтин Саха сиригэр бастакы алмааһы хостуур трест – «Якуталмаз» тэриллэрин туһунан уурааҕа тахсыбыта».

Семен Борисов туһунан Вячеслав Штыров элбэхтик иһирэх тылынан ахтыбыта: «Семен Захарович хорсун майгылаах киһи этэ. Кини өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын сүрүн кыһалҕаларын быһаарыыга улахан өҥөлөөх, ол иһигэр тырааныспар, тыа хаһаайыстыбатын, наука, норуот үөрэҕириитин уонна култуура эйгэтин сайдыыларыгар».

 

Хорсун санаанан салайтаран

Саха сирин территориятыгар алмааһы көрдүүр үлэ үтүө түмүктээх буолбутугар кини дойду салалтатыгар тахсыбыта, тоҕо диэтэр оччотооҕу министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччылара түмүк быһаарыыны ылыналларыгар Саха сирэ ырааҕа, тыйыс килиимэтэ, туһааннаах инфраструктура суоҕа салыннарара. Кинилэр санааларын уларытарга дойду салаатын өйөбүлэ наада этэ. Ол сыалы ситиһэргэ Семен Захарович хорсун санаатын киллэрэн, туох да харабыла, арыалдьыта суох 32 бөдөҥ алмааһы Москва куоракка илдьэн, партия Киин кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Никита Сергеевич Хрущевы кытта көрсүһүүнү көҥүллүүллэрин ситиспитэ. Кини икки чааһы быһа Саха сиригэр алмаас промышленнаһын сайыннарыы наадатын, ол дойду туһатыгар буоларын дакаастаан кэпсээбитэ. Түмүккэ Хрущев дьаһалынан сарсыныгар Киин кэмитиэт сэкирэтээрдэрэ, бырабыыталыстыба салалтата уонна интэриэстээх министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччылара баар мунньахтарыгар баар балаһыанньаны сиһилии билиһиннэрбитэ. Семен Борисов этиитин А.Н. Косыгин, М.А. Суслов, А.И. Микоян, Ф.Р. Козлов уо.д.а. өйөөбүттэрэ.

Алмаас промышленнаһын туруулаһыы

Көрсүһүү кэнниттэн Семен Захаровичка «Правда» хаһыакка ыстатыйа суруйарыгар уонна ССКП пленумугар тыл этэригэр кыах биэрбиттэрэ. Ол курдук, кини ыстатыйалара 1956 сыллаахха сэтинньи 2 күнүгэр «Правда», онтон ахсынньы 8 күнүгэр «Советская Россия» хаһыаттарга тахсыбыттара. Пленумҥа ахсынньы 21 күнүгэр кыттыбыта. Ити кэмтэн ыла 66 сыл ааста. Билигин даҕаны Семен Борисов күүстээх санаатын, хорсунун киһи эрэ сөҕөр.

«Киин министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр аппарааттара, бюрократическай аппарааттара диэм этэ, наһаа «үллүбүттэр». Өҥнөөх металлургия министиэристибэтигэр биир үлүгэр. Ол иһин, табаарыстар, киин  аппараат үлэһиттэрин ахсаанын олох аҕыйатар, суһал уонна туһалаах оҥорор ирдэнэр. Өрөспүүбүлүкэлэр норуот хаһаайыстыбата сайдарын кытта сибээстээх кыһалҕаларын бэйэлэрэ быһааралларыгар быраабы биэриэххэ.

Саха сиригэр алмаас баай саппааһын чинчийэн арыйдыбыт диэн үөрэ иһитиннэрэбит. Ити кылгас болдьоххо Аҕа дойду алмаас модун промышленнаһын төрүттүүргэ кыах биэриэҕэ.

Билиҥҥи кэмҥэ алмааһы туһаныы АХШ-ка, биһиги дойдубутугар тэҥнээтэххэ, 50 төгүл элбэх. Ол аата ССРС норуотун хаһаайыстыбатыгар техническэй алмааһы туһанар олус улахан суолталаах. Алмааһы туһаныы үлэ таһаарыытын үрдэтиэҕэ, норуот хаһаайыстыбатын сорох салааларыгар судаарыстыба үбүн оруоскуоттааһыны аҕыйатыаҕа. Алмаас, күндү таас буоларын быһыытынан, судаарыстыба валютнай пуондатын баай төрүтэ буолар кыахтаах. Саха сиригэр алмааһы промышленнай хостооһун себестоимоһа, биир карат алмааска, Уралга биир караты хостуурдааҕар 22 төгүл намыһах», — диэн пленумҥа тыл эппитэ Семен Борисов.

Дакылаатыгар Семен Захарович Саха сиригэр алмаас промышленнаһын сайыннарыыны утарар министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччыларын хаарыйбыта, сыыһаларын ыйбыта. Ити үтүө түмүктээх буолбута. 1957 сыл тохсунньу ыйыгар ССРС өҥнөөх металлургиятын салайааччыта П.Ф. Ломако Семен Борисовы министиэристибэ кэллиэгийэтигэр ыҥыран ылан алмаас бастакы нүөмэрдээх сорук буоларын эппитэ. «Якуталмаз» треһи тэрийэр туһунан уураах ылыныллыбыта.

 

Барыта дьон туһугар

Алмааһы промышленнай хостооһун туһунан уураах олоххо киирбитин кэнниттэн Семен Захарович тоҕус сылы быһа ити салаа боппуруостарынан дьарыктаммыта. Ураты болҕомтону Мииринэйгэ олорор дьиэ тутуутун тэтимирдиигэ уурара. Кини алмааһы хостооччулар, геологтар, тутааччылар, тырааныспар, авиация үлэһиттэрин кыһалҕаларын чугастык ылынара уонна итилэри туоратарга дьаныардаахтык үлэлиирэ.

 

Семен Захарович Борисов бастакы уочарат өрөспүүбүлүкэтин интэриэһин өрө тутара. Ол курдук, 1958 сыллаахха алмааһы хостооһунтан Саха сиригэр чопчу квотаны биэрэллэрин турууласпыта. 0,3 % квота региоҥҥа олорор дьиэ уонна култуура эбийиэктэрин тутууга барыахтааҕа. Ол эрэн ити туруорсуу кэнники кэмҥэ эрэ олоххо киирбитэ.

Семен Захарович Борисов туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, итинник. Сиһилии 2016 сыллаахха тахсыбыт Афанасий Кириллин «Өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах дьоно» кинигэтигэр ааҕыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....