19.11.2023 | 16:00

Сыаналаах түүлээҕи да солбуйар, туһалаах даҕаны

Сыаналаах түүлээҕи да солбуйар, туһалаах даҕаны
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Түүнү хатайдаан (валяние из шерсти) малы-салы оҥорон таһаарыы киһи аймах историятыгар 8000 сыл анараа өттүгэр үөдүйбүтэ диэн баар. Бэл, түүттэн хатайдаммыт бастакы көбүөр Ной ковчегар баара диэн номоххо кэпсэнэр. Билигин да олохпутугар киэҥник туттар боолдьохпут (войлок) эмиэ бу ньыма холобура. Оттон былыргы сахалар кылы, сиэли хаталлара эмиэ бу ньыманы кытта ситимнээҕэ саарбаҕа суох. 
Түүнү хатайдаан тугу барытын оҥоруохха сөп. Ону таһынан, хатайдааһын киһи доруобуйатыгар олус үтүө дьайыылаах диэн элбэх талааны илиитигэр илдьэ сылдьар Дьокуускайга биллэр-көстөр маастар Светлана Мальцева кэпсээтэ.

Араас идэттэн ордорон

 – Мин 1970 сыллаахха Иркутскай уобалас Бодойботугар күн сирин көрбүтүм. Үс саастаахпар Покровскайга көһөн кэлбиппит. Орджоникидзевскай оройуон Хоточчу нэһилиэгэр оҕо уһуйааныгар барбытым, начаалынай оскуолабын онно бүтэрбитим. 4-8 кылаастарга Тиит-Эбэ орто оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэммитим. Онтон 9-10 кылаастарбын Хачыкаат орто оскуолатыгар бүтэрбитим. Оскуолам кэннэ Дьокуускайга СПТУ-1 киирэн “делопроизводитель” идэтин ылбытым.

Хачыкаат уолугар кэргэн тахсан, үс оҕолонон , Хоточчуга ыанньыксытынан, торбос көрөөччүнэн, учуотчугунан үлэлээбитим. 1998 сыллаахха кэргэним олохтон туораабытын кэннэ, Хаҥалас улууһун кыыл иитэр пиэрмэтигэр көһөн тахсан, түүнэн иистэнэр сыахха 5 сыл устата үлэлээбитим. Саҕынньах, бэргэһэ тигэргэ онно үөрэммитим. Онтон Покровскайга көһөн киирэн “Эллэйаада” иистэнэр сыахха үлэҕэ киирбитим. Салҕыы 2005 сыллаахха эбии парикмахер идэтигэр үөрэнэн, эмискэ идэбин уларытан кэбиспитим. Уонна күн бүгүнүгэр диэри дьон баттаҕын оҥоробун.

2008-2013 сылларга Санкт-Петербурдааҕы үрдүк үөрэх кыһатын маннааҕы салаатыгар “антикризисный менеджмент” идэтигэр эбии кэтэхтэн үөрэммитим. Ол эрэн ол идэбинэн үлэлээн да көрбөтүм. Парикмахер идэтин ордордум. Дэриэбинэлэри кэрийэн баттах оҥоробун, ый аайы кулууптары кытта кэпсэтэн, бириэмэтин болдьоһон, тиийэн үлэлээн кэлэбин.

 

Суотабай хаҕыттан саҕалаабытым

Оттон түүнү хатайдааһыҥҥа хантан үөрэммиккиний, хайдах саҕалаабыккыный?

– 2017 сыл олунньутугар Покровскайга Майкуо диэн хатайдааччы кэлбитигэр, бастакы маастар-кылааспар сылдьыбытым. Суотабай төлөпүөн чехолун оҥорон таһаарбыппыт. Уонна бэйэм бэргэһэ оҥоруохпун баҕаран, ютуб көрөн саҕалаабытым. Онтон күһүҥҥүттэн лаппа ылсан, бастаан бэргэһэ, үтүлүк, саарпык оҥорон барбытым. Түү, туттар инструмент ылар маҕаһыыннарбын үөрэтэн, билэн-көрөн испитим.

