26.03.2020 | 16:43

Степан Петров: “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алтан уол иччитэх арыыга үлэлии кэлэр. Арай онно биир киһи баар буолан биэрбит – Байбал оҕонньор. Кини: “Эмээхсиним аттыгар көмөн кулу”, - диэн уолтан көрдөһөр... Алтан оҕонньорун өлүү туһунан санаатыттан аралдьытаары күн аайы ону –маны толкуйдуур.

“Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”

Николай Лугинов “ТААС ТУМУС” сэһэнигэр олоҕуран уһуллубут киинэттэн.

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт киинэ” сүрүн дьоруойа, А. Е. Кулаковскай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын туйгуна, СӨ үтүөлээх артыыһа, Хаҥалас улууһун 2 –с Дьөппөн нэһилиэгин уонна Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Степан Дмитриевич Петров.

Төрөөбүт дойдум, Хаҕыным

-Үтүө күнүнэн, Степан Дмитриевич. Дьэ, эн иннигэр атах тэпсэн олорон кэпсэтии ааны сэгэттэхпит буоллун. Кэпсиэ...

- Мин 1945 сыллаах төрүөхпүн, сааһым 74-м. Бүлүү оройуонун Хаҕын нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүт дойдум былыргы историялаах нэһилиэк буолар. Урут Тоҕус нэһилиэгэ диэн ааттана сылдьыбыт эбит. Былыр Балаҕаччы нэһилиэгин кытта биир буолан олорбуттар. Ол нэһилиэктэн төрүттээхтэр ааспыт сыл нэһилиэк буолбуттара 100 сыллаах үбүлүөйдэрэ буолан ааспыта. Түөрт кылааһы онно үөрэнэн бүтэрбитим. Үөрэх мөлтөх киһитэ этим (күлэр). Онтон 4 кылааһы үөрэнэн бүтэн, Кыргыдай диэн нэһилиэккэ 5-с кылаастан 8-с кылааска диэри үөрэммитим. 8-с кылааска үөрэнэ сылдьаммын, биир түгэнтэн кыыһыраммын, тоҥуһум хаана киирэн, үөрэхпэр бууннааммын баран хаалбытым. Онтон Ньурбаҕа баран 20- с №-дээх СПТУ-га үөрэммитим. Оччотооҕуга 9-с кылаас диэн суох. Икки сыллаах үөрэх этэ. Тракторист - машинист үөрэҕэр киирбитим.

Оччотооҕуга анал орто үөрэххэ тыа хаһаайыстыбатын техникатын, комбайнын, агрономияны, сири таҥастааһыны барытын үөрэтэллэр этэ. Биир сыл үөрэнэн баран, 19 сааһым туолан аармыйаҕа ыҥырыллыбытым. Үс сыл Приморскай кыраайга сулууспалаабытым. Билигин Туймаада хаһыакка суруйар прокурор Виталий Слеповцовтуун бииргэ сулууспалаабыппыт. Ол быыһыгар уоппускаҕа кэлэн сынньанан барбытым. 1967 сыллаахха Сэбиэскэй былаас тэриллибитэ 50 сыла этэ. Мин онно бэс ыйыгар аармыйаттан демобилизацияланан кэлиэхтээх киһи, сэтинньи ый бүтэһигэр “дембэллэнэн” кэлбитим..

Төрүччүбүт 1800 сылтан саҕаланар

-Төрдүгүн-уускун билиһиннэриэҥ дуу?

- От ыйын 6 күнүгэр “Үс Хатыҥ” ыһыахтыыр сиригэр “Бэрииһэптэр халыҥ аймах” диэн ааттаах улахан көрсүһүү буолан ааста. 250-ча киһи түмсэн ааста. Кинилэр бары Бүлүү Балаҕаччытыттан, Хаҕыныттан төрүттээхтэр. Андрей Саввич Борисв удьуордара соҕурууттан кэлбит дьон буолаллар. Төрүччүбүт 1800 сыллаахтан саҕаланар. Хос эһэбиттэн Сүүскэ оҕонньортон саҕалаан биһиги кэлэбит. Мантан саҕаланна мин ийэм Дьоһуой аҕатын төрдө. Ол эрэн сорох аймахтарбыт, ханан аймах буолаллара ол быһаарыллыахтаах. Төрүччүбүтүн Бэрииһэптэртэн удьуордаах Клим Семенович Бэрииһэп оҥордо. Мин саамай үөрэрим ийэм бу төрүччүгэ сурулла сылдьар. Киниттэн саҕалаан биһиги төрүччүбүт, аны мин салгыы оҥоруохтаахпын. Икки эбэм тоҥус төрүттээхтэр. Миэхэ тоҥус хаана “муох” курдук.

