23.12.2023 | 14:00

Суруллубут суоруллубат аналлаах

Тааттаҕа Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, кыраайы үөрэтээччи Елена Филимоновна Кузьмина үйэтитиигэ сүҥкэн үлэни ыытар.
Суруллубут суоруллубат аналлаах
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

— Елена Филимоновна, тыыннааҕар “сир түннүгэ” диэн үрдүк билиниини ылбыт кыраайы үөрэтээччи Егор Дмитриевич Андросовы кытта алтыһыыҥ хаһааҥҥыттан саҕаламмытыттан кэпсэтиибитин саҕалыах.

— 2000 сылтан саҕаламмыта диэххэ сөп. Эрдэ кини хаһыакка ыстатыйаларын көрөн олус сэҥээрэн, тартаран туран ааҕарым уонна бу ким буоллаҕай, олус да үчүгэйдик суруйар, үгүһү да билэр киһи эбит дии саныырым. Биир күн архыып таһыгар көрсө түстүм. Ол иннинэ кэргэним кинигэҕин таһаартарыа этим диэн эппитин соччо аахайбатах. Миигиттэн: “Кэргэниҥ кинигэҕин таһаартарыам этэ диэн кырдьыгын этэр дуо?”,- диэн ыйыппыта.  Онуоха “эппит буоллаҕына, хайаан да таһаартарыаҕа, хата, ордук кэрэхсэбиллээх матырыйаалгын биэрэриҥ буоллар” диэбитим. Бу иннинэ матырыйаалын биэрбитин таһаартарбатахтарын иһин эмиэ отуойкаҕа олоруом диэн итэҕэйбэтэх. Сотору кэминэн бэлэмнээбитин биллэрбитэ уонна аан тылын суруйарбар ыйбыта. Мин ону сатаан суруйуом дуо диэн куттана санаабытым. Суруйбуппар, соһуйуом иһин, биир да тылы көҕүрэппэккэ, маннык ыыт диэбитэ. “Ис хоһоонугар сөп түбэһэр ойуулааҕа буоллар” диэбиппэр, худуоһунньук Константин Билюкиҥҥа уруһуйдатан аҕалбыта. Дьэ бу кэнниттэн алтыһыыбыт саҕаламмыта.

— Егор Дмитриевичтыын “Таатта ытык-бэлиэ сирдэрэ” кинигэҕэ хас сыл үлэлээбиккитий?

— Бу кинигэни суруйарбытыгар, алаастары кэрийэн көрөрбүтүгэр биэс сыл барбыта. Егор Дмитриевич Тааттаҕа барыта 400-тэн тахса ытык-бэлиэ сир баарын ыйбыта. Биһиги бу сыллар усталарыгар аҥаарыгар эрэ сылдьыбыппыт. Үс кинигэни таһаартарар баҕалаахпытыттан иккитин оҥорбуппут. Егор Дмитриевич уҥуоҕун тоһутан, ол кэнниттэн олохтон туораан, былааммыт туолбатаҕа.

Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэм, олоҥхоҕо бастакынан наука кандидата буолбут Акулина Серафимовна Попова куораттан таҕыстаҕына биһиэхэ хоноро. Биирдэ Егор Дмитриевиһы кытта билиһиннэрэрбэр көрдөспүтэ. Нөҥүө күнүгэр Андросовтарга бардыбыт. Елена Петровна бэлэмнээбит сахалыы астаах остуолун тула олорон кэпсэппиппит. Кэлин кэпсээммит алаастарга тиийэн хаалбыта. Мин дойдубут сирин-уотун олох билбэппит, онон ити кинигэ буолан тахсара буоллар диэбиппэр, Егор Дмитриевич  сөбүлэспитэ. Ону истэ олорбут Елена Петровна “кыттыһан кинигэ суруйууһугут” диэбититтэн саҕалаан кинигэлэр матырыйааллара хомуллан барбыттара. Ити кэпсэтии кэннэ Акушам “эһигини эрэ истэ олордум, иккиэн сирэйгит-хараххыт уоттанан, өрө күүрэн кэпсэттигит” диэн турардаах. Соторунан улуус баһылыга Михаил Протодьяконов өйөбүлүнэн, Гаврил Каприн дьаһалынан тиэхиньикэ бэриллэн, алаастарынан айаммыт саҕаламмыта. Биһигини кытары өссө гимназия историяҕа учуутала Василиса Бурнашева сылдьыспыта. Егор Дмитриевич кэпсээнин диктофоҥҥа устубутум, хаартыскаҕа түһэртээбитим. Кыйыттан саҕалаан Тыараһа нэһилиэгин ытык сирдэринэн сылдьыбыппыт. Нэһилиэк аайы олохтоохтортон суолу-ииһи билэр дьону ыларбыт. Егор Дмитриевич “гениальнай памяттааҕа” сөхтөрбүтэ. Хас биирдии алааска кимнээх олорбуттарын, оҕолорун-урууларын, тугунан дьарыктаммыттарын, хас сыллаахха төрөөбүттэригэр тиийэ кэпсиирэ. Төбөтүгэр элбэх информацияны илдьэ сылдьар энциклопедия киһи буолан, дьон-сэргэ “сир түннүгэ” диэн ааттаатаҕа. Туора Күөлүнэн, Дэбдиргэнэн, түөрт Аммаларынан, Уус Тааттанан, Баайаҕанан, Уолбанан сылдьыбыппыт. Чөркөөх сиригэр дойдулаах киһи бэйэҥ суруй диэн, соҕотоҕун сылдьыбытым. Ити сылдьан саамай кыраһыабай сир Былдьаһыктаах диэн эппитэ. Манна суруйааччы Николай  Неустроев ийэтэ кэргэн тахсан олорбут. Дьэ, кырдьык, аатын курдук, былдьаһыахтарын сөптөөх сир эбит этэ. Киһини олус кэрэхсэтэр, бэйэтигэр тарда турар кэрэ айылҕалаах. Онно үрэх, айылҕа тыаһын налыйан сытан эрэ иһиллээн, чуумпуран ылбыппыт. Биһигини кытары Виталий Власов эмиэ сылдьыспыта. Ырыаһыт, хоһоонньут киһи сүргэтэ көтөҕүллэн, ыллаан ылбыта, илии илиибититтэн ылсыһан, сыанаҕа тахсан эрэр курдук, бокулуоннаан ааспыппыт. Уус Тааттаҕа айылҕа иччитэ сылдьар тиитин көрдөрбүтэ да, тииппит сууллан эрэр эбит этэ. Добун ойуун, Дойомпо ойуун олохторунан, Дыгыйык удаҕан төрөөбүт Дол алааһынан сылдьыбыппыт. Долго өссө кини сиэнэ Ким Колесовы, Кыйыттан аймахтарын илдьэ сылдьыбыппыт. Онно махтанан, Ким Кампеевич, Егор Дмитриевич дьиэтигэр кэлэн баран, икки ырыаны дьырылас, наһаа кэрэ куолаһынан ис-иһиттэн сырдаан ыллаан турардаах.

— Кыраайы үөрэтии киһиэхэ тугу биэрэрий?

— Ханнык баҕарар киһи төрөөбүт дойдутун историятын билиэхтээх. Оччоҕо эрэ бу киһи патриот буола улаатар, ол аата үлэһит, үөрэхтээх буолан  дойдутугар туох эрэ үчүгэйи, дойдута сайдарыгар, дьоно-сэргэтэ дьоллоохтук олороругар бэйэтин кылаатын киллэрсэргэ дьулуһар уонна туруулаһар.

— Барыта хас кинигэни суруйдуҥ? Кинигэни оҥорууга, бастатан туран, туохха болҕомто ууруохха сөбүй?

