30.04.2021 | 10:34

Сыттыгы сөпкө талыахха

Сыттыгы сөпкө талыахха
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Утуйа сытар киһи тоноҕоһо көнөтүк сытыахтаах, ол аата моойо токуруйуо суохтаах. Сыттык бүлгүн, сарын уонна төбө икки ардынааҕы хайаҕаһы толорон, лоп бааччы киирэн биэриэхтээх (ойоҕоскутугар утуйан турар буоллаххытына). Эбэтэр (көхсүгүтүгэр утуйар буоллаххытына) сыттык моойго өйөбүл эрэ буолуохтаах. 
Сылайан уһуктар, моонньугут көһүйэр, төбөҕүт ыалдьан турар  буоллаххытына барсыбат сыттыкка сытаҕыт.

Сыыһа сытар буоллахха организмҥа хаан эргиирэ кэһиллэр, ол иһин төбөтө ыалдьан турар киһи үгүс. Табыгаһа суох сыттык утуйар ууну аймыыр, киһи мөҕүс да мөҕүс буолан түүн устата үгүстүк уһуктар, уутун хаммакка турар.

 

Ортопедическай уонна анатомическай сыттык уратылара

“Ортопедическай” буолла да, бу сыттык тоноҕос ыарыыларын сэрэтэргэ анаммыт диэн өйдүөхтээхпит. Ол аата быраас анаатаҕына эрэ маннык сыттыкка сытабыт. Маннык сыттык тоноҕос ыарыытыттан көрөн, сөптөөх балаһыанньаҕа сытарга көмөлөһөр.

“Анатомическай” сыттык киһи форматын ылар, тоноҕос, моой быһыытын хатылыыр матырыйаалтан оҥоһуллар. Маннык сыттык сылааны бэркэ аһардар, моой былчыҥнарын сымнатар кыахтаах. Ойоҕоскутугар утуйан турар буолаххытына, моой анныгар киирэн биэрэр валиктаах сыттыгы таларгыт ордук.

 

Төһө улахан буолуохтааҕый?

Арассыыйаҕа сыттык икки кээмэйэ ордук тарҕаммыт: квадрат (70*70 см) уонна түөрт муннук (50*70 см). Утуйар таҥаһы маннык кээмэйдээх сыттыктарга оҥорон таһаараллар. Квадрат сыттыкка матырыйаал элбэх барар буолан сыаната ыарахан.

Болҕомтобутун ордук сыттык үрдүгэр хатыахтаахпыт. Үрдүк сыттык ойоҕосторугар сытан утуйар дьоҥҥо ордук барсар. Кулгаах уонна сарын икки ардыгар сыттык толору киириэхтээх. Моойгутуттан саҕалаан бүлгүҥҥүтүн кээмэйдиигит, ол төһө см буолбутунан сыттык үрдүгүн талыахтааххыт.

Көхсүлэригэр иттэнэ сытар дьоҥҥо, быраастар сүбэлииллэринэн, 8-10 см үрдүктээх сыттык барсар. Маны таһынан, төбөҕө анаммыт дириҥ хайаҕастаах анатомическай сыттык барсыан сөп.

Умса сытан утуйар дьоҥҥо чараас, хаптаҕай кэриэтэ сыттыктар барсаллар. Умса утуйар киһи моойо улаханнык күүрбэт, ол иһин халыҥ сыттык наадата суох.

Түүн мөхсөр, утуйар балаһыанньаҕытын хаста да уларытар буоллаххытына, икки араас сыттыгы туһаныҥ. Чараас уонна халыҥ сыттыктары уларыта сылдьан уугутун ханыаххыт.

Иһигэр туох баар буоларый?

Сыттык иһигэр туох матырыйаал угуллубутуттан утуйар уубут улахан тутулуктаах. Ордук араас аллергиялаах дьон сыттык иһинээҕи матырыйаалын сыныйан талыахтаахтар.

 

Көтөр түүтэ

Аныгы сыттыктарга көтөр көп түүтүн уонна куорсунун ханыылаан угаллар. Көп түүтэ сыттыгы көпсөркөй оҥорор, куорсун сыттык форматын тутар. Көп түүтүн бырыһыана элбэх сыттык сымнаҕас буолар.

Натуральнай истээх сыттык сылааһы үчүгэйдик тутар, быһыыта-таһаата өр уларыйбат. Ол эрэн манна быыл клещтэрэ үөскүүллэр. Ол иһин аллергиялаах дьоҥҥо барсыбат. Көтөр түүтүнэн тигиллибит сыттык уһаабыта икки сыл туһаныллыахтаах.

 

Түү

Сыттыкка тэбиэн уонна бараан түүтүн угаллар. Формаларын бэркэ туталлар уонна тыыналлар. Ол эрэн түү бөлөхсүйэр, хомуок-хомуок гына дьапталҕаланан хаалар. Эмиэ быыл клещтэрэ үөскүүллэр. Түү сыттыгы ууга сууйуллубат.

 

Бамбук

Бамбуковай волокно туттуллар. Натуральнай, чэпчэки ыйааһыннаах, сыттык быһыытын үчүгэйдик тутар матырыйаал. Өр сулууспалыыр. Бактерициднай, ол аата микробтар үөскээбэттэр. Олус өр туһанылыннаҕына хаптайыан сөп.

 

Хлопок

Хлопковай саптарынан оҥороллор. Маннык сыттык бэркэ тыынар, гипоаллергеннай. Олус сымнаҕас буолан быһыытын-таһаатын туппат. Ол аата элбэхтик уларытыллыахтаах.