Ийэттэн ордук күндү суох

-Төрөппүттэриҥ туһунан кылгастык сырдатыаҥ дуу. Бииргэ төрөөбүттэр хаскытый?

- Биһиги биэс этибит. Икки уол, үс кыыс. Билигин убайым баар, Тарас Гаврильевич, сааһа 82-тэ. Дойдутугар Бүлүү Хаҕыныгар олорор. Эдьиийим Христина, балтым Валентина биһиги кэккэбитигэр суохтар. Кыра балтым Анна Аллараа Бэстээххэ олорор, сааһа 66-та. Үс оҕолоох, сиэн бөҕөтө. Ийэбит Анастасия Григорьевна Петрова 77 сааһыгар олохтон барбыта. Балтым Валентина бу дойдуга кийиит буолан кэлбитигэр, көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Ийэм барахсан дойдутугар олорон куртаҕынан ыалдьан эрэйдэнэр этэ. Бу дойдуга кэлэн баран, уон ордугуна тоҕус сыл олорбута. Ийэм мин киһини өйдүөхпүттэн ыарыһах эбит этэ. Үйэтин тухары холкуоска пиэрмэҕэ үлэлээбитэ. Аҕабын кытта мин 13-с саастаахпар арахсыбыттара. Кыргыдайга үөрэнэ барбытым кэннэ, икки аҥыы барбыттар этэ. Үөрэхпиттэн кэлбитим аҕам суоҕа. Ол саҕанааҕы оҕолор төрөппүттэри утары барыаҥ дуо... Саҥарбат, ыйыталаспат да буоллаҕыҥ. Итигирдик.

46 сылтан бу сир олохтооҕобун

-Бүлүү курдук ыраах сиртэн, бу 2-с Дьөппөн нэһилиэгэр хаһан көһөн кэлбиккиний?

- Бу нэһилиэккэ көһөн кэлбитим түөрт уон ордугуна алтыс сылыгар барда. Ол аата 29 сааспар манна кэлбиппин. Тугу кистиэмий, антах дойдубар кэргэннэнэ сылдьыбытым. Балаҕаччыттан төрүттээх, оҕоломмотохпут. Эдэр эрдэххэ аһаан-иһэн, баран-кэлэн арахсан хаалбыппыт. Ийэбин, балтыбын батыһан көрөрүҥ курдук, бу дойдуга 46-с сылбын олоробун. “Октябрь 50” сопхуоска суоппарынан үлэлээбитим. Сопхуос дириэктэрдэрин таһар этим.

Кыайыы оҕотобун

-Хаһан ыал буолбуккунуй?

- 1979 сыллаахха ыал буолбутум. Кэргэним Пелагея Захаровна Дьячковская Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн төрүттээх. Үйэтин тухары поварынан остуораһынан үлэлээбитэ. Мин 36 сааспар ыал буолбутум. Кэргэним 35 саастаах этэ. Үс оҕоломмуппут. Биир уол, икки кыыстаах этибит да, улаханнарым уоллаах кыыс эрдэ олохтон бараахтаабыттара. Кыыспыт 20 сааһыгар, уолбут 33 сааһыгар. Олохторун оҥостубатахтара. Кыра кыыспыт Туйаара куоракка олорор. Сааһа 34-дэ. Икки кыыстаах. Онон минньигэс сиэннэрдээхпит. Кинилэртэн күммүт-ыйбыт тахсар. Олох диэн эриирдээх-мускуурдаах. Ыал буолбуппут аны кыһын 40 сыла буолар. 40 сыл анараа өттүгэр ахсынньы ыйга саахсаланан, сыбаайбалаабыппыт. Иккистээн олохпун оҥостобун диэн сыбаайбаттан акаастанан тиэрэ түһэ сатаабытым да, дьонум оҥорбуттара. Кыайыы оҕотобун, ыам ыйын 21 күнүгэр төрөөбүтүм. Эһиил 75 сааспын туолуом.

