14.02.2021 | 11:18

Сылаас тохтобуллар тустарынан норуот санаата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

    Дьокуускай куоракка 2013 сылтан сылаас тохтобуллар “Теплая автобусная остановка” социальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирбиттэрэ.

Айан дьоно үгүспүт да абыраннахпыт буолуо. Хас биирдии сылаас тохтобулга полицияны ыҥырар анал кнопка уонна бастакы көмөнү оҥорорго аналлаах аптечка баар. Оптуобус төһөҕө кэлэрин көрдөрөр анал монитордар, видеокамералар бааллар. Сорох тохтобулларга дьоҥҥо-сэргэҕэ наадалаах терминаллар, банкоматтар үлэлииллэр. Бу барыта нэһилиэнньэ туһугар оҥоһуллубут өҥөлөр буолаллар.

Айаал Николаевич Бочкарев, Дьокуускай куорат дьаһалтатын тырааныспарга управлениетын кылаабынай специалиһа:

Дьокуускай куорат үрдүнэн 574 оптуобус тохтобула баарыттан 32-тэ сылаас. Бу сылга 20 саҥа сылаас тохтобул үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу эбийиэктэр куорат управатын хонтуруолугар бэриллэн тураллар.

-Куорат сылаас тохтобулларыгар туох итэҕэс баарый?

-Эбии  ханна туруохтарын баҕараҕын?

-Эн санааҕар, сылаас тохтобул хайдах буолуохтааҕый уонна хайдах  үлэлиэхтээҕий?

Маннык ыйытыктаах куорат олохтоохторугар сибээскэ таҕыстым. Сорох бэйэтин этиитин киллэрэр. Сорох бу кыһалҕа тула тус көрүүтүн үллэстэр. Ким эрэ маннык тохтобуллар “хаамаайы” урдустар ордууланар уйалара буолла диэн санаатын аһаҕастык этинэр.

Барыта норуот туһугар

Михаил Иванович Афанасьев, сулууспалаах:

1. Дьокуускай куоракка оптуобус сылаас тохтобуллара, сыыспат буоллахпына, уон тарбах иһинэн баттанар аҕыйахтар. Ити мин билэрбинэн. Баар да буоллахтарына, үксүлэрэ куорат киинигэр эрэ баар тохтобуллар: ол курдук, 1-кы нүөмэрдээх поликлиника, Доҕордоһуу болуоссата, автовокзал оройуонугар баар тохтобуллар. Куорат кытыы оройуоннарыгар ичигэс тохтобул баара көстүбэт курдук. Сылаас тохтобуллар истэригэр, аҥаарыгар харчы иэс биэрэр пуун, араас киоскалар, оҕуруот аһын атыылыыр ларектар бааллара санитарнай ирдэбилгэ сөп түбэспэттэр дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, үгүс сылаас тохтобул баар сиригэр араас арыгыһыт, буомурбут дьон куомуннаһан олорор, мустар сирдэрэ буолар. Аны билигин бу сыстыганнаах коронавирус курдук аан дойдуну аймаабыт ыарыы сатыылаан турдаҕына, киһи итинник сылаас тохтобулга киириэн да сиргэнэр. Ол оннугар 40-50 кыраадыс тымныыга таһырдьа турбут ордук курдук. Маннык тохтобуллары ким хонтуруоллуура эбитэ буолла? Хонтуруоллуур уорган аата-суола кумааҕыга суруллан ыйаныллыахтааҕа эбитэ буолуо. Ону инникитин куорат дьаһалтатын тырааныспарга управлениета болҕомтоҕо ылара буоллар.

Куорат кытыы сирдэригэр сылаас тохтобуллары элбэтэр наада. Хараҕы баайан куорат киинигэр эрэ буолбакка. Ол курдук, Покровскай тракт, Петр Алексеев, онтон да атын уулуссаларга. Куорат  олохтоохторо саамай сылдьар 1-кы нүөмэрдээх поликлиникаларын утары үлэлии турар «Настоящая Пекарня» диэн ааттаах бурдук аһын атыылыыр киосканы сылаас тохтобул оҥороллоро буоллар. Итиннэ үгүс киһи мустар, оптуобуһу кэтэһэр. Уонна поликлиника таһа буолан, ыарыһах, кыаммат-кырдьаҕас, оҕолордоох төрөппүттэр саамай тиэстэр сирдэрэ. Ону учуокка ылаллара эбитэ буоллар... Төһөтүн да иһин куорат саамай килбэйэр киинэ дии.

