22.11.2020 | 12:49

Сыл бастыҥ ыалын ийэтэ Ирина БОДРУГ: “Дьиэ кэргэҥҥэ ытыктаһыы баар буоллаҕына дьол уйаланар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл үгэс буолбут “Сыл бастыҥ ыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх, пандемиянан сибээстээн, онлайн ньыманан кэтэхтэн ыытылынна. Ол да буоллар кыттааччылар таһымнара, куонкурус матырыйаалларын хаачыстыбата хаһааҥҥытааҕар да үрдээбитин сыаналыыр тоҕоостоох.

Биһиги хаһыаппытыгар “Бастыҥ эдэр ыал” номинация кыайыылаахтара, Хаандыга олохтоохторо – Гороховтар дьиэ кэргэн ийэтэ, “Томпо илдьитэ” хаһыат кылаабынай редактора Ирина Михайловна Бодруг ыалдьыттыыр.

– Ирина Михайловна, бастатан туран, бэйэҕин, дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэххэ.

Томпо оройуонун Мэҥэ Алдан нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Оскуолабын дойдубар бүтэрэн баран ХИФУ саха тылын факультетын саха-английскай салаатын бүтэрбитим. Онтон “Саха сирэ” хаһыат ыччакка аналлаах сыһыарыытыгар “Эдэр сааска” корреспонденынан үлэлии киирбитим.

Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Балтым быйыл ХИФУ Математика институтун кыһыл дипломунан бүтэрдэ, Дьокуускайга үлэлии хаалла. Эдьиийим оҕо эрдэҕиттэн инбэлиит, кинини көрөн олоробун. Кини кыыстаах, эмиэ доруобуйатыгар хааччахтаах буолан мин көрүүбэр-истиибэр баар. Киһи-хара гыммыт киһим – таайым Дмитрий Егорович Кривошапкин, бар дьонугар Миитээс диэнинэн биллэр, кинини эмиэ биһиги көрөн-истэн олоробут.

Кэргэним Валентин Горохов Хотугу муустаах муора кытылыгар төрөөбүтэ, Усуйаана Хайыр диэн кыракый нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ийэтэ, аҕата билигин онно олороллор. Бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр – 3 уол, 1 кыыс. Валентины батыһан быраата Томпоҕо үөрэнэн барбыта, убайа манна үлэлиир.

ТОМПО – БАРЫ ӨТТҮНЭН САЙДАР УЛУУС

– Томпо улууһун сүрүн уратыта туох диэҥ этэй?

Оройуон киинигэр Хаандыгаҕа олоробут. Улуус нэһилиэнньэтин ахсаана 13000 кэриҥэ буолла, онтон Хаандыгаҕа 6000-та олорор. Элбэх омук иллээхтик олорор сирэ. Сахатын ахсаана олох аҕыйах.

Саха факультетын бүтэрбит, сахалыы эйгэҕэ улааппыт, олорбут эбит буоллахпытына, бастаан кэлэрбитигэр олох нуучча сиригэр кэлбит курдук этибит. Оҕолорбут адаптацияны түргэнник ааспыттара.

Хаандыгаҕа үөрэх тэрилтэлэрэ барыта нуучча тылынан үөрэтэллэр. Бөдөҥ Горно-геологическай инстутут үлэлиир. Быйыл модельнай библиотека тутуллан үлэҕэ киирдэ – Саха сиригэр маннык үрдүк таһымнаах библиотека билигин ханна да суох буолуохтаах.

Томпо – промышленнас сайдыбыт дойдута. Бөдөҥ промышленнай хампаанньалар үлэлииллэр.

Сүрүн уратыта – араас-араас омук былыр-былыргыттан ыаллаһан олорор сирэ.

Кэлиҥҥи кэмҥэ биһиэхэ, Томпоҕо, туризм күүскэ сайынна. Бу аан дойдуну аймаабыт пандемия атын дойдулары кытта ыпсар кыраныыссалары саппытын кэннэ, ис туризм сайынна – быйыл элбэх турист кэлэн барда.

– Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу биир көстүүтэ – эдэр исписэлиис дойдутугар төннөн тиийиитэ буолар дии саныыбын. Үөрэххин бүтэрэн баран киин сиргэ хаала сатаабатаҕыҥ дуо?

Мин үөрэхпин бүтэрэн баран Дьокуускай куоракка хаалбытым, үлэ булбутум. Дьиҥэ, саха тылын уонна литературатын учуутала буолуохтаах эрээри, киин куоракка хаалар баҕаттан, хаһыакка корреспонденынан киирбитим.

Үөрэхпит бүтэһик сылларыгар  дьүөгэбиниин хоту баран харчылаһар, үлэлиир былааннаах этибит. Онтон кыыһым ыал буолан, оҕолонон дойдутугар олохсуйа баран хаалбыта. Зодиакпынан игирэбин, ол иһин наар киһи көрдөнөр идэлээхпин. Соҕотох ыраах барбаппын диэн куоракка хаалар буолан хаалбытым.

Хоту улуус айана ырааҕыттан, ыал буолан оҕолонуохпутугар диэри кэргэним ийэтин кытта билсэ илик этим. Аҕата Дьокуускайга кэлэн барбыт буолан билсибитим. Кини аймахтарын, төрөөбүт сирин-уотун көрөр баҕам улахан этэ. Оччолорго айан сыаната билиҥҥитин курдук олус ыарахан, үп-харчы эдэр ыалга өссө кырыымчык этэ. Оҕолонон олордохпуна кэргэним оскуолатын дириэктэрэ үлэҕэ ыҥырда. Хоту улуустарга учуутал наар тиийбэт. Миигин саха тылын учуутала уонна психолог наада диэтилэр. Толкуйдаан баран сөбүлэстибит. Ол күһүн эбии “психолог-педагог” үөрэҕэр туттарсан киирдим уонна хоту көһөн бардыбыт. Биир сылга диэн бардыбыт, хаһыаппар оҕо көрөн уоппускаҕа олорор кэммэр.

Онно тиийэн хоту дойду олоҕун илэ харахпынан көрөн, таптаан кэлбитим. Оччолорго онно интэриниэт суоҕун кэриэтэ, суотабай сибээс тиийэ да илик этэ.

ТЫА СИРИН ОЛОҔУН НАҺАА ТАПТЫЫБЫТ

Хоту улуустан көһөн кэлэн иккиспитин оҕолоннубут. Ол уоппускам кэмигэр аны мин дойдубар оскуолаҕа үлэҕэ ыҥырдылар. Ол тухары хаһыаппар баарбын, оҕо көрөр уоппускабар олоробун. 2 эрэ ыйдаах оҕобун эмтэрэн кэлэ-кэлэ үлэлээтим. Бастаан утаа психологтаан баран, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы буолбутум. Оҕом 3 сааһын туолуор диэри хаһыаппыттан барбатаҕым.

Тыа сирин олоҕун наһаа сөбүлээбиппит. Үлэбэр тахсар болдьоҕум чугаһаабытыгар “Хаандыгаҕа үлэлээ” диэн этии киирбитигэр үөрүүнэн көһөн хаалбыппыт. Улуус хаһыатыгар анаммытым.

– Улууска олорор ханнык үтүө уонна мөкү өрүттэри ааттыаҥ этэй?

Тыа сиригэр, улууска олоруу мөкү өрүтүн биири да булан эппэппин. Улуус олоҕун наһаа сөбүлээтим. Балтыбын куоракка хаалбакка, манна кэл диэн ыҥыра сатаан кэбистим. Былырыын ийэбитин сүтэрбиппит, онон саамай чугас киһим, кыра балтым аттыбар сылдьыан баҕарбытым...

Билиҥҥи үйэҕэ эдэр исписэлиис тыа сиригэр үлэтин саҕалыыра, талаанын барытын арыйара ордук эбит дии санаатым. Куоракка күрэстэһиитэ элбэх, тыҥааһына күүстээх, киһи быһыытынан хаачыстыбаҕын да ситэ арыйымыаххын сөп. Манна тыа сиригэр нэһилиэк олоҕор кыттан даҕаны бэйэҕин көрдөрүөххүн сөп.

