25.04.2020 | 09:41

Сырдык Күүс: “Коронавирус – ыраастаныы сиэрэ”

Сырдык Күүс: “Коронавирус – ыраастаныы сиэрэ”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мария Иванова-Сырдык Күүс Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар төрөөбүтэ. Олорбут, улааппыт сирэ – Ороһу нэһилиэгэ. Уон биир ыйдааҕыттан эһээ, эбээ тапталыгар угуттанан киһи-хара буолбута. Ыал улахан оҕото буолан, ханнык даҕаны хара үлэттэн иҥнэн-толлон турбакка улааппыта. Эбээтэ сиэтэ сылдьан кырачаан кыысчааны хотон үлэтигэр көмөлөһүннэрэрэ, туос хастатара, эмтээх оттору хомуйтарара, айылҕаҕа чугас эйгэлээҕин, ураты күүстээҕин сэрэтэ сылдьара.

ЭБЭЭМ ОТОҺУТ

Удьуордарым Томскайдар миэхэ халыҥ хахха буолаллар. Эбээм Майя Ивановна Томская диэн этэ. Хаан аҕам өттө эмиэ Томскайдар диэннэр, Бүлүү Кыадаҥдатыттан төрүттээхтэр. Эбэм наһаа ыарыһах этэ. Нэһилиэккэ кэлбит айдарыылаах дьону дьиэтигэр ыҥыран хоннороро, чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа, ирэ-хоро кэпсэтэрэ, эмтэтэрэ. Мин ону барытын кэтии сылдьан, иҥэринэн, баҕар, онтон да аһыллыбытым буолуо. 90-с. сылларга Айыы үөрэҕэ, итэҕэл, экстрасенсорика диэннэр күүскэ сайдыбыттара. Эбээм кэпсииринэн, Тоттох диэн Ойуун төрдүлээх үһүбүт. Киниттэн туох эрэ бэриллибит буолуон сөп. Эбээм отунан-маһынан эмтиирэ. Күөмэй, сүһүөх, ис ыарыытын, медицинэҕэ итэҕэйбэккэ, отунан түргэнник үтүөрдэрэ. Аттынааҕы ыалларбыт киниттэн эмтээх от ылаллара. Хаһыаттан эмтээх оттор тустарынан суруйуулары кырыйан мунньара. Ону мин дьиктиргээн, сыттаан көрөрүм.

КИҺИТТЭН УРАТЫ ХАЛЛААН

Көстүбэт эттиктэри киһини өйдүүр буолуохпуттан көрөбүн. Оҕо сылдьан киһи уҥуоҕар ыһыахтыы сылдьар дьону көрбүтүм. Ол кэнниттэн таһынааҕы ыалбыт дьоно өлбүттэр этэ. Сүнньүнэн, киһи өлөөрү гыннаҕына истэр-көрөр эбиппин. Ону эбээм бобооччу, «Дьоҥҥо кэпсээмэ, дьон өйдөөбөт...иирэр диэхтэрэ”, - диирэ. Харыстаан буойар буоллаҕа. 15 сааспыттан элбэх киһилээх сиргэ үктэннэхпинэ, дьон олоҕун, дьылҕатын курдаттыы сэрэйэр буолбутум. Сэрэйэрим, тугу түүйэрим олорпот да, туруорбат да буолбута. Бэйэбин сатаан хонтуруоллаабат, туттуммат буолбутум. Мээнэ хаама сырыттахпына, кэпсэтэ турдахпына, көстүбэт эйгэ дьоно кэлэн ааһаллара. Онтон сылтаан кэлин наһаа муунтуйбутум. Ханнык эрэ кэмҥэ саҥарбат буола сылдьыбытым. Дьону кытта биир тылга киирсибэт этим. Бэйэбэр бүгэн сылдьарым. Оҕо буолан, дьон бары мин курдук дии саныырым. Ону кэлин биирдэ өйдөөбүтүм. Эбээбиттэн ыйытар этим: “Итини көрөҕүн? Маны иһиттиҥ? Ити ким эрэ хаама сылдьар...», эбээм «суох” диэнтэн атыннык хоруйдаабат этэ.

