Станислав Жезоров: «Мин курдук боростуой үлэһит элбэх буоллаҕа...»
Арассыыйатааҕы «Идэтигэр бастыҥ» күрэх туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ кыайыылаахтары чиэстээһин үөрүүлээх түгэнигэр Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Татьяна Голикова «үлэ киһитигэр ытыктабыллаах сыһыан, үлэ киһитин үрдүктүк тутуу курдук бүгүҥҥү күҥҥэ саамай наадалаах сыаннастары тарҕатар» диэтэ. Вице-премьер бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа экономикатын туллар тутааҕа, кырдьыга даҕаны, оробуочай идэлээх исписэлиистэр. Олорор сирбит, дьиэбит-уоппут, аспыт-таҥаспыт хаачыстыбата кинилэр идэлэрин төһө баһылаабыттарыттан, кинилэр сатабылларыттан, уопуттарыттан уонна идэлэригэр бэриниилэриттэн быһаччы тутулуктаах.
Бу күннэргэ киин куорат Хатас нэһилиэгин олохтооҕо слесарь Станислав Николаевич Жезоров дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка тиийэн, Арассыыйатааҕы «Идэтигэр бастыҥ» күрэххэ кыайбыт наҕараадатын тутан кэллэ.
Ол курдук, «Киин куорат» хаһыат «Ыалдьыт» рубрикатын бүгүҥҥү дьоруойа 2003 сылтан, оччолорго ыраах Хаандыгаҕа олорор эрдэҕиттэн саҕалаан, күн бүгүнүгэр диэри олох-дьаһах хаһаайыстыбатын биир саамай тиритиилээх-хорутуулаах, тоҥуулаах-хатыылаах, эриирдээх-мускуурдаах хайысхатыгар – хомунаалынай хаһаайыстыба эйгэтигэр сантехнигынан, өрөмүөн оҥорор слесарынан үлэлээн-хамсаан кэллэ. Онтон ааһан эрэр 2023 сыл Станислав Николаевичка өйгө-санааҕа хаалар күннэри-дьыллары бэлэх уунна. Ол курдук, Арассыыйа Үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа министиэристибэтэ үлэ дьонун аатын үрдэтэр, үлэ суолтатын улаатыннарар, дириҥэтэр сыалтан ыытар киэҥ хабааннаах тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ «Идэтигэр бастыҥ» – «Лучший по профессии» диэн күрэҕин биир көрүҥэ слесардарга анаммыта. Манна, Арассыыйа таһымыгар тахсыах иннинэ, эрэгийиэннэргэ, эрэгийиэн иннигэр улуустарга, оройуоннарга уо.д.а. диэн түһүмэх-түһүмэх күрэхтэри ааһыахха наада этэ. Ол хас түһүмэҕин аайы бэлэмнэнии, долгуйуу, тэринии, бэринии, сааһыланыы... Аны ол барыта сүрүн үлэ таһынан кэмҥэ буолан, арыт-арыт ыктарыылаах, ыксаллаах да түгэннэр бааллар буоллаҕа. Дьэ онно буоллаҕа дии талбыт идэҕэ бэриниилээх буолуу, туппуту торуоска оҥостон ыһыктыбакка тулуһуу-дьулуһуу, айылҕаттан бэриллибит дьоҕуру сайыннарыы, күнү-дьылы сатабыллаахтык аттарыы.
Станислав, кырдьыга даҕаны, үлэтигэр кэмэ суох бэриниилээх, эппиэтинэстээх эрэ буолан бу үрдүк үрдэли ыллаҕа. Сахалыы ис сүрэҕиттэн-дууһатыттан үтүөбүн диэн түөһүн мөтөппөт, бастыҥмын диэн кэтэҕин көрдөрбөт, чулуубун диэн чолбодуйбат сэмэй да сэмэй. Этэргэ дылы, сайыны, күһүнү быһа эккирэтиһэн, бу күннэргэ дьэ тутан, сэһэргэһиибит маннык буолла:
— Станислав Николаевич, дьэ эрэ, Дьокуускай куорат сахалыы тыыннаах «Киин куорат» хаһыатын ааҕааччыларыгар хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин сэһэргиэххэ. Итиэннэ, үлэҕэ иитиллии-такайыллыы диэтэххэ, төрдө-төбөтө туохха сытарый?
