Сыана өрө барыыта тохтуо дуо?
Ханна-ханна тиийэбит-түгэнэбит. Олохпут күн аайы хаартыска каадырдарын курдук уларыйа-тэлэрийэ турар. Сорох сонуну, иһитиннэриини баттаһан аахпакка да, билбэккэ да хаалаҕын. Ол да буоллар саха дьоно буоларбыт быһыытынан барыга-бары тулуурдаахтык, мындырдык сыһыаннаһан, толкуйдаан, дьаһанан, «һай-һат” дэһэн олоруохпут диэн эрэнэбин.
Ити киирии тылбын суруйарбар бэйэм да холкутаан хаалбыт курдук буоллум. Ол да буоллар хас биирдиибит испитигэр кутуйах хаамар, иннибитигэр туох күүтэрэ биллибэт курдук мунаах-тэнээх күннэр, кэмнэр үүннүлэр.
Киһи барахсан олорорун тухары дьиэлэниэн-уоттаныан баҕарара мэлдьэх буолбатах. Ааспыт нүөмэрбэр дьиэ-уот туттуутун, матырыйаал ыараабытын туһунан суруйан турардаахпын, кыра да буоллар тутууга сүбэ биэрбитим. Оттон ол аҕыйах кэм ааспытын кэннэ аны ипотека, кирэдьиит бырыһыана өрө барда, били дьиэлэниэх-уоттаныах баҕабыт ханнан хаалла, бааннар бырыһыаннара салыннарда.
Маныаха арбаҕастаах да абыраабат турукка киирдибит бадахтаах. Хата арыый эрдэ кирэдьиит, ипотека ылбыт дьон бырыһыаннара оннунан хаалар, хааллар диэн таҥараттан эрэ көрдөһөрбүтүгэр тиийэбит. Оттон халлааҥҥа харбыаласпыт дьиэ сыаната, иирбит сууманы төлөөһүн билигин хас биирдиибитин сыанан аҕаабат балаһыанньата буолла.
Онон бу барыбытыгар да сыһыаннаах сытыы боппуруоска туһааннаах үлэһит санаатын, дьон санааларын ааҕааччыларбар билиһиннэриэм.
Надежда Лукина, риэлтор:
— Буола турар быһыы-майгы ипотекаҕа улаханнык сабыдыаллаата. Холобура, Сбербанк ыстаапката 20 %, ВТБ 23% диэри үрдээтэ, урут муҥутаан 10 % тиийэр этэ.
Соторутааҕыта эрэ кыбартыыра атыылаһаары сылдьар дьоммут кыра бырыһыанынан ылан баран, «үс ыйга диэри дьиэ көрдүүбүт” диэн наһаа холкутук сылдьыбыттара, олох атын өттүнэн диэлийэн таҕыста. Маннык буолуо диэн ким билиэ баарай?! Уопсайынан икки өттүттэн – атыылаһааччыга да, атыылааччыга да халбархай соҕус балаһыанньа буолла. Бүгүҥҥү туругунан, бэйэм үлэлэһэр килийиэннэрбин этэр буоллахха, урукку ыстаапкалаах бырыһыаннары бу кулун тутар 8 күнүгэр диэри уларыппатылар, оннунан ылыннылар. Онон, баттастыбыт диэн бары үөрэбит эрэ.
Ол эрээри баан биир өттүттэн уларытыа диэн сэрэхэдьийии баар. Дьон онно бэлэмэ суох, ким бэлэм буолуо баарай?! Ипотека туһунан кэпсээтэххэ, итинник.
Бу күннэргэ бөдөҥ суума уурунуу харчылаах дьон дьиэ көрдөөн эрэллэр. Ол эрээри дьиэ сыаната лаппа үрдээн, уустуктары үөскэттэ. Чэпчэки, уруккунан турар сыаналаах дьиэни булар ыарахаттардаах соҕус буолла.
Үгүстэр аан дойду балаһыанньата оннун-тойун булуор диэри дьиэлэрин атыыга туруорары тохтоттулар, уларыйыылары кэтэһэллэр диэххэ сөп. Ол да буоллар атыылыыр дьон баар. Инникитин туох буоларын сылыктыыр уустуктардаах.
Уһук Илиҥҥи ипотеканы этэр буоллахха, элбэх эдэр ыал бу бырагырааманан 0,1 бырыһыаҥҥа дьиэ ыллылар. Сөбүлэҥи ылбыттар (одобренные), сатаан ыла иликтэр эмиэ санаммыт суумаларыгар дьиэлэрин атыылаһан кэбиһээрилэр көрдүү сатыыллар. Сиргэ, тутууга эмиэ элбэх эдэр ыал сайаапка биэрбитэ, сөбүлэҥи ааспыта эрээри, кыл-мүччү араас төрүөттэринэн «олорон» хааллылар. Холобура, бу бырааһынньык иннинэ сир суоҕун тэҥэ, аҕыйах этэ. Ол да буоллар үлэ барар, көрдүүбүт, ырыынагы чинчийэбит. Холобура, мин нөҥүө улууска олорор биир эдэр ыал чааһынай дьиэ туттарга сөбүлэҥ ылбыттара, онтуларын болдьоҕо кулун тутар 27 күнүгэр бүтүөхтээх этэ. Ону баара бу бырааһынньык кэннэ туох, хайдах буолара биллибэт. Билиҥҥитэ биир эбийиэги буллубут, онно туһааннаах докумуоннары оҥорон, ити ыйыллыбыт күҥҥэ диэри баттаһыахпытын баҕарабын. Мин бэйэм өттүбүттэн, риэлтор быһыытынан, килийиэннэрбэр табыгастаах, барыстаах быһаарыылар ылыллалларыгар көмөлөһө сатыыбын. Докумуону хайдах толордоххо, ханнык тэрилтэҕэ бардахха дьыалабыт-куолубут сыыдамсыйыан сөбүй диэн толкуйдуубун. Ол эбэтэр дьиэни, ипотеканы түргэнник ылар суоллары тобуларга көмөлөһө сатыыбыт. Хас биирдии кыбартыыра, дьиэ, сир бэйэтэ туспа «историялаах», ону атыыга тиэрдэргэ юридическай өттүнэн «ыраас” буолуохтаах. Онон бу уустук кэмҥэ хайдах эрэ гынан дьоҥҥо көмөлөстөрбүт диэн баҕа санаалаах үлэлиибит.