Кыра эрдэхпиттэн түүлбэр дьахтара, эр киһитэ, омуга биллибэт үс киһи күлүгэ кэлэрэ. Кинилэр миигин үөрэтэр курдук элбэҕи, дьиктини кэпсииллэрэ. Ол кэпсээбиттэрин умнубат этим. Мин өйдүүр тылбынан, сахалыы саҥараллара. Сахалыы тылы билэллэр, мин билбэт былыргы тылбынан эмиэ кэпсэтэллэр. Кэпсээбиттэрин умуннарбаттар, дөрүн-дөрүн санаталлар, быһата, уруок курдук үөрэтэллэр. Кинилэртэн билбэтэхпин билэн, олоҕу атыннык көрөр буолан барбытым. Ону эмиэ дьон бары оннук көрөллөр, алтыһаллар дии саныырым. Ол эрэн дьоҥҥо эттэхпинэ, тугу да көрбөппүт диэтэхтэринэ, наһаа дьиибэргиирим...

Билэр, чугас дьонум куһаҕан буолалларын эмиэ эрдэттэн билэбин. Хомойуох иһин, мин онно орооһор, хайдах да гынар кыаҕым суох… Дьылҕа суруллан кэлэр.

Бэйэбин хонтуруоллуурбар, кырдьаҕас эдьиийим Марфа сүрдээҕин көмөлөспүтэ. Кини эмиэ дьону өтө көрөр ураты дьоҕурдааҕа.

ОЙУУММУН, УДАҔАММЫН ДЭММЭППИН

Үгүстэр курдук араас эттиктэри, сээкэйдэри туһаммаппын. Наһаа ону-маны кэтэ-кэтэ, иилинэ-иилинэ бэйэни көрдөрө сатааһын, мин санаабар, сирэй-көрбөх быһыыланыы.  Хайдах баарынан сылдьыахха наада. Ханнык баҕарар чараас эйгэлээх киһи турукка эрэ киириэн наада. Турукка киирэн, киһи санаатын, эниэргийэтин ааҕан билгэлиигин. Эттэтиини киһи-киһи араастык ылынар. Мин оҕо сылдьан наһаа ыарыһах этим. Ис уорганым барыта ыалдьара. Эбэм эмтээн киһи хара гыммыта. Дьон маны иһиттэҕинэ, эттэтии буолуо дииллэр. Түүлбэр абааһылар кэлэн ыалдьыттаан бараллара. Билигин мин удаҕаттар курдук кыырбаппын, дүҥүрүм суох. Москваҕа олорор эрдэхпинэ, дүҥүрүм миэхэ көмүскэл, харысхал эрэ курдуга.

АНАРАА ДОЙДУ ДИЭН БААР ДУО?

Баар! Биир кэмҥэ анараа дойду аартыгын көрбүтүм. Холлороон устун көтөн, сырдыгы көрбүтүм. Хайҕыы-хайҕыы көтөн истэхпинэ, холлороону таҥнары өҥөйөн турар дьон көстүбүтэ. Ис туругум билбитэ. Таайдарым эдэр саастарыгар суорума суолламмыттара. Кинилэр тураахтыыллар эбит. Манна кэл, манна наһаа үчүгэй диэн далбаатыыллар. Мин кинилэри хаһан да көрбөтөҕүм эрээри, ис кутум кинилэри кытта сибээстээх. Аймахтарым буоллаҕа дии, хааннарым сырыттахтара. Уопсайынан, киһи икки өйдөөх – ис уонна тас. Ис өйүм тутанына билбитэ, онтон тас өйүм сирдээҕи олохпун санаабыта. Дьонум-сэргэм, алтыһар дьонум, үлэм-хамнаһым барыта көстүбүтэ. Ол көтө сылдьан таҥараҕа үҥэн киирэн бардым, өссө сиргэ хааллара түс, билигин да эдэрбин, олоҕу олоруохтаах киһибин, олох диэн тугун билбэккэ барыахпын баҕарбаппын диирбин кытары, миигин таҥнары бырахта, ыһыктан кэбистэ, ороммор олоро биэрэ түстүм.