– Таатта улууһун Чымынаайы нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Киһи буолан иитиллэн тахсыбыт сирим – Томпо улууһун Сайдыы бөһүөлэгэ. Ол курдук, киһи-хара оҥорбут, олох суолугар үктэннэрбит эдьиийбэр Анастасия Николаевна Жезороваҕа махталым муҥура суох. Эдьиийим билигин биһиги ортобутугар суох гынан баран, кини үтүө аатыгар олоҕум тухары сүгүрүйүөм. Сайдыы бөһүөлэгэ олохпор быһаарыныылаах, инникилээх түгэннэргэ көмө-тирэх буолбутун күндүтүк саныыбын. Кэргэмминиин Марталыын көрсөн, таптал иэйиитигэр уйдаран ыал буолбут сирим эмиэ Сайдыы.
Оттон үлэҕэ иитиллии-такайыллыы ииппит-үөрэппит дьоммуттан буоллаҕа. Тыа ыалын сиэринэн дьоммутун кытта сылдьан тэҥҥэ мууһу-маһы, оту бэлэмнэһэн, дьиэ-уот ис-тас үлэтигэр миккиллэн улааппыппыт. Билигин эмиэ үлэбиттэн быыс булларбын эрэ эбэтэр уоппускам кэмигэр убайбыныын слесарнай, сварочнай даҕаны үлэттэн иҥнибэккэ, дьон-сэргэ дьиэтигэр ититии систиэмэтин тардыыга, олох-дьаһах усулуобуйатын тупсарыыга үлэлэһэбит.
— Араспаанньаҥ интэриэһинэй эбит. Ыал аайы баар Уйбаныап, Бөтүрүөп буолбатаҕа туһугар эмиэ кэрэлээх. Туох диэн суолталааҕын билэҕин дуо?
— Таатта улууһугар ити курдук араас араспаанньа элбэх. Холобура, Дьорҕоотоп диэн Жерготов диэн буолбут буоллаҕына, Жезоров диэн дьол-соргу диэн суолталааҕа буолуо диэн сабаҕалыыбын.
— Идэҕинэн уһуннук үлэлээбиккин, сүрдээх уустук, ыарахан үлэни уйан сылдьар эбиккин. Ордук биһиэхэ – кылгас сайыннаах, уһун кыһыннаах Сахабыт сиригэр. Дьэ манна эйиэхэ туох көмөлөһөрүй?
— Оттон туох диирим буолла... Дьиҥинэн, мин курдук үлэлээн-хамсаан сылдьааччы боростуой үлэһит элбэх буоллаҕа дии, ол иһин хайдах эрэ туох эрэ уһулуччулааҕы оҥоро сылдьабын дии санаабаппын. Этэргэ дылы, сатыырым, билэрим эрэ бу үлэм буоллаҕа. Ол гынан баран киһи сатыырын киһи сатыахтаах, төһө да уустук, ыарахан үлэни ким эрэ оҥоруохтаах дии саныыбын. Кырдьык, үгүс өттүгэр таһырдьа аһаҕас халлаан анныгар чэпчэкитэ суох – кыһын тымныы, сайын куйаас, күһүн силбик, саас курдаттыы үрэр тыал-куус. Бу түгэннэргэ тулуур, дьулуур баара көмөлөһөр, уонна, биллэн турар, эрэллээх доҕоттор, бииргэ үлэлиир дьонуҥ, дьиэ кэргэниҥ өйөбүллэрэ.
— Идэҕинэн эбии үөрэммитиҥ дуо? Уопсайынан, киин куоракка, Хатаска көһөн кэлэн туох уларыйыылар буоллулар?
