11.06.2022 | 18:00

Сырдык олоҕу олорон ааста...

Сырдык олоҕу олорон ааста...
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Быйыл ыам ыйын 26 күнүгэр СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Маргарита Константиновна Петрова сырдык кэриэһигэр анаммыт «Өй-сүрэх этэринэн» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэҕэ кэллиэгэлэрин, үөлээннээхтэрин, доҕотторун, дьиэ кэргэнин, аймах-билэ дьонун истиҥ-иһирэх ахтыылара киирдэ.

Маргарита Константиновна Петрова – Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Комсомуолун Сойууһун «Пятилетка эдэр гвардееһа» бэлиэтинэн наҕараадаламмыт, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин уонна култууратын туйгуна, Бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөрэх министиэристибэтигэр эбии үөрэхтээһин сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлээн «Оҕо быраабын» сокуонун, үгүс иитэр‒үөрэтэр бырагыраамалары оҥорсубут, «Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын актыыбынай чилиэнэ, ааттаах-суоллаах, талааннаах педагог.

Кини 1954 сыллаахха бэс ыйын 11 күнүгэр Майаҕа төрөөбүтэ. Оскуола эрдэҕиттэн уопсастыбаннай олоххо көхтөөҕө, тэрийэр талааннааҕа, ылсыбыт дьыалатыгар эппиэтинэстээҕэ, тиhэҕэр тириэрдэр дьоҕурдааҕа. Майа орто оскуолатын бүтэрэн баран пионер баhаатайынан үлэтин саҕалаабыта. Үлэлиир кэмигэр оскуолаҕа «Глобус» интернациональнай доҕордоhуу кулуубун, Ленинскэй хоhу тэрийбитэ, кини салайар пионерскай дружината уҥа флангаҕа тахсыбыта.

Маргарита Константиновнаны кытта алтыспыт дьон бары – кэллиэгэлэрэ, доҕотторо, чугас дьоно кини сүрдээх элэккэй, мэлдьи үөрэ сылдьар, эйэҕэс-сайаҕас майгылааҕын, үтүө санаалааҕын, ханнык баҕарар ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тириэрдэр туруу үлэһитин, олоххо мэлдьи көхтөөх позициялааҕын бэлиэтииллэр.

Иван Николаевич Петров, кэргэнэ:

— Олоҕум аргыһа Ританы кытта 1974 сыллаахха Новосибирскай куоракка пединститукка үөрэххэ киирбит күһүммэр билсибиппит. Сытыы-хотуу саха кыыһа устудьуоннар күһүҥҥү көрсүһүүлэрин тэрийэ сылдьар этэ. Рита олус боростуой, аһаҕас майгытынан, киһини бэйэтигэр тардар ис күүһүнэн, элбэх кэпсээннээҕинэн, кэрэ сэбэрэтинэн, эйэҕэс мичээринэн, сылаас сыһыанынан мин куппун-сүрбүн түргэнник туппута.   

Ыал буолар дьоро күммүт олус тэрээһиннээхтик ааспыта. Дыбарыаска регистрацияланан, куорат кэрэ миэстэлэринэн массыынанан күүлэйдээн, минньигэс астаах остолобуойга устудьуоннар мустан, алгыстаах, тойуктаах, сахалыы үҥкүүлээх, бэйэбит ВИА-быт тыыннаах доҕуһуолунан ырыалаах, аныгылыы үҥкүүлээх-битиилээх\ наһаа көрдөөх, оонньуулаах сыбаайба барбыта.

Кыһыҥҥы каникулбутугар Орто Азия куораттарынан биэс буолан күүлэйдии барбыппыт. Алма-Атаҕа Рита дьүөгэтигэр хонон-өрөөн, саҥа тутуллубут Медео кыһыҥҥы спортивнай катокка, музейдарга, куорат устун дуоһуйа күүлэйдээбиппит. Онтон поеһынан айаннааммыт Ташкеҥҥа, Бухараҕа, Самаркаҥҥа сылдьыталаан, музейдары, аатырбыт мечеттэри көрөн астыммыппыт. Биһиэхэ бу сырыыбыт сыбаайбабыт кэнниттэн өйдөнөн хаалар бастакы улахан, бэлиэ айан буолбута.

