Сынньалаҥы — чэпчэки сыананан
Киинэҕэ, түмэлгэ, тыйаатырга сылдьар куруук интэриэһинэй эрээри, ардыгар... төлөбүрэ «хомотор». Ол иһин бүгүн Дьокуускай куорат киинэ тыйаатырдарыгар, түмэллэригэр, тыйаатырдарыгар баар чэпчэтиилэри хомуйдубут. Кэлэр сынньалаҥ күннэрин туһалаахтык атаарыҥ!
Киинэ тыйаатырдара
“Центральнай”
Төрөөбүт күннээхтэргэ — босхо;
Бэнидиэнньиккэ: инбэлиит оҕолорго босхо;
Бэнидиэнньик-оптуорунньук: устудьуоннарга, элбэх оҕолоох ыалларга 50% чэпчэтии;
Оптуорунньук: биэнсийэлээхтэргэ 50% чэпчэтии;
Сэрэдэ: бары билиэттэри 150 солк. атыылыыллар.
“Азия”
Төрөөбүт күннээхтэргэ, сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, доруобайаларынан хааччахтаах оҕолорго — босхо;
Бэнидиэнньик-сэрэдэ: устудьуоннарга, элбэх оҕолоох ыалларга, биэнсийэлээхтэргэ — 50% чэпчэтии.
“Синема-центр”
Төрөөбүт күннээхтэргэ, сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго — босхо;
Бэнидиэнньик-сэрэдэ: устудьуоннарга, элбэх оҕолоох ыалларга, биэнсийэлээхтэргэ — 50% чэпчэтии;
Чэппиэр-баскыһыанньа: элбэх оҕолоох ыалларга, ППОС активистарыгар — 20% чэпчэтии.
“Лена”
Төрөөбүт күннээхтэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга, устудьуоннарга, биэнсийэлээхтэргэ — 50% чэпчэтии;
Аҕа дойду сэриитин, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, 5 саастарын туола илик оҕолорго — босхо.
Тыйаатырдар
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра
Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр, СВО кыттыылаахтарыгар, 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга — босхо;
Биэнсийэлээхтэргэ, II уонна III бөлөх инбэлииттэригэр — 10% чэпчэтии;
3-4 оҕолоох ыалларга, I бөлөх инбэлииттэригэр — 50% чэпчэтии;
Юрий Платонов аатынан Эстрада тыйаатыра
Биэнсийэлээхтэргэ — 10% чэпчэтии;
3 оҕолоох ыалларга, инбэлииттэргэ — 50% чэпчэтии;
Кэлээскэнэн сылдьар инбэлииттэргэ, сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, СВО кыттыылаахтарыгар, 4 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга — босхо.
Пушкин аатынан Нуучча тыйаатыра
I, II, III бөлөх инбэлииттэригэр; инбэлиит оҕолорго, тулаайах оҕолорго, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын/инбэлииттэрин огдооболоругар, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарыгар, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, өлбүт байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр, 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга — босхо;
3-4 оҕолоох ыалларга, кыаммат ыалларга, устудьуоннар бөлөхтөрүгэр — 50% чэпчэтии.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра
Инбэлиит оҕолорго, тулаайах оҕолорго, СВО кыттыылаахтарын оҕолоругар, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр — босхо;
Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар, I уонна II бөлөх инбэлииттэригэр — 50% чэпчэтии.
Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатыра
Инбэлиит оҕолорго, тулаайах оҕолорго, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна кинилэргэ тэҥнэммит дьоҥҥо, ыҥырыынан байыаннай сулууспаны ааһар байыаннайдарга, инбэлииттэргэ, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар — тыйаатыр дириэктэрин быһаарыытынан, иллэҥ миэстэлэр баар буоллахтарына, ыйга биирдэ испэктээги босхо көрүөхтэрин сөп;
Инбэлииттэргэ, 3-7 саастаах оҕолорго, байыаннай үөрэх кыһаларын иитиллээччилэригэр, 7-14 саастаах оскуола оҕолоругар, биэнсийэлээхтэргэ — тыйаатыр дириэктэрин быһаарыытынан, иллэҥ миэстэлэр баар буоллахтарына, билиэт сыаната чэпчэтиилээх;
5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга — ыйга биирдэ босхо.