— Оҕолорбут улаатан үөрэххэ киириилэригэр, олохторун оҥкулун булууларыгар көмө-тирэх буолардыы, эдэр-сэнэх, кыанар эрдэххэ дьиэ-уот туттан, оҥостон киирэр санаалаах Хатаска көһөн кэлбиппит уонча сыл буола охсубут эбит. Хатас сахалыы тыыннаах, тыа сирин олоҕор чугас, сэргэх бөһүөлэк диэн сөбүлээн, дьаакырбытын манна түһэрбиппит. Кэлээт даҕаны үлэ булбутум уонна кэтэхтэн үөрэххэ киирэн, теплотехник диэн исписэлиис буолбутум. Идэбин уларыппакка эрэ үлэлиир миэстэм кыралаан уларыйбыта, инньэ гынан 2018 сылтан “Теплотехник” диэн АУо үлэлиибин.
— Дьэ, оргууй-наллаан кэпсэтэн, сүрүн тиэмэбитигэр киириэххэ. Арассыыйа Үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа министиэристибэтин ыҥырыытын тутан, кыайыы өрөгөйүн билэн кэллиҥ. Бу биһиги нэһилиэкпитигэр өтөрүнэн буолбатах үтүө сонун, үрдүк үөрүү. Дойду тэбэр сүрэҕэр үлэ бастыҥнара урукку өттүгэр арай “Хатас” сопхуос муҥутаан сайдан-үүнэн олорор, аатырар-сураҕырар кэмнэригэр барыталыы сылдьыбыттар.
– Арассыыйа Үлэҕэ министиэристибэтэ оробуочай идэҕэ бастыҥнарга анаан, үлэ дьонун суолтатын үрдэтээри, үлэҕэ сыһыаны, дойдуга бэриниилээх буолууну өрө тутаары, хас даҕаны түһүмэхтээх күрэхтэри уруккуттан ыытар. Мин быйыл саас өрөспүүбүлүкэбэр бастаабытым. Онтон сайын соҕуруу бараҕын диэн буолбута. «Дугдуруй даҕаны – оҕус» диэн баар дии, онон күһүөрү-сайын иккиэ буолан Самара куоракка көппүппүт. Онно тиийбиппит 27 регионтан 47 киһи баара. Эрдэттэн биллэриллибит балаһыанньа быһыытынан, теория да өттүттэн баара уонна, биллэн турар, тутан-хабан оҥоруута суох сатаммата чуолкай. Бары да талыллан кэлбит дьон буолан, тас көрүүгэ «булгуччу бу киһи бастыаҕа» диэн чорбойон көстөр киһи суох курдук этэ.
— Ордук ханнык түһүмэҕи ыарырҕаппыккыный, онтон ханнык түһүмэҕи чэпчэкитик аһарбыккыный?
— Күрэх күрэх курдук бириэмэнэн хаарчахтаах этэ. Оннукка киһи ыксаан хаалыан эбэтэр хойутуон сөп. Сүрүнэ долгуйууну, ыгылыйыыны кыаныахха наада дии саныыбын. Наһаа уһулуччу ыарырҕаппытым диэн этэр кыаҕым суох гынан баран, бары түһүмэҕигэр син биир бастаан долгуйаҕын, билэргин да билбэт, сатыыргын да сатаабат курдук санаалар кииртэлииллэр. Онтон син оргууй-наллаан барыта орун-оннугар түһэр. Инньэ гынан бары түһүмэҕи ааһан, уопсай түмүгү истэн үөрбүппүт.
— Кэлэр 2024 сыл Арассыыйаҕа – Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сылынан биллэрилиннэ. Станислав, эн ыал буолар ыллыктаах санааны ылынан дьиэ кэргэн буолбуккут 18 сыла буолбут. Аҕа, ийэ буолар ытык иэскитин толорон, үс оҕолооххут. Дьиэ кэргэн диэн, бастатан туран, таптал уйата, тас дьайыылартан, туспа дьонтон харысхал, көлүөнэ дьон ситимэ, аҕа ууһун ааттатыы, ийэ ууһун тэнитии, дьон-сэргэ иннигэр эппиэтинэс. Эн санааҕар хайдаҕый?
