14.11.2024 | 16:00

Үтүө дьыала дуу, арбаныы дуу?

Үтүө дьыала дуу, арбаныы дуу?
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

«Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат», «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн өбүгэлэрбит этэн хаалларбыт өс хоһоонноро ордук бүгүҥҥү кэмҥэ олус суолталаах, наадалаах.

Бу туһунан ааҕааччыларым туох санаалаахтар эбитий. Эмиэ, куолубунан, билэр дьоммун хаайан, санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм.

 

Айыына Сергеевна:

Үтүө санаалаах буолуу, үтүөнү оҥоруу билиҥҥи кытаанах ыарахан кэмҥэ диэххэ, ордук наадалаах, үтүө санаа олохпутун чэпчэтэр, үтүөнү оҥорбут киһиэхэ көмөлөһөҕүн, ону кытта тэҥҥэ бэйэҥ эмиэ санааҥ көтөҕүллэр, хайдах эрэ дьоллоох буолаҕын диэн дуу, дууһаҥ чэпчиир курдук дуу. Үтүө санаа уонна аһыныгас буолуу ыкса ситимнээхтэр.

Холобура, бу анал байыаннай дьайыы кэмигэр, урут Аҕа дойду сэриитигэр да тыылга баар дьон түмсэн үтүө санаанан салайтаран көмөҕө кэлэллэрэ, кыра да буоллар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэрэ, билигин бу волонтердааһын диэн ааттанар, норуоту сомоҕолуур.

Наһаа эккирэтэ сылдьан да буолбатар, ол бу билэр чугас дьоммор, биллэн турар, ыарахан кэмнэригэр күүс-көмө буолан буоллаҕа дии, инстаграмҥа* (Россияҕа бобуулаах тэрилтэ) биллэр блогердар эҥин, чуолаан ыалдьар оҕолорго көмө көрдөөн суруйдахтарына, бэйэм кыахпынан кыра да буоллар үбүнэн көмөлөһөбүн.

Билиҥҥи кэмҥэ биллэр блогердар нөҥүө ордук итэҕэтиилээх дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ кинилэр бэрэбиэркэни ааспыт чопчу дьон буоллахтара, ол иһин кинилэргэ итэҕэйэбин, аныгы үйэҕэ массыанньыктар да элбээбиттэринэн бассаап нөҥүө араас көрдөһүү кэлэр аҕай, реквизит бөҕө баар буолар, ону соччо итэҕэйбэппин, реквизиты уларытан пересылкалаатыҥ да бүтэр буоллаҕа, массыанньык хармааныгар киириэн сөп.

Ону быһыыттан-майгыттан көрөҕүн, сороҕор баҕас солуута суохха харчы хомуйаллар, ол гынан, оннук аҕыйах.

Үтүөнү оҥордоххо, биллэн турар, бэйэҕэр үчүгэйинэн эрэ эргийэр, табыллыы, эмискэ туох эрэ ситиһии, саатар настарыанньаҥ да үрдээбитэ туох куһаҕаннаах буолуой?

Сороҕор харчы хомуйааччылар үнтү ыгаллар-түүрэллэр, үтүө санаа киһи санаатыттан, кыаҕыттан буолуохтаах дии саныыбын. Оттон олох чугас киһиҥ, аймаҕыҥ буоллаҕына, биир тыла, үгүс ыйытыыта суох эбэһээт көмөлөһүөхтээххин. 

Аны үтүөнү оҥоруу муода курдук буолан эрэр курдук, үтүктүһэ-үтүктүһэ, холобур, СВОҕа, ойуур баһаарыгар эҥин, аны дьэ быыбар саҕана, аныгылыы тылынан эттэххэ, “хайп” бөҕө буолаллар. Киһи хайдах эрэ оннук дьону саарбахтыыр, ити кэннэ сорохтор сүтэн хаалаллар, ол баҕас дьаабы дии, киһи да сонньуйуох, өйдөрүгэр туох көтөн түспүтүнэн диэбит курдук.

Үтүөнү оҥорбуккун кэпсиир туох да сүөргүтэ суох дии саныыбын, наһаа киһиргээмэ, хас хардыы аайы ыһа-тоҕо арбаныма, ол да буоллар атыттар син биир билиэхтээхтэр, тоҕо диэтэххэ оччотугар кимиэхэ эрэ, эн көмөлөспүккүн истэн, “ээ, мин эмиэ, кырдьык, оннук гыныахпын сөп эбит” диэн санаа киириэн сөп.

