Суобас суута
Анна бүгүн хаһааҥҥытааҕар да сэргэхтик уһугунна. Хайдах эрэ ис-иһиттэн ыллыах-туойуох, өрүтэ ыстаҥалыах курдук. Онтуттан бэйэтэ да иһигэр күлэ санаата. “Ама да мин буолларбын, билигин кэлэн ыстаҥалыы сырыттахпыный», - диэн бэйэтэ-бэйэтигэр ботугураата. Аттыгар доҕоро, тапталлаах кэргэнэ Толята утуйа сытарын yhyгyннарымаары, аргыый аҕай туран дьиэтээҕи халаатын бүрүнэн куухуна диэки ааста.
Анналаах Толя сүүрбэттэн тахса сыл анараа өттүгэр ыал буолбуттара. Сыл – хонук, Анна санаатыгар аҕыйах эрэ сыл элэҥнээн ааспыт курдук. Билигин кинилэр икки оҕолоох, куорат киинигэр түөрт хостоох дьиэлээх, массыыналаах, даачалаах быр-бааччы олохтоох ыал. Улахан уоллара Ганя үлэһит буолан Мииринэйгэ олорор. Кыыстара Диана орто оскуоланы бүтэрээри сылдьар.
Анна, ол саҕана көннөрү Аанчык-Баанчык, Толятын кытта үҥкүүгэ билсибитэ. Дьүөгэтэ Мотя хара күүһүнэн пааркаҕа илдьэ барбыта. Аанчык соччо баҕарбатар да, оҕолору кытта билсээри, дьону-сэргэни көрөөрү диэн барсыбыта. Мотята харса суох үҥкүүлээн, уолаттары кытта аҥаар кырыытыттан билсибитинэн барбыта. Аанчык дьиэлии охсоору дьүөгэтин кэтэһэн соҕотоҕун ыскамыайкаҕа олорбута. Ол олорон ис-иһиттэн сылаанньыйан, айаҕын муҥунан сыҥааҕырдыбыта. Арай ойоҕоһугар киһи саҥата: “Оо, туох ааттаах уута кэлбит киһи муҥнана олороҕун?” - диэтэ. Эҕэлээх саҥа диэки хайыспыта, аттыгар спортивнай таҥаһы тиирэ кэппит уhyн баҕайы уол күлэ турара. Кыыс соһуйан уонна кыбыстан туох да диэҕин билбэккэ кытаран эрэ хаалбыта. Онуоха уол кыыhы кыбыһыннардым диэн: “Оонньоон эттим, бырастыы гын, хата, билсиһэн кэбиһиэх, Ньургун диэммин”, - диэн баран, кэтит ытыһын кыыс диэки ууммута.
Аанчык соһуйбута, кыбыстыбыта aaha охсон биэрбэккэ, саатар утуктуу сылдьар буолан уолга илиитин биэрэн: “Аанчыкпын”, - диэн ботугураабыта. Кинилэр бу күнтэн ыла билсэн барбыттара.
Ньургуммут дьиҥнээх аата Толя буолан тахсыбыта. Кини инженер үөрэҕин бүтэрээри сылдьарын, хоту улуустан төрүттээҕин, бииргэ төрөөбүт ахсыаларын, бэйэтэ кыракый хостооҕун туһунан кыыс аҕыйах хонук иһигэр билбитэ.
Толя киһини хайдах эрэ бэйэтигэр тардар дьикти күүстээҕэ. Кини тула кыргыттар, уолаттар куруук баар буолаллара. Уол спордунан, тустуунан дьарыктанара. Аанчык сүүрүүнэн дьарыктанар буолан, иккиэн бииргэ эрчиллэллэрэ, биэрэк устун кэккэлэһэ сүүрэллэрэ.
Толя үөрэҕин бүтэрэн баран, Аанчык диплом ыларын кэтэспитэ. Оо, ол күнү ама умнар үhүө... Аанчык дипломун “5” сыанаҕа көмүскээн атаҕа сири билбэт буола үөрбүтэ. Тута дьонугар төлөпүөннүү охсон, үөрүүтүн үллэстибитэ. Ийэтэ барахсан долгуйан ытаабатаҕа эрэ. “Аҕаҥ баара буоллар, кыыhым мин туйахпын хатаран экэнэмиис буолан эрдэҕэ диэн төһө эрэ үөрээхтиэ этэ”, - диэбитэ. Кууруһун оҕолоро бары бу киэһэ тутуспутунан рестораҥҥа сылдьарга быһаарыммыттара, онтон нөҥүө күнүгэр Өлүөнэ устун күүлэйдии барыахтаахтара. Дьүөгэтэ Мотя эмиэ биэһи ылан үөрүүтэ муҥура суоҕа. Кини тута аймахтарыгар кэпсии ыстаммыта. Аанчык түргэн үлүгэрдик уопсайын диэки элээрбитэ. Тиийэн суунан-тараанан, оҥостон баран, киэһэ рестораҥҥа тиийиллиэ дии санаабыта. Толята атын улууска күрэхтэһэ сылдьара, үс-түөрт хонугунан кэлиэхтээҕэ.
