02.04.2022 | 16:00

Сууланан баран олорумуоҕуҥ

Сууланан баран олорумуоҕуҥ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү дьоруойум Таисия Юрьевна Шадрина-Сергеева Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтин төрүт олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ потребкооперациятын туйгуна, СӨ эргиэнин бочуоттаах үлэһитэ.

Түгэх өбүгэлэрим Мунньан Дархантан төрүттээхтэр

Мин төрүттэрим сүрдээх киэҥ-куоҥ силистээх-мутуктаах дьон. Аҕам Шадрин Юрий Владимирович Хахсык Куллаты үрэххэ 1918 сыллаахха төрөөбүтэ. Бу Мунньан Дархан – Дыгын Дархан аҕатын үөскээбит сирэ-уота. Шадриннар өбүгэлэрбит, Эллэйтэн саҕалаан Мунньан Дархантан төрүттээх дьон эбиттэр, ону историктар, учуонайдар билинэн, дакаастаан тураллар. Биһиги өбүгэбит 16-с үйэттэн мэҥэ тааска суруйан хаалларбыт. Ол тааһы Окладников этнограф үөрэтээри куоракка киллэрбитэ сүтэн хаалбыт, ханна барбыта биллибэт.

Аҕам аах ол курдук Хахсык диэн сиргэ олорбуттар. Бу сиргэ тоһуур оҥорон Каландарашвилины, кини этэрээтин өлөрбүттэрэ, Хахсык Куллатын үрэҕэр. Мин аҕам оччолорго 4-5 саастаах уол эбит. Онно кыһыл этэрээтэ кэлэн эһиги өлөрдүгүт, кыттыгастааххыт диэн Хахсык дьонун мунньан бөлөмүөтүнэн ытыалаан кэбиһээри гыммыттар. Онно биир латыш киһитэ үөрэхтэрэ да суох саха дьоно барахсаттар, туох да буруйдара суох, ытымаҥ диэн көмүскээбит, ону аҕам өйдүүр этэ. Бу кэннэ эһэм аах куоракка куотан кэлэллэр, үрүҥ, кыһыл диэн буккуллуу буолар. Ол курдук аҕам куоракка улаатар, Залогка олороллор. Пединституту бүтэрэн, математик буолар, сэлликтээх буолан сэриигэ барбат. Иһит оскуолатыгар сэрии кэмигэр оскуола дириэктэринэн ыыталлар. Онно үлэлии сылдьан туох эрэ тэрээһин оҥороору бэлэмнэнэ сырыттахтарына биир оҕо Сталин бюһун хампы түһэрэн кэбиһэр, ону үҥсэннэр НКВД-лар тиэйэн илдьэн Покровкайга доппуруостууллар. Ол туһунан аҕам улаханнык кэпсээбэт этэ гынан баран, буруйа суоҕа син дакаастанар, онтон Горнайга, салгыы Өктөмҥө кэлэн учууталлыыр. Аҕам бастакы бэрэсэдьиэни Михаил Ефимович Николаевы математикаҕа үөрэппит киһи буолар.

Ол курдук ийэбин кытта холбоһон Өктөмҥө олороллор, мин онно 1950 сыллаахха төрөөбүтүм.