Ол иһин үөрэхтэрин бүтэрэр оҕолорго, тыа сириттэн үлэлээн саҕалааҥ диэн сүбэлиэм этэ. Олох кэмсиниэххит суоҕа.

СЫЛ БАСТЫҤНАРА

– “Сыл бастыҥ ыала” күрэххэ кыттыыгыт туһунан кэпсээ.

Биһиги 2017 сыллааха, оччолорго Мэҥэ Алдаҥҥа олоробут, нэһилиэкпит аатыттан оройуон күрэҕэр кыттан бастаабыппыт. Бастаан ол сыл Мииринэйгэ ыытыллыбыт Ыччат ыһыаҕар кыттан турардаахпыт.

Маннык күрэхтэргэ кыттыы уопута олох суох этэ, дьону көрө таарыйа диэн санаалаах кыттыбыппыт. Ол да буоллар хоту улуустар бөлөхтөрүгэр үһүс буолбуппут. Мин өссө “Аман өс” күрэҕэр кыттан хоту бөлөхтөргө бастаабытым. Атын күрэхтэргэ ситиһиилэнэн ол Ыһыахха Томпо оройуона бэйэбит бөлөхпүтүгэр бастаабыппыт.

Дэриэбинэҕэ олорон ыччат лидерэ этим, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттарбыт. Соҕотоҕун куонкурустарга кыттардааҕар, дьиэ кэргэнинэн кыттар төһө эмэ ыарахан буолар эбит. 4 киһи буоллахпыт дии –  3 эр киһибин таҥыннарабын, ол быыһыгар бэйэбин оҥостобун...

Оттон быйыл Ыччат политикатын управлениетын салайааччыта эмиэ оройуоннааҕы күрэххэ кыттыҥ диэн эрийбитэ. Мин тута сөбүлэспитим, аны кэргэнин иннин ылыахпын наада буолбута. Кэргэним хаһааҥҥытааҕар да судургутук сөбүлэспитэ. Бэйэтэ спортсмен буолан азартаах уонна элбэхтик кыайыы амтанын билбит киһи.

Түһүмэхтэрбитинэн бэлэмнэнэн барбыппыт. 7 түһүмэхтээх  күрэх этэ.

– Туох ирдэнэр эбитий? Төһө ыал күрэхтэстэ?

Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ ыалын күрэҕин  “Эдэр дьиэ кэргэн” бөлөҕөр уопсайа 26 ыал кытынна. Ол онтон бастыыр диэн биһиэхэ наһаа улахан ситиһии. Үөрэн, дьоллонон, билигин да итэҕэйиэ суох курдук туруктаахпыт.

Хас биирдии түһүмэҕэр уратытык кытта сатаабыппыт. Кэтэхтэн күрэх диэн бэйэтэ туспа эридьиэстэрдээх эбит. Сыанаҕа тахсан турбаккын, сыаналыыр дьону илэ көрбөккүн. Биир камера утары туран устарыгар үлэлиигин. Таҥаска-сапка илэ ыытыллар күрэхтэртэн туох да итэҕэһэ суох ороскуот, кыһамньы наада.

Регламеннаах этэ – муҥутаабыта 5 мүнүүтэ диэн. Улахан болҕомтобун бэйэбитин билиһиннэрэр визиткаҕа уурбутум. Чугас дьоммут, доҕотторбут бары көмөлөспүттэрэ. Түргэн-түргэнник устан испиппит. Визиткабытын сыанаҕа тахса-тахса билиһиннэрии буолбакка, атыннык тиэрдэ сатаабыппыт. Режиссер доҕорбут идеялаан анимационнай ролик курдук оҥорбуппут. Идэтийбит видеограф наада буолбута, Томпоттон булбатахпыт, Дьокуускайтан булан оҥорторбуппут.  Роликпытыгар оҕолорбут саҥараллар, кинилэри ааттаан, санааларын табан, этиилэрин нойосуус үөрэтэн, диктофоҥҥа устан оҥорбуппут.