Түмэллэр
Национальнай ойуулуур-дьүһүннүр түмэл (уонна филиаллара)
Устудьуоннар — 80 солк., ый бастакы сэрэдэ күнүгэр киириитэ босхо;
Элбэх оҕолоох ыалларга —75 солк., ый бастакы өрөбүл күнүгэр киириитэ босхо;
18 саастарын туола илик оҕолор; 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар; Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарыгар; Арассыыйа Дьоруойдарыгар; Албан Аат уордьан толору кавалердарыгар; суһал сулууспа саллааттарыгар, сержаннарыгар; байыаннай үөрэх тэрилтэлэрин үөрэнээччилэригэр; ИДьМ иһинэн үөрэх тэрилтэлэрин үөрэнээччилэригэр; тулаайах оҕолорго; инбэлиит оҕолорго; Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна кинилэргэ тэҥнэммит дьоҥҥо; I уонна II бөлөх инбэлииттэригэр; бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарыгар — босхо;
Аһаҕас аан күннэрэ: ыам ыйын 18 күнэ — Түмэл күнэ, балаҕан ыйын 1 күнэ — Билии күнэ, сэтинньи 4 күнэ — Сомоҕолоһуу күнэ.
Ем. Ярославскай аатынан түмэл
18 саастарын туола илик оҕолорго (устудьуоннар, оскуола/уһуйаан оҕолоро), Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарыгар, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, Суһал сулууспа саллааттарыгар, сержаннарыгар, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, I уонна II бөлөх инбэлииттэригэр, бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарыгар, Ленинград блокадниктарыгар, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылаахтарыгар, Социалистическай үлэ Дьоруойдарыгар, Элбэх оҕолоох ыалларга, СВО кыттыылаахтарыгар — босхо;
Устудьуоннарга — 20% чэпчэтии.
Дьокуускай куорат историятын түмэлэ
Оҕолорго, биэнсийэлээхтэргэ, устудьуоннарга — 50% чэпчэтии;
Элбэх оҕолоох ыалларга, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ, СВО кыттыылаахтарыгар — босхо.
Ойуунускай аатынан Литература түмэлэ
Устудьуоннарга, биэнсийэлээхтэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга — 100 солк.;
5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга, I уонна II бөлөх инбэлииттэригэр, тулаайах оҕолорго, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр, Ленинград блокадниктарыгар, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылаахтарыгар, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын/инбэлииттэрин огдооболоругар, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарыгар, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, Социалистическай Үлэ Дьоруойдарыгар, Интернационалист буойуннарга, бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарыгар, СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр, суһал сулууспа байыаннайдарыгар — босхо.
Саха сирин сокровищницата
Оскуола оҕолоругар, устудьуоннарга, биэнсийэлээхтэргэ — 150 солк.;
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарыгар, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, Социалистическай Үлэ Дьоруойдарыгар, Арассыыйа Үлэ Дьоруойдарыгар, Албан Аат уордьанын толору кавалердарыгар, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр, “Хотугу сулус” уордьан кавалердарыгар, бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр, 7 саастарын туола илик оҕолорго, I уонна II бөлөх инбэлииттэригэр, элбэх оҕолоох ыалларга, ыҥырыынан байыаннай сулууспаны ааһар байыаннайдарга — босхо.
Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ
18 саастарын туола илик оҕолорго — босхо;
Элбэх оҕолоох ыаллар: 3-4 оҕолоохторго — 50% чэпчэтии, 5 уонна онтон элбэх оҕолоохторго — босхо;
Биэнсийэлээхтэргэ — 50% чэпчэтии;
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарыгар, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, Албан Аат уордьан толору кавалердарыгар, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр, I уонна II бөлөх инбэлииттэригэр, ыҥырыынан байыаннай сулууспаны ааһар байыаннайдарга — босхо;
Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр — ый бастакы сэрэдэ күнүгэр босхо;
Судаарыстыбаннай, профессиональнай бырааһынньыктар — Аһаҕас аан күнннэрэ.
«Арассыыйа — мин историям» түмэл
18 саастарын туола илик оҕолорго, I уонна II бөлөх инбэлииттэригэр, элбэх оҕолоох ыалларга, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарыгар, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, инбэлиит оҕолорго, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр уонна онно тэҥнэнэр дьоҥҥо, суһал сулууспа байыаннайдарыгар, тулаайах оҕолорго, судаарыстыба көрүүтүгэр-истиитигэр киирбит дьоҥҥо — босхо.
Ретро тиэхиньикэ түмэлэ
5 саастарыттан аҕа оҕолорго — 50% чэпчэтии;
5 саастарын туола илик оҕолорго, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ — босхо.