Ийэм Исакова Ольга Николаевна Уулаах Ааҥҥа Дьэр диэн нэһилиэккэ 1921 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини дьиэ кэргэнэ былаас уларыйыытыгар улаханнык оҕустарбыт дьон. Аҕата, мин эһэм Исаков Николай Семенович, сүрдээх сытыы-хотуу, кыраһыабай, атаҕынан кыанар, Бодойбонон эҥин сылдьыбыт киһи үһү. Сытыы, киириилээх-тахсыылаах эдэр киһи онно-манна охсуллара, түбэһэрэ элбэх буоллаҕа. Былаас былдьаһыытыгар Дмитриев диэн үрүҥ этэрээтигэр хамандыыры солбуйааччы буолар, онтон репрессияҕа түбэһэр. Инньэ гынан ийэбин өстөөх оҕото диэн дьарылыктаан линейка иннигэр таһааран пионерыттан уһулан кэбиһэллэр,  хаалтыһын туура тардаллар, онтон ыла эрэй бөҕөтүн көрсөр. Онон ийэм алтыс кылаастан оскуолаттан уһуллан хаалар, барар-кэлэр сирэ суох кыыс куоракка киирэр. Онно киирэн сэрии кэмигэр тыйаатырга үлэлиир. Ийэм олус кыраһыабай, такымын ааһар саһархайдыҥы уһун суһуохтаах этэ. Артыыска буолан, оҕо эрдэхпиттэн артыыстары билэттиир этим. Екатерина Захаровалааҕы кытта Москваҕа Щепкиҥҥҥэ үөрэнэ барыахтаах эбит, ону кулаах кыыһа буолан ыыппатахтар. Поэт Сергей Васильевтаахха оҕо сылдьан күүлэйдээбитим, кэргэнэ ийэм дьүөгэтэ этэ. Ол курдук артыыстыы сылдьан үөрэнэ барбат, онтон үөрэхтээх дьон кэлэн үлэлээн бүтэр.

500-тэн тахса педагогическай ыстаастаах династия буолабыт

Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Убайым үсүһү бүтэрбитим кэннэ оһолго түбэһэн суох буолбута, ийэм онтон охсуу ылан алтыһы бүтэрэрбэр инсуллаабыта. Онтон ыла дьиэбин-уоппун бэйэм көрөр киһи буолбутум. Быраатым Шадрин Василий Юрьевич, математическай наука кандидата, профессор, ХИФУ-га үлэлиир, балтым Софронова Елена Юрьевна нуучча тылын учуутала, билигин биэнсийэҕэ олорор, репетитордыыр. Барыта 500-тэн тахса педагогическай ыстаастаах өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр династия буолабыт. Инньэ гынан Арассыыйаҕа баран миэстэлэһэ сылдьыбыттара. Сыл аайы төрөөбүт оскуолабытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Шадринские чтения” ыытабыт.

Бэйэм оскуоланы бүтэрэн баран 1969 с. Новосибирскайга атыы-эргиэн институтугар үөрэнэ киирбитим уонна 1973 с. бүтэрбитим. Ол кэмтэн ыла “Холбос” систиэмэтигэр салайааччы быһыытынан харыс да хамсаабакка, ханна да халбарыйбакка үлэлээбитим.

Кэргэним Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн төрүттээх, физик идэлээх, Климентий Егорович Сергеев диэн. 11 оҕолоох ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүт. Удьуор мас уустара буолан тутууга сыстаҕас, ханнык баҕар техниканы баһылаабыт киһи. Уот, гаас ситимнэригэр уопуттаах, билиилээх специалист буолан үлэлээбит тэрилтэлэригэр убаастанар биир тутаах үлэһит этэ. Үлэ бэтэрээнэ.

Кэргэним сүрдээх сэмэй, туруу үлэһит, аламаҕай аҕа, эһээ, эрэллээх кэргэн буолан 44 сыл устата дурда-хахха, өйөбүл буолбутугар махтанабын. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан иккиэн тутуспутунан бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн олоробут, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тирэх, туһа буолларбыт диэн баҕа санаалаахпыт.

Икки оҕолоохпут. Уолбут Ньургун инженер-электрик, кыыспыт Виктория бастакы идэтэ математик, иккиһэ буҕаалтыр. Үс сиэннээхпит, икки уол, биир кыыс. Оҕолорбут киһи сиэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Киһи хаһан баҕарар иискэ ылсыан сөп

Ийэм төрүкү иистэнньэҥ этэ, биэс сааһыттан иистэммит, ону көрө улааттаҕым. Дэриэбинэҕэ бастакынан оноолоох сону, халадаайы тикпит кини диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Ийэм өттүнэн урууларым ырыаһыттар. Онон туойар, олоҥхолуур, ыллыыр этэ. Ийэм кулуупка эҥин дьээ-буо ыллаатаҕына, оҕо сылдьан саатар этим. “Ыллаама, тоҕо ыллыыгын”, - диирим. Христофор Максимов гастролга кэллэҕинэ, баянын соһо сылдьан биһиэхэ тохтоон, хонон барара. “Тоҕо ийэҕин буойаҕын, ыллаатын ээ. Ыллыыр киһи бобуллан буунту буолар”, - диир этэ.