Аҕыс сааспыттан сыанаҕа ыллаабытым

-Олох ыарахаттарын хайдах тулуйбуккунуй?

- Ыарахан түгэттэр бааллар бөҕө буоллаҕа. Дьону кытта сылдьар буолан, бириэмэ биллибэккэ ааһар. Үйэм тухары дьону кытта бииргэ ыллаан-туойан сылдьыбыт киһибин. Кыра эрдэхпиттэн ыллыыбын. Араас бэстибээллэргэ кыттан улууһум, өрөспүүбүлүкэм чиэһин элбэхтик көмүскээбитим. Урут сопхуос күрэхтэрэ элбэхтик буолаллар этэ. Култуура өттүттэн сыанаттан түспэтэх киһибин. Киһиргээбэккэ этэбин, аҕыс сааспыттан сыана киһитэбин. Хоһоон, чабырҕах ааҕарым, ыллыырым. Ол эрэн дьэ үҥкүүлээбэтэҕим. Сахалыы тойугу туойбаппын, олоҥхолообоппун, оһуокайдаабаппын.

Норуоттан тахсыбыт талаан

-Эн норуоттан тахсыбыт талаан буоллаҕыҥ дии.

- 80-с сыллар кэннилэриттэн манна нэһилиэкпитигэр “бум” буола сылдьыбыта. Пьеса көрдөрөн, драма туруоран. Мин сыанаҕа сылдьа үөрүйэхпин. Соҕотоҕун тахсан ыллаан бүттүҥ, сис туттан кэбиһэҕин. Онтон пьесаҕа оруолу толорор эппиэтинэстээх диэммин сүрүн оруолларга сөбүлэспэт этим. Кыра оруолга оонньуурум. Кырабыттан пьесаҕа оонньуу үөрүйэх этим. Ол эрэн тылы үөрэтэргэ ыарахаттары көрсөр этим. Тылын үчүгэйдик үөрэттэхпинэ, биирдэ оруолбун табыллан оонньуур этим.

Театрга оонньообутум 30-тан тахса сыл буолла

-Нэһилиэгиҥ театрын туһунан тугу сырдатыаҥ этэй?

- Театр тэриллиитигэр Лидия Яковлевна Гермогенова өҥөтө улахан. Билигин театрбыт кини аатын сүгэр. Оччотооҕуга зоналарынан култуурунай тэрээһин күүскэ ыытыллар этэ. Олохтоох театрга оонньообутум 30-тан тахса сыл буолла. Баҕар ол киинэҕэ уһулларбар туһалаабыта буолуо. Театрга биһиги идэтийбит артыыстар курдук оонньообоппут. Биһиги хайдах баарынан оонньуубут. Күннээҕинэн кэпсэтии сиэринэн. Онон баҕар миэнэ ол иһин табыллыбыта буолуо, киинэҕэ уһулларбар. СӨ үтүөлээх артыыһа Спартак Петрович Федотов театры салайбыта. Элбэх киинэлэри уһулбута. Биһиэхэ идэтийбит үөрэхтээх артыыстар курдук саҥарымаҥ. Бэйэҕит хайдах тутта сылдьаргытынан оонньооҥ диэн үөрэтэрэ.

Олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕурбут киинэ

-Аан дойдуга аатырбыт “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэ сүрүн дьоруойа буоллаҕыҥ. Ол туһунан кэпсэтиэх эрэ. Бу киинэҕэ эйигин ким ыҥырбытай?

