25.04.2024 | 14:20

Төбөтүн быһа баттаа — уккун хойуннар

Төбөтүн быһа баттаа — уккун хойуннар
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Үгүс сибэккини төбөтүн быһа туттахха, уга хойдор, ол аата сибэккитэ элбиир. Ол эрээри элбэх оҕуруотчут циния сибэкки төбөтүн быһа тутартан толлор, быһата, петуния, лобелия курдук ыл да быһа баттыыр үөрүйэҕэ суох. Уопуттаах оҕуруотчуттар маныаха куттанар төрүөт суох диэн сүбэлииллэр. Сырдыга тиийбэккэ аһара уһаабыт циния угун бастакы дьиҥнээх сэбирдэхтэригэр диэри буорга батары олортоххо, эбии силис үүннэринэр, оттон төбөтүн оройун быһа туттахха, хоннохтор үүнэннэр, хойуу уктаах буолар дииллэр. Сорох оҕуруотчуттар уһаабыт цинияны ортотунан быһа баттаан, үөһээ өттүн силис тартаран элбэтэр албастаахтар эбит. Ол эрээри аныгы гибрид сиэмэлэр уһаатахтарына даҕаны хоннохтон умнас үүннэрэр уратылаахтар. 
Манна даҕатан эттэххэ, помидор арассаадатын эмиэ ортотунан быһа баттаан, үөһээ өттүн силис тартаран, үүнээйи ахсаанын элбэтиэххэ сөп. Помидор уга көрүөх бэтэрээ өттүгэр силис тардарын оҕуруотчут эрэ барыта билэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...