18.08.2022 | 09:30

Сырдык сулус

Сырдык сулус
Ааптар: Үөлээннээҕэ, биир идэлээҕэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Саха” НКИК 2009-2019 сс. "Байанай" биэриитин ааптара, ыытааччыта, эрэдээктэрэ Иннокентий Артамонов
Бөлөххө киир

Киһи барахсан бу орто туруу дойдуга ыалдьыт эрэ кэриэтэ олус кылгастык кэлэн барар. Бүгүн, атырдьах ыйын 18 күнүгэр, бары дириҥник ытыктыыр, күннэтэ суохтуур, эрэдээксийэ аана аһылынна даҕаны, киирэн кэлиэх курдук саныыр кэллиэгэбит Сардаана Багынанова орто дойдуттан күрэммитэ оруобуна төгүрүк биир сыла. Сардаанабыт сырдык аатыгар биир идэлээхпит ыыппыт истиҥ суруйуутун таһаарабыт.

Эрэдээксийэ

Күлүмнээн, элэҥнээн ааһар күннэрбитин-сылларбытын бүгүн эргиллэн көрбүтүм, биһиги көлүөнэ номнуо биэһэн ахсыс хаарбытын түһэрэн эрдэхпит. Аны биир оччо сыл олорбут киһи, дьоллоох да буолуо эбиппит. Икки модун үйэ алтыһыыларын, ол араас сүүрээннэрин билбит-көрбүт биһиги көлүөнэ дьону биир ситимҥэ сомоҕолообут үтүө доҕорбут Сардаана Багынанова барахсан күн сириттэн арахсан барбыта атырдьах ыйын 18 күнүгэр номнуо биир сыла. Бу суостаах-суодаллаах сурах былырыын былыта суох ыраас халлааҥҥа этиҥ ньиргийбитинии нүһэрдик иһиллибитэ. Мэлдьи үөрэ-көтө, сырдык-ыраас сэмэй мичээрин бар дьонугар, доҕотторугар  бэлэхтии сылдьыбыт үтүө киһибит силлиэ түһэн ааспытыныы биирдэ сүтэн хаалбыта олус хомолтолоох, курус. Билигин, кэм аастаҕын ахсын, омос санааҕа, Дьокуускай будуллар олоҕун үөмэхтэспит дьонун быыһыттан 
Сардаана тахсан кэлэрэ буолуо диэн санаа кылам гынан ылааччы. Ити ахтылҕан, суохтабыллаах санаа аны хаһан да салҕамматтыы быстыбытын өйдөөтөхпүнэ, дириҥник үөһээ эрэ тыынабын. 
Сардаана Багынанованы кытта хаһан билсибиппин өйдөөбөт эбиппин. Биир идэлээх буоламмыт араас тэрээһиҥҥэ, мунньахтарга, семинардарга мэлдьи алтыһан, аҕыйах да тылынан буоллар үлэ хаамыытын ыллыгынан кэпсэтэн ааһарбыт. 2019 сыл тохсунньутугар бассаабым муннугар «1982 сыллаах группа” диэн страница арыллан кэлбитин көрбүтүм, Сардаана тэрийбит бөлөҕө буолан биэрдэ. Онно Сардааналыын биир көлүөнэ эбиппитин дьэ билбитим. Ол дьыл сааһыгар Сардаана улуус аайы лидердэри талан, түмэн, улуустарга, Дьокуускайга элбэх оҕолоох аҥаардас ийэлэргэ, ытык кырдьаҕастарга, приюттарга, интернаттарга уо.д.а. киэҥ далааһыннаах көмөлөрү тэрийэн ыыппыта. Онтон ыла 1982 сылга оскуоланы бүтэрбит үөлээннээхтэр билсэн-көрсөн, доҕордоһон, олоххо алтыһыылара күн бүгүҥҥэ диэри салҕанан баран иһэр.
Сардаана Багынанова тэрийэр дьоҕура, ыра санаата киэҥ этэ. 2020 сыл олунньутугар активтарын түмэн, сүбэлэһэн, "Оҕо дыбарыаһын" киэҥ уораҕайыгар улахан кэнсиэрдэри тэрийбиппит. Саалаҕа баппат куорат олохтоохторо бу кэнсиэри дуоһуйа көрөн, астынан тарҕаспыттара. Манна киирбит үбү олоччу Дьокуускай куоракка Сынньалаҥ пааркатыгар беседка тутуутун тэрээһинигэр анаабыппыт. Ол беседкабыт үөлээннээхтэр сомоҕолорунан оҥоһуллан, пааркаҕа түмсэр сирдэммиппит олус үчүгэй. Сардаана Багынанова талан ылбыт идэтигэр олох чаҕылхай сулус кэриэтэ кэлэн ааста. "Киин куорат" хаһыат балаһаларыгар ураты көрүүлээх, дириҥ ис хоһоонноох, сороҕор сытыы тыллаах, сыыһаны-халтыны утары, уот харахха этэр ыстатыйалара ааҕааччыларын дириҥ итэҕэлин ылар ураты буочардаах дьиҥнээх суруналыыс этэ.
Үөлээннээхпит Сардаана Багынанова олорон  ааспыт олоҕо сырдык сулус буолан чаҕылыйа турдун! Сытыы бөрүөтүн көмүс суруктара үйэ-саас тухары бар дьон сэҥээриитин ыла турдуннар! Киһи буолан олордубут маһа тоҕус үйэлэри уҥуордаан, орто туруу дойдуга чэчирээтин үйэлэргэ!  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...