23.04.2022 | 16:00

Сыана үрдээһинэ хаһан тохтуура буолла?

Сыана үрдээһинэ хаһан тохтуура буолла?
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ дойду быраабыыталыстыбатын таһымыгар регионнарга социальнай-экономическай өйөбүлү оҥорууга аналлаах сүбэ мунньахтар буолан аастылар. Ылыллыбыт дьаһаллар сүрүннээн сыана үрдээһинэ нэһилиэнньэ дохуотугар охсуута суох буоларыгар туһуланнылар.

 

Ол курдук, үлэтэ суох хаалбыт гражданнарга араас өрүттээх өйөбүлү оҥоруу, ол иһигэр социальнай контрактары түһэрсии, биэнсийэни индексациялааһын, муҥутаан тиийинэн олоруу кээмэйин үрдэтии боппуруостарыгар дойду бырабыыталыстыбата ураты болҕомто уурарга сорудахтанна. Олохтоох табаары, ол иһигэр пассажирскай тырааныспары, өҥөнү оҥорон таһаарааччылары өйүүр дьаһаллар эмиэ күүһүрэллэрэ этилиннэ. Чуолаан, саха дьонун биир сүрүн кыһалҕата – тутуу уонна тутуу матырыйаалын сыаната үрдээһинин уодьуганныыр сыалтан регионнарга федеральнай бүддьүөттэн тутуу уонна тутуу матырыйаалын сыанатын компенсациялыыр эбии үбүлээһин толкуйданан эрэр. Бу дьаһаллар, бастатан туран, былааннаах тутуулары болдьоҕор түмүктүүр сыаллаах ылыллаллар.

Дьокуускай куораты, өрөспүүбүлүкэ атын даҕаны улуустарын суол тутуутун боппуруоһа эмиэ долгутар. Дойду Бэрэсидьиэнэ суол тутуутугар үлэлиир анал тиэхиньикэни оҥорон таһаарааччыларга эмиэ өйөбүл оҥоһуллара наадалааҕын эттэ. Маныаха импортозамещениенан, ол эбэтэр бу сыллар тухары тас дойдуттан киирэ турбут бородууксуйаны, табаары, өҥөнү бэйэ гиэнинэн солбуйары толкуйдуур научнай-чинчийэр, опытнай-конструкторскай үлэлэргэ эмиэ болҕомто уурулунна.

Дойду бырабыыталыстыбата итини сэргэ бу күннэргэ регионнар ситэриилээх былаастарын кытта нэһилиэнньэ дьадайыытын таһымын намтатар дьаһаллары толкуйдуурга сорудахтанна. Онуоха бастакы уочарат наадалаах табаар, эмп-томп саппааһа барыта хааччылларын ситиһэр сорук турар. Инньэ гынан мантан антах регионнар бэрэсидьиэннэрин тус салалталарынан миэстэлэргэ бигэ социальнай-экономическай балаһыанньаны хааччыйар аналлаах суһал ыстааптар тэриллиэхтэрэ.

Бүрүүкээбит судургута суох экономическай балаһыанньа, биллэн турар, санкциялары кытта ситимнээх. Ол эрээри дойду Бэрэсидьиэнэ арҕаа судаарыстыбалар былааннара туолбатаҕын, Арассыыйаны утары ылыллыбыт санкциялар биһиэхэ улахан хоромньуну оҥорботохторун, төттөрүтүн, бэйэлэрэ эмсэҕэлээбиттэрин бэлиэтээтэ. Холобура, АХШ уонна Европа дойдуларыгар инфляция, үлэтэ суох хаалыы таһыма хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Ол оннугар Арассыыйа экономиката номнуо стабилизацияланан, солкуобай куурса олунньу ый саҥатынааҕы таһымыгар тиийэн эрэрэ бэлиэтэннэ. Ону Дьокуускай куоракка даҕаны кэккэ табаардарга үөскүү сылдьыбыт ажиотаж намтаабыта, бастакы уочарат наадалаах табаар саппааһа баара туоһулуур. «Аҥаардас кэлиҥҥи балтараа ыйга сыана 9,4 бырыһыан үрдээн, инфляция сыллааҕы таһыма 17,5 бырыһыаҥҥа тиийдэ. Бырабыытыластыбаҕа, Киин бааҥҥа үлэлиир кэллиэгэлэрбэр туһаайан этэбин – бу олус үрдүк көрдөрүү. Бу түгэн хас биирдии дьиэ кэргэн бүддьүөтүн хаарыйда. Биһиги сорукпут – инфляцияны тохтотуу. Манан сибээстээн бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир гражданнар бары социальнай төлөбүрдэрин, биэнсийэлэрин, хамнастарын индексациялыыр туһунан дьаһалы ылыммыппын санатабын», - диэтэ Владимир Путин муус устар 18 күнүгэр дойду экономикатын көннөрөр аналлаах сүбэ мунньахха.