— Эппитим курдук, ыал буолар санааны ылыммыт, кэргэн, аҕа баһылык эппиэтинэһин сүкпүт сирим Сайдыы бөһүөлэгэ буолар. Саха дьонун сиэринэн күн аайы тапталга билиммэтэрбит даҕаны, кэргэмминиин бэйэ-бэйэбитин сылаастык санаһан, былааннаан-барыллаан, сүбэлэһэн, сөбүлэһэн бииргэбит. Оҕолорбут, кэлэр көлүөнэ ыччаттарбыт туһугар диэн хамсанан-имсэнэн, түбүгүрэн, сүүрэн-көтөн, булан-талан олоробут. Тапталбыт туоһута улахан кыыспыт Ольга Хатас орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, аҕа ууһун ааттатар соҕотох уолбут Сергей Хатас орто оскуолатын 9-с кылааһыгар үөрэнэр, муруммут бүөтэ Анябыт «Кэрэчээнэ» уhуйаан улахан бөлөҕүн иитиллээччитэ.
— Оҕо диэн олох сибэккилэрэ, киэргэллэрэ эрэ диир, мин санаабар, тутах өйдөбүл. Кинилэр өссө хайа күн күн сирин көрүөхтэриттэн көлүөнэ ситимнэрэ, норуот эрэллэрэ, эркиннэрэ. Эһиги ыал оҕону иитиигэ туох көрүүлээххитий, үгэстэрдээххитий?
— Оҕону иитиигэ, туох да үгүһү-элбэҕи кэпсээбэккэ, толкуйдаабакка, бэйэ холобура, дьиэ кэргэн ис тутула улахан оруоллаах дии саныыбын. Чэ хайдах диирим буолла... Тыа сирин, саха ыалын түбүгэ-табыга элбэх, кырыа кыһыммыт да унньуктаах уһуна элбэҕи эрэйэр. Дьиэ-уот сылаас, сырдык, ыраас, олорорго табыгастаах буолара ирдэнэр. Мин үлэм чэрчитинэн дьиэҕэ-уокка олорорум ахсааннаах, чуолаан кыһын, онтон аны, бириэмэ көһүннэр эрэ, эбии үлэм. Онон иэримэ дьиэбит ис тутула ийэбит уонна оҕолор сарыннарыгар турар. Кэргэним Марта Захаровна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору иитиигэ-үөрэтиигэ үлэлиир буолан, эмиэ түбүгэ-табыга, эбии дьарыга элбэх. Инньэ гынан дьиэ үлэтинэн-хамнаһынан сүрүннээн оҕолор дьарыктанар буоланнар, бэйэни дьаһаныынан иитиллэллэр дии саныыбын. Уолбар, аҕа ууһун салҕааччыбар, эрэлим улахан. Тас үлэни кини тутан олорор, оттон улахан кыыспыт бэйэтэ хаһаайка, аспыт-үөлбүт, дьиэ ис бараана сүрүннээн кини эппиэтинэһигэр. Кырабыт убайдаах эльиийиттэн үөрэниэ. Хатаска биир үчүгэйэ олох сахалыы дьаһанан олорорго табыгастаах, кыһын муус ылан төгүрүк сыл иһэр уугун хааччынаҕын, тэлгэһэлээххин – ону көрүү-истии киһиттэн болҕомтону, бириэмэни ылар, а.э. быар куустан сыттаххына, барыта ыһыллар-тоҕуллар буоллаҕа дии. Онон хайдах даҕаны сүрэҕэ суох буолар кыах суох...
— Дьэ, Станислав, оҕону иитиигэ сыһыаннаах биир түгэни сэргии истэн турабын – Москваҕа уолгун илдьэ сылдьыбыккын. Бу эмиэ иитии биир бастыҥ холобура буоллаҕа. Маннык быһаарыныыга хайдах кэллигит?