- Бастакы “Тойон кыыл” киинэбиттэн астыммыт киһи, бу киинэҕэ оруолга ыҥырбыттарыгар үөрүүнэн сөбүлэспитим. Режиссер Любовь Борисова киинэ уһулаары сылдьабыт диэн төлөпүөнүнэн эрийэн биллэрдэ. Киинэҕэ уһуллаҕын дуо диэн ыйыппытын “ээх” диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Аны Тиксиигэ уһулла бараҕын диэбитигэр, мин ырааҕа бэрт диэн атыыр аккаас. Онуоха Любам эйиэхэ анаан суруллубут сценарий диэтэ. Хайыахпыный, сөбүлэстэҕим дии. “Таас Тумус” диэн Николай Лугинов кэпсээниттэн оҕонньор оруолун миэхэ анаабыт эбит. Онтон уол оруолун сахафильмнэр бэйэлэрэ эбэн биэрбиттэр. Лугинов бу оруолга оонньонор оҕонньору кытта тыыннааҕар кэпсэппит, олоххо буолбут түбэлтэ эбит. Бу киинэҕэ уһуллар туһунан этии 2018 сыл сайыныгар киирбитэ. Хайыамый, сөбүлэстэҕим дии. Киинэни уһулааччылар эрдэ барбыттара. Кинилэр Тиксииттэн танкетканан 16 көһү айанныыллар. Хайалары түһэн, өрүстэри туораан. Биһиги үс буолан кэлин тиийэбит.

Киинэбит Найба сиригэр уһулунна

-Дьэ, хоту дойдуга аан бастаан тиийдэҕиҥ дии.

- Тиксииттэн Найба диэн дэриэбинэҕэ моторканан айаннаан тиийбиппит, доҕоор, дьэ тыалынан чыыһыран олорор дойду буолан биэрдэ. Муораны көрөбүн, олох түллэҥнии сытар. Ону көрөммүн өлөр сирим манна эбит диэн санаа охсуллан ааста (күлэр). Дьэ, айан да айан... Муора устун моторканан айаннаан иһэн дьэ ханна тиэрдэллэр диэн ол санаатыгар олоробун. Тымныы, тыал бөҕөтө. Түөрт чаас айаннаатыбыт, ити атырдьах ыйыгар. Балаҕан ыйыгар кинилэргэ тымныйан, сороҕор хаар түһээччи дииллэр. Онон халыҥнык таҥнан кэлэҕит диэн эрдэ сэрэппиттэрэ. Уолум Уйбаан Көстөкүүнэп диэн. Киинэбит уһуллуута нөҥүө күнүгэр саҕаланна. Бастакы киинэбэр куруук мөккүһэр эбит буоллахпына, бу сырыыга уу-чуумпутук уһулуннум, кими да кытта мөккүспэппин. Эппиттэринэн сырыттым. Дубль да аҕыйах этэ. Ол дойдуга кырса пиэрмэтэ баар. Онон бу сири булбуттар эбит. Айылҕата кыраһыабайыан... Салгына ырааһыан, чуумпута... Ол эрэн сарсыарда туран муора тыаһын истэҕин. Тыал түстэҕинэ уу кэлэр, тыал суох буоллаҕына уу кэлбэт дойдута эбит. Сорох кэмҥэ айылҕата чуумпурар, иһийэр.

Ол эрэн муора долгуна син биир баар. Онно ый курдук олордубут. Күн аайы балык аһылыктаахпыт. Мин сиикэй балыгы олох сиэбэппин. Тууһаммыт балык арааһа баар. Таба этинэн аһаталлар. Моруоска бөҕөтө үүммүт этэ. Инньэ гынан ол дойдуга олус үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Дьоно да элэккэйдэрэ бэрт. Бу киинэбитигэр Найба нэһилиэгиттэн 18 киһи киинэҕэ уһуллубута. 300-тэн тахса киһилээх кыракый дэриэбинэ эбит. Сопхуос ыһыллыбытын кэннэ, оччо эрэ киһи хаалбыт. Урукку сылларга таба иитиитинэн, балыгынан дьарыктанан олорбут нэһилиэк эбит. Тиэхиньикэ арааһа, дьиэ - уот бөҕөтө быраҕыллан тураахтыыр. Киһи сонньуйа көрөр көстүүтэ. Ол эрэн бэйэлэрин син дьаһанан олороохтууллар. Сүрүн дьарыктара таба иитиитэ. Саһыл тириитин ким да ылбат, атыыга кыайан барбат. Балыктарын эмиэ кыайан батарар кыахтара суох. Социальнай объектара этэҥҥэ үлэлии турар (оҕо саада, оскуола). Нэһилиэнньэ кыһалҕалаах соҕустук олорор диэн көрдүм. Балыктарын кыра сыанаҕа атыылыыллар. Буокка сыаната онно биир тыһыынча солкуобай. Хоту дойдуга усулуобуйаларын хайдах эрэ көрүөхтэрин наада эбитэ буолуо. Онно үксэ сахалар олороллор.

