13.01.2023 | 13:00

Суруналыыс Дмитрий Акимов: «Былааска хаһыат суолтата сүттэ»

Суруналыыс Дмитрий Акимов:  «Былааска хаһыат суолтата сүттэ»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Сир-сир аайы мындыр толкуйдарынан, ыллыктаах санааларынан бар дьонноругар ытыктанар, нэһилиэк уонна улуус тумус туттар дьоно баар буолаллар. Бэчээт күнүн көрсө биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт, биир идэлээхпит – РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Дьааҥы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Адыаччы нэһилиэгин “Күөх лабаалар” литературнай түмсүү салайааччыта, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр публицист, суруйааччы Дмитрий Николаевич Акимов.
Кини төрөөбүт дойдутугар олорон айар-тутар, олохтоох хаһыакка тиһигин быспакка суруйар, улуус историятын кэрэһилиир кинигэлэри оҥорон таһаарыынан утумнаахтык дьарыктанар.

Олох үөһүгэр

– Мин төрүт Дьааҥыбын, Адыаччы нэһилиэгин Мэйии учаастагар 8 оҕолоох Николай Гаврильевич уонна Акулина Павловна Аммосовтар диэн холхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Адыаччы аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы техническэй училищены, онтон Кооперативнай училищеҕа товаровед анал куурсун кэтэхтэн үөрэнэн идэ ылбытым. Сыбаарсыктан, сантехниктан саҕалаан, нефтебаза сэбиэдиссэйинэн 3 сыл, кооперацияҕа 9 сыл үлэлээбитим. Кэлин нэһилиэк сэбиэтин, партком ыйыытынан эт кэмбинээтигэр приемщигынан, биригэдьииринэн, сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, тыйаатыр-кулууп дириэктэринэн, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччынан, Култуурунай-спортивнай киин дириэктэринэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыахпар диэри үлэлээбитим.

Олоҕум эрчимнээх, таһаарыылаах сыллара уопсастыбаннай үлэҕэ ааспыттара. Ол курдук, нэһилиэк хомсомуолун сэкирэтээрэ, агитзона начаалынньыга, икки төгүл оройуон сэбиэтин дьокутаата, быыбар хамыыһыйатын чилиэнэ, онтон салайааччыта, ДНД салайааччыта буола сылдьыбытым. 10 төгүл нэһилиэк сэбиэтин дьокутаатынан талыллан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын. Сааһым 68-һым буолла.

Ону таһынан улуус норуодунай хонтуруолун кэмитиэтин чилиэнэбин, Компартия олохтоох кэмитиэтин сэкирэтээрэбин.

Кэргэмминээн билигин да Коммунистическай партия чилиэннэрэбит

Өссө да үлэлииргэ бэлэммин

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар хомсомуол мунньахтарыгар, конференцияларга, агитзона күрэхтэригэр үлэбитин-хамнаспытын сырдатар эркин хаһыатын таһаарааччыбыт. Онно бары элбэхтик суруйарбыт, мин эмиэ  атыттартан туора турбакка, хоһоонугар тиийэ таһаарар буолбутум. Ол үлэм иһин ЫБСЛКС “Комсомольский прожектор” диэн бэлиэтинэн наҕараадаламмыттаахпын.

90-ус сыллар саҕаланыыларыгар тыйаатыр-кулууп дириэктэринэн үлэлии сырыттахпына оччотооҕу “Верхоянский коммунист” хаһыат эрэдээктэрэ Христина Иннокентьевна Рожина мунньахха көрсө түһэн: “Дима, үлэҥ-хамнаһыҥ үчүгэйдик баран иһэрин истэбин, ол туһунан хаһыакка сырдат, нэһилиэк да олоҕуттан-дьаһаҕыттан суруй, дьон-сэргэ биллин, таһаарыахпыт”, – диэн аҕыйах этиинэн айар үлэм ыллыгын арыйан биэрбитэ.