Сылаас тохтобул аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир ыйанан турар докумуоннардаах, ким хаһаайынын, тохтобул ыраас буоларыгар эппиэтинэстээх сирэй ыйыллыбыт докумуоннардаах буолуохтаах. Күнү быһа үгүс киһи тоҕуоруһар сирэ буоларынан күн аайы сууллуон, дьаһаллыан наада. Чэ,  сити курдук, мин санаам.

М.И. Макарова :

1. Мин төһө да куоракка олордорбун, сылаас оптуобус тохтобулларын көрө иликпин. Урут хас эрэ сыллааҕыта ичигэс тохтобуллары туппуттара да, барытын маҕаһыын оҥорбуттара, киллэрбэттэр этэ: «Тугу да атыыласпат буоллаххытына тахсыҥ, манна кииримэҥ”, – диэн буолара. Онтон олох да түннүктэрин жалюзинан сабан кэбиспиттэр этэ, оптуобуһу көрбөтүннэр диэн. Онон бүттэхпит. Тутуута саҕаланыытыгар көрөн үөрбүппүт баара. Ханна баарый?

Биһиги курдук тыйыс кыһыннаах, томороон тымныылаах дойдуга, тымныыларга сылаас тохтобуллары тутары олох бэйэтэ ирдиир. Норуот кэнэҕэскитин саныыр салайааччы ону олоххо киллэриэхтээх, туруорсуохтаах дии саныыбын. Ханныгын да иһин будулҕан тумаҥҥа, билиҥҥи олох сайдыбыт кэмигэр, оҕолор, кырдьаҕас дьон таһырдьа тоҥон токуһан туралларын көрөр олус кыбыстыылаах, хараастыылаах диэххэ сөп. Бастатан туран, ичигэс тохтобуллар оскуолалар, уһуйааннар, балыыһалар тастарыгар, кырдьаҕастар, кыамматтар үгүстүк сылдьар сирдэрин ыксаларыгар тутуллаллара ирдэнэр. Ол эрэн, куорат хайа баҕарар өттүгэр сыыйа барытыгар киирэрэ буоллар, дьон-сэргэ доруобуйатыгар төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй? Бастакы сорук киһи олоҕун, доруобуйатын тупсарыы буолуохтаах. Бу сыл Чэбдигирии сылынан биллэриллибитэ. Онон сылаас тохтобуллары элбэтэллэр ини диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Ону ордук тымныы ыйдарга үлэлэтиэххэ.

Евдокия Павловна Семенова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ:

- Мин санаабар, сылаас тохтобул дьон элбэхтик сылдьар сиригэр баара үчүгэй. Ол эрээри манна көрөр-истэр киһи наада дии саныыбын. Куорат кытыы сирдэригэр көрөн эмиэ оҥоруо этилэр. Оптуобус сырыыта сылдьан бүттэҕинэ, түүн мээнэ дьон хоммотун курдук дьаһал ылыллара буоллар. Сылаас тохтобулга сылдьар дьон бэрээдэктээх, бэйэ бэйэҕэ үтүө сыһыаннаах буолуохтаах. Түүнүн маннык сылаас тохтобулларга, ускул-тэскил сылдьар дьон таах хонуктуур буолла дииллэр.

Марта Тимофеевна Николаева, биэнсийэлээх: 1. Куоракка сылаас тохтобуллар бааллара үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, кыһынын халлааммыт наһаа тымныы. Видеокамералар баар буолуохтарын наада. Оччотугар ким бэрээдэги кэһэрэ, киртитэрэ көстүө этэ. 2. Билигин сорох сирдэргэ үгүс тохтобуллар ситэри оҥоһулла иликтэр. Онон сылаас тохтобул суох сирдэригэр салгыы тутуллан киириэн наада. 3. Инникитин баҕа санаа быһыытынан эттэххэ, куорат бүддьүөтүттэн хомунаалынай сулууспа хаһаайыстыбатыгар сылаас тохтобуллары сууйар, хомуйар үлэһиттэри туталлара буоллар, куорат арыый да сэргэхсийиэ этэ. Манна даҕатан эттэххэ, бомжтарга эмиэ социальнай өттүнэн үлэ барыан наада.