Оҕолор, биллэн турар, төрөппүтү көрөн улааталлар, үтүө санаа хас биирдии киһиэхэ төрүөҕүттэн иҥэриллэр, ону саба баттаамыахха эрэ наада дии саныыбын. Сороҕор киһи иһигэр киллэрбэт араас дьон бааллар, оннуктарга оҕо эмиэ эппиэттэһэ үөрэниэхтээх, чуолаан билиҥҥи үйэҕэ. Барытыгар үтүөнү оҥоро-оҥоро, үтүөнү баҕара-баҕара, наһаа көнө, сымнаҕас буола сырыттахха, эйигин туһанар дьон элбэх буолуохтара, онон син биир буола турар быһыыттан-майгыттан көрөн амарах санаалаах буолуохха наада.

 

Иван Михайлович:

Үтүө санаа, хорсун быһыы, амарах санаа, кырдьык, быстыспат буоллахтара. Бу барыта биир киһиэхэ баар буолар. Саха дьоно ордук былыр-былыргыттан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн чууп-чаап диэн баччаҕа кэллэхпит. Тоҕо диэтэххэ, өбүгэлэрбит барахсаттар былыр ас-таҥас мөлтөҕөр, аччыктааһын, Аҕа дойду сэриитин да кэмигэр ылсан-бэрсэн, аччыктаабыты аһатан, тоҥмуту ириэрэн, туох баардарын биэрэн, турар бэйэлэрэ хаалыахтарыгар диэри үтүө санаалаах этилэр. Маннык тыйыс дойдуга олорон бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүспэтэх эбит буоллуннар, хастан хаспыт ордон хаалыа эбитэй? Биһиги олорор сирбит, тымныыбыт ордук амарах сүрэхтээбит, маннык дойдуга олороммут сүрэхпит сылаас, сыһыаммыт истиҥ дии саныыбын.

Ханна да иһит, Саха сиригэр кэлбит дьон бары махтанан, биһиги үтүө санаабытыттан үөрэн, сөҕөн бараллар. Күрэхтэһии бөҕөтө буолар дии, аан дойдуну биир гына, онно биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэхтэ кэлбит дьон биһиги үрдүк таһыммытын, култуурабытын, ыалдьытымсахпытын хайҕыыллар, төннөн кэлэ тураллар.

Билигин сиэр-майгы ыһыллыыта барда, массыанньык олус элбээтэ. Олох күннэтэ дьон барахсан мөлүйүөнүнэн харчыларын арҕаа дойдулар диэки, ити мин Украинаны этэбин, ону таһынан түүнүктээх түрмэҕэ хаайыллан сытааччыларга ыыта тураллар. Дьэ мин сөҕөбүн ээ, кинилэр өйдөрө муҥура суоҕуттан. Ити толкуйдарын атыҥҥа, олоххо туһалаахха тутталлара буоллар, киһи аймах дьэ абыраныа этэ. Оттон ити ол түөкүттэргэ итэҕэйэн харчы ыытар дьоммут, киһи туох эрэ наадаҕа, көмө көрдөөтөҕүнэ эҥин, биэрэн да бэрт. Мөлүйүөннээҕэр буолуох биир да мөһөөҕү ыһыктыахтара суоҕа. Онон ити эмиэ икки өрүттээх курдук. Ким эрэ, үтүө санаалаах барахсан дьон иэдээҥҥэ түбэстэҕинэ биир, биэс да мөһөөҕү биэриэ, оттон ити мөлүйүөнүнэн кирэдьиит ылан түөкүттэргэ ыытааччылар саараама, эйиэхэ биэриэхтэрэ суоҕа. Онон, сорох ардыгар абарабын, аһыныахпын баҕарбаппын.