— Ээ, ити ийэбитиниин сүбэлэһэн баран, маннык түгэн олоххо наһаа элбэхтэ буолбата чуолкай диэн санааттан, дьиэ кэргэммит миигин кытта буоларын туоһута уолбут буолуо диэн толкуйга кэлбиппит. Эрдэттэн тэрийээччилэргэ этэн, көҥүллэтэн, бырагыраамаҕа киллэртэрэн, уолбут күрэҕи түмүктүүр тэрээһин түһүмэхтэригэр барытыгар сылдьыста – экскурсиялар, бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома уо.д.а. Саха киһитин сиэринэн наһаа “һуу-һаа” диэбэтэр даҕаны, иһигэр буһара сырыттаҕа дии. Көннөрү мунньахха туттарыы курдук гыммаккалар, анал бырагыраамалааҕа, умнуллубат түгэннэрдээҕэ үлэһит киһиэхэ болҕомто ууруллубутун туоһута диэн сыаналыыбын.
— Сүрдээх сөпкө бэлиэтээтиҥ. Кырдьыга даҕаны, үлэһит киһиэхэ – оробуочайдарга, дьиҥ-чахчы харыны ньыппарынан туран тиритэ-хорута, тоҥо-хата сылдьааччыларга аадырыстаан болҕомто ууруллубута саныырга даҕаны, билэргэ даҕаны үчүгэй. Арассыыйа үрдүкү салалтата барыллаан ааҕыынан 2030 сылга диэри оробуочай идэлээх киһи ахсаана 2,4 мөлүйүөҥҥэ тиийиэҕэ диэн сабаҕалыыр эбит. Онно анаммыт үгүс элбэх хайысхаттан (араас социальнай көмүскэллэр, хамнас кээмэйин үрдэтии, анал үөрэхтэр, куурустар, үлэ усулуобуйатын тэрийии уо.д.а.) биирэ күрэхтэри, күөн көрсүһүүлэри тэрийии буолар. Бу туһунан «Идэтигэр бастыҥ» күрэҕи эккинэн-хааҥҥынан билбит киһи туох диэҥ этэй?
— Үлэ киһитигэр, боростуой оробуочай дьоҥҥо болҕомто баар буолбута үөрүүттэн ураты тугу аҕалыай... Күрэҕи тэрийии, ыытыы тустаах дьоҥҥо эппиэтинэстээх, үрдүк ирдэбиллээх дии саныыбын. Быйылгы сылга “Бастыҥ бульдозерист” – Вайтиев А.М., Свердловскай уобалас, “Гааһынан хааччыйыыга бастыҥ быыһааччы” – Родин Е.Н., Урааллааҕы аварийнай-быыһыыр сулууспа, ”Электростанция бастыҥ машиниһа” – Рыдлев А.В., Владимирскай уобалас, “Электропоезд, метрополитен бастыҥ машиниһа” – Ткач П.С., Москва куорат уонна “Аварийнай үлэлэргэ, чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ слесарь” – мин, Жезоров С.Н., Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буоллубут. Бу көрүҥнэргэ барыларыгар 2,3 миэстэлэрдээх. Онон үп-харчы да хамсааһынынан, географическай да өттүнэн сүрдээх далааһыннаах тэрээһиҥҥэ Сахам сирин ааттаппыппыттан испэр үөрэбин.
— Мааҕыын этэн аһарбытыҥ курдук, бу тэрээһин наҕараада туттарыытынан эрэ муҥурдаммакка, анал бырагыраамалаах ханна-ханна сырытыннардылар?
