22.02.2024 | 16:00

Станислав Семенов: Хас биирдии биисинэс толкуйбун оҕом курдук көрөбүн

Станислав Семенов:  Хас биирдии биисинэс толкуйбун оҕом курдук көрөбүн
Ааптар: Мира АФАНАСЬЕВА
Бөлөххө киир

Фермер диэни иһиттэхпитинэ, киирбит-тахсыбыт, сытыы-хотуу, мэлдьи араас бырайыактары иитэ сылдьар, ситиһиилээх,  тыаҕа үлэ миэстэтин таһаарар, үүтү-сүөгэйи үрүлүтэ сүүрдэр дьону ойуулаан көрөр буоллубут. Маннык өйдөбүл үөскүүрүгэр дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин ыытар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар тосхоллоро олук буолбуттара саарбаҕа суох.

Аныгы фермердэр бу тосхоллору кыайа-хото туһаналлар. Сунтаарга биир маннык аныгы көрүүлээх фермеринэн Станислав Семенову ааттыыбыт. Кини хас да бырайыагы олоххо киллэрбит тыа хаһаайыстыбатын туруу үлэһитэ.

— Кыһын буолан дьиэбэр баарбын. Ыам ыйын 20 күнүттэн дьиэбиттэн тахсан баран алтынньы ый бүтүүтэ биирдэ кэлэбин. Фермергэ саамай туттан-хаптан хаалар кэмэ — кылгас сайыммыт. Үлэ арааһын бу кэмҥэ үлэлиибит. Оттон  кыһын докумуон, отчуот толоруута, араас кэскиллээх кэпсэтиилэри олоххо киллэрэр туһунан көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр олохтоноллор, кэлэр үлэ сезонугар бэлэмнэнэбит, булуу-талыы, өрөмүөн үлэтэ баһаам. Ол иһин биир да күн таах олорбоппут, өй-толкуй үлэтэ саҕаланар. Маннык тэтими киһи эрэ тулуйбат. Фермер үлэлээтэҕинэ, сүүрдэҕинэ-көттөҕүнэ эрэ айаҕын ииттэр.

— Станислав, мин эйигин билсэрбэр, чэй оҥорбуккун кэпсии турарыҥ…

— Чэй – саҥа бырайыагым. Сайын оҕуруот аһын үүннэрэн өлгөм үүнүүнү ылабыт. Ону сөпкө харайан, туһалаах эттиктэрин сүтэрбэтин диэн, чэй оҥорон боруобалыахха диэн санааттан үөскээбит толкуйум. Бэйэм чэй хатарар ыскаап оҥортум. Оборудование атыыласпытым. Оҕуруот аһын сууйар уонна кырбастыыр тиэхиньикэбин дьиэ кэргэн социальнай хантараагынан ылбыппыт. Билигин номнуо улахан сакаастары ылан олоробун. Үлэ өссө да элбэх. Кыһыҥҥы өттүгэр доруобуйаҕа туһалаах, туох да  эбилигэ суох чэйи оҥорон, атыыга таһаарыахха сөп эбит. Саха мындыр, сатаабатаҕа суох диэн санаанан салайтаран, саҥаттан-саҥа бырайыактарга ылсарбын сөбүлүүбүн.

— «Бырайыак» диэн тыл кэлиҥҥи кэмҥэ муода курдук буолла. Улахан биллэр хампаанньалар дьону үлэҕэ ылалларыгар ханнык бырайыагы олоххо киллэрбиккиний, үлэлэспиккиний диэн ыйыталлар. Эн эмиэ элбэхтик туттар тылыҥ эбит. Хас  бырайыактааххыный? Барыта табыллан иһэр дуо?

— Олох ирдэбилин, тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылыахтаахпыт. Маныаха билигин тыа хаһаайыстыбатын өйүүр тосхол элбэх. Ону сөптөөхтүк, кэмигэр туһаныахха наада. Үчүгэй, көҥүл кэмҥэ олоробут дии саныыбын.

Биһиги Бүлүүчээҥҥэ көтөр ферматын арыйарбытыгар дьыалабыай партнерум Андрей Алексеевич Максимов бэйэтэ кирэдьиит ылан туттубута. Ол ороскуотун улахан аҥаарын тыа хаһаайыстыбатын субсидиятынан саппыппыт.

Дьаархан нэһилиэгэр 50 төбөҕө сүөһү хотонноохпут. Маны эмиэ тыа хаһаайыстыбатын тосхолунан туттубуппут. Билигин бу бырайыакпын быраатым Семенов Иван Иванович ситиһиилээхтик үлэлэтэр.

Сири кытта үлэҕэ эмиэ ылсабын. Сэлиэһинэй бурдук, эбиэс, хортуоппуй, оҕуруот аһа олордобут. Кыһынын атыылыыбыт. Оскуолалары, уһуйааннары иҥэмтэлээх оҕуруот аһынан хааччыйабыт.

Хас биирдии биисинэс толкуйбун оҕом курдук көрөбүн.  Иитиэхтии сылдьыбыт санаам улахан үлэҕэ кубулуйбутуттан үөрэбин, астынабын.

Үлэни үллэрии диэн баар. Билигин оннук дьаһанным. Ыраах баҕайы Дьаархаҥҥа, Бүлүүчээҥҥэ ферма туттугут диир дьон баар. Ыраах тыаҕа туохтан да толлубат туруу үлэһит дьон олорор. Сирэ-уота, айылҕата табыгастаах, тыа сиригэр үлэ миэстэтэ, сайдыы кэлэрэ туох куһаҕаннаах буолуой?! Маннык дьаһанан, бэйэм айар-тутар бириэмэлэнним. Ол иһин чэй бырайыагын толкуйдаан олоххо киллэрдим. Билигин өссө бэйэ бурдугун оҥорон таһаарыыны толкуйдуубун. Саха лэппиэскэтигэр оһуобайдаах бурдугу оҥорор санааны иитиэхтии сылдьабын.

Хотоммутугар эмиэ бэйэм толкуйбунан оҥоһуллубут, сииги, сыты оборор электроннай вентиляция үлэлии турар. Аппробациятын ааста. Ынах сааҕын таһар дьоҕус тиэхиньикэ эмиэ тургутууну ааста. Билигин сакааһынан биири оҥоро сылдьабын. Онон куттаммакка бэйэҕит толкуйгутун олоххо киллэрэргэ дьулуһуҥ. Элбэх билиилээх дьону кытта кэпсэтиҥ, алтыһыҥ, сүбэ-ама ылыҥ. Бэйэҕит билиигитин хаҥатарга кыһаллыҥ.

Табыллыбатах бырайыагым суоҕун кэриэтэ. Уһуннук буһар-хатар эрэ баар.

— Билиҥҥи фермердэр оҥорон таһаарар бородууксуйаларын хайдах батараллар?

— Куйаар ситимин угуйуктара көмө буолаллар. Уонна бородууксуйа тас көрүҥүгэр болҕомто уурабыт. Дьону кытта үтүө сыһыаны олохтуохха наада. Саамай сүрүнэ – хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥорорго кыһаллыахтааххын. Оччоҕо атыыга хамаҕатык баран, үлэҥ таһаарыылаах, ситиһиилээх буолар.

Аныгы кэм фермерэ, саҥаны айааччы Станислав Семенов  үлэттэн дуоһуйуу, ситиһии туруктаах дьиэ кэргэн, өбүгэ күүһэ, удьуор утума баар буоллаҕына, икки бүк кэлэр диэн санаатын үллэстэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...