17.03.2022 | 12:28

Светлана Филиппова: «Кистэлэҥҥэ сылдьыбыт докумуоннар көҥүлгэ таҕыстылар»

Светлана Филиппова: «Кистэлэҥҥэ сылдьыбыт докумуоннар көҥүлгэ таҕыстылар»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Кулун тутар 10 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Архыып күнэ бэлиэтэннэ. Онуоха Дьокуускай куораппыт архыыбын үлэтин, үлэһиттэрин, тугунан тыынан олороллорун билэ Строителлэр уулусса 18 нүөмэригэр баар дьиэҕэ бара сырыттым.
Онон бүгүн күндү ааҕааччыларбар Дьокуускай куорат муниципальнай архыыбын салайааччыта Светлана Афанасьевна Филиппованы кытта кэпсэтиибин билиһиннэриэм.

24 сааспар сэбиэт бэрэссэдээтэлэ буолбутум

Ленскэй улууһун Бэчинчэ бөһүөлэгэр түөрт оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам Афанасий Степанович, ийэм Екатерина Матвеевна Кугдановтар диэн этилэр. Аҕам өр сылларга сопхуоска управляющайдаабыта, Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн хас да сыл талыллан үлэлии сылдьыбыта, баартыйа чилиэнэ буолан наһаа элбэх бириэмэтин, кыһамньытын сопхуос партийнай үлэтигэр уурар этэ.  Ол сахха үлэ бөҕөнү үлэлииллэрэ, бөһүөлэк дьоно баартыйа салайыытынан, идеологиятынан олордохторо. Ийэм сопхуоска араас үлэҕэ сылдьыбыта. Оҕо саадыгар уһуннук сэбиэдиссэйдээбитэ, повардаабыта, биэнсийэҕэ тахсан баран үүт тутар пууҥҥа үлэлээбитэ.

Оччолорго Бэчинчэ улахан сайдыылаах дэриэбинэ этэ, тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх, ханна да буоларын курдук сүөһү иитиитинэн, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанара.

Оскуола кэнниттэн Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ киирбитим, 1981 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн төрөөбүт сопхуоспар ананан кэлбитим. Кэлээппин кытта эдэр исписэлииһи комсомольскай тэрилтэ салайааччытынан анаабыттара, сыл курдук үлэлээппин кытта Бэчинчэтээҕи олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Онон олох эдэр сааспар, баара эрэ 24 саастаах кыыс, Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан, барыта 6 сыл үлэлээбитим.

Хайдах бэрэссэдээтэл буолбутум туһунан ахтан аастахха, арай саас ыччат, комсомольскай тэрилтэттэн аҕыйах киһи буолан, ньирэйдэргэ талах быһа эҥин диэн субуотунньуктуу хомуннубут. Мин Южнай Нүүйэҕэ баарбын, хомсомуол сэкирэтээринэн үлэлии сылдьабын, ол сопхуоспут киинэ этэ, оттон Бэчинчэ отделение. Арай ол бараары сырыттахпытына сопхуос дириэктэрэ миигин ыҥыран баран: “Эйигин суһаллык Ленскэйтэн дойдугар тиийэ охсор үһүгүн диэн илдьиттээтилэр, онон массыына булан ыытыахтаахпын”, - диэтэ. Дьэ, мин интэриэһиргээтим, туохха ким ыҥырдаҕай, туох наадатыгар диэн ыйыталастым. Онуоха дириэктэрим «суох, билбэппин» диэтэ. Миигин буоллаҕына “Лесовоз” массыынаҕа олордон баран ыытан кэбистилэр. Ол тухары тоҕо, туохха барарбын билбэппин, сэрэйбэппин даҕаны. Ол Южнай Нүүйэҕэ “Леспромхоз” диэн улахан тэрилтэ баара, промышленнас өттүгэр сайдыылаах бөһүөлэк этэ. Ленскэй оройуона уруккуттан мас бэлэмнээһинигэр улахан объему оҥороро, өрөспүүбүлүкэни бүттүүнүн хааччыйара. Онон үксэ “Лесовоз” эрэ массыына сүүрэр. Дьэ онно олордон баран ыытан кэбистилэр. Бэчинчэ Нүүйэттэн 100 килэмиэтир. Онтон 70 килэмиэтири айаннаан тиийбиппит кэннэ арай дойдум диэки туорааһыҥҥа массыына күүтэн турар эбит. 001 дуу, 004 дуу нүөмэрдээх “Волга”. Онно олорсон Бэчинчэбэр айаннаатыбыт. Дэриэбинэбэр тиийэн дьиэм аттынан ааһан иһэн “тохтооҥ, саатар таҥаспын уларыттыам” диирбин, дьоммор киллэрбэтилэр, саатар оруобуна дьиэм таһынан ааһабын. Субуотунньукка бараары сылдьан кэллэҕим дии. Онон таҥаһым спортивнай эҥин. Онуоха олох хонтуораҕа илдьиэхтээхпит дииллэр. Дьэ, ол курдук олохтоох сэбиэт дьиэтигэр тиийэн кэллибит.