Иккис түһүмэх талааны көрүү этэ. Талаан буолла да ырыа, үҥкүү буолар дии. Биһиэхэ онтон хайата да суох ыалабыт. Ол иһин айымньыттан быһа тардан, “Уустук үллэрии” диэни оонньоон көрдөрбүппүт – син табыллыбыта дии саныыбын.

Атын түһүмэхтэргэ, холобур, дьиэ кэргэн архыыбын хаартыскаларын хаһарга наһаа элбэх бириэмэ барбыта. Наардаан, тус-туһунан тиэмэлэринэн сааһылаабыппыт.

Кулинарнай түһүмэххэ ыытар видеоны үөрэ-көтө устубуппут. Мин инстаграммар ас ырысыаптарын таһаарарбын, ас астыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Боростуойдук төлөпүөҥҥэ устубуппут. Торт киэргэтэн көрдөрбүппүт. Ханнык баҕарар үөрүүлээх түгэммитигэр, бырааһынньыктарбытыгар бары көмөлөөн ас астыыр үгэстээхпит.

– Маннык күрэхтэргэ кыттыан баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй? Туохха ордук болҕомто ууруллуохтааҕый, дьиэ кэргэн туох уратылаах буолуохтааҕый?

Манна биир киһи баҕата кыра. Көҕүлээччи, биллэн турар, ыал ийэтэ буолар. Ыал аҕата өйүүр эрэ буоллаҕына кыттаҕыт. Биир сүбэнэн кытыннахха барыта кыаллыаҕа.

Дьиэ кэргэҥҥэ өйдөһүү уонна өйөһүү баар буоллаҕына, тугу барытын кыайыахха сөп. Барытыгар айымньылаахтык толкуйдаатахха табыллар эбит. Идея оригинальнай буолуон наада.

Хас биирдии дьиэ кэргэн ураты үгэстээх, талааннаах буолар. Күрэххэ кыттарга ону сатаан арыйыахха эрэ наада. Маннык күрэх элбэх кыаҕы биэрэр эбит. Биирдэ бэриллэр эдэр сааска холонон, бэйэҕин тургутан көрөн иһиэххэ наада.

Маннык күрэх саамай сүрүн суолтата – оҕолорго холобур буолабыт. Маны таһынан хаһан да умнуллубат чаҕылхай өйдөбүл үйэлэргэ хаалар.

БАРЫТА КЭМИГЭР КЭЛЭР

– Дьиэ кэргэни бастакы күөҥҥэ тутуу, эн санааҕар, туохтан саҕаланарый? Холобур, билигин эдэр сылдьан ыал буолары сэргээбэт, чайлдфри (оҕолонору утарар), аһара карьерист ыччат баар буолла дии... Ону туох дии саныыгын?

Биһиги бэйэбит холобурбутунан иитэбит. Аҕабыт спортсмен, саалаҕа нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктанар, сайынын стадиоҥҥа сүүрэр – куруук оҕолорун илдьэ сылдьар.

Бэйэбит айанныырбытын, айылҕаҕа хонорбутун сөбүлүүбүт. Дойдубут хайаларын кэрийэбит, Аммаҕа сөтүөлүү барааччыбыт – онно барытыгар оҕолорбутун илдьэ сылдьан балааккаҕа хонобут. Массыына иккис дьиэбит курдук.

Миигин таайым уонна эбэм ииппиттэрэ. Кырдьаҕас дьоҥҥо иитиллибит оҕобун. Эбэм өлөөрү сытан ыҥыртаран ылан: “Оскуолаҕын бүтэр, устудьуон олоҕун бүтэр, ол кэннэ биирдэ ыал буол”, – диэбитэ. Ону бэйэм төбөбөр бырагыраама оҥостон кэбиспиппин. Эрдэ ыал буолар туһунан санаабат да этим.