Бастакы суруйууларбар нэһилиэгим фольклорга куонкурсун, быыстапка, нэһилиэк иһигэр ыытыллыбыт “Өбүгэлэр оонньуулара” күрэс, уус-уран оҥоһуктар, коллекционердар быыстапкаларын, хомус маастара В.С. Чириков туһунан кылгас сонуннар этилэр. 1991 сыллаахха настаабынньыгым, эрэдээктэрим Х.И. Рожина кылгас кэмҥэ ыалдьан олохтон туораабыта. Онтон ыла, сороҕор тохтуу-тохтуу да буоллар, улуус хаһыатын эрэдээктэрдэрэ Владимир Маркович Филатов, Матрена Васильевна Потапова, Елена Егоровна Потоцкая, Майя Прокопьевна Акимова, Ирина Николаевна Кустова көмөлөрүнэн, ыйыыларынан-кэрдиилэринэн, сорох сыл 50-ча ыстатыйаны, заметканы суруйан кэллим. Арай ааспыт сылга, ыарыы-дьаҥ мэһэйдээн, хаһыакка тахсыбытым аҕыйаата.

Хаһыакка суруйууга элбэх сүбэни аҕа табаарыстарым, билигин биһиги кэккэбититигэр суох Иннокентий Николаевич Слепцов, Павел Михайлович Чукров, Мария Петровна Потапова-Таас кыыһа биэрэллэрэ. Күн бүгүнүгэр диэри улуус хаһыатын солбуллубат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэннэрэ, икки тылынан суруйар Алексей Спиридонович Шишигин; ааспыт кэм сүппэт историятын сырдатар Артур Семенович Колосов, Андрей Семенович Потапов-Айанньыт; үөрэх эйгэтин киэҥник сырдатар, араадьыйаҕа тиийэ кэпсиир Дьааҥы суруналыыстарын түмсүүтүн салайааччыта Ульяна Афанасьевна Шишигина; ураты буочардаах, суруйуу эйгэтигэр дьулурҕаччы киирэн эрэр Галина Степановна Стручкова-Табайаана; нэһилиэктэр, оройуон, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэрин, онно кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт ситиһиилэрин тиһигин быспакка сырдатар спортивнай суруналыыс Платон Егорович Эверстов хаһыаппытын эстибэт тыынныыллар. Онон айар үлэ, хаһыакка суруйуу эйгэтигэр киирбиппиттэн олох кэмсиммэппин, өссө да үлэлииргэ бэлэммин.

– Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр, олоххо көхтөрүн хаһан да сүтэрбэт, нэһилиэнньэ кыһалҕатын сүрэхтэригэр чугастык ылынар дьон, биир-биэс хамнаһа суох идея туһугар үлэлииллэр. Эн айар үлэҥ сүрүн тирэҕэ туох буоларый?

Суруналыыс, суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи дьон айар үлэлэригэр сүрүн тирэхтэринэн биир дойдулаахтарын таһаарыылаах үлэлэрэ, хорсун быһыылара, ситиһиилэрэ буолар. Ону таһынан үлэҕэ, олоххо, үөрэххэ көстөр итэҕэстэр-быһаҕастар, олору туоратарга тугу оҥоруохха сөбүй диэн өй-санаа бүппэт мөккүөрэ бар дьоҥҥо, ааҕааччыга тиийэн ырытыллан, туох эрэ үчүгэй ылыллан, түстэнэн, ити кыһалҕалар туоратыллар, быһаарыллар буоллахтарына, эн дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү оҥорбутуҥ – бу үлэҥ ситиһиитэ, салҕыы саҥаны булан суруйаргар, сырдатаргар сүрүн тирэҕиҥ буолар.

Сэбиэскэй кэм саҕана хаһыат улуус, өрөспүүбүлүкэ дьокутааттарын сэбиэтин, партийнай кэмитиэтин сүрүн салаата буолара. Итэҕэһи-баһаҕаһы, кириитикэни суруйдахха, онно хайаан да эппиэт кэлэрэ, тустаах тэрилтэҕэ, ол киһи үлэлиир салаатыгар дьүүллэһиллэн, көннөрүү үлэтэ ыытыллан барара – ол хас биирдии кэрэспэдьиэн, суруналыыс үлэтин түмүгэ, тирэҕэ буолара.

Адыаччы нэһилиэгин дьокутааттарын сылы түмүктүүр сессиялара

Кумааҕы хаһыат сүтэригэр итэҕэйбэппин

Кумааҕы хаһыат сотору суох буолуо дииллэрин  туох дии саныыгын?

Кумааҕы хаһыат суох буолуо диэҥҥэ олох, сөбүлэспэппин. Оннооҕор буолуох сайдыылаах судаарыстыбаларга, электроника, интэриниэт, сыыппара технологията сайдыбыт сирдэригэр хаһыат кумааҕыттан түһэ илик.