Арай киирбитим оройуон салалтата барыта баар эбит. Райсовет бэрэссэдээтэлиттэн саҕалаан, наһаа улахан дьон, тойоттор бары миигин күүтэн олороллор. Кэлин санаатахха, дьиэбэр киллэрбэтэхтэрэ диэн аҕам туох кэпсэтии буоларын сэрэйбит эбит, онон, билэн баран, батынан кэбиһиэ эбэтэр аккаастаныа диэтэхтэрэ. Ол курдук бэрэссэдээтэл буоларга сөбүлэҥмин ылбыттара. Ити кэпсэтии бэс ыйын 1-кы күнүгэр буолар, онтон бэс ыйын 28 күнүгэр миигин быыбардыыллар. Быыбар түмүгэр Бэчинчэ нэһилиэгин уокуругар дьокутааттар куоластааннар бэрэссэдээтэл буолбутум. Урут дьокутааттар бэйэлэрин истэриттэн талаллар этэ, билигин ону төнүннэрэ сатыыллар.

 

Аҕам улахан сүбэһитим этэ

Дьэ, ол курдук олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан олоҕум биир суолталаах түһүмэҕэ – салайар үлэҕэ бастакы хардыым саҕаламмыта.

Олох бары өттүн билэн, үлэ ыараханын эппинэн-хааммынан өйдөөн, улахан уопуту ылбытым. Билигин санаатахха, сопхуос отделениета наһаа улахан эбит, 220 гектарга хортуоппуй олордор этибит, 24 гектарга хаппыыста ыһабыт, ону таһынан 350 ынах баар этэ. Ходуһабыт аҕыйаҕын да иһин син итиччэ сүөһүнү тутан олорбуппут.

Мин саҥа саҕалаан эрэр киһиэхэ, биллэн турар, аҕам Афанасий Степанович сүрдээҕин көмөлөспүтэ, абыраабыта.  Улахан сүбэһитим, настаабынньыгым этэ. Бастатан туран, үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, хомуньуустуу идиэйэлээх, бэриниилээх, дэриэбинэтин, дьонун-сэргэтин билэр киһи сүбэтэ-амата сүҥкэн буоллаҕа.

Ленскэйгэ 11 олохтоох сэбиэт баар. Онон үлэлии сылдьар дьонтон өссө сүбэ ылыахпын баҕарабын. Дэлби толкуйдаатым,   кэллиэгэлэрбин кытта хайдах биир тылы булсабын, сүбэ-ама булабын, кимиэхэ барабын диэн. Онтон өйбөр өр сылларга сэбиэттии сылдьар, уопуттаах киһини, оччолорго 50-нун ааспыт, санаабар кырдьаҕас курдук көрөрүм, уопуттаах бэрэссэдээтэл Исай Иванович Легантьевка барыахха диэн быһаарынным. Онон Орто Наахара диэн дэриэбинэҕэ, саамай уопуттаах, үлэлии сылдьар бэрэссэдээтэлгэ Исай Ивановичка тиийдим. Кини сүүрбэччэ сыл үлэлээбит ыстаастаах, баай уопуттаах, дьон ытыктабылын ылбыт, ньиргиччи үлэлии олорор киһи буоллаҕа. Бу санаатахха, сүрдээх сытыы, толлубат эбиппин. Дьэ, билсэ-көрсө, кэпсэтэ диэн Сэбиэт хонтуоратыгар тиийдим, арай ханнык эрэ оҕо кэллэ диэтилэр. Бэйэбин билиһиннэрдим, наһаа үчүгэйдик көрүстэ, үлэтин-хамнаһын сэһэргээтэ, сүбэлээтэ, чэйдэттэ. Онтон: “Сирэйгин-хараххын көрдөххө, сатаан үлэлииһиккин”, - диэн биир тылынан сыана быста. Ону истэн хайдах эрэ көҥүл ылбыт, кынаттаммыт курдук үлэлээн барбытым.