Вахтаҕа тиийбитэ, күлүүһүн тылын ылбыттара диэн буолла. Аанчык тыын быһаҕаһынан бэһис этээһи өрө дабайан тахсан аанын тэлэйэ баттаабыта – арай остуоллара хос ортотугар кэлбит, хаһан да харахтаабатах элбэх сибэккитэ, шампанскай, сакалаат, араас ас-үөл, фрукта өрөһөлүү тардыллыбыт. Өйдөөн көрбүтэ, сибэкки быыһыгар Толята олорор эбит. Хайдах күлүүс тылын вахтаттан ылбытын, Аанчык дипломун биэскэ көмүскээбитин хантан барытын билбитин туоһулаћа барбакка, кыыс тута итии таптал уотугар угуттанан, туох баар биэс сыллаах сылайыытын-элэйиитин таһааран, экзамен ааҕан хас угуйбатах түүннэрин умнан, тапталлааҕын кэтит түөһүгэр умса түспүтэ. Толята: “Аны бу уопсайга биир да хоннорбоппун, сөптөөҕүн кэтэстим, бүгүн сүгүннэрэн илдьэ барабын»,- диэн мас-таас курдук эппитэ.
Ол кэмтэн ылата элбэх бириэмэ аастаҕа. Урукку Аанчык-Баанчык аны Анна Михайловна тэрилтэ биир тутаах үлэһитэ, кылаабынай экономист, оттон Толя – Анатолий Гаврильевич, чааһынай тэрилтэ дириэктэрэ. Ити курдук уруккуну-хойуккуну саныы-саныы, Анна кофе оргутта, сымыыт ыһаарылыы охсон, дьонун биир-биир уhугуннарда. Кыыс турумаары атаахтаан мунньаҥнаан баран, нэһиилэ атаҕын соһон ванна диэки ааста. Толя биир сири тобулу көрөн баран сытар эбит. Анна кэнникинэн Толятын саҥа билэн эрэр курдук санаталыыр буолла. Тугу эмит кэпсэтээри гыннаҕына, киһитэ соһуйан ходьох гынар, арыт төрүт да истибэт, кэлиҥҥи кэмҥэ олох да сылайдаҕа аатыран, түҥнэри хайыһаат, утуйан хаалар идэлэннэ. «Аны туга эмит ыалдьара дуу, биирдэ эмит аһаҕастык кэпсэппит киһи, эчи иллэҥэ да суохпут бэрт, сылайара да буолуо”, - диэн Анна куруук кэпсэтиини уһатан иһэр.
Дьоно сып-сап аһаан тахсан бардылар. Анна бу нэдиэлэҕэ отгул ылан олорор, дэлби сылайан, сынньаныан, Толятынаан рестораҥҥа, театрга сылдьыан баҕарар да, отчуота эмиэ бу ыга анньан кэллэ.
Дианам кэллэҕинэ биирдэ эбиэттиэхпит дии санаан, Анна телевизор холбоон көрө олордо. Арай ааны харса суох звоноктаан лынкынаттылар. Дьиэлээхтэртэн атыннык звоногу баттыыр дьон кэлбиттэрин тута сэрэйэн, халаатын быатын көннөрө-көннөрө, ааҥҥа барда. Урут ким кэлбитин ыйытар бэйэтэ олох да аанын нэлэччи аһан кэбистэ. Иннигэр кэргэнин тэрилтэтигэр үлэлиир сэкирэтээр кыыс Юленька турар эбит. Толям туох эрэ наадаҕа ыыттаҕа диэн саҥардыы айаҕын атан истэҕинэ, анараата, ыҥырыы күүппэккэ, боруогу атыллаата да:
- Анна Михайловна, биһиги Толялыын, ээ, Анатолий Гаврильевичтыын таптаһабыт, эн кинини баһаалыста тутума, аныгы дьон быhыытынан эйэлээхтик араҕыс, кыыс үөрэххэ киирэригэр көмөлөһүөхпүт, мин Толята, кини миигинэ суох сатаан олорбоппут, - диэн оҕо хоһоону нойосуус этэрин курдук биир тыынынан субурутан кэбистэ.
Анна көрө олорбут сериалым салгыыта дуу диэх курдук санаталаан ылла. Бу эдэркээн кыыс тугу-тугу лахсыйа турарын өйүгэр илдьиритэ сатыы турда.