Уонна үбү-аһы хамсатар целлюлознай промышленнас сайда, үлэлии турдаҕына, кумааҕыттан аккаастаныы хайдах ыытыллыай? Ол тэҥэ хаһыат история, сайдыы кэрэһитэ, тыыннаах туоһута буолан, үйэни кытта тэҥҥэ хардыылаан иһиэ дии саныыбын.

Дьон түөлбэлээн олорбот, аҕыйах киһилээх дьоҕус учаастактарга кумааҕы хаһыаты билигин да сыа-сым курдук тутан, тиһэн уура сылдьан ааҕаллар, суруталлар, мэлдьи кэтэһэллэр. Бу көстүү хаһыат үйэлээҕин, дьоҥҥо билигин да наадалааҕын, туһалааҕын көрдөрөр дии саныыбын.

– Хаһыакка суруттарааччы сыллата аҕыйыы турар, ааҕар көлүөнэ бараннаҕына, хаһыакка да, кинигэҕэ да наадыйбат көлүөнэ кэлиэ дииллэр. Эн санааҕар, аныгы ааҕааччыны тугунан интэриэһиргэтиэххэ сөбүй?

Мин санаабар, хаһыакка сурутуу ханна баҕарар аҕыйаан иһэрэ элбэх төрүөттээх.

Бастакытынан, былааска хаһыат суолтата сүттэ. Дьон араас туруорсуутугар, ыйытыытыгар, кириитикэни этиниитигэр былаас хоруйдаабат, дьүүллэспэт, сэҥээрбэт да буолла.

Иккиһинэн, хаһыат уонна кинигэ бэчээттэнэн тахсаат, сибиэһэйдии ааҕааччыга тиийэллэрэ олус бытаарда. Сонуна сойбутун, буолбут түбэлтэлэр умнуллубуттарын кэннэ ааҕааччыга тиийэрэ тэйитэр.

Үсүһүнэн, хаһыат уонна кинигэ ааҕааччыта аҕыйыы турара үйэ хаамыытын кытта тэҥҥэ барар. Сонуну, буола турар чахчылары сырдатыы хайдах баарынан буолар буоллаҕына, хаһыат ааҕааччытын сүтэриэ суохтаах. Оннооҕор биһиэхэ, улууска, оройуон тэрилтэлэрин, дьонун-сэргэтин, олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын сырдатар хаһыаты чунуобунньуктар, бүддьүөт үлэһиттэрэ суруттарбаттар. Боростуой нэһилиэнньэ сурутууга ыксаабат, саастаах өттө эрэ суруттарар.

1962 с. Адыаччы оскуолатыгар маҥнайгы кылааска киирээри бэлэмнэнии: Володя Слепцов, Нина Солободчикова, Нина Захарова, Даша Чирикова уонна Дима Акимов.

Сурутууну тэрийии эмиэ туспа үлэ. Ону сыаналаан, хайа тэрилтэ үлэһитэ элбэх киһини сурутарын көҕүлээн, тэрилтэ салалтата булгуччу суруттарарын ситиһэн,  почта үлэһиттэрэ, нэһилиэк кэрэспэдьиэннэрэ кытта сүүрэн, элбэх сурутааччыны түмтэхтэринэ, ол үлэлэрин кэмигэр сыаналааһын үчүгэй түмүктэри биэриэн сөп.

Төрдүһүнэн, хаһыакка хайа баҕарар нэһилиэк, улуус үлэлэрин сырдатыы үгэскэ кубулуйда. Холобур, биһиги улуустааҕы “Дьааҥы аартыга” хаһыаппытыгар мин сыл түмүгүн ырытан суруйабын. Онно хайа тэрилтэ үлэтэ элбэхтик сырдатыллыбыта көстөн кэлэр, дьон интэриэһин тардар.

Бэсиһинэн, ааҕар уонна аахпат көлүөнэ диэн араарыы туһунан. Телевизор, интэриниэт, суотабай сибээс сайдыыта эдэр көлүөнэҕэ күүскэ дьайара чахчылаах суол. Ааҕыы култууратын тарҕатыыга тыл учууталлара, библиотекалар, биирдиилээн нэһилиэктэр, улуустар утумнаах үлэлэрэ тэриллиэн наада. Хаһыаттан, сурунаалтан, кинигэттэн ылар билии таһыма намтыа суохтаах, оччоҕо ааҕааччы сүтүө суохтаах дии саныыбын.

– Ааҕааччы былаас таһаарар хаһыаттарыгар эрэлэ кыччаата диэн санаа эмиэ баар... Эн төһө сөпсөһөҕүн?