Бу кэлиҥҥи уларыйыылар киириилэригэр, ыстаапка барыта үрдээн хаалбытыгар, ВТБ баан саамай кыра – 16 бырыһыаны биллэрбитэ. Дьон онно баттаһан, биһиги тэрилтэбитигэр кэлэн, эмиэ сайаапка биэрбиттэрэ, икки киһи сөбүлэҥи этэҥҥэ ааспыта, ылбыта. Бу билигин эмиэ ыстаапка үрдээтэ, уларыйда диэтилэр, онон туох буоларын билэр, этэр, сүбэлиир уустук.
Елена дьиэ көрдөөччү:
— Былырыын ахсынньы ыйтан дьиэ көрдүүбүн. Табыгастаах дьиэҕэ түбэһэ илик этим. Сыаната, оройуона, өрөмүөнэ барыта табыллыбат буолан иһэр. Дьэ ол курдук сирэ-тала сылдьаммын олох да мэлийэр кутталга киирдим. Саатар бэйэм да талымас соҕуспун, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим, дьүөгэлэрим сүбэлии сатаабыттара, барсан көрсөр да этилэр, кэнникинэн олох да сүрэҕэлдьиир, барсыбат да буоллулар. Дьиэбин кэҥэттээри гыммытым табыллыбат буолла дуу диэн билиҥҥи балаһыанньаттан куттанан эрэбин.
Владислав, эдэр ыал аҕата:
— Дьиэ атыылаһар да, туттар да ыараата. Ыал буолан бастакы оҕобут күн сирин көрбүтэ. Манна, куоракка, дьоммутун кытта чааһынай дьиэҕэ олоробут. Былырыын дьонум тэлгэһэтигэр дьиэ туттаары гыммыппыт арай тутуу матырыйаалын сыаната барыта үрдээн хаалбыт. Хаптаһын да булар уустуктардаах буолан хаалбыта. Онон хайдах эрэ саараан, харчыбыт да кэмчи этэ, тохтоон хаалбыппыт. Дьонум манна да олорон эриҥ, эһиил толкуйдуохпут диэн буолбута. Бэйэм күһүҥҥүттэн дьэ син хамнастаах үлэ булан бу күннэргэ бааҥҥа ипотека ылаары докумуон хомуйсан сүүрэ сылдьыбытым баара, бырыһыан үрдээн, эмиэ тохтоон хааллым. Арааһата, дьоммутугар кыбыллан олоробут быһыылаах. Аны ырааҕа, айаныгар табыгаһа суоҕа атахтыыр. Куоракка куортамныахпытын, харчыбыт, биллэн турар, тиийбэт. Онон эдэр дьон, кыра хамнастаахтар дьиэлэнэрбит-уоттанарбыт онуоха-маныаха диэри тохтоото быһыылаах. Чэ, бириэмэ көрдөрөн иһэр ини, санаабытын түһэрбэппит, инникигэ, үчүгэйгэ эрэнэбит.
Туйаара, куорат олохтооҕо:
— Сыана аһара үрдээбититтэн бирээмэ “шоктана” сылдьабын. Соторутааҕыта уолум аахха биир хостоох дьиэ ыллыбыт, ол өрөмүөнүгэр мал-сал, матырыйаал көрдүү сылдьабын. Арай биир тутуу маҕаһыыныгар киирэн ванналарыгар кафель, ол-бу көрө киирдим. Аҕыйах устууканы аахтарбыппар, 70 000 солкуобай диэн суумалаан таһаардылар. Бирээмэ, “уҥа” сыстым. Туох ааттаах иирбит сыанатай, доҕор, бу? Сорохтор баҕас наһаалыыллар, ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалсыбат диэбиккэ дылы, былдьаһа-былдьаһа, үтүктүһэ-үтүктүһэ ыараталлар, ама да балаһыанньа кытааппытын иһин. Аны барыта орун-оннугар түстэҕинэ чэпчиэ дуо диэн ыйытыаҕы баҕарыллар. Ол быыһыгар таҥарабар махтанабын, эрдэ дьиэ ылан кэбистибит диэн, онто суох иэдээн буолсу. Бу эдэр оҕолор, тыа дьоно барахсаттар дьиэлэнэллэрэ-уоттаналлара уустук буолсу ээ, бадаҕа, ипотека бырыһыана үрдүү турар буоллаҕына.