Буор кут” киинэҕэ Дьүкээбил оҕонньор оруолугар

-Дьэ, билиҥҥи олоххор эргиллиэх. Иллэрээ сылтан аатыҥ – суолуҥ норуокка билиннэ быһыылаах.

- 2016 сыллаахха “Тойон кыыл” киинэҕэ уһуллубутум. Режиссер Эдуард Новиков, иккис режиссер Любовь Борисова, оператор Семен Аманатов. Ол иннинэ Нөмүгүгэ кыраайы үөрэтээччи, историк учуутал Прокопий Ноговицын “Буор кут” киинэтигэр уһуллубутум. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев оҕо сааһын туһунан. Кини оҕо сааһа Эдьигээҥҥэ ааспыт эбит. Ол киинэҕэ Дьүкээбил оҕонньор оруолун толорбутум. Эпизодтарын манна 2-с Дьөппөҥҥө кэлэн таҥара дьиэтигэр устубуттара. Сороҕун Туруук хайаҕа. Ол киинэҕэ түөрт чааһы быһа уһуллубутум. Онтон оруолум киинэҕэ баара-суоҕа икки эрэ сөкүүндэ көстүбүтэ (күлэр). Киинэҕэ бэйэбин көрөөрү гыммытым, сирэйим начаас элэс гынан көстөөт сүтэн хаалбыта. Бүттэхпит дии. Ол Семен Аманатов дипломнай үлэтэ, кылгас кээмэйдээх киинэ уһулбута. Миигин киинэҕэ уһуларга алҕаска булбуттара.

Киинэҕэ хайдах уһуллубутум туһунан

(Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”)

- 2016 сыллаахха миигин эмиэ Прокопий Ноговицын булар. Киинэ устаары оҕонньор көрдүүллэр диэтэ. Тыый, онно оонньуон сөптөөх артыыстар суохтар үһү дуо диэтим. Онно кэлэн миигин хаартыскаҕа түһэрэн барбыта. Сотору буолаат оҕонньор оруолугар барсаҕын, куоракка киир диэн биллэрдилэр. Көрүстүбүт. Аны эмээхсин оруолугар сөптөөх киһини көрдөөтүлэр. Саха театрыгар тиийэммин уһуллуохтаах киинэбэр эмээхсин оруолун оонньуохтаах Зоя Гаврильевна Попованы кытта билистим. Онно кини миигин көрөөт “бэйэм курдук эрэйдээх эбиккин” диэтэ. Мин курдук эмиэ хачаайы эбит. “Сахафильм” устуудьуйаҕа тиийэммит сценарийбытын аахтыбыт. Киинэбит 1 чаас 30 мүнүүтэ көстүөхтээх. Саҥарыахтаах тылбытын түөрт чааһы быһа лабыйдыбыт. Иккиэйэхпит эрэ, ким да суох. Киинэбит Хаҥалас улууһун Уулаах Аан нэһилиэгиттэн үс көстөөх сиргэ сытар Үрүҥ Бас диэн сиргэ уһуллуохтаах. Улахан ходуһаҕа тиийэбит, былыргыта бааһына. Мин көрдөхпүнэ туруору балаҕан турар. Мин “тыый” дии санаатым. Чугаһаан тиийэн көрбүтүм фанеранан оҥоһуллубут “муляж” эбит.