Марфа Стручкова-Тууйа:

Куораппытыгар сылаас тохтобуллары туруортаабыттара биһиги курдук тыйыс тымныылаах дойдуга, оптуобуһунан күн аайы айанныыр дьоҥҥо наһаа абыраллаах. Ол гынан баран, оннук тохтобул аҕыйах дии саныыбын. Аны туран, киэһэ эрдэ оптуобустар сырыылара бүтэ илигинэ, маннык тохтобуллары хатаан кэбиһэллэр. Онон хойутаабыт киһи оптуобуһу кэтэһэригэр, таһырдьа тоҥон хоочугурууругар тиийэр.

Саатар биирдии тохтобулу көтө-көтө, эбии туруораллара буоллар, айанныыр дьоҥҥо бэрт буолуо этэ. Сириэ да суох этибит.

Тохтобуллар ис өттүлэрин оҥоһуута, оптуобустар сырыыларын көрдөрөр монитордар сотору-сотору алдьанан туралларын аахпатахха, мин саныахпар, быстах кэмҥэ кэтэһэргэ толору хааччыллыылаахтар дии саныыбын. Өссө кыракый оҕолорго анаан, аралдьыта түһэргэ аналлаах туох эрэ анал муннук курдук баара буоллар диэн баҕарабын. Маннык сылаас тохтобулларга төлөпүөн иитэр розеткалары оҥортууллара буоллар, олус үчүгэй буолуо эбит. Хас биирдии оптуобус тохтобулугар ырааһы, бэрээдэги көрөр-истэр анал үлэһит баара буоллар, бомжтар уйалара буолуо суоҕа дии саныыбын. Билиҥҥи олох ирдэбилинэн, куоракка сылаас тохтобуллар олус наадалаахтар. Хас биирдии куорат олохтооҕун баҕа санаатын учуоттаан, өссө тупсаран иһиэхтэрэ диэн эрэл баар.

Аркадий Иванов, устудьуон:

Дьыл кэмиттэн тутулуга суох, куоракка сылаас тохтобуллар бааллара олус үчүгэй. Кыһынын тымныы ыйдарга, сайынын, күһүнүн ардахтаах, тыаллаах кэмнэргэ киһи абыранар. Аныгы олох ирдэбилинэн, баар да буолуохтаах буоллаҕа. Куорат кытыы сирдэригэр тоҕо эрэ сылаас тохтобуллар баалларын көрө иликпин. Тымныы кэмнэргэ оптуобуһу кэтэһэ таарыйа сорох сирдэргэ киирдэххэ, эчи, сылааһынан илгийэн, киһи тоҥмутун начаас аһарар. Ол эрэн биир эмит сылаас тохтобулга киирдэххэ, бомжтар олорор буолааччылар. Көрөргө соччото суох.

Устудьуон буоларым быһыытынан, үөрэнэр, олорор сирбитигэр сылаас тохтобул суоҕун кэриэтэ. Кыһын тымныы ыйдарга аһаҕас  халлаан анныгар көннөрү тохтобулга оптуобус кэтэһэр сылаалаах. Биллэн турар, устудьуон оҕо таҥаһа-саба чарааһа биллэр буоллаҕа. Үксүбүт тымныы ыйдарга оптуобуһу кэтэһэн, тоҥорбут-хатарбыт ол мэлдьэһиллибэт. Доруобуйаҕа да охсуулаах. Эдэр ыччат үксэ чараас атах таҥаһынан кыстыыр. Онон устудьуоннар куораттарыгар сылаас тохтобулу арыйаллара буоллар, эдэр ыччат абыраныа этэ.

Мин санаабар, сылаас тохтобулга киһи кылгас кэмҥэ бириэмэтин аһарынарыгар “комфорт” наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...