10.11.2022 | 15:00

Сырдык кыыһа Сайдыына: «Айыылар билиилэрин киэҥ эйгэҕэ тиэрдэбин»

Сырдык кыыһа Сайдыына:  «Айыылар билиилэрин киэҥ эйгэҕэ тиэрдэбин»
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

Сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр «Киин куорат» хаһыат тэриллиэҕиттэн Алексей Иванович Божедонов-Сырдык чараас эйгэ кистэлэҥнэрин арыйар суруйууларын өр кэмҥэ элбэх киһи сэргээн ааҕара. Билигин кини Ютуб ханаалга буола турар быһыыны-майгыны ырытан кэпсиир.

Сырдык кыыһа Ольга Кривошапкина-Сайдыына социальнай ситимнэргэ эмиэ бэрт элбэх сурутааччылаах, кини үгүс киһини долгутар ыйытыыларга кылгас эрээри, бэрт дириҥ ис хоһоонноох видеоларын саха эрэ дьоно буолбакка, атын омуктар эмиэ сэҥээрэн көрөллөр.

Экономист идэлээх, улахан тэрилтэҕэ үчүгэй үлэлээх Ольга олоҕор 2014 с. улахан уһуктуу буолбута. Томпо улууhугар үлэлии сылдьан массыына саахалыгар түбэһэн, эчэйии ылан, быһылаан төрдүн-төрүөтүн ырытан, улахан толкуйга ылларбыта. Духуобунай эйгэни дириҥник хорутан үөрэтэр, элбэҕи хасыһан ааҕар буолбута. Аан дойду Ытык сирдэригэр тиийэн, ретриттэргэ сылдьан, 2017 с. ис куолаһа уһуктан, этиттэрии диэн тугун аан бастаан билбитэ. Ол туһунан бүгүҥҥү ыалдьыппыт ааҕааччыларбытыгар сэһэргиир.

Биэс сыл иһигэр 77 000 тахса сурутааччыланным

Бэрт өр кэмнэр тухары миэхэ киирэр элбэх ыйытыыларга сөптөөх дириҥ ис билиилээх хоруйдары тобула сатыырым. Биир кэмҥэ ол саныыр санаам өйбөр сааһыланан, ситимнэнэн харахпын арыйбыта. Ол билиилэрбин дьону кытары үллэстэр баҕа санаа киирбитэ.

Сайдыына диэн ааты мин 2011 с. талбытым. Ийэм дойдута Томпо, Сайдыы диэн кыра нэһилиэк, онно эбэлээх эһэбэр ааспыт оҕо сааһым кэмнэрин билигин даҕаны сүрэхпэр сылаастык илдьэ сылдьабын. 

Уонча сыл анараа өттүгэр хоһоон суруйар этим, ону куйаар ситимигэр таһаараары итинник аат ылбытым. 2017 с. социальнай ситимҥэ “o_soznanie” диэн блогпун арыйарбар уһуну толкуйдуу барбакка, ити ааппынан киэҥ эйгэҕэ тахсыбытым. Үс сыл тухары бэйэм дьиҥ ааппын суруйбакка, санаабын Сайдыына диэн аат нөҥүө үллэстэрим.

Иллэрээ сыллааҕыта хамсык дьаҥа өрө турбутугар туох баар кыбыстыыбын хаалларан туран, мин саһан олорон санаабын тиспэккэ, дьоҥҥо сирэйбин көрдөрүөхпүн наада диэн быһа эпииргэ тахсыбытым. Онтон сиэттэрэн, тренинг, куурус арааһын ыыппытым, лиэксийэ аахпытым.

Биэс сыл иһигэр миигин сэргиир сурутааччыларым күн-түүн эбиллэн, аан дойду араас уһугуттан билигин 77 000 тахса ааҕааччылаахпын.

Этиттэрии

Мин бу билиини хантан ылабын диэтэххэ, биир тылынан “этиттэрии” диэм этэ. Этиттэрии диэни сахалар бары өйдүүллэр, билэллэр. Ол эрэн этиэм этэ итинник сүдү күүстээх дириҥ билии мээнэ киһиэхэ бэриллибэт, айылҕаттан  эрэ айдарыылаах, улахан тургутугу ааспыт киһи итинник этиттэриигэ холбонуон сөп. Айыылар ону көрө-истэ, кэтии сылдьаллар.