Сайыныгар, бэс ыйыгар күүтүүлээх бастакы оҕобут, кыыспыт Туйаара күн сирин көрбүтэ. Үөрэнэр сылларбытыгар, Сахабыт сириттэн тэйэ сылдьар буолан, дойдубутугар тардыһыыбыт күүстээх этэ. Дойдубутун, ыччаты, оҕону сайыннарар, онно туох кылааты киллэрэр туһунан элбэхтик кэпсэтэр этибит. Онон оҕолорбутун сахалыы ааттыырга эрдэттэн сүбэлэспиппит: уол буоллаҕына – Ньургун, кыыс буоллаҕына – Туйаара диэхтээх этибит. Онон иккис оҕобут Ньургун, кыра уолбут Айаал буолбуттара.

Рита үөрэҕин 1978 сыллаахха “Учитель истории и обществоведения, методист воспитательной работы” диэн специальностаах бүтэрбитэ. Сайын Майаҕа үөрэх салаатын салайааччыта С. Д. Егоров көрсөн: “Пионердар дьиэлэригэр дириэктэр наада, онно кэлэн үлэлээ”, - диэн, Рита бэйэтэ салгыы быһаарсан, бирикээс таһаартаран, күһүҥҥүттэн Майатааҕы пионердар дьиэлэрин дириэктэрэ буолбута. Эһиилигэр мин Мэҥэ Хаҥалас Хара оскуолатыгар математика учууталынан анаммытым. Рита Ньургуну оҕолонон баран, Майа 8 кылаастаах оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэлээбитэ, онтон оройуоннааҕы үөрэх салаатыгар иитэр үлэҕэ методист, отдел салайааччыта буола сылдьыбыта.

Ийэбит Рита дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка методист быһыытынан оҕону иитэр үлэҕэ айымньылаахтык, Арассыыйа, Сойуус атын педагогтарын уопуттарын үөрэтэн, семинардарга, куурустарга сылдьан, саҥаны киллэриигэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ордук национальнай оскуола концепцията олоххо киириитигэр күүскэ ылсан, ис дууһатыттан кыһаллан үлэлээбитэ. Кини бэйэтин ис санаатын аһаҕастык мунньахтарга, көрсүһүүлэргэ этэр эбит этэ. Аны Дьабыыл оскуолата бу концепцияны олоххо киллэриигэ базовай оскуола буолан, кини онно күүстээхтик үлэлээбитэ, элбэх сыратын биэрбитэ.

1992 сыллаахха үөрэх министиэристибэтигэр саҥа иитэр үлэ отдела тэриллибитигэр Ританы үлэҕэ ыҥырбыттара. Ийэбит үлэтигэр хойукка диэри сылдьар этэ. Кини ол курдук олох кыһаллан-мүһэллэн, дууһатынан ыалдьан, түбүгүрэн, барытын оҥоро, тиһэҕэр тириэрдэ сатыыра. Ийэбит үөрэх министиэристибэтигэр 20 сыл тухары өрөспүүбүлүкэм, дойдум, саха оҕотун сайдыытын туһа диэн биир отделга, биир дуоһунаска харыс хамсаабакка бэриниилээхтик үлэлээтэ, сыратын-сылбатын, билиитин-көрүүтүн биэрдэ. Иитэр үлэҕэ, үөрэҕирии систиэмэтигэр тус кылаата сыаналанан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна уо.д.а. үгүс элбэх наҕараадалар хаһаайыннара буолбутунан биһиги, дьиэ кэргэнэ, киэн туттабыт.

Бочуоттаах  сынньалаҥҥа тахсан баран ийэбит “Знание” уопсастыба салаатыгар бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Онтон “Арассыыйа ийэлэрэ”  хамсааһыҥҥа киирэн,  Улуу Кыайыы 70 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан, граны көмүскээн, дириҥ ис хоһоонноох үлэни тэрийэн, “Кыайыыны уһансыбыт ытык ийэлэр” диэн өйдөбүнньүк кинигэ күн сирин көрөрүгэр элбэх киһини үлэлэтэн, хомуйан, бэчээттэтэн таһааран, дьон-сэргэ махталын ылбыта. Биир сыралаах үлэтинэн ийэлэр албан ааттарыгар аналлаах музей тэриллиитэ буолар. Бэйэтэ тыл көтөҕөн, «Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын көҕүлээһининэн, ЗАГС иһинэн “Эдэр ыал оскуолатын” тэрийэн, салайан саҕалаабыта.