— Урут кыра сылдьан дьоммут дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа бардахтарына хайаан да сылдьар сирдэрэ ВДНХ – Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапката буолара. Онтон үрүҥ көмүс, боруонса, кыһыл көмүс мэтээллэрдээх кэлэллэрин өйдүүбүн, эбэтэр чулууттан чулуулар онно Бочуот дуоскатыгар тахсаллар диэн киэн тутта кэпсиир буолаллара. Кэлиҥҥи сылларга үлэ киһитин өрө тутуу, чиэстээһин баар буолан, бу быыстапка суолтата эмиэ улаатта, дьон интэриэһин тарта. Дьэ, киэҥ да киэҥ, улаҕатын харах ылбат улахан уораҕай эбит. Ону сөхтүм. Киһи аймах өйүн өркөнүн сөҕүмэр ситиһиилэрэ, үрдүк үрдэллэрэ баалларын биллибит. Ол гынан Сахам сирэ барахсан олохтон хаалбыт кырыы сир, түҥкэтэх дойду буолбатах эбит диэн сүргэм көтөҕүлүннэ. Этэргэ дылы, дьон кэккэтинэн эбиппит, сорох сороҕор чорбойуох да курдукпутун биллим. Анал тырааныспар сакаастаан, обзорнай экскурсияҕа сырыттыбыт, уруккуну билиҥҥини кытта тэҥнээтибит. Бириэмийэни “Дьиэ кэргэн, Үлэ, Уһун үйэлэнии” диэн павильоҥҥа туттардылар. Ол кэнниттэн барыбытын чэйдэттилэр, манна ырыанан-тойугунан доҕуһуоллаттылар. Ордук Москва куорат метрополитенын хорун сөҕө-махтайа иһиттибит, идэтийбит артыыстар ыллыыр таһымнарыттан итэҕэһэ суохтар. Москва куорат бырабыыталыстыбата бу күрэххэ кыттыбыт уонна кыайбыт дьонун эккирэтэ сылдьан чиэстээтэ. Бэйэм үөрүүм таһынан ордук уолбун илдьэ сылдьыбыппыттан астынным. Бастакы улахан айана, сылдьыбыт улахан тэрээһинэ буолла. Бу маннык хабааннаах, маннык хайысхалардаах күрэхтэри, тэрээһиннэри манна бэйэбитигэр эмиэ өссө киэҥник, дириҥник ылсан ыытар буоллар, өйөбүл, көмө-тирэх даҕаны баар буолуо эбит диэн толкуйга кэллим. Оробуочай идэлэргэ үөрэтэр үөрэх тэрилтэлэрэ урут олох үрдүк таһымнаахтык, хаачыстыбалаахтык үлэлииллэрэ, олох киэҥ аартыгар тахсар эдэр киһи сатыырдаах, оҥорордоох буолан, бэйэтигэр эрэллээх буолара үчүгэй эбит. Билии-көрүү киэҥэ-дириҥэ бэрт бөҕө буоллаҕа дии, ол эрээри сатабыл диэн баар буолуохтаах, оҥорон, тутан-хабан таһаарар анал үөрэхтээх, идэлээх киһи. Дьэ бу туһугар үлэ барар буолбутуттан испэр сэмэйдик үөрэбин уонна эрэнэ кэтэһэбин...
— Түмүкпүтүгэр бар дьоҥҥор тугу баҕарыаҥ этэй?
— Эппитим курдук, оҕо сааспыттан бүөбэйдээн, иитэн-такайан таһаарбыт эдьиийим Анастасия Николаевна Жезороваҕа, кини сыдьааннарыгар, дьиэ кэргэммэр, “Теплоэнергия” АУо-ҕа бииргэ үлэлиир дьоммор, аймахтарбар, биһиги үөрүүбүтүн үллэстибит доҕотторбутугар махталбын тиэрдэбин. Кэлэн иһэр сыл барыбытыгар эйэлээх халлааны, уу нуһараҥ туругу бэлэхтээтин.
... Ити курдук бастыҥнарга баһыйтарбакка, маҥнайгыларга баттаппакка, үтүөбүн диэччилэртэн үтүрүйтэрбэккэ, сатабыллаахтан саллыбакка, өркөн өйүнэн, мааны майгытынан, күүстээх санаатынан Арассыыйа таһымыгар Сахатын сирин ааттаппыт үлэһит киһи үөрүүтүн үллэстэн туран, ситиһии төрдө тугун токкоолостубут, олох туһунан кэпсэттибит. Инники өттүгэр субу курдук дойдуну, норуоту ааттатар үлэһит дьоммут чиэстэнэ-бочуоттана барыыларын-кэлиилэрин ити улахан тойоттору, спортсменнары көрсөр-атаарар курдук далааһыннаахтык, тэлэбиидэнньэнэн-араадьыйанан дьоҥҥо-норуокка барытыгар иһиллэр гына дьаһанарбыт буоллар, үлэһит киһи төһөлөөх үөрүө-көтүө, санаата көтөҕүллүө этэй?!