Сөпсөһөбүн. Былаас үбүлээн таһаарар хаһыаттарын чунуобунньуктар бэйэлэрэ, ону даҕаны аҕыйах бырыһыаннара эрэнэрэ буолуо. Инники эппитим курдук, норуот туруорсуута, кириитикэлээх этиилэрэ дьүүллэһиллибэттэр, сөптөөх эппиэти биэрбэттэр. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ, биэдэмистибэлэр таһаарар хаһыаттарын, сыһыарыыларын дьон-сэргэ сэҥээрбэт, аахпат буолара баар суол.

– Оттон чааһыай хаһыаттар, сурунааллар?

Кэскиллэрэ икки өрүттээх дии саныыбын.

Бастакытынан, чааһынай хаһыаттар уонна сурунааллар ааҕааччы интэриэһин көҥүл бэчээттэнэр көҥүл суруйуунан, сырдатыынан табаллар. Тугу баҕаралларын суруйуохтарын сөп, ону ааҕааччы ылынар, ырытар. Манна бас баттах барыы эмиэ баар буолааччы...

Иккиһинэн, чааһынай хаһыат спонсордаах, көмөлөөх эрэ буоллаҕына тахсар, син биир ким эрэ интэриэһин туруулаһар, олох тутулуга суох буолбат.

Аны туран хаһыат киэҥ-куоҥ Саха сирин бары муннугар тиийэрэ уустук. Ааҕааччыга тиксэрии олус бытаана интэриэһи умулуннарар.

«Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт - Адыаччы оскуолата» кинигэ сүрэхтэниитэ. Адыаччы, 2021 с.

Дьиҥнээх баай дьоммут дэнэбит

Урут, үлэлиир эрдэххэ, сүрүн үлэҥ таһынан дьиэҕэр кэлэн кэтэх хаһаайыстыбаҕар үлэлиигин, ынах, сылгы ииттэҕин. Ол быыһыгар уопсастыбаннай үлэ, оҕо көрүүтэ-истиитэ, кинилэри иитии, араас мунньахтарга барыы-кэлии, тыа киһитин сиэринэн оттооһун-мастааһын – билигин кэлэн хайдах барытын ситиһэрим эбитэ буолла дии саныыбын. Кэргэним Анна Петровна үтүөтэ, өҥөтө баар буолан ситистэҕим. Ол кэмҥэ даҕаны бириэмэни сөпкө аттаран куобахха туһахтыырым, муус турдаҕына көмөлөһөөччүбүн Куосумпайы-Слепцов Е.Н. кытта 50-60 куул собону илимнээн ыларбыт.

Кэргэним Анна Петровналыын 48-ыс сылбытын дьоллоохтук ыал буолан олоробут. 4 уол, 2 кыыс оҕолоохпут, бары ыал дьон. 18 сиэни бэлэхтээн, дьолбутун өссө үрдэттилэр, олортон 7 сиэммит бэйэлэрэ номнуо ыал буолан 10 хос сиэннэннибит. Онон дьиҥнээх баай дьоммут дэнэбит. Кэргэним үйэтин тухары оҕо иитиитин эйгэтигэр үлэлээбитэ.

 

Дойдубар туһалаах буолаары

– Дьэ, билигин иллэҥ кэм диэн толору баар буолла. Хаһыакка суруйарбыттан ордорон, нэһилиэгим уонна төрөөбүт улууһум историятын, дьонун-сэргэтин ааттарын үйэтитэргэ санаммытым. Ол курдук, 2010 сыллаахха Адыаччы нэһилиэгин “1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт, Кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммут туһунан, нэһилиэк 4 холкуоһун, сэбиэт, оскуола үлэһиттэрин, ону таһынан Эһэ Хайа хаайыытыгар түбэһэн кэлэн, босхолонон тахсан олохсуйан, оҕо-уруу тэнитэн хаалларбыт “дайды” дьонун, Арассыыйа киин уобаластарыттан олох долгунугар оҕустаран кэлэн Дьааҥы Адыаччытын кытылыгар тиксэн олохсуйан, үлэлээн-хамсаан ааспыт нуучча үлэһит дьонун туһунан кэпсиир 2 томнаах “Сэрии сылларын сүппэт туоһулара” диэн кинигэм тахсан киэҥ сэҥээриини ылбыта. “Победа” ГУ тэрилтэ кинигэбин үрдүктүк сыаналаан, СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыттан Махтал сурук туппутум; сэрии кэминээҕи көлүөнэни үйэтитиигэ кылаатым иһин Бэтэрээннэр сэбиэттэрин быһаарыытынан “Активисту ветеранского движения” диэн мэтээлинэн наҕараадаламмытым.