- Толя эйигин таптыыбын диэбитэ дуо, кини эйигин миэхэ ыытта дуо? - диэн нэһиилэ ыган таһааран ыйытта.
- Кини миигин таптыыр, эн эйэнэн арахсар буоллаххына, дьиэни-уоту, ууруу харчыны барытын хаалларар, - диэт, сорукпун толордум диэбиттии, кирилиэс устун аллараа сүүрэ турда.
Анна аанын да сабарын умнан саала ортотутар мээнэ иччитэ суоҕунан көрөн турда. Төһө өр маннык турбута буолла, арай Дианата: “Хайа, бу маама аанын да хатаабат буолбут дуу, киһини үөрэтэригэр бэрт буолуо”, - диэн кыыһын саҥатыттан эмискэ сүүскэ бэрдэрбит курдук ходьох гына түстэ. Аат эрэ харата эбиэттээбитэ буолаат, кэргэнин кытары бииргэ үлэлиир бухгалтерыгар, саамай чугастык саныыр дьүөгэтигэр Надежда Ивановнаҕа эрийдэ. Ону-маны кэпсэтэн баран тута туруору Толя уонна Юленька сыһыаннарын барытын билэрин туһунан, онон тугу да кистээбэккэ кэпсииригэр модьуйда. Надежда Толялаах Юля сыһыаннара дириҥээбитэ ырааппытын, үлэ чааһын кэнниттэн куруук бииргэ баралларын туһунан «информация» биэрдэ.
Сүүрбэ биэс сыллаах дьоллоох (кини эрэ санаатыгар эбитэ дуу) олохторун ити сэкирэтээр кыыс аҕыйах мүнүүтэ кэлэн барыыта сотон кэбистэҕэ. Анна сүрдээҕин кыһыйда-абарда, ама ити кыыс инниттэн олохпут огдолуйуо дуо, дьахтар муударай буолуохтаах, барытын сыта-тура толкуйдуохха, бэринимиэххэ эрэ наада диэн ону-маны төбөтүгэр сыымайдыы сытта.
Эмискэ ойон туран Толятын суотабайыгар эрийдэ. “Киэһэ алта чааска дьиэбиттэн кэлэн ылаар, отгулбун сууйа таарыйа рестораҥҥа барабыт”, - диэт, туруупканы ууран кэбистэ. Түргэн үлүгэрдик билэр парикмахерыгар суруйтарда да, ааны сабан таһырдьа ыстанна. Таарыйа стилискэ сылдьан сирэйин-хараҕын тупсарынна, саҥа макияж оҥоттордо.
Киэһэ лоп курдук алта чааска Анна ох курдук оҥостон, киһи билбэт буола тупсан, Толята төлөпүөннүүрүн кэтэһэн олордо. Рестораҥҥа тиийэн ас арааһын сакаастаата, Толята Аннатын саҥа көрбүт курдук соһуйан, хараҕын араарбакка да олордо. Ону-маны кэпсэтэн, уруккуну-хойуккуну санаан, туох да буолбатаҕын курдук үөрэ-көтө олордулар. Онтон Толя тэрилтэтин дьонун «ырыттылар». Анна саҥардыы кэлбит сэкирэтээр Юленька туһунан биир сураҕы билэрин быктарда. Соторутааҕыта Надежда Ивановналыын кэпсэппитим, онуоха кини Юленька суоппар Дима уоллуун эрийсэрин, күүлэйдиирин туһунан кэпсээбитин, Дима кэргэниттэн арахсаары сылдьар үһү диэн «сымыйа» сураҕы кырдьык-хордьук кэпсээтэ. Бу Анна иэстэһэр бастакы муударай былаана этэ. Толя ыйытар кэмнээх буоллаҕына, бу сураҕы Надежда бигэргэтиэхтээх. Толя эмискэ кумааҕы курдук кубарыйан хаалла, уруулга олорор буолан испэккэ олорбут шампанскайын харса суох хантатан кэбистэ уонна туран туалет диэки барда. Чочума буолаат, төннөн кэлэн Аннаны дьиэлиэх, төбөм дэлби ыарыйда диэтэ. Анна кэһэппит киһи быһыытынан астынан, Толятын иннигэр түһэн, дьиэлэрин диэки айаннаатылар. Толя түҥнэри хайыһаат утуйар бэйэтэ, бу түүн өтөрүнэн таптаспатахтарын таптаһан, ыбылы куустуһан баран, сарсыарданан эрэ утуйдулар.