 

Мантан аллараа саха дьоно бүрүүкээбит балаһыанньа тула тус санааларын үллэстэллэрин таһаарабыт.

 

Гаврил Стручков, урбаанньыт:

– Биһиги ыал дьиэ кэргэнинэн үлэлэтэр «Сахаада» диэн маҕаһыыннаахпыт. Сүнньүнэн оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор туттар канцелярскай табаардарын атыылыыбыт. Омук дойдуларын санкциялара саҕаланыахтарыттан соҕуруу куораттартан табаары атыылаһар сыанабыт 30-40 бырыһыан үрдээтэ. Онон биһиги саҥа кэлэр маллар атыыга тахсар сыаналарын 20-25 бырыһыанынан үрдэтэргэ күһэлиннибит. Бары билэргит курдук, үлэҕэ күннэтэ туттуллар А4 форматтаах кумааҕы сыаната олус күүскэ үрдүү сылдьан баран, билигин арыый даҕаны намтаата. Ол да үрдүнэн урукку сыанатынааҕар 2 бүк ыарахан. Инникитин аска-таҥаска, бу канцелярскай да табаарга сыана хайдах халбаҥныаҕын ким даҕаны этэр кыаҕа суох. Үрдээбит сыаналар билиҥҥи оннуларынан хаалаллара буолуо дии саныыбын.

 

Николай Кычкин, бүддьүөт үлэһитэ:

– Сыана мантан ыла түһүө диэни улаханнык саарбахтыыбын. Тоҕо диэтэххэ, бүтэһик сыллар көрдөрөллөрүнэн, үрдээбит сыана хаһан даҕаны төттөрү түһэ илигэ. Түһэр да буоллаҕына, биир эмэ табаарга буолуо. Оттон тус бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, биир туох эрэ табаар сыаната ыараатаҕына, ону эккирэтэн барыбыт барыта ыарыыр идэлээх. Билигин, хата, бензин сыаната үрдээбэккэ турар. Ол үрдээтэҕинэ, олох да уустук балаһыанньа үөскүүр. Солкуобай куурса кыратык чиҥээбит курдук эрээри, мантан кыаҕырыа диэн этэр кыах суох. Оттон дуоллар куурса син биир үрдүүрэ буолуо. Ол элбэх фактортан тутулуктаах – аан дойду балаһыанньата, санциялар о.д.а. Бэйэбитигэр туох эмит производство баар буолар дуу? Бары эрэнэ күүтэр импортозамещениебыт оннун булан, атаҕар туруо дуо? Кытай тугунан көмөлөһүөн сөбүй? Ырыынактан тахсыбыт хампаанньалары Индия дуу, Кытай дуу хампаанньалара солбуйуохтара дуо? Дьэ ити курдук бииртэн-биир ыйытыы үөскүү турар. Уопсайынан, ковид иннинээҕи кэмҥэ төннөрбүт ыраах буолуо.

 

Николай Местников, биэнсийэлээх:

– Эмиэрикэ Украинаҕа 8 сылтан бэттэх Арассыыйаны утары күүстээх бэлиитикэни ыытан, куттал суоһаан, Бэрэсидьиэн Владимир Путин сөптөөх бэлиитикэни ыытта. Ону тиһэҕэр тиэрдэн, Украина норуота эйэлээх олоххо үктэнэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Арассыыйа Украинаҕа ыытар ыраастыыр үлэтигэр Эмиэрикэ, НАТО судаарыстыбалара күүстээх утарсыыны оҥоро олороллор, араас санкциялары киллэрэн иһэллэр.

Ол түмүгэр тас дойдулартан ас-үөл, таҥас-сап киириитэ мөлтөөн, олохтоох урбаанньыттар, төһө эмэ бобуу-хаайыы баарын үрдүнэн, биллибэтинэн-көстүбэтинэн сыаналарын лаппа үрдэттилэр. Мин аһыыр аһым кефир, суорат, сүөгэй, үүт урут мөһөөҕү иһинэн буоллахтарына, билигин лаппа ыараатылар. Ону хонтуруоллуур  былаас уорганнарын кыахтара суут-сокуон өттүнэн мөлтөһүөр дуу диэн санааҕа кэлэҕин. Олохтоох бородууксуйа сыанатын түһэрэргэ, оҥорон таһаарыыны лаппа үрдэттэххэ эрэ табыллара буолуо. Ону ситиһэргэ судаарыстыба олохтоох табаары оҥорооччулары күүскэ үп өттүнэн өйүүрэ, көмөлөһөрө эрэйиллэр. Ол кыаллыбатаҕына, сыана олохтоох табаарга салгыы үрдүү турара буолуо диэн толкуйдуубун. Оттон олохтоох бородууксуйаны оҥорооччу солкуобай үрдүүрүттэн быһаччы тутулуктаах. Солкуобай үрдээтэҕинэ, судаарыстыба кыаҕа лаппа үрдээн, олохтоох табаары оҥорооччуларга көмөтө биллэ улаатыа этэ.