 

Солко

Саамай гипоаллергеннай матырыйаал. Сыттык быһыытын үчүгэйдик тутар, сымнаҕас, ыйааһына чэпчэки. Сууйуллар.

Маннык сыттыктарга шелкопряд коконнарын туһанар буоланнар, сыаната ыарахан буолар.

 

Синтепон

Саамай чэпчэки сыаналаах матырыйаал. Маннык истээх сыттык сымнаҕас уонна чэпчэки буолар. Киһини аллергиялаппат, судургутук сууйуллар. 1,5-2 сыл буола-буола быраҕыллыахтаах.

 

Латекс

Анатомическай уонна ортопедическай сыттыктарга туһаныллар матырыйаал. Кытаанах, моойу үчүгэйдик тутар сыттык буолар. Латекс натуральнай уонна искусственнай буолар. Гипоаллергеннай.

 

“Өйдөөн хаалар” сыттык

Аныгы искусственнай матырыйаал. Анатомическай сыттыктарга туттуллар. Киһи быһыытын-таһаатын өйдөөн хаалар. Кытаанах соҕус, ол эрэн латекстааҕар сымнаҕас. Биир куһаҕаннаах – салгыны аһардыбат, тыыммат. Сыаната ыарахан.

 

Гречка сыттык

Натуральнай матырыйаал. Гречка куруппатын хаҕыттан оҥоһуллар. Саамай уһуннук сулууспалыыр сыттык – үс сыл. Иһинээҕитин эбэн-көҕүрэтэн сыттык кээмэйин уларытыахха сөп. Биир куһаҕаннаах – хачыгырас тыастаах, утуйарга мэһэйдэтиэххэ сөп.

 

Сөпкө харайабыт

Сыттык туох истээҕиттэн көрөн харайыллар. Этикеткаҕа суруллубут инструкцияны болҕомтолоохтук ааҕар буолуҥ.

Сииктээх сыттыкка эбэтэр инчэҕэй баттахтаах сытымаҥ. Сыттык иһинээҕи матырыйаала сииккэ түргэнник эргэрэр. Гипоаллергеннай сыттыкка инчэҕэй төбөлөөх сытар буоллаххытына микробтар үөскүөхтэрин сөп.

Сыттык кэмиттэн кэмигэр ыраастаныахтаах, сууллуохтаах. Түү уонна гречка матырыйаалтан оҥоһуллубуту массыынаҕа сууйуллубат.

Улахан киһи сыттыга сылга 2-3-тэ сууллуохтаах, чаастатык тэбэниэхтээх. Оҕо сыттыгын өссө элбэхтик сууйабыт – икки ыйга биирдэ. Сыттыгы элбэхтик салгылатыахтаахпыт. Сыттык хаҕа натуральнай матырыйаалтан буолара ордук. Эбэтэр сииги аһардыбат матырыйаалынан хахтыахха сөп.

Хаһан уларытыллыахтааҕый?

Муҥутаабыта 3 сыл туттуллуохтаах. Ол эрэн көтөр түүтүттэн оҥоһуллубут сыттыкка 2 сылынан быыл клещтэрэ, араас микробтар үөскүүллэр, онон быраҕыллыахтаах. Латекс сыттыкка 4 сыл утуйуохха сөп. Искусственнай истээх сыттык икки сылтан ордук сулууспалаабат.

 

Сыттыгы уларытар кэм кэлбит:

Иһинээҕитэ хомуоктаммыт буоллаҕына;

Сууйуллубат бээтинэлэммит;

Сарсыарда моойгут ыалдьан турар;

Төбөҕүт ыалдьан уһуктаҕыт;

Сыттыккытын сотору-сотору тэбээн быһыытын тупсаран биэриэххэ наада буоллаҕына;

Бүк туттахха төттөрү көммөт.

 

Аныгы сыттык арааһа элбэх

“Бьюти-сыттык” диэн сыттык саҥа көрүҥэ киэҥник рекламаланар буолла. Сирэй мыччыстыбат, тириитэ имиллибэт, ойоҕосторунан уонна умса утуйар дьоҥҥо барсар. Маннык сыттык кытыыларынан сирэй имиллибэтин диэн хайаҕастаах буолар. Косметологтар этэллэринэн, биирдэ сыппытынан утуйар эрэ киһиэхэ туһалаах буолуон сөп. Мөхсөр дьоҥҥо барсыбат.

Кыракый халбаһы курдук быһыылаах валигы моой анныгар уган утуйуохха сөп. Сомнологтар суруйалларынан, көхсүлэригэр эрэ сытар дьоҥҥо барсар.

Хат дьахталларга кууһан, кыбынан сытар сыттык С эбэтэр Г буукуба быһыылаах буолара табыгастаах. Сис, атах, ис анныгар уктарга үчүгэй.

 

Оҕоҕо наада дуо?

АХШ биотехнология национальнай киинин чинчийиитинэн, алта ыйыгар диэри оҕону сыттыкка сытыарар сэрэхтээх. Оҕо эргийэн баран сыттыкка тумнастыан сөп диэн быһаарбыттар.

Арассыыйа педиатрдара оҕо 3 сааһыгар диэри сыттык наадата суох дииллэр. Кыра оҕо кытаанах соҕус тэллэххэ, сыттыга суох утуйуохтаах. 3 сааһыттан 3 см чараас сыттыктыахха сөп. 10 см халыҥнаах сыттык оскуола орто сүһүөҕэр көҥүллэнэр. Оҕо түүн утуйа сытан сыттыктан халыйан хаалбыт буоллаҕына, ол аата сыттыгын чарааһатан биэриэххэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...