Дьонум ыарахан үлэ, кыайыаҥ суоҕа эҥин диэн этэ да барбатахтара. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн тулуурдаах, кытаанах майгылаах этим, туохтан да толлубат идэлээҕим. Ханнык да ыарахантан, иннибэр баар мэһэйдэртэн чаҕыйар диэни уруккуттан билбэппин. Төттөрүтүн ыарахан соруктары быһаарарбын сөбүлүүбүн.

Биллэн турар, эдэр киһиэхэ бүтүн нэһилиэги салайар ыарахан бөҕө буоллаҕа. Ол саҕана бүддьүөттэн үбүлэнэр оскуола, балыыһа, уһуйаан толору баара. Балыыһабыт 10 куойкалааҕа, оҕо саада 70 миэстэлээх, оскуолабытыгар 120-150 оҕо үөрэнэр этэ. Эбийиэктэрбит наһаа улахаттар, бары тус-туһунан хочуолунайдаахтар, кииннэммит диэн туох да суох, кыһын  тымныыга тохтоон хааллахтарына иэдээн буолар, аны бөһүөлэкпит дизельнэй станциянан олорор. 100 киловаттаах үс станция баара, сүрүннээн ол станциялары ынах сүөһү турар фермаларыгар эҥин биэртэлиирбит. Олох-дьаһах, тыа сирин олоҕо син биир ыарахана биллэр буоллаҕа.

1984-1990 сылларга үлэлээбитим. Ол сылларбын наһаа үчүгэйдик саныыбын, олохтоохтор билиҥҥээҥҥэ диэри махтаналлар. Үлэлээбит, көлөһүммүн тохпут, сырабын, күүспүн-уохпун уурбут үлэм түмүгэр “Бэчинчэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо” аат иҥэрбиттэрэ, аҕам эмиэ “Бочуоттаах олохтоох”. Онон биир дьиэттэн бу үрдүк ааты икки киһи ылбыппыт да элбэҕи этэр, онтон билигин олус диэн киэн туттабын. Ол курдук барыта алта сыл сэбиэттээбитим. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай эдэр бэрэссэдээтэл этим. Онно даҕатан биир түгэни кэпсиэм.

Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт, билигин өрөспүүбүлүкэ кырдьаҕастарын сэбиэтин салайааччыта, улаханнык ытыктыыр, биллиилээх киһибит Люлия Николаевна Григорьева Бэчинчэҕэ кэлэ сылдьан үлэбин көрөн-истэн, хайҕаан барбыта. Онтон 1987 сыл күһүнүгэр, алтынньы дуу, сэтинньи дуу ыйга, Дьокуускай куоракка улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар буолла. Онно Люлия Николаевна дакылаатыгар мин туспунан саамай эдэр бэрэссэдээтэл үлэлии сылдьар эбит, көрөн сөхтүм, үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах, дьонноро өйүүллэр эҥин диэн кэпсээбитэ. Онтон сүрдээҕин диэн долгуйбутум. 

Биир дойдулаахтарым билигин да махтаналлар

Үлэлээбит кэмнэрбэр саамай улахан ситиһиим, олохтоохторбор көмөм диэн – үрдүк күүрүүлээх линияны дэриэбинэбитигэр киллэрии этэ. Бу дизелинэн олорор нэһилиэккэ улахан үөрүү, ситиһии буолбута, онон күнү-түүнү, сылы эргиччи уоттанар дьолго тиксибиппит.