Сарсыныгар Анна эбиэккэ диэри утуйан баран, маҕаһыыннары кэрийэ барда. Киэһэ минньигэстик астаан дьонун үөрдээри, санаата көнньүөрэн сылдьар. Араас аһы-үөлү ылан икки толору суумкалаах дьиэтин аанын нэһиилэ аһан киирбитэ, төлөпүөнэ бирээмэ миэстэтиттэн сыҕарыйыах айылаах тырылыы турар эбит. Хайдах эрэ бу тыас тугу эрэ куһаҕаны түүйэрин иһигэр дьиибэргии санаата. Баҕар тохтуо диэбит курдук илиитин уунан иһэн төттөрү ылла. Суох, тохтуох быһыыта суох, хата өссө тэбиэһирбиккэ дылы. Анна сэрэнэн туруупканы ылан кулгааҕар даҕайда. Билбэт куолаһа: “Васильевтар дуо, Анна Михайловна, морга кэлиэҥ этэ, массыына саахалыгар түбэспит киһи эн кэргэниҥ буолуон сөп”, — диэн ыксаабыттыы субурутта. Анна туруупкатын туппутунан кириэһилэтигэр налыс гынна...
Кэлин истибитэ, маннык буолбут. Толя ол күнү быһа туох эрэ ыарахан сүгэһэрдээх курдук сылдьыбыт. Барыга бары ээл-дээл, оннооҕор биир докумуоҥҥа илии баттыырын да умнан, дьонун төттөрү-таары сүүрдүбүт. Үлэ чааһын кэнниттэн таһырдьа тахсан дэлби Юлятын кытары этиспиттэр, айдаарсыбыттар, ыһыы-хаһыы бөҕө буолбут. Иккиэн сирэйдэрэ-харахтара дэлби туран хаалбытын үлэһиттэр түннүгүнэн көрбүттэр. Онтон айдаарса-айдаарса массыынаҕа киирэн олорбуттар, Юля ыытааччы буолбут. Ол баран иһэн Камаз массыыналыын харсыһан, иккиэн тэҥҥэ тыыннара быстыбыт...
Анна киһитин көмөн баран, хаста да Надеждатыгар төлөпүөннээри гынан баран, туттуммута. «Сүтүктээх сүүс айыылаах» дииллэринии, ким буруйдааҕын көрдүү сатыыра. Юленька, Толя, Надежда, Анна бэйэтэ? Арай, арай, арай диэн санаа кэрчиктэрэ бииртэн-биир көтөн түһэллэрэ. Толята 40 хонугун кэнниттэн күүс ылан Надеждаҕа зрийбитэ. “Толя ол күн сарсыарда кэлээт даҕаны миигиттэн Юленька Дималыын кырдьык эрийсэллэрин, холбоһуох буолалларын туһунан ыйыппытыгар, мин, эйигин кытары сүбэлэспитим курдук, барытын кырдык диэбитим. Өссө эбиитин тэрилтэ дьоно бары билэллэр. Эйигин кытары харчы эрэ иһин сылдьар диэн эбэн биэрбитим. Кинилэр үлэ чааһын кэнниттэн таһырдьа тахсан дэлби этиспиттэрэ, туту да билбэт, сэрэйбэт Дима кыратык уолуктанан ылбыта, Юля дэлби ытаабыт этэ, онтон массыынаҕа олоро түһээт, сүр түргэнник элээрэн хаалбыттара. Бүттэҕэ ол”, - диэн Надежда кэпсээбитэ уонна аны хаһан да миэхэ эрийимэ, бэйэм да суобаһым ыалдьан, Юля дьонун харахтарын утары көрбөппүн диэбитэ. Юля дьоно соҕотох кыыстарыттан матан дэлби ыарытыйалларын, балыыһаттан арахсыбат буолбуттарын кэпсээбитэ.
Анна сирдээн тимириэҕин сирэ кытаанах, халлааннаан көтүөҕүн халлаана ыраах, барар сирэ баҕана үүтэ буолан нэһиилэ сылдьыбыта. Били, оҥостор, көрүнэр бэйэтэ, кырдьан, кыччаан хаалбыта. Мииринэйтэн уола көһөн кэлбитэ, Дианата үөрэрэ-көтөрө аҕыйаабыта. Санаатын аралдьытан, кыралаан иһэр буолбута.
“Бириэмэ – эмчит” дииллэринии, билигин Анналаах сүрэхтэрин бааһа оһо быһыытыйан, этэҥҥэ олороллор. Уол аҕата өлбүтэ биир сыла ааспытын кэннэ сөбүлүүр кыыһын кэргэн ылан ыал буолбута, эһэтин аатынан Толя диэн кып-кыра киһилээхтэр. Анна оҕолорун аттыттан араарбакка, бэйэтин кытта олордор. Төһө да бириэмэ аастар, киэһэ аайы хоhyгap киирэн, Толятын хаартыскатын аттыгар олорон тапталлааҕын бырастыы гынарыгар көрдөһөр, дьахтар “муударай өйө” ардыгар атын өттүнэн эргитэн таһаарарын санаан, уйа-хайа суох ытыыр.