— Кыраайы үөрэтиигэ барыта сүүрбэччэ кинигэни архыып докумуоннарынан бигэргэтиллибит чахчылардаах таһаартардым, сорохторо кыттыгас, сорохторун бэйэм суруйдум. Сыыһа-халты тахсыбатын наадатыгар, олус болҕомтолоох, эппиэтинэстээх буолуу ирдэнэр. Архыыпка сорох түгэннэргэ бутуурдаах буолааччы, ону элбэх докумуону, литератураны хасыһан тэҥнээн, эридьиэстээн суруйарыҥ уустуктардаах. Барытын ыараҥнатан көрүөххэ наада. Ханнык источниктан ылбыккын барытын ыйан иһиэхтээххин.

— Өр сыл архыыпка үлэлээтиҥ. Көрдөөһүн үлэтэ хайдах барыахтааҕый?

— Кинигэлэрбин суруйарбар улуустааҕы муниципальнай уонна Дьокуускай куорат  Дзержинскэй, Киров аатынан уулуссаларыгар баар киин архыыптарга үлэлээбитим. Олус сыралаах, доруобуйаҕа да охсуулаах үлэ. Ол курдук, матырыйаал көрдүүргэр тиэмэҥ туһунан кыратык эмэ удумаҕалатарыҥ наада. Ол инниттэн архыыпка киирэн, манныгы-манныгы көрөбүн диэн билэриҥ ирдэнэр. Көрөн истэҕиҥ аайы өссө ханнык наадата чопчуланан тахсар. Архыыпка сылдьыы биир күннээх үлэ буолбатах, манна сылы-сыллаан сылдьыахха сөп, ону тулуйар эрэ буоллахха үлэлиигин.

— “Улуу Кудаҥса”, “Сиэллээхтэр”, “Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын”, “Саха төрүт аһа-үөлэ” улахан суолталаах, киэҥ хабааннаах, төрдүнү-ууһу, үгэстэри билэргэ аналлаах таһаарыылар. Бу кинигэлэр хайдах суруллубуттарын сүрүнүн кэпсээ эрэ.

— Бэйэбит суруйааччыларбытыгар элбэх паапкалаахпын. Улуу убайбыт П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 100  сылыгар Ойуунускайга анаабыт паапкабын туппутунан библиотекаҕа барбытым. Онуоха сэбиэдиссэй Анна Билюкина “чопчу биир тиэмэҕэ суруйбаккын дуо, биһиэхэ Алексей Кулаковскай-Дьэҥкир “Улуу Кудаҥсаны” нууччалыы тылбаастаабыта баар, киллэрдэргин бэрт буолуо этэ” диэн сүбэлээбитэ. Араас  ыстатыйалары чинчийэн, үөрэтэн,   Ойуунускай айымньытын аатын уларыппакка таһаартарбытым. “Сиэллээхтэр” кинигэҕэ кэргэмминиин Владимир Иннокентьевичтыын бииргэ үлэлээбиппит. Кэргэним аҕата Сиэллээх киһитэ, онон Сиэллээх нэһилиэгин туһунан кинигэ тахсарыгар өрдөөҕүттэн баҕарара. Хас эмэ сылы быһа матырыйаал, хаартыска мунньан, бастаан сиэллээхтэр үбүлүөйдээх ыһыахтарыгар быыстапка тэрийбиппит. Ол хаартыскаларбытын сүтэрэн кэбиспиттэрэ. Кэлин кинигэ тахсыытыгар хаартыскалары булууга Дьохсоҕон кыраайы үөрэтээччитэ Галина Арылахова, онтон сирдэр тустарынан матырыйаалы хомуйарга Акулина Егасова көмөлөспүттэрэ. Онон кинилэргэ махталлаахпыт. Уопсайа архыыпка  20 сыл устата чинчийэр үлэ ыыттым. Бу кинигэлэрбин суруйарбар архыып докумуоннарын үөрэтэрбэр метрическэй кинигэлэри тэҥинэн үөрэппитим, илиибинэн сурунан, сөптөөх дьонум туһунан бэлиэтээһиннэри оҥорбутум. Дьэ бу 20 сыллаах үлэм түмүгүн курдук кинигэ гынан таһаартардым. Аҕабыыт таҥара дьиэлэрин метрическэй кинигэлэрин суруйуулара буолан, үгүс киһиэхэ бэйэлэрин төрүччүлэрин үөрэтэллэригэр туһалаах буолуо. Оттон “Саха төрүт аһа-үөлэ” диэн кинигэбэр Егор Жирков национальнай концепцията олук буолбута. Оччолорго оскуолаҕа үлэ уруогун учууталынан үлэлиирим. Бэйэм идэм, үөрэҕим иис технолога. Иис өттүн син билэр буоллаҕым, оттон оччолорго үлэ уруогар ас астааһынын эмиэ үөрэтии тирээбитэ. Бу тиэмэҕэ саха аһын туһунан билиим олох кырата. Библиотекаҕа араас кинигэни хасыһа сатаабытым да, оччолорго суруйуу олус кэмчи буолан биэрбитэ. Ол да буоллар син хаһыаттартан ыстатыйалары булаттаан, бу тиэмэҕэ, улууска үлэ учууталларын семинарыгар дакылаат аахпытым хайҕаммыта, доруобуйа харыстабылын зональнай конференцияларыгар эмиэ дакылаат аахпытым. Онон матырыйаалым син эбиллэн, ас туһунан матырыйааллар биирдиилээн онно-манна ыһылла сылдьалларынан, биир кинигэҕэ түмүлүннэҕинэ билэллэригэр үчүгэй диэммин, кинигэ онорбутум.