Саас этэ. Балтараа нэдиэлэ курдук, ол сиргэ уһулуннубут. Ити муус устар ыйга этэ, киинэбит таһырдьа уһуллубута. Ол кэнниттэн мин тоҥон тымныйан ыалдьан хааллым. Сайыҥҥы көстүүнү дьиэ иһигэр павильоҥҥа устубуттара. Онно туруорбах балаҕан туппуттар. Мин уобараска киирбэппин, оонньуубун эрэ. Хайдах баарбынан. Оруолга толорор оҕонньорум сааһынан эдэр, 60-ча саастаах. Мин оччолорго 71 саастаах этим. Эмээхсин оруолун толорор артыыска оонньуура да үчүгэйэ бэрт этэ. Кинини көрө-көрө киһи хайдах оонньуо суоҕай... Мин кырдьар сааска биирдэ киинэҕэ уһуллан хаалыахха диэн санааттан сөбүлэспитим. Дьэ киинэҕэ уһуллан бүттүбүт.

Биир сыл ааста. Туох да биллибэт. Онтон сааһыары киинэҕэ уһулбут дьонум куоракка ыҥыран ыллылар. “Озвучка” диэҥҥэ, ол аата эн тугу саҥарбыккын хос саҥардаллар. Дьэ ону сатаабакка эрэйи көрдүм ээ. Инньэ гынан икки нэдиэлэни быһа сырыттыбыт. Биир хоско хаайан олорон саҥардаллар. Хос иһэ уу-чуумпу буолуохтаах. Оннук уһуллубуппут кэннэ эмиэ биир сыл туох да биллибэтэ. Сүтэн хааллылар. Билэр дьонум миигиттэн хайа киинэҥ хаһан экраҥҥа тахсар диэн миигиттэн сураһаллар. Мин хантан билиэхпиний.

Арай биир үтүө күн киинэнни устубут дьонум, Ыстапаан бэлэмнэн, киинэбитинэн Москвалыыр буоллубут диэтэ. Мин ыраах айанныырга ханнааҕы харчым кэлиэй. Кулуубум кыргыттара барахсаттар 2-3 хонук иһигэр кэнсиэр тэрийэн, аахсыйа оҥорон, дьэ Москвалыыр буоллум. Онно тиийэн киинэ бэстибээлигэр кытынныбыт. Гран при бириэмийэни ыллыбыт. Дьэ, үөрүү-көтүү бөҕөтө буоллубут. Бу ыйга ити икки уһуллубут киинэбит Башкирияҕа ытыллыахтаах киинэ бэстибээлигэр кыттыахтаах. “Тойон кыыл” киинэбит аан дойдуга барытыгар көһүннэ. Африкаҕа эрэ тиийбэтэ быһыылаах.

Биир тэҥник үөрэн, эмиэ да ытаан...

-Киинэҕитигэр иккиэн эрэ көстөҕүт дии.

- Киинэ ис тутула оннук быһыылаах. Киинэҕэ ити эйигин аралдьытар курдук дьон кэлэн барар. Киинэ дьиҥнээх ис хоһооно иккиэммитигэр туһуланар буоллаҕа. Киинэни көрбүт дьон үчүгэй дииллэр.

-Сорох дьон бу киинэни харах уулаах олорон көрдүбүт дэһэллэр. Онтон эн санааҕар?

- Бу киинэбит маҥнайгы премьерата Москваҕа буолбута. Ол иннинэ көстүбүт маҥнайгы “Тойон кыыл” киинэбитигэр киһитэ аҕыйах этэ. Онтон бу иккис киинэҕэ сааланы толору дьон кэлбитэ. Мин ону көрөн долгуйдум, бөтө бэрдэрэн кэбистим. Киирии тылын бастакынан миэхэ этиттэрдилэр, долгуйуу бөҕөтө. Түҥ-таҥ да буоллар саҥардым. Онтон киинэбитин көрдүбүт. Көрөччүлэр киинэ көстөн бүтээтин кытта, ытыс таһыныыта бөҕө буоллулар. Уот умайда. Дьэ доҕоор, биир оҕонньор нособуой платогунан хараҕын уутун сотто-сотто мин диэки кэлэн иһэр эбит. Кэллэ да кууһа түстэ, уонна “вот это фильм” диэн ис дууһатыттан махтанна. Кэлин истэн билбитим, Анатолий Ким диэн сэбиэскэй сойуус саҕана улахан суруйааччы баар этэ, ол кини эбит. Биир нуучча дьахтара кэлэ кууһан туран, үйэбэр ханнык да киинэни маннык ис сүрэхтэн биир тэҥник үөрэн уонна ытыы олорон көрбөтөҕүм диэтэ. Ону истээт мин үөрүүбүттэн үөһэ тыынным. Дьахтарым куус да куус буолла. Мин испэр бу киинэ нууччалар дууһаларын таарыйбыт буоллаҕына, ол аата омугуттан тутулуга суох ким баҕарар дууһатын таарыйыан сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Ол суруйааччым Анатолий Ким Николай Лугиновка төлөпүөннээн, эн кэпсээҥҥинэн оҥоһуллубут киинэни кэлэн көрбөтүҥ диэн санаатын эппит этэ. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр эбит. Сарсыныгар кылаабынай оруолу толорбут киһини, миигин ханна баҕарар көрдүлэр да, билэр буоллулар. Саха киһитин сиэринэн син кыратык кыбыстабын ээ.