Үөрэхпин бүтэрэн, аны ыал буолуохтаахпын диэн санаа киирдэ.

“Эдэр сааска” үлэлии сылдьан бырайыак бөҕөлөөхпүт, кэлии-барыы элбэх.

2011 сыллаахха Ньурба куоракка Ыччат Ыһыаҕа буолла. Онно делегациянан хас да оптуобуһунан айаннаатыбыт. Мин “СМИ” диэҥҥэ барыстым. Ол айаннаан истэхпинэ арай ким эрэ одуулуурун таайдым. Көрбүтүм – ис киирбэх дьүһүннээх, уһун уол утары көрөн турар эбит. Саатан хааллым. Аныгыскы тохтобулга харахпынан кинини көрдөөн бардым. Үс күн устата айаннаан тиийбиппит.

Тиийэн тэрээһиннэри сырдатабыт, наар сүүрэ-көтө сылдьабыт. Ол тухары уолум көрөр да көрөр уонна олох кэлэн билсибэт. Барар күммүтүгэр илиибин сууна турдахпына кэлэн: “Привет”, – диэтэ...

Оннук билсэн турардаахпыт. Түһүлгэни үстэ эргийэ хаампыппыт. Кини Усуйаанаттан многоборьеҕа кыттар эбит. “Эдэр саас” холбообут түгэнин күндүтүк саныыбыт.

Икки сыл олорон баран оҕоломмуппут. Барыта кэмигэр кэлэр. Аныгы муодунай хайысхаларга кыттыһан, оҕо-уруу тэниппэккэ аҥаардас үлэҕэ ситиһиилэринэн эрэ олорбут татым. Туох да диэбит иһин, кырдьар сааска эһиги аттыгытыгар оҕоҕут эрэ баар буолуо. Айылҕа төһөнү биэрэринэн оҕолонуохпут этэ, дьиэ кэргэн ханнык баҕарар карьераттан инники күөҥҥэ турар буоллаҕына дьоллоох дьон буолуохпут дии саныыбын.

– Оҕону иитиигэ туохха ордук болҕомтоҕутун уураҕытый? Ханнык тылынан кэпсэтэҕит? Оҕолоргут сахалыы саҥараллар дуо?

Сүрүн кэпсэтэр тылбыт – Ийэ тылбыт. Оҕолорбутун бастакыттан сахалыы ииппиппит, эйгэбит да оннук этэ. Саха алпаабытынан дорҕооннору, буукубалары үөрэппитим. Бэйэм саха тыла үөрэхтээҕэ буоллаҕым дии, хайдах оҕолорум төрөөбүт тылларын билиэ суохтарай диирим...

Эмискэ нуучча дойдутугар кэлэн баран ытыспын соттон кэбистим. Бэйэбинэн кэтээн көрдүм, оҕо нуучча тылын наһаа да түргэнник ылынар эбит. Манна сахалыы уһуйаан суох, кыһалҕаттан нууччалыыга барбыттара. Иитээччилэрбит нууччалыы кэпсэтиҥ диэн ирдээтилэр. Мин өһүргэнним, ол иһин дьиэбэр наар сахалыы кэпсэтэ сырыттым.

Аны биһиги, төрөппүттэр, сыыһабыт маннык эбит: Оҕо “мама, я пришла” диэтэҕинэ “ты же мальчик –  ты пришел” диэн көннөрөбүт. Оннук көннөрө сылдьан, сөпкө саҥардабыт диэн нуучча тылын үөрэтэн кэбиһэр эбиппит. Улахан оҕобор оннук сыыспыппын өйдөөн, кырабар аны оннук гыммаппын.

Оҕо нуучча тылын грамматикатын, анаан-минээн ылсан үөрэппэтэххинэ даҕаны, наһаа түргэнник билэ охсор эбит. Улахан оҕобут 7-лээх, кырабыт 5-һигэр сылдьар.

НЭДИЭЛЭ ХАС БИИРДИИ КҮНЭ ТУСПА ТИЭМЭЛЭЭХ

– Эһиэхэ нэдиэлэ хас биирдии күнэ тематическай күн буолар эбит, ол туһунан кэпсээ.