Дэриэбинэ иһигэр баар стадиону олбуордаппытым, рабица сетка диэн баара, онон төгүрүччү күрүө оҥотторбутум. Ол олбуор ааспыт үйэҕэ, 1987 сылларга оҥоһуллубута, наһаа өр турбута, ону бэчинчэлэр бу уонча эрэ сыллааҕыта уларыппыттара. Ону таһынан дэриэбинэ иһигэр барытыгар мас тротуар оҥорбуппут. Ол тротуардара олох соторутааҕыга диэри баара. Өссө олохтоохтор күн бүгүнүгэр диэри биир умнубат, махтанар түгэннээхтэр. Оччолорго Ленскэйгэ ДОСААФ диэн баара, суоппардары үөрэтэр куурус, онно дьиэҕиттэн-уоккуттан тэйэн, хаһаайыстыбаҕын быраҕан үс ый үөрэниэххин наада. Дьэ онно саастаах эр дьоҥҥо баран үөрэнии кырдьык ыарахан этэ, барар кыахтара суоҕа. Ону ДОСААФ тэрилтэҕэ тиийэн кэпсэтэн үлэһиттэри, икки массыынаны, икки инструкторы Бэчинчэҕэ көһөрөн таһаардым. Тахсан ол дьон үс ый дэриэбинэҕэ олорон, олохтоох нэһилиэнньэни үөрэтэн, 30 киһи массыына ыытар быраап ылбыттара. Ону дьэ наһаа махтаммыттара. Кырдьык, дьиэлэриттэн-уоттарыттан арахпакка, үрдүттэн олорон үөрэнэр диэн олус үчүгэй буоллаҕа. Сүөһүлэрэ-астара, мастара, отторо, хайдах Ленскэйгэ киирэн эр дьон үс ый сытыахтарай. Эдэрдэр син бараллар буоллаҕа, оттон биһиги саастаах дьону үөрэппиппит. Ону билиҥҥээҥҥэ диэри махтанан ахталлар.

Ону таһынан механизированнай хотон туппуппут.

Дьэ ити курдук бэйэм холбор, эдэр кыыс оҕо таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик алта сыл үлэлээн ыал буолан дойдубуттан көһөн барбытым.

Үлэбит оргуйан олорор

Кэргэним Александр Дмитриевич Филиппов Москваҕа “Академия МВД России” үөрэммитэ, онно оҕолорбутун кытта көһөн тиийэн Москваҕа олорбуппут. Онтон кэргэммин Мииринэйгэ анаабыттара, онно мин оройуон администрациятыгар тэрийэр отделга начаалынньыктаабытым. Онно 15 сыл олорбуппут.

2008 сыллаахха Виталий Николаевич Басыгысов Ил Түмэн бэрэссэдээтэлинэн талыллан баран миигин үлэҕэ ыҥырбыта.

Куоракка кэлэн Ил Түмэн аппараатын салайааччытын бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитим, аппараат үлэтигэр бэриниилээхтик алта сыл үлэлээбитим. Онтон түөрт сыл устата СӨ ЗАГСатын салайбытым..

2019 сыллаахха куорат  архыыбыгар ыҥырбыттара, онтон ыла үлэлии сылдьабын.

Бу сыллар устата улахан үлэни оҥордубут. Барыта 131 пуонда баар, онно 34 795 дьыала киирэр.  Архыып үлэтин биир сүрүн соруга – докумуоннары үчүгэйдик харыстаан илдьэ сылдьыы. Хас биирдии докумуон киһиэхэ улахан суолталаах, биэнсийэҕэ тахсарыгар, биэнсийэ кээмэйэ төһө буолара манна кэлэн ылбыт ыспыраапкаларыттан улахан тутулуктаах, манна хараллан сытар буоллаҕына, үлэлээбиттэрэ барыта көстөр. Ону таһынан сир боппуруоһугар кэлэллэр: хаһан ылбыттара, кимиэхэ суруллара (правоустанавливающие документы), архыып ыспыраапката, выписката барыта юридическай күүстээх докумуон буолар. Ону барытын харыстаан илдьэ сылдьыахха наада. Муниципальнай архыыпка Дьокуускай куорат администрациятын управлениеларын уонна департаменнарын, ону таһынан куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр, федеральнай уонна муниципальнай билигин үлэлии сылдьар да, тохтообут да тэрилтэлэр, тэриллиилэр докумуоннара хараллан сытар. Олох уруккуттан харалла сытар докумуоннартан  эттэххэ, Дьокуускайдааҕы тирии-атах таҥаһа оҥорор-таҥастыыр комбинат, ол иһигэр  “Красный кожевник” Артыал 1936-1956 сс. докумуоннара  уонна куорат остолобуойдарын, рестораннарын треһин 1938 сыллааҕы докумуоннара баар.

