21.12.2020 | 14:58

Станислав Федоров: “Кыһын дьарыктаах киһиэхэ сылаас”

Станислав Федоров: “Кыһын дьарыктаах киһиэхэ сылаас”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Станислав Федоровы @kuolauolastas ааҕааччыларбыт “Сэргэлээххэ”, “Сүлүһүннээх таптал. Эргиллии”, “Олох диэн олох” сериалларынан билэллэр. Сатаабата суох диэн, бука, кини курдук дьону ааттыахха сөп.  Мэлдьи дьарыктаах, эргиччи дьоҕурдаах ыалдьыппытын кытта билсиэҕиҥ.

“Сэргэлээххэ” сериал – киинэҕэ бастакы холонуум

–Станислав, баһаалыста, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларга кэпсээ. Хантан хааннааххыный, кимтэн кииннээххиний? Ханна үөрэммиккиний? Билигин ханна үлэлиигиний?

–Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, бииргэ төрөөбүт түөрт уолбут, мин улаханнарабын. СГУ филологическай факультетыгар, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтигэр үөрэммитим. Билигин риэлторынан үлэлии сылдьабын.

–Киинэҕэ хаһааҥҥыттан уһуллаҕыный? Бастакы холонууҥ? Ханнык оруолга ордук табыллан оонньуугунуй?

–Дьиҥэр, мин туох да артыыс үөрэҕим суох. Устудьуоннуу сылдьан, арай биир  үтүө күн бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта кастинг буолар диэн биллэрии көрбүппүт. Онно көр-күлүү курдук тиийбиппит. Соһуйуохпут иһин, “Сэргэлээххэ” сериалга уһуллар буолан хаалбыппыт. Мин Афик оруолун толорбутум. Ити бастакы холонуум. Онтон былырыын “Саха” НКИХ “Сүлүһүннээх таптал. Эргиллии” сериалга оонньообутум. Быйыл “Олох диэн олох” сериалга Евгений буолбутум.

Хатастааҕы норуодунай театрга артыыстыыбын. Аҕыйах сыллааҕыта “Күтүөт” диэн киинэ уһуллубута, ютубка баар (Хатаска сыл аайы “Көмүс кынат-2020” бириэмийэ туттарыллар. Быйыл Станислав “Бастыҥ артыыс” анал аат хаһаайына буолбута. – Ааптар).   

Ханнык баҕарар оруолу толоро сатыыбын, төһө кыалларынан. Киинэ олохпор биир сүрүн миэстэҕэ турар, омуктуу, сахалыы киинэлэри кэтээн, сөбүлээн көрөбүн, уопсайынан, бу эйгэҕэ сыһыаннааҕы барытын сэргиибин.

–Бу күннэргэ киэһэ аайы “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа “Олох диэн олох” сериалы күүтэбит. Сорохтор онон эрэ олороллор. Эн дьоруойуҥ хайдах киһиний? Дьиҥ олоххо маннык Евгенийдэр бааллар дуо? Көрөөччү хайдах ылынна?

–Киинэ аатыгар да баар, кырдьык, олох диэн олох. Евгений курдук дьон баар бөҕө буоллахтара. Кинини куһаҕан диир кыаҕым суох, чугас дьонун сүтэрэн, барытын бэйэтэ ситиспит киһи. Ол эрээри, мин эбитим буоллар, дьиҥ олоххо итинник иэстэһэ сатыам суоҕа этэ. Көрөөччү араастык ылынар, ким эрэ сөпсөһөр, ким эрэ ылыммат. Хас киһи баарый, оччо санаа баар буоллаҕа дии.

Интернеттэн көрөн, дьон сүбэтинэн

–Инстаграмҥа аккауҥҥун арыйа баттаатахха, сатаабатыҥ диэн суох быһыылаах. Уһанар, уран тарбахтаах диэн көрбүтүм. Тугу оҥороҕун?

–Оннук улахан уус буолбатахпын эрээри, син ону-маны оҥоро сатыыбын. Аҕам уус киһи, онтон бэриллибитэ буолуо дии саныыбын. Сайыҥҥы өттүгэр декоративнай кирпииччэ оҥорон атыылыыбын, иллэҥ кэммэр эбии дьарык курдук. Дьиэм истиэнэтин онон киэргэппитим. Дьарыктаммытым үс сыл буолла. Интэриниэккэ көрөммүн, маны оҥоруохха сөп эбит диэн, формаларын сакаастаан оҥорон саҕалаабытым.