Хас биирдии саха киһитигэр дьон саҥарыа диэн сэрэхэчийии баар, ол иһин ситэ сайдыбакка иҥнэн хаалабыт. Тус бэйэм улахан тэрилтэҕэ, салайар үлэҕэ сылдьан баран ону-маны кэпсээн бардахпына, дьон өйдүө суоҕа диэн туттуна саныырым. Билигин бу билиим элбэх киһиэхэ күнтэн күн күүс-көмө буолар. Наар кыбыстыыга баһыйтара сырыттахха, билииҥ да, дьоҕуруҥ да дьоҥҥо тиийбэт, туһалаабат буолар.

Саха итэҕэлин киэҥ эйгэҕэ таһаараары

Бастаан дьон саха эрээри тоҕо сахалыы саҥарбаккын, төрөөбүт тылгынан суруйбаккын диэн өһүргэнэр этилэр. Аны казахтар эмиэ бэйэбит киһибит дии санаан, казахтыы суруйар этилэр, казах эрээри тоҕо нууччалыы саҥараҕын дииллэрэ. Нуучча тыла элбэх киһини холбуур, онон эйгэм киэҥ. Миигин Европа дойдуларыттан саҕалаан, Казахстаҥҥа тиийэ, атын да сирдэртэн ааҕаллар, сэргээн истэллэр.

Ону мин сахабын диэн этэн туран, Айыылар билиилэрин киэҥ эйгэҕэ тиэрдэбин.

 

Айылҕалаах дьон хайысхата элбэх

Социальнай ситимҥэ бэйэбин билиһиннэрэрбэр духуобунай маастарбын, саҥа үйэ удаҕанабын диэн этэбин. Духуобунас диэн тылы билигин араастаан эргитэ сылдьан тус-туһунан өйдүүллэр. Дьиҥэр, бу биһиги ыраас санаабыт, көнө майгыбыт, олоҕу уустугурдубакка чэпчэкитик ылыныы, дьоҥҥо үтүө сыһыан.

Эдэр эрээри, тоҕо удаҕан диэн улахан ааты ылынныҥ диэн эмиэ элбэх киһи социальнай ситим нөҥүө ыйытара.

Дьон ойуун, удаҕан диэни тугу барытын ыраахтан өтө көрөр киһи курдук саныыллар. Мин өтө көрөөччү буолбатахпын, этиттэрии нөҥүө билиини биэрэбин, атын таһымнаахпын. Ойууннааһын иһигэр хайысхата элбэх, холобур, дьону эмтиир, өтө көрөр, инникини этээччилэр, отоһуттар бааллар.

Онон, хаартысканан ыраастаа, дьылҕабын кэпсээ диэтэхтэринэ сөбүлэммэппин, итинниккэ киһи сайдыбат, бэйэтэ уларыйбат, наар бэлэмҥэ сылдьыан баҕарар. Билиҥҥи кэм ирдэбилэ атын, киһи бэйэтэ бэйэтин уларыта сатыахтаах, билиини ыла сатыахтаах. Ону мин Аар айылҕа сокуонун көрөбүн, билэбин, истэбин уонна ол билиибин дьоҥҥо кэпсиибин. Өйдүүр киһиэхэ олус туһалаах буолар, кини бэйэтин эйгэтин өйдөөн, сырдыкка тардыһан, олоҕун тупсарар.

Урут аҕам табаарыстара кыыһыҥ айылҕаттан айдарыылаах, эн туйаххын хатарыа диэн куруук этээччилэр. Мин күлэн кэбиһэрим, тугу да өтө көрбөппүн, түһээбэппин даҕаны, ол аата алҕаһыыллар, сыыһа этэллэр дии саныырым. Оччолорго этиттэрэр, билии биэрэр диэни билбэт этим. Билигин көрдөхпүнэ, улахан убайдарым, эдьиийдэрим сыыспатахтар.

Көҥүл эйгэҕэ тахсыы...

Бэйэм туспунан кэпсиир буоллахха, үс оҕолоохпун, үһүөн кыргыттар, улаханым устудьуон, кэргэннээхпин, ыттаахпын-куоскалаахпын (күлэр), куорат таһыгар чааһынай дьиэҕэ олоробут. Экономист үөрэхтээхпин, уонтан тахса сыл нолуогабай уоргаҥҥа, онтон алта сыл сир баайын хостуур тэрилтэҕэ үлэлээбитим. 2020 с. ол үлэбин хаалларан туран, көҥүл эйгэҕэ тахсан барбыппын үгүс дьон дьиктиргии санаабыта.

Бастаан, биллэн турар, олоҕуҥ отуорун, сүүрбэччэ сыл үөрэнэн хаалбыт укулааккын тосту уларытар ыарахан этэ.