Анараа дойдуну, нууччалыы эттэххэ, “параллельная реальность” диэн өйдүөххэ наада. Онно атын материя, сирдээҕи олохтон таһы-быһа атын, кут-сүр дойдута буолар. Ол онно тиийэн киһи кута-сүрэ ыраастанар уонна төттөрү сирдээҕи олоххо төннөр. Наукаҕа «реинкарнация” диэн буолар. Сахалыы эттэххэ, киһи дьабыныгар көтөр. Уопсайа хас да араҥа баар. Сырдык, хараҥа, орто... киһи хайдах олоҕу олорбутунан арахсар. Ис туруктара ыраас, үчүгэй дьон, биллэн турар, сырдыкка тиийэллэр. Хас биирдии киһи кута ыраастаныахтаах, букатынныы кэлбит киһи ханна да суох. Үөһэ дойду сырдык араҥата олус кэрэ. Муора да баар, хайа да баар, сибэккилэр үүнэн тураллар, талбыт барыта баар. Киһи бу орто дойдуга көрбүтэ барыта турар, дьон бэйэтэ тиийэн олоҕун оҥостор.

ДЬОҤҤО УТАРЫ ЭТИЭХПИН СӨП

Дьоҥҥо утарынан этиэхпин сөп, малтаччы сирэйгэ хардарыахпын  эмиэ сөп. Кэлэйбит дьон баар буолуон сөп. Дьонтон ураты, киһиттэн атын буоламмын, олохпор элбэх эрэйи көрдүм. Чиэһинэ эттэхпинэ, хаһыс да кэргэммин кытта олоробун. Уопсайынан, киһи бэйэтэ тус олоҕун кытта элбэхтик үлэлиэн наада. Ордук эр дьон. Хас биирдии киһи өйө-санаата араас, ыарахан,  дьоллоох буоларга бэйэбит кыһаллыахпытын наада.

  • Эн дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэ сатаабат эбиккин дии.

- Дьонум итинник ииппиттэрэ. Эбээм миигин «түөскүн охсунума, күүскүн-уоххун тэҥнээмэ” диирэ, эһээм эмиэ. Былыргылыы иитиилээхпин.

ДЬОН КЫҺАЛҔАТА

Миэхэ ордук дьахталлар сылдьаллар. Эр-ойох сыһыана, оҕо-уруу уонна, биллэн турар, материальнай эйгэҕэ олорорбутунан сибээстээн, дьиэ-уот, харчы боппуруостарыгар. Ыарыыны эмтээбэппин. Киһи тугу ыалдьарын уонна ыалдьаары гыммытын диагностикалаан эрэ биэриэхпин сөп. Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллиэхтээх ыарыылары сэрэтэбин, хаһан даҕаны быһа эппэппин. Киһини харыстыыбын. Төрдүлэриттэн кэлбит ыарыыны кыайар суох эрээри, намыратыахха сөп.

  • Кэлбит киһини барыларын көрөҕүн дуо?

- Суох! Уопсайынан, биһиги ып-ыраас дьон буолан кэлэбит. Эн, мин, кини... бары! Улаатан баран араас киргэ-харга сыстабыт, майгыбыт туора-маары барар, эрэйдэри көрсөн, өйбүт-санаабыт киртийэр. Оннук эйгэлээх дьону  үүртэлиибин, көрбөппүн. Тоҕо диэтэххэ, миэхэ уоскулаҥ наада.

  • Үүрбүт дьонуҥ эргиллэн кэлбэттэр дуо?

- Кэлэллэр. Бэйэлэрин көннөрүнэн, майгыларын-сигилилэрин уларытан баран кэллэхтэринэ көрүөхпүн сөп.

  • Ууга түспүт, сүппүт дьону булаҕын дуу?