Архыып докумуоннара биир сиргэ хараллан сытыахтаахтар. Олохтоох дьаһалта докумуоннара, архыыба саамай элбэх, ону барытын харайан, көмүскэллээх буолалларын туһуттан икки сыллааҕыта иккис хранилище оҥорбуппут уонна барытыгар видеокамера туруортаабыппыт.

Сылга нэһилиэнньэттэн үс тыһыынчаттан тахса ыйытык (запрос) киирэр, онтон 2 500-2 800 үлэлээбиттэрин туһунан ирдэһэллэр, биэнсийэҕэ тахсаары, үлэлэрин ыстааһын аахтараары, хамнастарын бигэргэттэрэллэр, оттон тыһыынчаҕа тиийбэт ыйытык сиргэ-уокка сыһыаннаах, даача, гараас, сир боппуруоһа о.д.а.

Архыып буоларбыт быһыытынан, үлэбит сүрүн туһаайыыта комплектование. Куорат улаата турар, тэрилтэ бөҕөтө, урбаанньыктар эбиллэллэр. Докумуону архыыпка харайар инниттэн биһиги кинилэргэ көмөлөһүөхтээхпит, архыып хайдах буолуохтааҕын, тэрилтэлэр архыыбы хайдах салайыахтаахтарын быһаарыахтаахпыт. Дьыаланы наардааһыҥҥа үөрэтиэхтээхпит, баран көрүөхтээхпит уонна тэрилтэлэрбит ахсааннарын чуолкай билиэхтээхпит. Куоракка биһиэхэ комплектование источниктара буолар  88 тэрилтэни кытта ыкса үлэлиибит, ол тэрилтэлэр докумуоннарын наардыырга, оҥорууга, харайыыга архыып үлэһиттээх буолуохтаахтар.

Уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр ааспыт үйэ 90-с сылларыгар үгүс тэрилтэлэр  архыыпка туттарбатах дьыалалара элбэх. Онон, дьон-сэргэ биэнсийэлэригэр тахсалларыгар наһаа оҕустараллар. Ол хатыламматын иннигэр билигин үлэ сөптөөхтүк барыахтаах, ити өттүгэр үлэбитин күүһүрдүөхтээхпит, комплектованиены кытта үлэлэһиэхтээхпит. Архыып саамай сүрүн үлэтэ – учуот, харайыы, комплектование. Учуот уонна харайыы – барытын сааһылаан тута сатааһын. Комплектование диэн тэрилтэлэри кытта үлэлэммит докумуоннары  көрүү, дьыала оҥоруутун тэрилтэҕэ хайдах барыахтааҕын үөрэтии. Ол барыта биһиги үлэбитигэр саамай сүрүн сорукпут буолар.

Күһүн куорат баһылыга Евгений Григорьев архыып үлэтигэр улахан болҕомто ууран, биһиэхэ анаан кэлэн, көрөн-истэн, кэпсэтэн, сүрүн соруктары туруоран барбыта. Онно бэйэбит толкуйдаабыт уопсастыбаннай бырайыакпытын билиһиннэрбитим, кэпсээбитим. Ол бырайыак ис хоһооно куорат бочуоттаах гражданиннарыгар ананар. Бүгүҥҥү күҥҥэ куораппытыгар 31 бочуоттаах гражданин баар. Куорат бочуоттаах олохтоохторо диэн бары биллэр, аатырбыт, куоракка үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, улахан кылааттарын киллэрсибит дьон буоллаҕа. Онон кинилэр докумуоннарын биһиэхэ архыыпка ууруохха наада диэтим. “Коллекция личных документов Почетных граждан г. Якутска”. Ол үлэ саҕаланна – докумуоннарын көрөбүт, ылабыт, архыыпка харалтаҕа уурабыт уонна быыстапка оҥоробут. Ааспыт нэдиэлэҕэ ол бырайыакпыт быһыытынан Архыып күнүгэр анаан бастакы быыстапка буолан ааста. Быыстапкабыт бастакы дьоруойун билиһиннэрэр буоллахха, саха норуотуттан аан бастакынан РСФСР үтүөлээх архитектора, саха архитектуратын саҕалааччыта, П. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Дмитрий Иванович Саввинов. Кини куораппытыгар оҥорбут сүрүн үлэлэриттэн билиһиннэрэр буоллахха: СӨ Бырабыыталыстыбатын дьиэтэ, Олохтоох дьаһалта, Саха тыйаатыра, “Лена” гостиница, “Якутгражданпроект” институт, ЛОРП дьиэтэ, куораппыт олорор дьиэлэрэ, Дьокуускай уонна Ньурба куораттар гербэлэрин ааптара о.д.а.