 

Таисия Сергеева-Шадрина, биэнсийэлээх:

– Сыана ыараабыта мэлдьэх буолбатах. Бастаан атыыһыттар, инники балаһыанньаны билбэккэ, сыананы олус таһаара сырыттылар. Дьон-сэргэ күннээҕи туттуллар бородуукталарын элбэҕи атыылаһан, сыана өрө барарыгар бэйэлэрэ эмиэ көмөлөстүлэр. Ол гынан баран кэнники ыйга сыана, табаар саппааһа син оннун булан эрэр дии саныыбын. “Спрос определяет предложение» диэн эргиэн сокуона баар. Табаар төһөнөн атыыланар, нэһилиэнньэҕэ наадалаах даҕаны, оччонон сыаната үрдүүр. Онон нэһилиэнньэ наһаа хаһааммакка, ортотунан соҕус дьаһаныахтаах. Бэйэ оҥорон таһаарар аһылыкпыт сыанатын төһө да хонтуруолга ыллаллар, син биир үрдүүрэ биллэр. Биһиги тыйыс усулуобуйаҕа олорор буолан, оҥорон таһаарар ороскуоппут улахан. Эт, үүт аһылык бэйэбит гиэнэ иҥэмтэлээх, хаачыстыбалаах буолан, спроһа үрдүк. Холобура, биир киилэ ынах арыыта 22 л үүттэн оҥоһуллан тахсар. Онон себестоимоһа үрдүк буолан, киилэ арыы дьиҥнээх сыаната 1000-1200 солк. буолара чахчы. Сыана үрдүүрэ уруккуттан да баар суол. Ол гынан баран 90-с сыллар курдук ас-үөл кэмчи буолбата буоллар диэн баҕа санаа баар. 

 

Герман, эдэр урбаанньыт:

– Биһиги 2013 сыллаахха Дьокуускайтан чугас улуус киинигэр интэриниэт маҕаһыын арыммыппыт. Онно Кытайтан ыччаттар уонна оскуола үрдүкү кылаастарын оҕолоро наадыйбыт таҥастарын группаҕа сакаас оҥорторон аҕалар этибит. Оннук үлэлээн истэхпитинэ, саас 2014 сыллаахха валюта икки төгүл үрдээн, ол гынан баран кыраныысса сабыллыбакка, балаһыанньаны тутан хаалбыппыт. Ол сайыныгар дьиҥнээх маҕаһыын арыммыппыт. Икки аҥаар сыл иһигэр маҕаһыыммыт улаатан, балайда оннубутун булан истэхпитинэ, аны пандемия өрө турбута. Онно өссө биир охсууну ылбыппыт. Валюта улаханнык ыараабатаҕа гынан баран, табаарбытын тиэйэн аҕалыы сыаната күнтэн күн ыараан испитэ. 2022 сыл кыһыары сааһыгар өссө ыарахан күннэр кэллилэр. Ол да буоллар сыанабытын билиҥҥитэ улаханнык ыарата иликпит. Табаарбыт 50 бырыһыанын Арассыыйаттан, Киргизияттан уонна Турцияттан аҕалабыт,  аҥаарын – Кытайтан.

 

Иван Копырин:  

— Сыана улаханнык түһүө дии санаабаппын. Арай биирдиилээн омуннаахтык тахсыбыт сыаналаах табаардарга түһүө эрээри, син биир уруккутунааҕар үрдүк буолуо. Бу биһиги бизнеспит менталитетын уонна покупательскай култуурабыт туругун көрдөрөр.

 

Виктор Борисов, "Арассыыйа - мин историям" музей үлэһитэ:

— Сыана түһэн эрэрин көрбөппүн. Дойдубут салалтата сыананы, солкуобайы тутарын туһунан этэр кыаҕым суох, экономист-аналитик буолбатахпын. Арай, мин билэрбинэн, Саха сирин урбаанньыттара табаардарын үрдээбит сыананан атыылаһан, сыаналарын кыһалҕаттан үрдэттэхтэрэ. Оннук гымматахтарына, ночоокко барар буоллахтара. Ночоокко ким үлэлиэй, ол оннугар сабыллар ордук буоллаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...