— Киһи ылла да суруксут буолбат. Этэргэ дылы, барыта өбүгэ ыйыытынан буһан-хатан бэлэм буолаҕын. Саха олоҕор киэҥник биллибит өбүгэҕин сырдатан аас.

— Кинигэлэрбин суруйарбар, арааһа, аҕам олук уурбута буолуо дии саныыбын. Аҕам саастаах киһи этэ. Олох үөрэҕэ суоҕа, илии баттыырыгар кириэс туруорара. Былыргыны олус билэрэ уонна математическай өйдөөҕө. Онон даҕаны Егор Дмитриевиһы аҕабар майгыннатаммын, биир өйгө-санааҕа киирдэҕим. Кыра сылдьан, 1955-59 сс., аҕам кэпсээннэрин, остуоруйалыырын олус сэргээн истэрим. Улаатан баран билбитим, “Саха остуоруйалара” диэн Суорун Омоллоон кинигэтигэр бу сылдьаллар эбит. Аҕам Ойуунускай дьонун кытары биир алааска, сайылыкка олорбут, Сэккээччи киһитэ буолар. Онон үгүс олоҥхоһуттары кытта алтыспыт, сорохторугар дьукаах да олоро сылдьыбыт. Кинилэртэн истэн-билэн сырыттаҕа. Аҕам ойуун буолуохтаах киһи эбитэ үһү, төрүүрүгэр хаанынан ытаан төрөөбүт уонна бэлиэлээх, ойууҥҥа кутуруксуттаабыт киһи. Урукку олох политиката охсон, уонна оччолорго оҕо буоламмын даҕаны, билиҥҥи курдук сурунан ылбатаҕым, үгүһү куоттардаҕым.

— Елена Филимоновна, олус туһалаах сүбэлэри ааҕааччыларга анаан сэһэргээтиҥ. Эн курдук суруксут, уруккуну-хойуккуну билэр, чинчийэр дьон баар буоланнар, ааспыт сурукка тиһиллэр, өбүгэ олоҕо үөрэтиллэр. Доруобайдык сылдьан өссө да элбэҕи суруй, билиигин-көрүүгүн ыччакка анаа.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...