Билигин бассаап бөлөхтөр бааллар, онно ыйытык биэрдэххэ, сүбэ-ама оҥоробут, онон билигин хантан тугу ыларгын билэҕин.

Сырьеҕун хантан булаҕын? Көстөрө төһө уустугуй?

– Бараан, альпака, лаама түүтэ туттуллар. 100 бырыһыан  натуральнай буолар. Бэлэм ыраастаммыт, араас өҥнөөх түү хото атыыланар, онон үлэлииргэ судургу. Анал маҕаһыыннардаахпыт. Сап, түү, атах таҥаһын уллуҥа уо.д.а. тэриллэрбитин олортон булабыт. Ханнык баҕарар илии оҥоһуктарын матырыйаалын атыылыыр маҕаһыыннарга эмиэ баар буолар.

Сатаан иистэммэт даҕаны дьон манна кэлэн түүнү хатайдаан оҥорорго үөрэнэллэр. Онон киһи дьоҕурун арыйар дьарык диэхпин баҕарабын.

Натуральнай түү буолан, аллергиялыахха сөп буолуо дуу?

– Аллергиялаах, астмалаах да дьон дьарыктаналлар. Бастаан ууралларыгар мааска кэтэллэр, онтон илитэн баран ааларга быыла суох буолар. Бэйэҕэр табыгастаах мыыланы туһаннахха, киһи доруобуйатыгар куһаҕаннык дьайбат дьарык эбит. Төттөрүтүн, доруобуйаҕа олус туһалаах диэм этэ. Ытыскар баар туочукаларгын массаастаан, кыра моториканы сайыннараҕын, ол аата мэйии үлэтэ кытта тупсар.

Хатайдааһын хас да көрүҥнээх эбит дии.

– Кураанах (сухое валяние) уонна инчэҕэй (мокрое валяние) хатайдааһын диэҥҥэ арахсар. Кураанах хатайдааһынынан кэтэр таҥас оҥоһуллубат. Кураанахха сувенирнай соҕус тэриллэр эрэ оҥоһуллаллар – брошь, куукула, киэргэл эҥин курдуктар. Инчэҕэйинэн төбөҕүттэн атаххар тиийэ кэтэр таҥаһы барытын оҥорон таһаарыахха сөп.

 

Түүттэн оҥоһуллубут атах таҥаһа уһун үйэлээх

– Чахчы киһи кыстыыр таҥаһа буолан тахсар дуо? Сылааһы төһө тутарый? Төһө үйэлээх эбитий?

– Мин барытын боруобалаан баран, атах таҥаһыгар тохтоотум диэххэ сөп. Атах таҥаһа олоххо ордук туттуллумтуо диэммин. Атыыга да барар, дьон хамаҕатык ылар.

Түү чарааһынан хас кыраадыска диэри кэтиллэрин салайан биэрэҕин. Сезон аайы сөптөөх халыҥын бэйэм быһаарабын. Сайыҥҥы, күһүҥҥү, кыһыҥҥы, олох даҕаны -50 тымныыга диэри кэтиллэри кытта оҥоробун.

Биир уратыта диэн, хатайдаммыт атах таҥаһа араас кыһалҕалаах атахтаахтарга олус барсар. Ууланар, уҥуоҕа бөлтөйөн тахсыбыт (“косточка”), кэтит эбэтэр кыра атахтаахтар сакааска оҥотторон кэппиттэрэ ордук буолар.

Кэргэним бастакы бачыыҥкатын бэһис сылын устубакка кэтэ сылдьар. Бэйэм бачыыҥкам эмиэ бэһис сылыгар барда. Сезон аайы кэтиллэр гына чарааһынан араастаах оҥортообутум. Аны маҕаһыын атаҕын таҥаһын кыайан кэппэппин. Түүттэн хатайдаммыт атах таҥаһа куруук кураанах, сылаас, ханан даҕаны баттаабат, аалбат, бары өттүнэн наһаа табыгастаах.

– Чахчы ураты эбит. Оттон төһө үлэлээҕий?