- 20 саастаахпар, эдэр сылдьан, көмөлөһөөччүбүн. Маны ордук дойдубар билэллэр. Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ буолбут быһылааннарга сылдьыбытым. Эппитим элбэх, ыйан-кэрдэн биэрэбин. Оннук айылаах «мин буллум” дэммэппин.

СИИНЭҔЭ СҮППҮТ КЫРГЫТТАР

Бу кыргыттар дьылҕаларын миигиттэн куруук ыйыталлар. Ол саҕана миэхэ сибээскэ тахса сылдьыбыттара. Оччолорго туох даҕаны информация суоҕа, көрдүү барбатаҕым уонна хайдах эрэ бобуу баара. Дьылҕаларын тыытымаҥ, аймаамаҥ дииллэрэ. Дьылҕа хараҕа олус кытаанах, кини быһаарда эрэ, кытаанахтык быһаарар, уларытар кыаҕы биэрбэт.

КОРОНАВИРУС

Бу сылтан биһиги атын эйгэҕэ, атын олоххо, бириэмэҕэ үктэннибит диэххэ сөп. Коронавирус, элбэх аймалҕаны таһааран, аан дойдуну барытын хамсатта, дьон өйүн-санаатын уларытар ыраастыныы көрүҥэ диэххэ сөп. Баҕар, миигин сорох дьон сүөргүлүү ааҕыаҕа. «Дьон өлбүтүгэр туох ыраастаныыта кэлиэй”, – диэн. Ол гынан баран дьылҕаларыгар, иннилэригэр олохторо кылгаабыт дьон киэннэрэ түргэтээтэ диэххэ сөп. Бу ыарыы кэннэ биһиги олохпутун атын харахпытынан көрүөхтээхпит, олоҕу сыаналыахтаахпыт. Ыарыы бүтүүтэ саҥа тыын киириэхтээх, саҥалыы өй оҥоһуллуохтаах, саҥа арыйыылар баар буолуохтаахтар. Кут-сүр сайдыыта тахсыахтаах. Биһиги бэйэбит хайыһыахтаахпыт. Үөһэттэн «Өйдөнүҥ!” – диэн иһиирии буолар. Коронавирус киһи этигэр-сиинигэр үйэ тухары суоллары хаалларар улахан охсуулаах. Нууччалыы эттэххэ, “на генном уровне”. Сахаларга ордук кутталлаах, ол гынан баран айылҕабыт көмөтүнэн син этэҥҥэ, халы-мааргы ааһыаҕа. Элбэх өлүүнү-сүтүүнү көрбөппүн. Кэлии дьон элбэҕин дьэ билиэхпит турдаҕа. Бизнес улаханнык эчэйэр, билигин даҕаны быһыннылар. Аан дойдуга туох барыта үрүҥтэн уонна хараттан турар, ол иһин саҥа тутуулар, арыйыылар, урбаанньыттарга саҥа саҕахтар арыллыахтара.

ХАРЧЫ УЛАРЫЙЫЫТА

COVID-19-тан сылтаан харчы уларыйарын көрбөппүн. Арассыыйа инникитин харчы өттүнэн дьылҕата ыарахан. Харчы былааска улахан уларыйыылар таҕыстахтарына эрэ уларыйыа. Ол уларыйыы ыраах диэбэппин, чугас да диэбэппин, ол гынан баран син-биир уларыйыы тахсыаҕа.

СУДААРЫСТЫБА ТУТУЛА

Судаарыстыбаҕа элбэх уларыйыы барыаҕа, өскөтүн судаарыстыба уларыйдаҕына. Саҥалыы тыын, сайдыы киириэн сөп этэ. Былааска хайдах өйдөөх, майгылаах, санаалаах киһи олороруттан эмиэ улахан тутулуктаах. Коронавирустан сылтаан аан дойду эстэр дииллэрэ сымыйа. Өркөн өй, таҥара – бу барытын тутан турар сүдү күүс, оннугу хаһан даҕаны таһаарыа суоҕа. Бу олохпут хаһан да бүппэт, этэргэ диэри, көлүөһэ курдук эргийэ туруо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...