Режиссер Люба Борисова театр быылын иҥэриммит оҕо

-Туораттан олорон эрэ уһуллубут киинэҕин көрдүҥ. Дьэ, туох санаа киирдэ?

- Мин хайдах бу киинэҕэ оонньообуппун, манна хайдах гыныахха сөбүн ону эрэ толкуйдуу олорбутум. Биллэн турар, ханна эрэ итэҕэс-быһаҕас баара буолуо. Арассыыйа таһымнаах кириитиктэр эппиттэринэн, кыратык “театрдааһын” баар. Киинэни көрөн олорон манна хайдах оонньообуппун, итини маннык гыныахха баар эбит диэн санаалар киирбиттэрэ.

-Киинэҥ бүтэһигэр наһаа хомолтолоохтук өлөн хааллыҥ дии.

- Ити дьиҥинэн сөп. Хайдах киинэ барыта индийскэй киинэ курдук буолуой? Ити олоххо буолбут түбэлтэ. Хайдах суруллубутай да, оннук уһулунна. Ол иһин улахан наҕарааданы ыллаҕа дии. Киһи барыта тоҕо өлөн хааллыҥ диир. Сорохтор бу киинэни салгыахха баар этэ дииллэр. Ити кыыһын туһунан этэллэр. Ону кыыһа салҕанар буоллаҕына, мин суох буоллаҕым дии. Итинник түмүктэммитэ ордук дии саныыбын.

Режиссер Люба Борисова психолог эбит. Элбэх киинэни устубут, монтажтаабыт, хара үлэтин барытын оҥорбут буолан, уопут бөҕөтүн мунньуннаҕа дии. Хайа уонна этигэр-хааныгар баар быһыылаах. Ийэтэ Татьяна Борисова (Үөһээ Бүлүү) үйэтин тухары театрга режиссерунан үлэлээбит. Онон театр быылын бэйэтигэр иҥэриммит оҕо буоллаҕа. Икки киинэ аан дойду таһымыгар тахсара бу улахан ситиһии буолар. Билигин устар бөлөх бу икки киинэлэринэн бэстибээлгэ кытталлар. Чукотка, Шанхай, Алтай, Москва бэстибээллэригэр кыттан, үрдүк ситиһиилэннилэр

-Бу иннинэ кыраныысса таһыгар тахса сылдьыбытыҥ дуу?

- Хантан? Бүлүүгэ эрэ баран кэлээччибин. Бу киинэҕэ уһулламмын сири-дойдуну көрдүм. Иркутскайга, Шанхайга сырыттым. Оҕолорум барахсаттар ханна да сылдьыбыттарын иһин, миигин иннилэригэр укта сылдьаллар. Кытайга бэстибээлгэ тиийбиппитигэр, миигин оҕонньору сиэтэ сырыттылар. Онон эмиэ үчүгэй курдук.

Аһара сулус буолумаар, киһи сиэринэн сырыт

-Эдэр уол оруолун хайдах оонньоото дии саныыгын?

- Оһуобай буоллаҕа. Маладьыас. Уолга анаан “аһара сулус буолумаар, киһи сиэринэн сырыт. Баҕар мин кырдьан хаалан кыһаллыбатым буолуо.Онтон эн эдэр киһигин. Барыта иннигэр” диэбитим.