Мин үөрэхпин бүтэрэн кэлэн үлэ үөһүгэр киирэн хааллым. Онон иис диэни тутар иллэҥим да суох этэ. Арай биэнсийэҕэ тахсан баран Покровскайга баар “Эрчимнээх эбэлэр” бөлөххө дьарыктанан барбытым. Ииһим, оҥоһуктарым эҥин онтон саҕаламмыттара, быыстапкаҕа кыттар буолбутум. Билигин онон эрэ дьарыктанабын. Саҥа дьыл иннинэ ыаҕайа тигэргэ үөрэммитим, сувенирнай. Сакаас Сунтаартан, Тааттаттан тиийэ кэлэр, биэнсийэбэр эбии да буолар, уонна чугас дьоммор бэлэх да быһыытынан барар. Онон эргиччи туһалаах.

Билигин кэргэмминээн куоракка киирэн кыстыыбыт, сиэннэрбитин көрсөбүт, үөрэхтэригэр, дьарыктарыгар тасыһан көмөлөһөбүт. Манна биир былааммынан “Школа третьего возраста” сылдьыы этэ. Онно дьэ эбии сайдыам, ыллыырга эҥин үөрэниэм диэн санаалааҕым, арааһы бары оҥороллоругар ымсыырабын. Онтум бу пандемия мэһэйдээн куруһуоктар, көрсүһүүлэр тохтоон хаалбыттара. Мантан инньэ мусталлар ини диэн кэтэһэбин. Дьон талаана муҥура суох, киһи киһиттэн үөрэнэр буоллаҕа.

 

Үтүө дьоннуун алтыһыы үйэбин уһатар

Ханна сылдьарым былаһын тухары үтүө дьону кытта эҥэрдэһэбин, үчүгэй дьоҥҥо, аймахтарга төрөөбүт дьоллоохпун. Новосибирскайы бүтэрбитим 50 сыл буолла, билигин да бииргэ үөрэммиттэр тутуһа, билсэ сылдьабыт. Табаарыстарым, дьүөгэлэрим элбэхтэр. Онно-манна сылдьарым тухары билсиһэбин, дьүөгэлэр да эбиллэллэр.

Билигин күн солото суохпут, сарсыарда тахсан хаамабыт, сэрээккэлиибит, күннээҕи дьарыгым иистэнии, оһуор-дьарҕаа. Ону таһынан оҕону таһыы, кэлии-барыы. Ол курдук орто баайыынан олоробут. Муус устартан арассаада олордобун, онтон дойдубутугар тахсан оҕуруоппутун ыһабыт.

Ыарахан хаһан баҕарар баар буолар, киһи олоҕор сыыһа-халты үктэнии ханна барыай, орто дойдуга кэлбит киһи хайдах алҕаһа суох олоруой. Билиҥҥи уустук кэммит пандемияттан саҕаламмыта. Саха диэн муударай, талааннаах, уруккуттан кэлбит өбүгэлэрбититтэн култуурабытын хааммытыгар иҥэрэ сылдьабыт диэн итэҕэйдим. Сахалар бэйэбит дьиҥ өбүгэлэрбит эппит үөрэхтэрин, култуураларын, абыычайдарын, сиэрдэрин-туомнарын тутуһан сырыттахпытына, ханнык баҕарар ыараханы туоруохпут.

Сууланан баран олордохпутуна, туох да үчүгэй тахсыбат. Онон инникигэ эрэллээх буолуоҕуҥ, киһи бэйэтэ көрүнэн, дьаһанан, дьарыктанан олоруохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...