– Атах таҥаһын хатайдааһын наһаа үлэлээх. 1 атах таҥаһын нэдиэлэ устата барытын илиинэн оҥоробун. Натуральнай тириинэн киэргэтэбин, ону кытта илиибинэн тигэбин. Уллуҥун эмиэ илиибинэн тигэбин. Уллуҥҥа анаан-минээн ТЭП (термопластичная резина) диэн биһиги тымныыбытын тулуйар састааптааҕы сакаастаан ылабыт. ТЭП уллуҥ өссө биир үтүө өрүтэ – халтарыйбат. 

Үчүгэйдик хатайдаммыт бачыыҥка унтууттан хаалсыбат. Атах таҥаһын киһи киһи араастык кэтэр. Ол эрэн хатайдаммыт атах таҥаһын көрөн-истэн, харайан сырыттахха, 10 сыл холкутук кэтиэххэ сөп. Эппитим курдук, кэргэним бачыыҥкатын күһүн бастакы тымныылартан саҕалаан, саас чалбах тахсыар диэри бэһис сылын кэттэ. Быйыл күһүн-саас диэн кроссовка оҥорбуппун сайыны быһа кэттэ.

 

Илии оҥоһуга чэпчэки буолуон сатаммат

– Итини таһынан араас көрүҥүнэн дьарыктанабын. Покровскай Оҕо художественнай оскуолатыгар ийэлэр бөлөхтөрүн арыйан, 7 сыл устата уруһуйдуурга үөрэммитим. Уруһуйдуурбун олус сөбүлүүбүн. Масло, акрил кыраасканан уруһуйдуубун. Араас тиэхиньикэҕэ  – ассамбляж, туочуканан уруһуйдааһын, батик (солко таҥаска уруһуй) үөрэммитим. Быыстапкаларга кыттан, бэйэм туһунан быыстапка оҥорон, Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын сойуустарыгар киллэрбиттэрэ.

Сааскыттан саҕалаан күһүҥҥэ диэри иистэнэбин, бохо истииллээх таҥастары, суумкалары тигэбин. Ыһыах саҕана түөскэ кэтэр киэргэллэри оҕуруонан оҥорооччубун.

– Илии оҥоһуга чэпчэки сыаналаах буолара сатаммат диибит. Маастар үлэтэ, уурбут толкуйа барыта сыаналаныахтаах. Холобур, хатайдаммыт таҥас сыаната хайдах быһылларый?

– Сыанатыгар таһаардахха, 1 чаастаах илии үлэтэ 500 солк. быһыллар. Ортотунан, бэргэһэ 10 чаас оҥоһуллар буоллаҕына, 5000 солк. сыаналанара сөп.

Бачыыҥка мин түргэмминэн 30 чаас оҥоһуллар буоллаҕына, ол аата 15000 солк. сыаналыыбын.

Илии оҥоһуга сакаасчыкка бэйэтигэр оруобуна сөп түбэһэр, киниэхэ эрэ ананан оҥоһуллар, матырыйаала барыта натуральнай, туһунан бырайыактаах, ньэмиэттээх буолар. Бу собуот шатмповката буолбатах.

Хатайдыан баҕалаахтарга сүбэлиэм этэ, бастаан маастар-кылааска кэлэн түүнү кытта билсэр уруоктарга сылдьан, эһиэхэ бу дьарык төһө барсарын, барсыбатын үөрэтиҥ.

Тугу оҥоруоххутун баҕараргытынан ютуб нөҥүө маастар-кылаастары көрүөххэ наада. Түүнэн хатайдааһыны сатаан тигэр эрэ киһи оҥорор диэн буолбатах, ким баҕарар сатыан сөп. Баҕа эрэ баар буолуохтаах, уонна сүрэҕэлдьээмиэххэ наада. Элбэхтик маастар-кылаастарга сылдьан, төһө кыалларынан элбэх кистэлэҥи билэргэ дьулуһуҥ. Бэйэм эмиэ иллэҥ кэммэр баҕалаахтары үөрэтэбин, билиибин, сатабылбын үллэстэрбиттэн дуоһуйууну ылабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...