Оттон бэйэм туһунан этэр буоллахха, көмөттөн, дьоҥҥо туох эрэ туһалааҕы оҥорортон дуоһуйабын, астынабын, чэпчиибин. Биһиги, сэбиэскэй кэм оскуолатын ааспыт оҕолор, билиҥҥи саастаах дьон, көмөлөһөр, үтүө быһыыны оҥорору кэрэйбэппит, биир бэйэм оннукпун. Бастакынан көмөҕө сүүрээччибин, киһиргэс буолбатах, билигин да биэнсийэбиттэн ханна харчыга наадыйааччыларга, ордук анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга кыаҕым баарынан көмөлөһөбүн уонна бар дьоммун амарах санааҕытын ыһыктымаҥ диэн ыҥырабын, сахалар биир үтүө өрүппүт бу буоларын уонна үтүө үтүөнэн хайаан да эргийэрин мэктиэлиибин.

 

Венера Иннокентьевна:

Үтүө санааланыы билигин олохпутугар саамай наадалаах кэмэ. Араас аһымал кэнсиэртэр, харчы хомуйуута, ол наада, бу наада диэн биллэрии, ыҥырыы кэмэ суох элбэх. Олохпут оннук буолан хаалла дии. Ити бассаап баара онно эмиэ да туһалыыр, эмиэ да сороҕор солуута суох харчы хомуйаллар. Ким эрэ оҕото, аймаҕа, ол-бу куонкурус, барыы-кэлии, билэр киһиҥ билэр киһитэ, урууҥ-аймаҕыҥ элбэҕэ, сороҕор киһи салҕан да барар. Мин биир бэйэм саамай наадалааҕа диэбиппэр көмөлөһөбүн. Оттон ити куоластааһыны эҥин ончу утарабын. Оннооҕор сыбаайбаҕа, туох эрэ тэрээһиҥҥэ сырыттахха, ким саамай күүстээх хаһыыны-ыһыыны, ытыс таһыныытын ылбыт киһи кыайар, оттон дьиҥ үчүгэйдик ыллаабыт дуу, туох эрэ сорудаҕы толорбут киһи дуу кыайтаран хаалар. Ол курдук, куоластааһыҥҥа эмиэ ким элбэх доҕордоох, аймахтаах, халыҥ билэр дьонноох куолас бөҕөтүн хомуйан, кыайыылаах аатырар. Ити аата тугуй, онно билэр-билбэт киһини барытын ыххайан туран куоластаталлар. Дьэ уонна кыайда диэн уруй-айхал, дьиҥ кыайыахтаах киһи аҕыйах куолас ылан хаалан хаалар. Мин итинниги олох чиэһинэйэ суох кыайыынан ааҕабын. Дьэ оччоҕо мин саҕа куһаҕан киһи суох аатырабын.

Бу соторутааҕыта биир биллэр киһиэхэ харчы хомуйуу буолла. Түүн иһигэр 300-чэкэ тыһыынча киирдэ диэтилэр дуу. Туох да дарбаан бөҕөтө. Аатын ааттаабаппын гынан баран, улахан хоромньу тахсыбатаҕа быһыылаах. Ону харчы хомуйааччы киһи аһыныах куолаһынан туох да улахан “трагедия” тахсыбытын курдук быыстала суох биллэрии бөҕөтө. Мин хайдах эрэ анараа дьон харчыны наһаа ылбаттара, эбэтэр сорҕотун ханнык эрэ аһымал дьыалаҕа биэрэбит, сөп буолуо диэхтэрэ дии санаабытым да, оннук гымматахтара. Мин эрэ оннук санаабатах этим, ол иһин бу кэпсии олоробун. Ис хоһоонун эттэхпинэ, аны өһүргэнэ сылдьыахтара. Ити оннугар дьиҥ чахчы көмөҕө наадыйар дьоҥҥо хомуйуо этилэр буоллаҕа.

Мин куруук да буолбатар көмөлөһөбүн, наадалаах, ыйбыт счеттарыгар харчы ыытабын. Ордук билэр дьоммор, тоҕо диэтэххэ түөкүттэргэ түбэһиэххин сөп буоллаҕа. Оннук түбэспиттэри эмиэ билэбин. Онон барытыгар сэрэхтээх буолуохха наада. Ол да буоллар үтүө санаалаах дьон үксүүрүгэр, хаһан баҕарар көмөҕө кэлэллэригэр баҕарабын. Бүгүн эн көмөлөстүҥ – сарсын эйиэхэ көмөлөһүөхтэрэ турдаҕа. Онон илиини утары уунан бар дьоммутугар көмө буолартан аккаастанымыахха.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....