Октябрина Константиновна Спиридонова, бииргэ төрөөбүт балта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ:

— Мин сүрэхпэр, дууһабар, эдьиийим Маргарита куруук тыыннаах, мичилийэн турара хараҕым иннигэр бу баар. Мин эмиэ эдьиийим курдук история учуутала идэлээхпин, иккиэн пионер баһаатайдаабыппыт уонна оҕону иитиигэ- үѳрэтиигэ, сахалыы тыыҥҥа угуйууга олохпутун анаатыбыт диэтэххэ, сыыспатым буолуо. Кини миэхэ үлэбэр күүс-кѳмѳ буолара, туох саҥа киирбитин билиһиннэрэрэ. Эдьиийбэр Маргаритаҕа махталым муҥура суох, мин учуутал, завуч быһыытынан ситиһиилэрбэр кини ѳҥѳтѳ эмиэ баар. Өр кэм үѳрэҕирии эйгэтигэр үлэлээн-хамсаан кэллим, онон Маргарита үлэ үөһүгэр, эдэр көлүөнэ туһугар, кини сайдарыгар элбэх сыратын уурбутун билэбин (оҕо тэрилтэлэрэ, сүбэлэрэ, Саха-КВН, Президенскай Ёлка, “Одарённые дети” бырагыраама, “Эркээйи”, “Туймаада”олимпиадалар уо.д.а.). Ол таһынан оҕону кытта үлэлиир каадырдары өйөөн элбэх күрэҕи тэрийбитэ – “Сердце отдаю детям”, “Лучший соцпедагог”, “Лучший классный руководитель”, “Лучший вожатый” уо.д.а. Төрөппүтү кытта ыкса үлэлэһии, сахалыы тыыны өрө тутуу уонна да атын үлэтэ, көрүүтэ элбэҕэ киһини сөхтөрөр. Уопсастыбаннай үлэҕэ эмиэ элбэх бириэмэтин биэрэрэ.

Ньурбаҕа кэллэҕинэ мин, туһанан хаалан, оскуолам оҕолорун, кылаас салайааччыларын, иитэр-үѳрэтэр завучтары кытта кѳрүһүннэрээччибин. Бүтэһик сырыытыгар Ньурбаҕа балаҕан ыйыгар оскуола линейкатыгар сылдьан, оҕолору үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлээн, кэлэктииби кытта көрсөн, 4 “а” кылаас (салайааччы Охлопкова Е.Г.) оҕолорун кытта оҕо хамсааһынын туһунан кэпсэппитэ, «Кыайыыны уһансыбыт Ытык Ийэлэр” кинигэтин презентациялаабыта, бэлэхтээбитэ.

Эдьиийбит барыбытын түмэр, тумус туттар киһибит этэ. Кини биһиги ѳйбүтүгэр, санаабытыгар сырдык мичээрдээх, барыбытын саныыр-ѳйдүүр, минньигэс астаах, ыраас дууһалаах эдьиийбит, тётябыт Рита, Маргарита буолан үйэлэр тухары хаалыаҕа.

Маргарита Константиновна сырдык аата, үлэтэ үйэтитиллэр. Муус устар 13-15 күннэригэр ыытыллыбыт «Кылаас салайааччыта-2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх Маргарита Константиновна Петрова сырдык кэриэһигэр ананна. Күрэххэ «Муҥутуур кыайыылаах» үрдүк ааты В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын учуутала Анна Александровна Петухова ылла. Итиэннэ СӨ оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын бастыҥ салайааччыларыгар Маргарита Константиновна Петрова аатынан олохтоммут «Золотая звезда -2022» («Суолдьут сулус») бириэмийэ Бэпэчиитэллэр сэбиэттэрин 2022 сыл ыам ыйын 18 күнүнээҕи быһаарыытынан Ньурба улууһун МАУ ДО ЦТИТ тэрийээччи педагога, муниципальнай координатора Валентина Яковлевна Давыдоваҕа туттарылынна.

Үтүө киһи аата, сырдык мөссүөнэ өлбөөдүйбэт. Маргарита Константиновна Петрова олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, аймах-билэ чугас дьоно, саҕалаабыт дьыалаларын биир идэлээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ салгыыллар.фч

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...