–Дьиэни тупсарар, өрөмүөннүүр дьарыгыҥ туһунан сиһилии кэпсээ.

Дьиэни өрөмүөннүүр сакаас ыла иликпин, эппитим курдук, маһы хаамтарар уус буолбатахпын (күлэр). Бэйэм дьиэм иһигэр ону-маны оҥоро сатыыбын, эмиэ интэриниэттэн көрөн, сороҕун дьон сүбэтинэн.

Маастар-кылааска сылдьан үөрэммитим

–Аны асчыт бэрдэ эбиккин. Туортары сакааска оҥороҕун дуо? Хаһааҥҥыттан астыыгыный?

–Туорт диэ (күлэр). Уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн ас астыырбын олус сөбүлүүбүн. Анал биэриилэри сэргээн көрөбүн. Туорт астааһыным маастар-кылаастан саҕаламмыта. Икки маастар кылааска сылдьыбытым. Тиийбитим, барыта кыргыттар, эр киһи мин эрэ.  Эр киһи туорт астыыр эбит дуу диэн сөҕөллөр этэ. Онтон доҕотторбор, аймахтарбар астаан, сыыйа сакаас ылар буолбутум. Сүрүннээн мүөттээх уонна кыһыл баархат туортары оҥорор этим. Билигин тохтоон турабын, баҕар, хаһан эмит бу дьарыкпын салҕыам.

Иллэҥ кэм

– Көрдөөх, көрүдьүөс видеолары уһулаҕын. Арааһа, бэйэҥ дьээбэлээххин быһыылаах?

– Бэһиэлэйбин. Доҕотторбун,  аймахтарбын күллэртиирбин, дьээбэлиирбин сөбүлүүбүн. Сороҕор “тохтоо” диэхтэригэр диэри (күлэр).

– Сир астыыгын, бултуугун дуо?

– Айылҕаҕа сылдьарбын, сир астыырбын олус сөбүлүүбүн. Сайын аайы хас да хонукка доҕотторбутун кытта айылҕалыын алтыһа, сынньана барабыт, ордук Амма, Хаҥалас, Нам улуустарыгар. Отоннуубут, сугуннуубут. Холобур, бу күһүөрү сайын Алдаҥҥа сугуннаан кэлбиппит. Булка улахан сыһыаным суох, ол эрээри балыктыыбын. Биирдэ эмит куска сылдьыахпын сөп.

Баҕардахха, космоска көтүөххэ сөп

–Сатабыллаах буоларга ким үөрэппитэй? Айар дьоҕуруҥ кимтэн бэриллибитий?

Эр киһи сатабылларыгар аҕабыттан үөрэммитим, кыра эрдэхпиттэн уһанарын көрөн улааппытым. Айар дьоҕурум ийэм өттүнэн аймахтарбыттан бэриллибит дии саныыбын. Бары ырыаһыттар, мелодистар, култуура үлэтигэр сыһыаннаах дьон.

–Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр.

Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпун, икки кыыс номнуо устудьуоннар. Кырабыт – уол, төрдүс кылааска үөрэнэр.

–Пандемияҕа төһө хаайтардыҥ?

–Улаханнык хаайтарбатым эрээри, атахтааһыннар бааллар бөҕө буоллаҕа. Аан дойду дьонун барытын да таарыйда ини.

–Тугу сатаабаккыный? Хаһан эрэ сололоннохпуна хайаан да ылсыам диэн хаһаана сылдьар дьарыктааххын дуо?

–Дьиҥэр, киһи сатаабата диэн суох, баҕардахха, космоска көтүөххэ сөп дииллэр. Онон тугу эрэ кыайбатахпына, үөрэтэн да ылсыахпын сөп.

  Бу этиилэри салҕаа 1. Олох диэн киһиэхэ биирдэ бэриллэр саамай күндү бэлэх. 2. Дьол диэн оҕо күлүүтэ, чэгиэн-чэбдик сылдьыыта. 3. Дьоллоох киһи  – доруобай киһи. Доруобуйа баар буоллаҕына, барыта баар буолуо. 4. Ким сөбүлүүр дьарыктаах – ол  бэйэтин булбут, дьоллоох киһи. 5. Кыһын... тымныы эрээри, дьарыктаах киһиэхэ сылаас.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...