Мин санаабар, оҕо төрөөбүт тылын билиэхтээх, сахалыы саҥатын харыстыахтаах, сахалыы толкуйдуохтаах. Ол иһин оҕолорбунуун билигин сахалыы кэпсэтэ сатыыбын. Ол эрэн тулалыыр эйгэлэрэ нууччалыы буолан, толкуйдууллара эмиэ оннук барбытыттан хараастабын. Бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы чобугураһаллар. Биһигиннээҕэр үчүгэйдик нууччалыы кэпсэтэллэр.

Толкуйдаан-толкуйдаан баран, сахалыы ыраастык саҥарар күннэри киллэрбиппит. График оҥостон ким нууччалыы сыыс тылы туттубуту сурунан иһэбит, ыстарааптаһабыт эҥин. Ол ыстарааппыт физкултуура араас дьарыктара буолар. Онон оҕолорбут кыһалыннахтарына сахалыы саҥараллар.

Нууччалыы кэпсэтэр күннэрбитин оҕолорбут олус сөбүлүүллэр – барытын кыайаллар, ол иһин. Сороҕор бэйэбитин, сахалыы саҥаран кэбистэхпитинэ, ыстарааптаан сордууллар.

Үһүс күммүт – английскай тыл күнэ. Оҕоҕо омук тылын үөрэтэргэ олус табыгастаах ньыма эбит диэн атын төрөппүттэргэ да бу албаһы туттарга сүбэлиэм этэ. Хас биирдии тылы үс тылынан – сахалыы, нууччалыы уонна англиялыы тылбаастаан ааттыыбыт. Оҕо үс тылы тэҥҥэ тутта үөрэнэр эбит. Дьиэҕэ-уокка туттуллар тылы барытын аҥаар уһугуттан тылбаастаан иһэбит.

Атын тиэмэлээх күннэрдээхпит. Холобур, “Кинигэ күнэ” диэн баар. Бу күн бары кинигэ ааҕабыт. Дьиҥэ, бу анал күнэ да суох, күн аайы оҕолорбутугар остуоруйалыыбыт ээ. Кинигэ күнүгэр тус-туһунан эбэтэр бары уопсай биир кинигэни ааҕабыт. Аҕабыт сахалыы кинигэни истэрин олус сөбүлүүр, мин уус-уран айымньыны доргуччу ааҕааччы оруолун толоробун. Эппитим курдук, Хаандыгаҕа аныгылыы тутуулаах олус кыраһыабай библиотекалаахпыт, онно наар сылдьабыт.

Маны таһынан, “Спорт күнэ” диэн баар; “Ас астыыр күҥҥэ” интэриниэттэн саҥа аһы булан бары көмөлөөн астыыбыт; “Хомуйуу, үлэ күнүгэр” улахан ыраастаныы, сууйуу-сотуу буолар, о.д.а.

ТУОХ БАРЫТА ҮЛЭТТЭН ТАХСАР

– Дьиэ туттан киирбиккит туһунан кэпсээ. Судаарыстыбаттан көрүллэр туох эмэ көмөнү туһаммыккыт дуо?

Бастаан Мэҥэ Алдаҥҥа дьиэ туттар былааннаах этибит, көһөн хаалбыппыт. Быйыл эдэр ыал ипотекатынан дьиэ ылан киирдибит, судаарыстыбаттан анал көмөнү ылбатахпыт.

Куоракка бэйэбит хара көлөһүммүтүнэн дьиэ туттубуппут. Мин бастакы хамнаһым 14000 солк. эрэ этэ. Кэргэним наар үлэлии сылдьар киһи. Устудьуоннуу да сылдьан куруук эбии дохуот киллэрэ сатыыр, үлэлиир этэ. Онон сыал туруоруннубут да ситиһэбит. Үлэлээтэххэ барыта кыаллар диэн өйдөбүллээхпит.

– Суруналыыстыкаҕа кэлбитиҥ туһунан кэпсээ.