Алта сыл өйбүн-санаабын ууран туран хомуйбут, суруйбут биир үлэм –  “Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт – Адыаччы оскуолата, 1931-1945 сс.” диэн баар чахчыларга, архыып докумуоннарыгар олоҕуран Адыаччы оскуолатын историятын сырдатар 600-чэкэ страницалаах кинигэм. Ол кэмнэргэ оскуола 25 үөрэнээччитин тыыннаах ахтыылара кинигэбэр сүрүн тирэх буолбуттара. Бу 1945 с. диэри үлэлээбит 38 учууталтан билигин соҕотох хаалбыт Анна Николаевна Соловьева ахтыыта, үөрүүтэ, алгыһа бу кинигэ күн сирин көрөрүгэр күүс буолбута.

Туох эмэ үчүгэйи, үтүөнү, үйэлээҕи дьоммор, ыччаттарбар хаалларбыт киһи диэн санааҕа олоҕуран, билигин “Оскуола чуораанын хаалларан” диэн Дьааҥы сирин оскуолаларыгар үлэлээн ааспыт, үөрэҕирии бигэ акылаатын ууран хаалларбыт, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт буойун-учууталлары кэпсиир үлэм түмүктэннэ. Манна 60-ча буойун-учуутал сирдээҕи олоҕо, үлэтэ кэпсэнэр.

Кинигэлэрбин таһаарарга улуус дьаһалтата өйөбүл буолар, үбүлүүр.

Онон иллэҥ кэммин дойдум историятын кэпсиир, сырдатар үлэҕэ, кыраайы үөрэтиигэ аныыбын. Суруйуу диэн бэйэтин туһугар үтүө дьарык уонна ыарыы диэхпин баҕарабын.

«Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт - Адыаччы оскуолата» кинигэ сүрэхтэниитэ. Адыаччы, 2021 с.

Христофор Горохов чэчирдэрэ

“Күөх лабаалар” диэн литературнай түмсүүнү урут оскуолабытыгар үлэлии сылдьыбыт суруйааччы Христофор Горохов тэрийбитэ. Оҕо эрдэхпинэ онно сылдьыбытым. Онтон бу кэлин түмсүүнү сөргүтэр буолбуппутугар, “ким диэн ааттыыбыт?” диэн ыйытыы күөрэйбитигэр хаһан эрэ учууталым толкуйдаабыт “Күөх лабаалар” аатын ылыныахха диэн этии киллэрбитим. Билигин 17 чилиэннээхпит, хоһоону да, прозаны да ылсаллар, кыраайы үөрэтиинэн дьарыктанабыт. Биһиги түмсүүбүтүттэн Рустам Каженкин Арассыыйа суруйааччыларын сойууһугар киирдэ, Раиса Чирикова Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолла – бу биир кыра нэһилиэк түмсүүтүн холугар үчүгэй ситиһиилэр. Улууспутугар баар “Эчий” литературнай түмсүүнү эмиэ биһиги киһибит Раиса Дмитриевна Чирикова салайан үлэлэтэр.

 

Кыларыйан турар кырдьыгынан

Ити курдук суруналыыс Дмитрий Николаевич Акимов кэпсээнэ, үлэлии, үөрэтэ сылдьар тиэмэтэ олус элбэх, былаана эмиэ баһаам. Нэһилиэгин сүрүн кыһалҕатынан орто оскуолалара 1934 сыллаахха тутуллубут хаарбах дьиэҕэ үлэлиирин этэр, ону өрөспүүбүлүкэ таһымыгар өссө да киэҥник сырдатар, араас хаһыаттарынан туруорсар санаалаах. 

Бу аҕыйах хонуктааҕыта тоҥо сыспыт Табалаах нэһилиэгэр чохторо кыралаан тиэрдиллэн эрэрин кэпсээтэ уонна кыһыҥҥы суол оҥоһуута салалта өттүттэн кыаллыбат, ол иһин дьон чохторо быста сыһар диэн санаатын үллэһиннэ.

Маннык туохха барытыгар көхтөөх, кыларыйан турар кырдьыгы хайдах баарынан этэр, туохтан да толлубакка кириитикэлиир уонна туруорсар дьон бааллара олоҕу хамсатар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....