Быыстапкаҕа Дмитрий Саввинов бэйэтинэн кыттыыны ылбыта сүрдээх долгутуулаах уонна үөрүүлээх этэ.

Биһиги бу бырайыакпытын тапталлаах куораппыт 390 уонна Саха АССР 100 сылынан кылааппытын киллэрэр сыаллаах саҕалаатыбыт.

 

Биһиэхэ куораты, тыа хаһаайыстыбатын, куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэри сайыннарыыга дьыалалар харалла сыталлар. Бу оччолорго барыта бырайыагы ааспыт, экспертизаны барбыт, олоххо эрэ киирэллэрэ хаалбыт докумуоннар. Барыта научнайдык дакаастаммыт. Устудьуоннарга, эдэр учуонайдарга наһаа наадалаах докумуоннар. Ол курдук, куорат социальнай сайдыыта, куорат схемата, ууну-хаары ыраастааһын барыта баар. Өссө троллейбуснай линия баар буолуохтааҕын, 100 троллейбуһу ылыахтаахтарын туһунан докумуон 1979 сыллаахха оҥоһуллубут эбит. Маны барытын транспорт хайдах сайдан барыахтааҕын Ленинград бырайыактыыр институтуттан  кэлэн анал исписэлиистэр оҥорбуттар. Бу барыта урут кистэлэҥҥэ уурулла сылдьыбыт докумуоннар билигин көҥүлгэ таҕыстылар, олору дьэ саҥа үөрэтэ сылдьабыт. Ол докумуоннар быыстарыгар 200 сыл анараа өттүнээҕи “План областного города Якутска, утвержденный в 1821 году” диэн докумуону булан сөхтүбүт.

Докумуоннарбыт барыта анал температурнай эрэсиимҥэ тураллар, салгына, төһө сииктээҕэ, инчэҕэйэ барыта хонтуруолланар, сурунаалга суруллан иһэр.

Үгэстэн туораабаппыт

Кэпсэтиигэ архыып кылаабынай исписэлииһэ Анна Николаевна Атастырова кыттыһар: “Кэлэктиип дьоно бары биир киһи курдук санаанан үлэлии сылдьабыт. Араас үгэстэри тутуһабыт, сайын хайаан да ыһыах ыһабыт, сахалыы былаачыйаны сайбаччы кэтэн кэлэбит. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, сахалыы диктааҥҥа икки төгүл ситиһиилээхтик кытынныбыт, бу үгэспитин салгыыр санаалаахпыт. Декада ыытабыт, национальнай бүлүүдэлэри астаан аҕалабыт. Архыып үлэһитин күнүгэр оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр уруһуй куонкуруһа ыыттыбыт. Күһүн куорат күнүгэр анаан  балаҕан ыйыгар #Якутск – близкая вечность...# диэн быыстапка туруорбуппут. Ону куорат олохтоохторо улаханнык сэҥээрбиттэрэ.Үлэбит, былааммыт өссө да элбэх.

Биһиэхэ үлэлэригэр бэриниилээх, киэҥ билиилээх дьон үлэлииллэр. Ол курдук, салайааччыбыт Светлана Афанасьевна Филиппова – СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Гражданскай судаарыстыбаннай сулууспа туйгуна, Айталина Афанасьевна Захарова – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, СӨ архыып дьыалатын туйгуна,  Ольга Николаевна Матаркина - “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх,  Варвара Анатольевна Захарова -  СӨ архыып дьыалатын туйгуна. Быйыл үлэһиппит Ольга Сергеевна Аксененко култуура министиэристибэтин Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланна. Ити курдук, салайааччыбыт Светлана Афанасьевна улахан дьаһалынан, сатабыллаах салалтатынан архыып ирдэбилин барытын тутуһан, толорон, күргүөмнээхтик үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....