Кырдьыгынан эттэххэ, элбэх куттал баара, ону кыайа тутан, инним диэки хардыылаан испитим. Кэлин санаатахпына, баҕалаах киһи тугу барытын ситиһиэн сөп, сыал-сорук туруоруннахха, аныгы кэм эниэргийэтигэр олорор буоламмыт, баҕа санааҥ наһаа түргэнник туолар, Айыылар аттыбытыгар көрө-истэ, өйүү сылдьаллар.

Билигин аралдьыйбакка, бэйэм айылҕабынан сайдабын, үүнэбин. Дьону кытта үлэлиибин, куурус, тренинг ыытабын, үксэ онлайн буолар. Дьикти үйэ кэллэ, киһи бэйэтигэр эрэнэр, кутталын кыанар буоллаҕына, кини Үрдүкү күүстэртэн улахан көмө ылар, барыта табыллан иһэр тэтимҥэ киирэр. Ону кыайыахха наада, бэйэҥ бэйэҕин саҥараргын, тохтоторгун. Инниҥ хоту арыллар аартык устун дабайан истэххэ эрэ сатанар. Ол баар духуобунай үлэ.

 

Үөһэттэн анаан-минээн ыыталлар

Кэргэним 20 сыл полицияҕа үлэлээбитэ, аан бастаан киниэхэ хайдах кэпсиэхпиний дии саныырым, кыбыстар этим. Ол эрэн уһуннук кистээбэккэ, кыра-кыралаан кэпсээн үллэстэр этим. Кини билигин миигин толору өйүүр, киниттэн тугу даҕаны кистээбэппин, бастакы сүбэлэһэр киһим кини буолар.

Кэргэниҥ — Айыылар бэлэмнээн биэрбит киһилэрэ, ону таба өйдүөххэ наада. Кэргэннии буолар дьон мээнэ холбоспоттор, Үөһэттэн анаан-минээн ыыталлар. Ону сатаан өйдөөтөххө, ол билиинэн сатаан туһаннахха, киһи үрдүк таһымҥа тахсар, этиһэн-кыыһырсан бүтэҕин. Аҕыйах тылынан бу улахан билиини киһи эппэт, итини дириҥник эрэ үөрэттэххэ өйдөнөр.

Омуктар саха итэҕэлин сэргииллэр 

Мин үксүн онлайн үлэлиибин, ити пандемияттан саҕаламмыта. Куйаар киэҥ туонатыгар кыраныысса суох, ийэ-аҕа ууһун ситимниир үөрэхпэр тас дойдуттан кытта киирэн үөрэнэллэр. Омуктар буор кут, ийэ кут, салгын кут, Аар айылҕа диэни олус сэргииллэр, Саха сирин наһаа ытыктыыллар, махтал диэн тылы куруук туттар буолаллар. Мин онтон ис сүрэхпиттэн астынабын, үөрэбин.

Билигин дьон өбүгэ ситимин быһан, араас хомойууга, хом санааҕа ылларар, билиитэ суоҕуттан араас кыһалҕаҕа түбэһэр. Билиилээх киһи итинниккэ киирэн биэрбэт. Ол иһин мин дьоҥҥо билии биэрэбин.

 

Дьон олоҕо арыллар

2020 сылтан саҕалаан “Сила Рода” диэн ааптарыскай онлайн тренинг ыытабын. Барыта 6 төгүл буолан ааста. Бу үөрэҕим икки түһүмэхтээх, бастакыта 40 күн, иккиһэ – 21. Ол тухары эпииргэ тахсан кэпсиибин, дьиэҕэ үлэни биэрэбин. Миэхэ үөрэммит дьон олоҕо иккистээн арыллар диэххэ сөп, ыарыы-дьаҥ халбарыйар, дьону кытта сыһыаннара уларыйар, үлэҕэ-хамнаска табыллыы кэлэр. Холобур, кэргэннэрин кытта бииргэ олорон баран сыһыаннара тупсар, оҕолорун кытта төрөппүттэр биир тыл булан ситимнэрэ бөҕөргөөн барар.

Ити үөрэхпэр дьон хайдах ыал буоларын, оҕо кута кими хайдах талан кэлэрин, оҕо тоҕо ыалдьарын уонна да атыны кэпсиибин, ону хайдах киһи бэйэтэ уларытыан сөбүй диэн билии биэрэбин.

Аҥаардас биир эрэ тренинг буолбакка, ону таһынан, дьахтар доруобуйатыгар, дьахтар уонна эр киһи сыһыаныгар туһааннаах билии биэрэбин. Ону таһынан атын хайысхалаах тиэмэлэри эмиэ арыйабын.