-Ырыа ыллыыргын хобби курдук ылынар буоллаҕыҥ.

- Оннук. Оҕо эрдэхпиттэн ыллыыбын. Фонограмма диэни билиммэппин. Баян доҕуһуоллаах ыллыырбын астынабын. Анал музыкальнай үөрэҕим суох. Айылҕа хайдах биэрбитинэн. Лирическай уонна патриотическай хабааннаах ырыалары ыллыырбын ордоробун. Ол эрэн мин бу көрүҥмүнэн лирическай ырыаҕа барсыбаппын. Тас көрүҥүҥ оруолу оонньуур ээ. Онон ордук патриотическай ырыалары толорорбун сөбүлүүбүн. Куолаһым оннукка барсар. Манна нэһилиэкпитигэр “Сугулаан” диэн эр дьон ансаамбыла баар. Урут, былыр диэххэ дуу, “Сугулаан” диэн ааттаах түөрт киһилээх бөлөх тэринэ сылдьыбыппыт. Онно 2-3 сыл күннүү-күөнэхтии сылдьыбыппыт. Куолаһынан арахсан ыллыырбыт.

Айылҕа биэрбит талаана норуокка тиийиэхтээх

-А. Е. Кулаковскай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбуккунан эҕэрдэ.

- Бу бириэмийэни “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэ премьератыгар туттарбыттара. “Тойон кыыл” киинэни устубут “сьемочнай” биригээдэ 15 киһиэхэ барыларыгар туттарбыттара. Профессор Ульяна Винокурова саха киинэтин аан дойду таһымыгар таһаарбыт дьоҥҥо диэн анаан туруорсубут бириэмийэтэ буолар. Дьэ онон эппиккэ дылы, бүтүн биригээдэ маннык үрдүк наҕарааданы ылбытын мин истэ илик этим. Бу үрдүк наҕараадабынан киэн туттабын, туттарбыттарыгар олус үөрбүтүм.

-Кимиэхэ махтаныаҥ этэй?

- Бастатан туран, миигин булбут дьоммор махтанар буоллаҕым. “Тойон кыыл” киинэҕэ сэттэ наҕарааданы ыллым. Биир киһи холугар, биир сыл иһигэр сөҕүмэр ситиһии. Ол эрэн ити миэхэ тугу да эппэт. Аат-суол эрэ курдук буолара буолуо. Аатырарбын сөбүлээбэппин, судургу киһибин. Айылҕа кыратык тугу эрэ биэрбит буоллаҕына, норуокка биэриэххин наада. Мин бэйэм оннук санаалаахпын.

-Билигин тыа сиригэр олох-дьаһах хайдах дии саныыгын?

- Нэһилиэк сүөһүлээх, оскуолалаах буоллаҕына, нэһилиэк буолар. Сүөһүҥ суох буоллаҕына, нэһилиэк эстэр. Дэриэбинэ быраҕыллар. Куоракка көһүү сиэрэ суох салҕанан бардаҕына, сотору кэминэн сүтэн-симэлийэн хаалар куттал баар. Тылбыт умнуллуо. Тыаҕа эдэр ыччаты үлэлээх оҥоруохха наада.

-Түмүккэр тугу этиэххиний...

- Талааны киһи кистиирэ куһаҕан быһыылаах. Айылҕа биэрбитин норуокка тиэрдиэхтээх. Ону мин кыаҕым баарынан дьоммор-сэргэбэр тиэрдэ сатаатым. Дьэ, ону бэйэлэрэ сыаналыахтара. Үчүгэй диэтэхтэринэ үөрэбин эрэ. Ол аата туох эрэ туһалааҕы дойдум туһугар оҥордоҕум.

Степан Петров туһунан кылгастык...

- Хаамыскаҕа, хаабылыкка ситиһиилэрдээх. Эдэр эрдэҕинэ дуобакка өрүү бастыыр, разрядтаах.

- Төрөөбүт дойдута Бүлүү. Ото-маһа тиит, бэс мастаах, талах дойду. 20-чэ сыл сүөһү туппут. Уһаайбата 30 суотай. Билигин сылгы иитиитинэн дьарыктанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...