Эрдэ олох суруйар уопута суох этим. Оччолорго “Саха сирэ” хаһыат редакторынан Наталья Ивановна Харлампьева олорор. Олох көрө толлор этим. Үлэҕэ киирээри кэпсэтэ кэлбиппэр: “Суруналыыстыка диэн хара үлэ ээ, куттаммаккын дуо?” – диэтэ. Ону мин: “Холонон көрүөхпүн баҕарабын, онуоха кыахта биэр”, диэтим. Редакторбыт Прокопий Петрович Бубякиҥҥа туттаран кэбистэ. Тургутуу болдьоҕун анаатылар, дьэ суруйарга үөрэнним. Филолог буоламмын сахалыы суруйарым чэпчэки этэ. Элбэххэ үөрэммитим, салайыы, тэрийии үлэтигэр Прокопий Петрович үгүскэ үөрэппитэ, дьиҥнээх уһаарыллыы, хатарыллыы кэмин “Эдэр сааска” ааспытым.

ХАҺЫАТ ИННИКИТЭ

– Кумааҕы хаһыаты сурутааччы ахсаана сыллата аҕыйыы турар. Бэчээт инникитин хайдах көрөҕүн?

“Томпо илдьитэ” хаһыаппар 2018 сыллаахха кэлбитим. Икки тылынан тахсар, ааспыт сылга 65 сааһын бэлиэтээбиппит. Мин иннибинэ өр сылларга редактор-дириэктэринэн Людмила Акакьевна Винокурова олорбута. Биһиги хаһыаппытыгар 4 буойун-суруналыыс үлэлээн ааспыттара. Кинилэргэ анаан Бочуот дуоскатын ыйыахтаахпыт, Бэчээт күнүгэр арыйар былааннаахпыт.

Сурутааччы ахсаана, биллэн турар, аҕыйыыр, дьон ааҕар таһыма аччаабыта хаһыакка эмиэ биллэр. Электроннай сурутуу диэн мин кэлэрбэр номнуо баар этэ. Тас көрүҥүн тупсарбыппыт, өҥнөөх гыммыппыт.

Хаһыат инникитэ интэриниэти, социальнай ситимнэри кытта сибээстээх. Үлэлии кэлээт, инстаграмы сайыннаран барбытым. Күн бүгүн оройуоммутугар саамай элбэх сурутааччылаах инстаграм-балаһаакка буоллубут. Ону биһиги пиар балаһаакка курдук туһанабыт. Өрөспүүбүлүкэ сайтарыгар тахсар матырыйаалларбытын сигэлээн таһаарабыт, хаһыаппыт матырыйаалларын рекламалыыбыт, күрэхтэри ыытабыт, тэттик соннуннары тиһигин быспаппыт. Бастайааннай рубрикалардаахпыт, холобур, “Фото дня” диэн ааҕааччыларбытын кытта үлэлиир рубрикалаахпыт.

Сурутууга номнуо үһүс сылын улуус баһылыга Яков Иннокентьевич Степанов күүскэ өйүүр. Кини көҕүлээһининэн, улуус кыаммат араҥатыгар сыллааҕы, сыл аҥаардааҕы сурутууну тэрийэр. 2021 сыл сурутуу хампаанньатыгар эмиэ сөбүлэҥин биэрэн, испииһэкпитин оҥоро сылдьабыт. Улууспут инбэлииттэрэ, бэтэрээннэрэ, кыаммат өттө босхо хаһыаты тутуохтара.

Түмүккэ, “Сыл бастыҥ ыала” күрэххэ кыттарбытыгар күүс-көмө буолбут доҕотторбутугар, оройуонум дьаһалтатыгар, баһылыкпытыгар Я.И. Степановка, Ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын салаатыгар махталбытын тиэрдэбин.

“Киин куорат” ааҕааччыларыгар, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, өйдөһүүнү, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Дьиэ кэргэҥҥэ ытыктаһыы баар буоллаҕына таптал баар. Ыал аайы таптал баар буоллаҕына дьол баар буолуо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...