Аныгы саха дьахтара аһаҕас буолуохтаах, бастатан туран, кэргэнин кытта, бэйэтин талаанын дьон саҥарыа диэн куттаммакка киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтаах. Дьахтар ис сүрэҕиттэн астына-дуоһуйа олорор буоллаҕына, олоҕо тупсар, тулалыыр дьоно дьоллоох, доруобай буолаллар.

Уһуктар кэммит кэллэ

Бу 2020 сылтан саҕалаан, хамсык дьаҥа турбутун кэннэ аны быйылгы быһылааннар буолан, киһи аймах Айыылар биһигини тоҕо муҥнуулларый дии саныыр. Оннук буолбатах. Билигин дьон уһуктар, эниэргийэ уларыйар кэмэ кэллэ. Мин, холобур, пандемияҕа махталым муҥура суох, олох атын, саҥа таһымҥа таҕыстым.

Үлэһит, куттаммат, билиини ыла, сайда сатыыр киһиэхэ Айыылартан улахан күүс-көмө кэлэр. Киһи инникитэ элбэх хайысхалартан турар, ону бэйэҥ санааҕынан салайан баҕалаах өттүгэр уларытыаххын сөп.

Аны кэлэн туох даҕаны урукку курдук буолуо суоҕа, билигин олохпут барыта уларыйыы сиэринэн барар. Уларыйбакка, уруккутунан хаалар киһи ыарахаттары көрсүө.

Биир-икки сылынан үүт-тураан олох кэлиэ суоҕа, араас барыта буолуо, ону тулуйуохха, уйуохха наада. Айылҕа диэн киһи Аар айылҕаны кытта ситимэ, онтуҥ бөҕө туруктаах түгэнигэр араас ыарахаттары этэҥҥэ туоруугун. 

 

Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах

Киһини толкуйдатар олох кэллэ. Киһи атын киһини буруйдаабакка, бэйэтэ уларыйыахтаах, бэйэтэ сайдыахтаах, бэйэтин кутталын нөҥүө ааһыахтаах. Дьэ, оччоҕуна олоҕо уларыйар.  

Киһи бэйэтин туһунан санаата бэйэтиттэн тутулуктаах. Бэйэҕин хайгыы, сайдыыга сиэтэ сылдьар буоллаххына, олоҕуҥ биир оннук, оттон тугум да сатаммат диэн ытыыр-соҥуур киһи тулалыыр эйгэтэ эмиэ оннук хабааннаах.

Сайдар киһи туораттан хайҕабыл кэтэспэккэ, харса суох иннин диэки баран иһэр. Сахаларга оннук дьон бааллар, киһи эрэ астына көрөр.   

Сайдыына ыстатыйаларыттан быһа тардыылар

 

Эргэ малы-салы сөптөөхтүк туһаныы уонна харайыы

Хас биирдии туһаныллар мал-сал бэйэтигэр иҥэринэ сылдьар нэҥирдээх (энергиялаах). Мал төһө уһуннук туһаныллыахтаах олоҕун кээмэйэ туттар киһититтэн уонна малга сыһыаныттан тутулуктаах. Саҥа мал-сал, таҥас-сап бастаан ыраас эниэргийэлээх буолар, кэлин туттуллан баран хаһаайынын эппитин-тыыммытын иҥэринэр.

Тугу билиэххэ нааданый? Дьиэ иһигэр баар элбэх туттуллубат мал-сал, эргэ таҥас эбэтэр көрдөххүнэ куһаҕаны санатар, киһини хомотор буоллахтарына, оннук маллар дьиэ нэҥирин (энергиятын) сииллэр. Уонна, төттөрүтүн, үксүн үтүө эрэ өйдөбүлү хаалларбыт дьиэ иһигэр баар, уруккуттан элбэхтэ онно-манна туттуллар, сыаналанар мал, таҥас бэйэтин ис туругун сүтэрбэт, өссө да элбэх сыл тухары эһиэхэ сулууспалыан сөп.

Куһаҕаны санатар, киһи ол малга, таҥаска-сапка өр кэмҥэ ыалдьыбыт, өлбүт буоллаҕына оннук малы-салы, таҥаһы ууран сытыарар сыыһа уонна кутталлаах даҕаны буолар. Эрдэ кимиэхэ туттуллубута биллибэт да буоллаҕына оннук мал, таҥас ыарахан, мөкү тыынын таһаара сытар.

Бэйэбит туттубат, эргэрбит малбытын, таҥаспытын хайдах гынабыт? Наадыйар дьоҥҥо биэрэр тоҕоостоох. Ол эрэн кэккэ быраабылалары тутуһуохтаахпыт. Саха сиригэр олорор дьоҥҥо тымныы күүһүн туһаныы баар. Таҥаһы-сабы, малы таһырдьа тоҥоруу. Өр кэмҥэ тымныыга туруоруу (томороон тымныыга сэттэ күнтэн кырата суох, -40-тан тахса тымныы кыраадыска диэри). Тымныы бары өттүттэн уурбут малы салгылатыахтаах, ыраастыахтаах. Эбэтэр маннык ньыма – мал, таҥас сылтан ордук туттуллуо суохтаах. Оччоҕуна эмиэ мал ыраастанар, куһаҕан кутун-сүрүн дьайыыта сүтэр кыахтаах.

Бэйэҕэр наһаа чугас, олоҕуҥ кэрчиктэрин кытта быһа сибээстээх, чугас дьонуҥ бэлэхтээбит малларын атын киһиэхэ биэриэххин баҕарбат буоллаххына, ол эрэн наадата бүппүт түгэнигэр “махтанабын сулууспалаабыккар, тапталы, махталы кытары ыытабын" диэн баран уматан кэбиһиэххин сөп.

Атах таҥаһын уматар буоллаххына “олохпор саҥа суоллар арылынныннар” диэхтээххин. Эргэрбит ис таҥаһы уонна атах таҥаһын уматыахтааххын. Сатаан умаппат буоллаххына, быраҕыллыан иннинэ сууйуллуохтаах, тымныыга туруоруллуохтаах, ол кэннэ биирдэ быраҕыллыахтаах. Атах таҥаһа эмиэ тоҥоруллуохтаах, быраҕыллыан иннинэ эбэтэр сылтан ордук кэтиллиэ суохтаах. Сөбүлээбэт, абааһы көрөр малгын, таҥаскын ууран сытыарыма.

Арыый чэпчэки “ыйааһыннаах” оҕо эргэ таҥаһа буолар. Сууйуллан баран атын оҕоҕо бэриллиэн сөп. Уу ыраастыыр күүстээх, көстүбэт эйгэҕэ кытары. Олох эргэ түҥ былыргыттан кэлбит малларга арыый атын сокуоннар туттуллаллар.

Тымныы туох туһалааҕый?

Киһи хараҕыгар көстүбэт чараас эйгэҕэ тымныы киһини ыраастыыр эбит. Тыйыс уһун тымныылар өссө ордук. Ону мөҕүттүбэккэ, утарыласпакка ылыныахха эрэ наада. Ичигэстик таҥнан баран тымныы эйгэтигэр киирэбит. Санааҥ көрүҥ, эһиги киртийбит малы кирин-хаҕын аала-аала ньыгыччы сууйаргыт курдук, тымныы эмиэ оннук ыраастыыр эбит. Олус үчүгэй ньыма, ыраас. Кыһынын көстүбэт эйгэҕэ, сиргэ мунньуллубут хара эниэргийэ тоҥон хаалар.

Кыһыны уонна күүстээх тыйыс тымныылар кэлиилэрин киһи айылҕаны кытта сөбүлэһэн олоруохтаах, ону тэҥэ бэйэтин кытта эмиэ сөпсөһөн.

Тэттик сүбэлэр: кыһынын таһырдьа кэтэр таҥаһы, утуйар таҥаһы, суорҕаны таһааран салгылатыахтаахпыт. Оннукка быыла эрэ буолбакка, таҥас куһаҕаны иҥэриммитэ барыта ыраастанан хаалар.

Тымныы бэйэтигэр элбэх үөрэҕи, чараас эниэргийэни харайан илдьэ сылдьар. Онон биһиги, сирдээҕи дьон, тымныыны бэйэбититтэн тэйиппэккэ, биир тэтимҥэ киирэн тэҥҥэ үлэлэһиэхтээхпит. Тымныыны кытта эҥээрдэспит дьон уһун үйэлэнэллэр, доруобай буолаллар. Порфирий Иванов киһи доруобуйатыгар аччык буолуу, тымныы уонна хамсаныы наада диэн мээнэҕэ эппэтэҕэ.

Тымныыга киһиттэн эниэргийэ бэрсээһинэ атыннык үлэлиир. Ылсыы, бэрсии түргэнник барар. Ол иһин дьайыыта быдан үрдүк буолар.

Сахабыт сиригэр саха буолан төрөөбүт дьоллоох дьоммут. Тымныыттан астыныы, дуоһуйуу ылан боруобалаан көрүҥ. Тыйыс тымныыбыт ыраастыыр күүһүн туһанан, олохпутун тупсарар кыахтаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...